Капитон Львов: «Турцияҕа университеппар соҕотох сахабын»

17.08.2018
Бөлөххө киир:

Тас дойдуга үөрэнэр саха оҕолоро-3

Бу иннинээҕи матырыйаалларга Саха сирин оҕолоро Кытайга, Ираҥҥа үөрэнэллэрин туһунан суруйбуппут. Билиҥҥи сэһэргэһээччибитинэн Бүлүү улууһуттан төрүттээх, Казахстан университетыгар «Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннарын» үөрэппит, билигин ыраах Турция университетыгар магистратураҕа «Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан, Чугас Илиҥҥи дойдулар (Ближний Восток) уонна Киин Азия» исписээлинэскэ ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар Капитон ЛЬВОВ буолар.

Чэлгийээнэ БАХСЫРОВА,  edersaas.ru

Тас дойдуга үөрэнэ барар санаалар…

Тас дойдуга үөрэххэ туттарсар баҕа санаа Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ 11 кылааска үөрэнэ сырыттахпына киирбитэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум үксүлэрэ Саха сирин уонна Арассыыйа үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын талбыттара, кинилэри кытта биир кэлимсэ буолбат курдук, атын сиргэ диэн ааттаан, докумуоннарбын тас дойду университеттарыгар эмиэ туттарбытым. Ол түмүгүнэн үс үөрэххэ киирбитим: Саха сиригэр, Хабаровскайга уонна Казахстаҥҥа. Онон, баҕа санаам туолан, салгыы Казахстан университетыгар норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннарын үөрэппитим.

Бастакы ыарахаттар

Бастакы ыарахаттары айаммар көрсүбүтүм: Казахстан Өрөспүүбүлүкэтэ Саха сириттэн ыраах баар буолан Дьокуускайтан көтөр аалынан тута тиийэр рейстэр суохтара. Дьоммун өрөбүл аайы да көрсөр кыах суоҕа. Ахтылҕан диэн баарын онно билбитим. Эбиитин айылҕалара, астара-үөллэрэ, менталитеттара олус атын этэ. Университеппытыгар биир сыл анаан казах уонна турок тылын үөрэппиппит. Икки атын-атын омук тылларын үөрэтэр миэхэ бастакы уопутум буолан уустуктардааҕа, барыта сонун, биллибэт. Ол эрэн билигин түүр омуктар тылларынан үчүгэйдик кэпсэтэбин, өйдөһөбүн. Онон, биэс сыл устата Ясави аатынан Норуоттар икки ардыларынааҕы Турок-Казах университетыгар улахан тургутууну ааспытым.

Норуоттарбыт майгыннаһар да өрүттээхтэр

Сахалар уонна казахтар майгыннаһар өрүттэрэ элбэх: астарыттан саҕалаан тылларыгар тиийэ, дэлэҕэ миигин Хотугу Казаххын диэхтэригэр дылы. Ол гынан баран тэйсибиппит көстөр. Казахтар мусульманнар, оттон сахалар бэйэбит итэҕэлбитин уонна христианствоны кыбына сылдьабыт. Итэҕэл диэн олус күүстээх инструмент буолар эбит, дьону-сэргэни салайыыга олус туттуллар эбит.

Устудьуон олоҕо

Бастакы сылларга хаһан баҕарар ыарахаттар баар буолаллар. Салгыы атын эйгэҕэ үөрэнэҥҥин уоскуйаҕын. Устудьуоннуур кэммэр араас конференцияларга, бырааһынньыктарга кыттааччыбыт. 2016 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэбитин  күнүгэр бэйэбит сэмэй кэнсиэрбитин туруорбуппутун Турцияттан, Азербайджантан, Казахстантан миниистирдэр көрөн астыммыттара, биһирээбиттэрэ. Бэйэбит «Кынат» түмсүүбүт Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин “Жас Отан» эдэр ыччатын түмсүүтүн чэрчитинэн үлэлэспиппит.

Турцияҕа магистратура

Турцияны кытта бастакы билсиим 2014 сыллаахха сайыҥҥы сынньалаҥмар буолбута. Онно балтараа ый курдук Турцияны барытын кэрийбитим, «түөрт муоратыгар» умсубутум. Казахстаҥҥа бииргэ үөрэммит турок атастарбар ыалдьыттаабытым. Ол сылдьан Турцияны эттиин-хаанныын, сүрэхтиин сөбүлээбитим.

Үөрэхпин бүтэрээт: «Ханна барабыный? Тугу гынабыный?» — диэн ыйытыылар үөскээбиттэрэ. Исписээлинэһим «Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы» буолан салгыы атын дойдуга барыахпын баҕарбытым. Инньэ гынан Турция диэки көрбүтүм: «Турция стипендиялара» диэн улахан бырагыраама  баарын билбитим. Маннык бырагыраамалары  Франция, Англия, АХШ, Кытай уонна да элбэх араас дойдулар оҥороллор эбит. Икки сыллаах магистратура бырагырааматын  гранын кыайаммын билигин этэҥҥэ үөрэнэ сылдьабын. Турция үөрэҕирии уонна эдэр ыччат министиэристибэлэриттэн «Турция стипендиялара» бырагырааманан «соҕотох саха» буоларбынан сибээстэн араас элбэх бэлэхтэри туппутум. Хаһыаттарга «Бытарҕан тымныы дойдуттан ыалдьыппыт» диэн мин туһунан араас ыстатыйалары эҥин таһаарталаабыттара.

Сакарья университетын кампуһа  олус улахан. Онно күн аайы 40 000 тахса устудьуон сылдьар.  Магистратура буолан үөрэхпэр нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ кампуска барабын. Устудьуон бэйэтэ дьаныһан үөрэнэр. Үчүгэйдик үөрэммэт  оҕо хаалар кутталлаах, ирдэбил улахан.

Мин бэйэм Орто Азия уонна Чугас Илиҥҥи дойдулар (Ближний Восток) эрэгийиэннэри талбыт буоламмын арабскай уонна английскай тыллары үөрэтэбит. Диссертациябын Саха сирин кытта сибээстээх буолар гынным, араас көһөн кэлэр омуктар биһиэхэ туох кутталы аҕалалларын сиһилии суруйарга былааннанабын.

Инникитин Сахам сирэ, Арассыыйа сайдарын туһугар үлэлэһиэм, эдэр ыччат билигин биһиги дойдубут кэскиллээх буоларын туһугар туруулаһыахтаах. Саха сирин ыччата ону өйдүөх тустаах. Миигин сайыҥҥы кэмҥэ улууһум баһылыга Сергей ВИНОКУРОВ эдэр киһини өйөөн улуус дьаһалтатыгар үлэҕэ ылбыта, миэхэ кини бастакы хардыыларбын оҥорорбор улахан күүс буолла.

Чэлгийээнэ БАХСЫРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0