Кардиология диспансерыгар мэдиссиинискэй тэриллэри таҥыы үлэтэ саҕаланна

23.12.2021
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү туругунан, Кардиология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын саҥа дьиэтигэр тутар-таҥар үлэлэр түмүктэннилэр.

Cалгыы ыарахан  мэдиссиинискэй тэриллэри туруоруу уонна таҥыы, кэбиниэттэргэ анал миэбэли уонна тиэхиньикэлэри киллэрии үлэлэрэ ыытыллаллар.

«Кардиодиспансер аҕыс мэндиэмэннээх дьиэтин уопсай иэнэ 16 тыһыынчаттан тахса кв. миэтэрэтин учуоттаан, ыарахан мэдиссиинискэй тэриллэри туруоруу уонна үлэлэтиигэ 3-4 ый ирдэниллэр. Ол иһин, бу үлэлэри кэлэр сыл кулун тутарыгар диэри түмүктүүргэ, диспансер муус устарга бастакы эмтэнээччилэри көрөрүгэр сорук туруордум», -– диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сыл түмүгүнэн ыыппыт пресс-кэмпэринсэйэтигэр иһитиннэрбитэ.

Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи кардиодиспансер дойду сүрүннүүр мэдиссиинискэй кииннэрин курдук, аныгы мэдиссиинискэй тэриллэринэн сэбилэниэҕэ. Манна Москва уонна Санкт-Петербург кииннэригэр эрэ баар МРТ уонна КТ-аппарааттар баар буолуохтара.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Кардиодиспансер үлэҕэ киирдэҕинэ, нэһилиэнньэ сүрэх-тымыр ыарыытыттан өлүүтэ аҕыйыырыгар эрэлин биллэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0