Катарактаны биэс-сэттэ мүнүүтэнэн

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэнидиэнньиккэ өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата (офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа) хирургияҕа улахан дьону эмтииргэ саҥа тэриллэннэ. Офтальмологическай комбайн Чэбдигирии сылынан СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүллэринэн ылылынна.

Витреоретинальнай хирургияны өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһаҕа туһаммыттара 10 сыл буолла диэн иһитиннэриигэ суруллар. Маныаха саҥа тэрил офтальмологтар харахха уустук эпэрээссийэни оҥороллоругар көмөлөөх. Витреоретинальнай хирургияны сайыннарыы EVA саҥа хирургическай систиэмэ ылыллан ситиһиллэр.

Саҥа аппараат Нидерландыга оҥоһуллубут.  Бу аппараат көмөтүнэн, эпэрээссийэ 20 мүнүүтэттэн саҕалаан хас да чааска тиийэ оҥоһуллуон сөп. Ол диагнозтан тутулуктаах. Чөлгө түһүү түргэтиир. Пациент килииникэҕэ уопсайа биир күн буолар. ЕВА систиэмэтэ уон мөлүйүөн солкуобай сыаналаах. Бу саҥа тэрил көмөтүнэн эпэрээссийэни оҥоруу түргэтиир, катарактаны 5-7 мүнүүтэнэн эпэрээссийэлээн бүтэриэххэ сөп диэн этиллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0