Жатайга аҕыйах сыллааҕыта тутуллубут 4 этээстээх дьиэҕэ олорор Каракановтарга ыалдьыттыыбын. Олбуорга киирэргэ шлагбаум турар буолан, туора дьон киирбэт, тиэргэни дьэрэкээн өҥнөөх сибэкки дьөрбөтө киэргэтэр, дьиэ кэтэҕэр күөх газоннаах оҕо былаһааккатыгар оҕолор оонньуу сылдьаллар.
edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат
Каракановтар ыал аҕа баһылыга Николай Русланович — биллэр дьон удьуордара. Кини эһээтэ Прокопий Караканов Амма бурдугун туһунан элбэх бэлиэтээһиннэри, очеркалары суруйан хаалларбыт сытыы бөрүөлээх биллэр суруналыыс, талааннаах эрэдээктэр, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин бастакы лауреата.
Кини «Саха сирэ» хаһыат тэриллиэҕиттэн бу дойдуттан барыар диэри үлэлээбитэ. «Эһээбит Амма Абаҕатыгар олорбут балаҕаныгар көмүлүөк оһох турара уонна суорунаҕа бурдук мэлийэн, саха лэппиэскэтин буһараллара. Кини икки оҕолоох: мин ийэм Антонина Прокопьевна уонна уола Андрей Прокопьевич Уус Маайаҕа олорор. Ийэм бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри психоневрологическай диспансерга уйулҕа үлэһитинэн үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт», — диэн Николай сэһэргиир. Ыал ийэтэ Евдокия Степановна — Жатай балыыһатыгар терапевтическай салаа сэбиэдиссэйэ.
Төрөппүттэрэ Кузьминовтар дьиэ кэргэттэрэ кыыс икки саастааҕар Мэҥэ Хаҥалас Хорообутуттан көһөн кэлбиттэр. Ийэлэрэ Лидия Григорьевна оҕо саадыгар иитээччинэн, аҕалара Степан Михайлович физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Евдокия биэс оҕолоох улахан иллээх дьиэ кэргэҥҥэ улааппыта. Бииргэ төрөөбүттэрэ бары куоракка бааллар, оттон төрөппүттэрэ Жатайга чааһынай дьиэҕэ олороллор.
Дуня оскуоланы бүтэрэн баран, медицинскэй институкка үөрэнэ киирбит. Кыыс устудьуоннуу сырыттаҕына, доҕотторо Дьокуускайдааҕы экэниэмикэ-быраап институтугар туризм салаатыгар үөрэнэр уолу кытта билиһиннэрбиттэр. Эдэрдэр үөрэхтэрин бүтэрэн баран, 2009 сыллаахха ыал буолбуттар, утуу-субуу кыыс уонна уол оҕоломмуттар. Ыал аҕата «Ростелеком» иһинэн тэриллибит «Столица» ХЭТ үлэлиир, абоненнары интэриниэт ситимигэр холбуур.
БҮДДЬҮӨТ ҮЛЭҺИТТЭРИН ДЬИЭНЭН ХААЧЧЫЙЫЫ
Уоллара төрөөбүтүн кэннэ, Жатайга бүддьүөт үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйар бырагырааманан 46 кв.м. иэннээх биир хостоох кыбартыыраны ылбыттар. Оҕо саада уонна оскуола, музыкальнай кыһа киһи сатыы хааман тиийэр сиригэр бэрт чугас баар эрээри, биир да саха кылааһа суох, оҕолор нуучча тылынан үөрэнэллэр. Каракановтар кыыстара флейтаҕа оонньуур, музыкальнай оскуолаҕа иккис кылааһы бүтэрдэ.
Уол «Рубин» спортивнай кииҥҥэ дьарыктанар. Уруок кэнниттэн оҕону араас хайысханан эрчийии барыта босхо ыытыллар. Жатайга икки оскуола, түөрт оҕо саада үлэлиир, онтон биирэ чааһынай дьиэлэр түөлбэлэригэр баар.
— Манна көһөн кэлбит кэрэ аҥаар хаһан баҕарар балыыһаҕа сиэстэрэ, быраас үлэтин булуон сөп. Үлэһиттэр куруук наадалар. Балыыһаҕа сарсыарда 8 чаастан киэһэ хойукка диэри үлэлиибин. Онон оҕолору кэргэним бэрийэн улаатыннартаата, киниэхэ махталым улахан, паапабыт ыһаарылаабыт хортуоппуйа саамай минньигэс. Кини сорох нэдиэлэ эбиэттэн киэһэ эбэтэр сарсыардаттан күн аҥаара үлэлиир. Бөһүөлэкпит дьоҕус буолан, бары бэйэ-бэйэбитин билсэбит, олорорго, үлэлииргэ усулуобуйа үчүгэй, киһи сатыы хааман тиийэр сиригэр наадалааҕыҥ барыта баар. Бөһүөлэкпит куорат дьалхааныттан тэйиччи, чөкө, чуумпу. Өрүс чугас буолан, хомо таҕыстаҕына, арыыга тиийэн сөтүөлүүбүт, балыктыыбыт. Ыһыахха Үс Хатыҥҥа аймахтар бары балаакканан киирэн хонобут. Саҥа дьылы хас да ыалынан төрөппүттэрбитигэр түмсэн көрсөбүт. Кинилэр бэйэ-бэйэни ханнык баҕарар түгэҥҥэ өйдүүргэ-өйөһөргө, дьиэ кэргэни өрө тутарга үөрэппиттэрэ, — диэн кэпсиир Евдокия Степановна.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru