«Карина» киинэ хамаандата суруналыыстары кытта көрүстэ

22.04.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска ааптара: Ким Игнатьев.

Карина…”Карина Чикитова” диэн аат хас биирдии саха кулгааҕар уратытык иһиллэр. Бу аат – күүс, дьулуур, бэйэтинэн олох… Муус устар 11 күнүгэр “Карина” киинэ киэҥ экраҥҥа тахсан, көрөөччү билиниитин, сэҥээриитин ылыан ылла. Муус устар 15 күнүгэр AfishaYkt былаһааккатыгар киинэ хамаандата суруналыыстары кытта көрүстэ.

Тэрээһини иилээн-саҕалаан киинэ толорооччу продюсера Сардаана Сыромятникова ыытта.

Суруналыыстары кытта эдэркээн артыыс София Прибылых, артыыстар Вячеслав Лавернов, Петр Баснаев, Сандаарыйа Ноговицына, Мария Кычкина, Владислав Никаноров, Евгений Шамаев, Евгений Баишев, Анастасия Алексеева, София ийэтэ Евдокия Прибылых, сценарист Мария Находкина, режиссер ассистена Светлана Яковлева көрүстүлэр, санаа атастастылар.

Киинэ 2014 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһугар буолбут түбэлтэҕэ олоҕурар. Түөрт саас­таах Карина 2014 сыл от ыйын 29 күнүгэр сүппүтэ. Ийэтэ атырдьах ыйын 2 күнүгэр эрэ оҕо сүппүтүн туһунан айдааны тарпыта. Каринаны аҕата ылбыта буолуо дии санааннар, кыыс сүппүтэ тута биллибэтэх. Онон, хас да күн ааһыыта, аҕата кыыһын ылбатаҕа биллибитин эрэ кэнниттэн көрдөөһүн саҕаламмыта. Оҕо өр кэмҥэ соҕотоҕун ойуурга сылдьыбыта. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр быыһааччылар буланнар, Дьокуускайга Мэдиссиинэ киинигэр аҕалбыттара. Карина билигин 14 саас­таах, балет оскуолатыгар үөрэнэр.

Карина туһунан киинэни Оломо сэлиэнньэтиттэн 18 километр тэйиччи сытар «Быһыктаах» диэн сиргэ устубуттар. Киһи барыта хайдах кырачаан кыыс тыыннаах хаалбытын дьиктиргиир, күн бүгүҥҥэ диэри ол таайыллыбат таабырын, дьикти көстүү. Арай өссө София оруолун хайдахтаах курдук хорсуннук толорбутун киһи сөҕөр. Биэс саастаах София Прибылых – саха кинематографиятын устуоруйатыгар, билиҥҥи туругунан, саамай эдэр артыыс буолар.

Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар санааларын үллэһиннилэр, ыйытыылары биэрдилэр. Бэйиэт Елизавета Мигалкина бу курдук бэлиэтээн эттэ: “Киинэҕэ дьиҥнээх саха эр киһитин уобараһа ойууламмыт, быыһааччы уустук үлэтэ арылхайдык көстөр. Ону таһынан, киинэҕэ «Эн кимҥиний?” диэн саамай сүрүн ыйытык турар. Чахчы билигин Аар айылҕабыт иннигэр биһиги киммитий? Уопсайынан, олус элбэх дириҥ санааны саҕар киинэ». Биллиилээх суруналыыс, уопсастыбанньык Владислав Коротов киинэни улаханнык сэҥээрбитин туһунан эттэ.

Блогердар Маргарита Шейкина, Надежда Уарова, «Ойдуо” айар бөлөх салайааччыта Анастасия Борисова, “Кыым” хаһыат суруналыыһа Туйаара Сиккиэр режиссертан, артыыстартан интэриэһинэй боппуруостары ыйыттылар. Надежда кырачаан артыыс ийэтин ураты оруолугар тохтоото: «Мин санаабар, София курдук сахалыы саҥарар, аһаҕас, элэккэй оҕоҕо ийэтин үтүө сабыдыала күүстээх, ол харахха өтө көстө сылдьар».

Дьол уонна дьулуур саргылаах сардаҥата

Карина Чикитова – саха омугун национальнай символа диэтэххэ арбатыыта суох буолуо. Киинэҕэ уйадытар түгэн элбэх. Ону кытта этим сааһа аһыллыбыт көстүүтэ — Өлүөхүмэ тыатын үөһэттэн көрдөрүү… Ытык Аар айылҕа…Ыркый, иһирик ойуур. Ама хайдах маннык тыаҕа 12 күнү быһа Карина барахсан сылдьыбыта буолуой?! Баҕар, Үрдүк айыылар, иччилэр араҥаччылаабыттара буолуо…Тус бэйэм, сахалыы иитиилээх, куттаах ыччат, бу манна итэҕэйэбин. Харыстыыр иччилэрбитин өһүргэппэккэ, үргүппэккэ, кэлэппэккэ сылдарбыт буоллар ньии… Уопсайынан, билигин киһи айылҕа оҕото буоларын билинэр дуу, суох дуу? Туохха сыыһар, алҕаһыыр?

Режиссер, сценарист көрөөччүгэ бэртээхэй күрүчүөктэри олуйталаабыттар. Биирдэ бэриллэр одурууннаах олохпутугар киһи күлэ-үөрэ сырыттаҕына, үөйбэтэх өттүттэн туох барыта буолар. Ким даҕаны инникитин тымтыктанан көрбөт, сэрэйэн да көрбөт буоллаҕа.

Олоҕу сыаналыырга, айылҕаны ытыктыырга үөрэтэр киинэ дии санаатым. Ханнык да кыһалҕа кыһарыйдаҕына, айылҕатын кытта ситимнээх киһи тыалга-кууска мөлтөөбөт, Бу киинэни көрүҥ диэн ыҥырабын. Билигин уйадыйар, чуумпурар да турук сэдэхсийбит курдук. «Карина» киинэ маны түстүүр, ыллыктаах санааҕа, тобуллаҕас толкуйга сирдиир. Киһи, омук олох иннин-кэннин билэн, олох күүстээх холобурдарыттан үөрэнэн, үрүҥ санаа көтөллөнөн эрэ сырыттаҕына сатанар.

Ким Игнатьев хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0