Госдуyма ЛДПР баартыйаттан дьокутаата Василий Власов коронавирус карантинын кэмигэр нэһилиэнньэни ОДьКХ төлөбүрүттэн босхолуурга этии киллэрдэ. Ол этиитин РФ Тутууга министиэристибэтин көрүүтүгэр ыытта.
Коронавирус кэмигэр дьон дохуотун сүтэрэр, дьиэҕэ олорон уокка онтон да атын хомунаалынай өҥөҕө ороскуота үрдүүр, онон маннык ыарахан кэмҥэ ОДьКХ төлөбүрүттэн босхолуур оруннаах диэн быһаарбыт кини.
«Биир Ньыгыл Арассыыйа» Хоту эрэгийиэннээҕи национальнай бөлөҕүттэн Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева: «Дойдуга ыарахан балаһыанньа үөскээн, дьон-сэргэ олоҕун огдолутта. Онон ити сөптөөх этии дии саныыбын. Арассыыйа, эрэгийиэн таһымыгар экэнэмиистэр барытын ааҕан-суоттаан көрүөхтэрин наада. Ити этиини Госдyума, РФ Бырабыыталыстыбата үөрэтэн баран, дьон туһугар көдьүүстээх быһаарыныыны ылыныа дии саныыбын», — диэн эттэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru