Максим Ксенофонтов айылҕа аҕалар иэдээнин туһунан кэпсээнин ааҕыҥ.
Саас аайы «халааннаабатар ханнык» диэн дьиксинэ күүтэбит. Айылҕа таhаарар хоромньутуттан сэрэхэдийэбит.
Киhи-аймах былыр-былыргыттан айылҕа аҕалар алдьархайын дьон олоҕун укулаата уларыйыытын кытта ситимниир. Алдьатыылаах-кээhэтиилээх сир хамсааhыннарын, муора уута халааннаан аана суох алдьархайы, иэнэ суох илдьиркэйи оҥорорун, булкааннар эстиилэрин, улахан куораттары симэлитэр сир хамсааhыннарын туhунан уос номохторо үйэлэри уҥуордаан кэлбиттэр.
Сирбитигэр араас таhымнаах катаклизмнар мэлдьи буолаллар.
Сорох историктар биhиги эрабыт иннинэ 1645 сыллаахха Санторин булкаан эстиитин содулугар сайдыылаах цивилизациялаах Тира арыыга баар Атлантида куорат муора анныгар тимирбитэ, аттынааҕы Крит арыыга баараҕай цунами тахсан улаханнык алдьаппыта-кээhэппитэ диэн суруйаллар. Киhи-аймах эволюциятыгар улахан сайдыы төрдө буолуохтаах цивилизация ити катаклизм түмүгэр суола-ииhэ суох симэлийбитин былыргы историк Платон суруйуутуттан билэбит.
Арыт, айылҕа улахан алдьатыыны-кээhэниини бэлэмниирин сэрэтэр курдук гынар. Ол курдук, холобур, биhиги эрбыт 62 сылыгар, олунньу 5 күнүгэр Везувий буруолаан, сотору «уhуктуон сөбүн» биллэрбитин чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Помпеи олохтоохторо онно кыhамматахтар. 79 сылга, атырдьах ыйын 24 күнүгэр, Везувий эстибитэ.
Суукка устата булкаан тохтоло суох ууллаҕас лаабанан ыhыахтаммыта, уотунан уhуура турбута. Помпеи куорат булкаан күлүнэн, лаабанан бүрүллэн, сир үрдүттэн симэлийбитэ. Кэлин оннук куорат баар буола сылдьыбыта умнуллан барбыта…
1748 сыллаахха археологтар булбатахтара буоллар, Помпеи диэн куорат баар буола сылдьыбытын, бука, билиэ да суох этибит.
Кэнники кэмнээҕи айылҕа алдьатыыларын ылан көрүөххэ.
Уон иккилии сыл буола-буола кураан дьыллар кэлэллэрин билигин бары билэбит. 1891 сыллааҕы уот кураантан сиэттэрэн, субуруччу хас да сыл хоргуйуу тахсан, Арассыыйа демографията, экэниэмикэтэ улахан охсууну ылбыттара.
Онтон, 1921-1922 сыллааҕы уот кураан содулугар 1922-1923 сылларга Арассыыйаҕа өссө улахан аччыктааhын тахсыбыта. Аччыктааhынтан 5 мөлүйүөн кэриҥэ киhи тыыннара быстыбыта диэн сорохтор суруйаллар. Ити быстыаҥка кэмэ устуоруйаҕа «Поволжьетааҕы хоргуйуу» диэн аатынан киирбитэ.
Дойду үрдүнэн, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго аналлаах детдомнар аhыллан, үлэлээн барбыттара.
Сэбиэскэй бырабыыталыстыба аан бастаан баайдыы дойдулартан гуманитарнай көмөнү ыларга күhэллибитэ. Гуманитарнай көмөнү эдэр, саҥа формациялаах судаарыстыбаҕа оҥорору аатырбыт айанньыт Фритьоф Нансен, биллиилээх суруйааччы Максим Горькай туруорсубуттара.
«Көмө эмиэрикэтээҕи администрацията» эминэн-томунан, аhылыгынан көмөлөспүтэ. 11 мөлүйүөн киhиэхэ суоттаммыт бородууктаны аҕалбыттара.
Эмиэрикэ квакердарын уопсастыбата детдомнары бородууктанан хааччыйарга ылсыбыта. Ол эрэн квакердар халбаhыыны детдомнарга анаан олохтоох тэрилтэлэртэн атыылаhартан аккаастаммыттара: сорох халбаhыыга киhи этэ баар буолара. Онон бурдугу, оҕуруот аhын, тэллэйи, отону соҕотуопкаҕа туталлара.
Тас дойдулартан 92,6 мөлүйүөн солкуобайга, Ленин ыйыытынан, бурдук атыылаhыллыбыта. Ону ааҕан таhаарбыттарынан, 25 мөлүйүөн хоргуйбут киhиэхэ 40-нуу киилэ бурдук тиксибитэ.
Оттон эмиэ ити кэмҥэ Троцкай этиитинэн, 200 мөлүйүөн солкуобайга Швецияттан олус ыарахан сыанаҕа локомотивтары атыыласпыттара. Кэлин ону «паровоз аферата» диэн ааттаабыттара. Өскөтүн, ол харчыга бурдук ылыллыбыта буоллар, хас биирдии хоргуйбут киhиэхэ эбии 160 киилэ килиэп тиксиэхтээх этэ диэн экэнэмиистэр ааҕан таhаарбыттара.
Сутаабыттарга көмөлөhөр сыаллаах ЦК Помгол (центральная комиссия помощи голодающим) тэриллибитэ. Ону Михаил Калинин салайбыта.
7000 кэриҥэ сэбиэскэй, 9500 курдук омук дойдуларын дьону аhатар пууннара, остолобуойдара тэриллибиттэрэ. Хоргуйбут регионнартан ыччаты армияҕа ылан, судаарыстыба хааччыйыытыгар киллэрэллэрэ. Сорох дьону курааннаабыт сирдэртэн соҕуруу уобаластарга, Украинаҕа көhөрбүттэрэ.
Сэбиэскэй Арассыыйа, төhө да ыарахан балаhыанньаҕа олордор, хоргуйан эрэр Турцияҕа валютанан улахан көмөнү оҥорбута.
1923 сыл сайыныгар бурдук, дьэ, өлгөмнүк үүммүтэ. Аччык кэм сыыйа ааспыта. Эhиилигэр, 1924 сыллаахха, В.И.Ленин өлбүтэ.
Нуучча биллиилээх бөлүhүөгэ Василий Розанов 19 үйэ бүтүүтүгэр притчаларынан таайтаран, Арассыыйаҕа хоргуйуу буолуон сөбүн эппитэ. «Көлөhүн, үлэ ытыктаммат буолла. Биhиги көлөhүммүтүн тоҕон, күүскэ үлэлээбэт буоллубут. Ол иhин сир, планета биhигини киэр илгиэн баҕарыаҕа», — диэн биир үлэтигэр суруйбута.
Аны, атын, бу сырыыга муораны кытта сибээстээх, катаклизмы ылан көрүөххэ.
1952 сыллаахха сэтинньи 5 күнүгэр сарсыарда 5 чааска Сахалин уонна Камчаатка уобаластарын элбэх нэhилиэнньэлээх пууннарын «Хотугу Курильскай» диэн аатынан биллибит 18 миэтэрэ үрдүктээх цунами кэлэн алдьаппыта.
Тимофей К. диэн, ити катаклизм туоhута, маннык кэпсээбитэ: «Түүн сир хамсаан дьигиhийбитэ. Сир дөрүн-дөрүн хамсыыр буолан, бастаан утаа, улаханнык кыhаллыбатахпыт. Дьиэттэн тахсыбыппыт. Муора диэкиттэн автоматынан ытыалыыр тыас, хаhыы иhиллэрэ. Иhиттэхпинэ: «Война!» диэн хаhыытаhаллара.
«Сэрии саҕаламмыт!» — дии санаабытым. Онтум, «Волна!» дииллэр эбит. Долгун кэлэн иhэрин сэрэтэллэр эбит.
Бары үрдүк сиргэ, хайаҕа куоппуппут. Бастакы долгун 5-6 миэтэрэ үрдүктээҕэ. Долгун симэлийээтин кытта сорохтор малларын, докумуоннарын ыла куоракка, дьиэлэригэр төттөрү киирбиттэрэ. Долгун хаттаан кэлиэҕин билбиттэрэ буоллар, ким да аллара түhүө суох этэ. Иккис долгун саамай улахан этэ, 18 миэтэрэ үрдүктээҕэ. Тыhыынчанан киhи онно былдьаммыта… онтон үhүс долгун кэлбитэ.
Сарсыныгар көрбүппүт, хараабыллар, оҥочолор кытылга тахсан быраҕылла сыталлара. Цунами кэнниттэн куоракка бүтүн дьиэ ордубатаҕа. Кытылга өлбүт дьоннор сылбах курдук сыталлара…».
Цунами содулун туоратарга, эмсэҕэлээбит, дьиэтэ-уота суох хаалбыт Хотугу Курильскай куорат, Утеснай, Прибрежнай, Рифовай, Каменистай, Левашово, Галкино, Океанскай, Подгорнай, Майор Ван, Шелехово, Савушкино, Козыревскай, Бабушкино, Байково бөhүөлэктэр дьоннорун быыhыырга элбэх сөмөлүөт, хараабыл мобилизацияламмыта.
Бу быhылаан кистэлэҥҥэ тутуллубута. Дойду нэhилиэнньэтин сүрүн араҥата тугу да билбэккэ хаалбыта. Тас дойдулар көрдөхтөрүнэ, Сэбиэскэй Сойуус үүт тураан олохтооҕо.
Цунами кэлиэн иннинэ ССРС Наукаларын Академиятын Камчаткатааҕы вулканологическай ыстаансыйатын сейсмическэй сулууспатын үлэhиттэрэ акыйаан түгэҕэр улахан сир хамсааhына буолбутун биллэрэн (ол кэнниттэн баараҕай долгун кэлиэхтээҕэ), тохтоло суох SOS сигналын биэрэн, биэрэк кытыытынааҕы нэhилиэнньэлээх пууннар олохтоохторун сэрэтэ сатаабыттара да, олохтоохтор ону өйдөөбөтөхтөрө. Үс долгун чаас аҥардыыта арытыалаhан кэлэн, 2300 кэриҥэ киhи муора аарыма долгуннарын былаҕайыгар былдьаппыта… Бу айылҕа алдьархайын кэнниттэн, эhиилигэр, дойду баhылыга Иосиф Сталин уhуктубат уутугар утуйбута.
Оттон 1976 сыллаахха Кытай хотугулуу-илин өттүгэр алдьархайдаах сир хамсааhына буолбута. Тяньцзинь куорат урусхалламмыта. Сүүhүнэн тыhыынча киhи өлбүтэ.
Официальнайдык бу сир хамсааhынын туhунан туох даҕаны иhитиннэрии былаас өттүттэн оҥоhуллубатаҕа. Ол оннугар Кытай устун бу катастрофа туhунан сурах киэҥник тарҕаммыта.
«Председатель Мао өлөөрү гыннаҕа. Ол ону айылҕа маннык алдьархайынан биллэрэр», — дэhэллэрэ сорохтор кистээн. Оннук кэпсиир дьону «пророктар» диэн ааттаабыттара.
Улуу Куормаhыт туhунан итинник иhитиннэрии дойдуга долгуйууну таhаарыан сөбө. Ол иhин хаhыаттарга итинник билгэлээhин марксизмы утарыы, ньүдьү-балай, кураанаҕы, олоҕо суоҕу итэҕэйии буоларын туhунан суруйбуттара.
Ол эрэн ити 1976 сыл сэтинньи 9 күнүгэр Мао Цзэ-Дун олохтон туораабыта.
1981 сыллаахха ССРС-ка Кавказ уонна Сахалин хайаларыттан өтөрүнэн буолбатах элбэх бадарааннаах уу (сель) түhэн, суолу-ииhи, нэhилиэнньэлээх пууннары алдьаппыта. Ити сыл Ленинград уобалаhыттан Владивостокка көппүт ТУ-104 лайнер саахалыгар Чуумпу Акыйааннааҕы флот үрдүкү састааба: адмираллар, военачальниктар, араас рангалаах капитаннар суох буолбуттара. Бэл, сэрии сылларыгар, биир кэмҥэ итинник элбэх байыаннай салайааччы сүтүгэ тахсыбатаҕа… Эhиилигэр, 1982 сылга, Леонид Брежнев олохтон туораабыта.
2006 сыллаахха Камчаткаҕа өтөр-наар буолбатах элбэх уонна күүстээх (Рихтер шкалатынан 9 баалга тиийэ) сир хамсааhыннара буолбуттар. Холобур, муус устарга икки күҥҥэ 60-ча сир хамсааhына буолбута! Ол түмүгэр Корф уонна Тиличики бөhүөлэктэр сабыллыбыттара, тыhыынчанан дьон дьиэтэ-уота суох хаалбыттара. Эhиилигэр Борис Ельцин суох буолбута.
Ити чахчылартан сылтаан, сорох дьон «катаклизмнар лиидэрдэри түүйэллэр» диэн этэллэр. Ол эрэн, ити көннөрү сөп түбэhии.
Түҥ былыргы, динозаврдары эспит глобальнай катастрофаттан ыла, этэҥҥэ, 66 мөлүйүөн сыл ааста диэн ааҕаллар. Астероидтар планетабыт аттынан ааhа көтөллөр, «кутуруктаах сулустар» — кометалар — куосумас устун сирбитин, хата, таарыйбакка куйаараллар, баараҕай булкааннар эстэн бурҕаллыбаттар. Онон балачча «чуумпу» кэмҥэ олоробут.
Максим Ксенофонтов.
Хаартыска — m.ok.ru