Карина Чикитова Саҥа дьылы үөрэ көрсөр

Ааптар: 
15.12.2016
Бөлөххө киир:

Карина Чикитова. Бу кыысчаан аатын аан дойдуга билбэт киһи суоҕа буолуо. Үс сыллааҕыта уон икки күнү быһа сүтэ сылдьан баран тыыннаах көстүбүт түөрт саастаах кыысчаан, омугуттан тутулуга суох, киһини барытын долгуппута. Оттон бүгүн ып-ыраас харахтара чаҕылыҥнаан, оҕо барахсан Саҥа дьылга кэтиэхтээх кэһии былаачыйатын кэтэн, сиэркилэ иннигэр мичээрдии турар.

Тоҕо бүгүн “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа бу түгэни ойуулуурга сананным? Соторутааҕыта, биир хаһыакка “Карина атын олоҕо” диэн ыстатыйа тахсыбыта. Дьолго диэххэ дуу, сенсация курдук ылынан суруллубут матырыйаал тоҕо эрэ, нууччалыы эттэххэ, туох да резонанса суох хаалла.

Дьэ, Карина билигин хайдах олорор эбитий? Ону ырытан көрүөх.

Бастакы көрсүһүү – дьылҕа-хаан оҥоһуута?

Альбина Черепанова — «Народная партия «За женщин России» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы политическай баартыйа Саха сиринээҕи региональнай отделениетын салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһун президиумун чилиэнэ. Хайдах Альбина Прокопьевна кырачаан Карина дьылҕатыгар биир сүрүн киһинэн буолан хаалла?

Сиэним Коля миигин кытта кинигэ ааҕарын олус сөбүлүүр. Быйыл от ыйын 7 күнүгэр (бу күнү мин хаһан да умнуом суоҕа) илиибитигэр Виктория Габышева Карина Чикитова туһунан суруйбут кинигэтин ылан баран, биир тыынынан ааҕан кэбистибит. Уолчааным чуумпура түһэн баран, үөһээ тыынна: “Каринаны бэйэтин көрбүт киһи-и-и…”. Мин онно эмиэ үөһээ тыынан баран, испэр: “О, тоҕойуом, Карина ыраах Өлүөхүмэтигэр олордоҕо дии. Хайдах онно тиийиэхпитий?” – дии санаатым. Ити итинэн ааһыа эбит. Өскө күнүс хаһыаттары көрө олорон, Карина Чикитова ийэтин кытта Дьокуускайга кэлэн, оскуолаҕа киирээри үөрэх тээбиринин ылаары сылдьарын туһунан биир иһитиннэриини аахпатаҕым буоллар. Сиэним баҕатын толороору, билигин аахпыт кинигэтин дьоруойун илэ бэйэтин көрдөрөөрү, мин билэр суруналыыстарым нөҥүө Каринаны ийэтин кытта ханна баалларын булан ыллым. Төлөпүөнүнэн билсэн баран, сиэмминээн куукула кэһиилээх кинигэбит дьоруойугар тиийдибит. Кэпсэтии быыһыгар Талина Чикитова (Карина ийэтэ) олоҕор көрсүбүт уустук түгэннэрин кэпсээтэ. Буолумуна, ийэ оҕотун сүтэрэрэ, уон хонугу быһа тыыннааҕын-өлбүтүн билбэккэ сылдьара диэн. Ол кэнниттэн билбэт дьонуттан кэлэйэр түгэннэрэ… Кэпсэтэ олорон, мин Талинаҕа: “Реабилитациялыыр кииҥҥэ сытан эмтэн, Каринаны санаторийга олохтуохха”, — диэн этии киллэрбитим. Эдэр ийэ сөбүлэҥин ылаат, Татьяна Дмитриева аатынан түбүркүлүөһү бопсор профилактика санаторийын салалтатын кытта кэпсэппитим. Дьолго, миэстэ баар эбит этэ. Оттон Талинаны реабилитация киинигэр олохтообутум. Инньэ гынан от ыйын 8 күнүгэр сарсыарда 6 чааска туран Өлүөхүмэлиэхтээх дьон, Талина – эмтэнэр кииҥҥэ, Карина – санаторийга сытан сынньанар буолбуттара. Бу күн “Дьиэ кэргэн күнүгэр” түбэспитэ”, — диэн кэпсиир Альбина Черепанова.

Балет — ыра санаа ымыыта

Мин кыысчааны болҕомтоҕо ылан, киниэхэ чаастатык сылдьар, кэлэн көрсөр буолбутум. Ол сылдьан Карина наһаа нарынын, илиитэ-атаҕа имигэһин бэлиэтии көрбүтүм уонна: “Көр, бу кыыс балерина буолуох көрүҥнээх ээ”, — дии санаан кыыс ийэтигэр Талинаҕа: “Каринаны балекка сыһыарбаппыт дуо? Мин баран кыыһы исписэлиистэргэ көрдөрөн сүбэлэһээри гынабын”, — диэн этии киллэрбиппэр, дьолго, эдэр ийэ сөбүлэспитэ. Балет училищетыгар киирээт, кыысчаан сирэйдиин-харахтыын уларыйбыта. Кип-киэҥ хараҕынан: “Аата үчүгэйиин…” — диэн барыны-бары сонургуу көрбүтэ. Каринаны хореография колледжын дириэктэрэ Дария Дмитриева бэйэтинэн дьоҕурун көрөн олус сөхпүтэ уонна: ”Дьикти имигэс кыысчаан эбит. Бу оҕону хайаан да ылабыт”, — диэн үөрдүбүтэ. Инньэ гынан иккис кылаастан эһиил Карина Чикитова Аксения уонна Наталья Посельскайалар ааттарынан хореография колледжын иитиллээччитинэн буолуоҕа, — диэн кэпсиир кыысчаан дьылҕатыгар сыһыаннаах Альбина Черепанова.

Тоҕо бу ыстатыйа сурулунна?

Хомолтоттон. “Тоҕо мин тус олохпор бу маннык куруубайдык ороостулар?” – диэн ыйытар Карина ийэтэ эдэркээн Талина Чикитова. “Мин интервьюлара диэн тугун билбэппин. Суруналыыс төлөпүөннээбитигэр, суолга хааман иһэр этим. Ыстатыйа суруйаары гынар буоллаҕа дии санаабатаҕым, көннөрү кэпсэтэр курдук этэ”, — диэн хомойор Талина.

Мин командировкаҕа көтөөрү массыынанан порка киирэн истэхпинэ, төлөпүөммэр эрийбиттэрэ. Ыстатыйа таһаараары гынарын истэн баран: “Оҕо дьылҕатыгар мээнэ орооһумаҥ, арааһы суруйумаҥ”, — диэн көрдөспүтүм. Интервью ылар суруналыыс киһини соһуччу өмүтүннүрбэккэ эрэ, анал бириэмэ болдьоон, сирэй көрсөн кэпсэтиэхтээх диэн өйдөбүллээхпин. Хайдах төлөпүөнүнэн көннөрү кэпсэтэн баран: “Бу киһи инньэ диэтэ”, – диэн таһаарыахха сөбүй?”, — диэн Альбина Черепанова хомолтотун биллэрэр.

Ыстатыйа сурулларын истэн баран, олох сөбүлээбэтэҕим. Суруналыыска: “Эһиги хаһыакка суруйан тугу ситиһээри гынаҕыт? Ол оннугар оччо өйөөрү гыннаххытына тыа сирин дьонун дьыаланан өйөөҥ”, — диэбитим”, — диэн кэпсиир ординатор-быраас Клара Евсеева.

— “Саха сирэ” хаһыакка кырдьык сурулларын, бу бэчээт уорганын суруналыыстара суруйбут матырыйаалларын хайаан да кэпсэппит киһилэригэр көрдөрөн эрэ баран таһааралларын билэбин, — диэн бэлиэтиир уопсастыбанньык.

Ыспыраапка:

Өлүөхүмэ оҕото Карина Чикитова 2014 сыллаахха тыаҕа мунан баран көстүөҕүттэн дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр. Аһа, уута суох 11 хонугу быһа тымныы, сииктээх, бырдахтаах, адьырҕалаах тыаҕа сылдьан баран ­тыыннаах хаалбыт дьоллоох.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0