Былыр-былыргыттан саха киһитэ кэрэҕэ тардыһар, кыраһыабай моһуоннаах, ураты киэргэли-симэҕи ордорор. Оҥоһук өҥө-дьүһүнэ, быһыыта биһиги омукпут уратытын кэрэһэлиир. Урукку курдук үрүҥ көмүстэн, туостан, алтантан эрэ буолбакка, билигин киэргэли чэпчэки ыйааһыннаах араас матырыйаалтан оҥороллор. Күннэй Иванова дьарыга ураты. Кини маһынан кэрэ көстүүлээх араас ытарҕаны, хаалтыһы, бабочканы, моойго кэтэри оҥорор. Бу тиэхиньикэни Күннэй хайдах баһылаабытын, сөбүлүүр дьарыгынан хайдах дохуот киллэринэрин туһунан кэпсэттибит.
- Күннэй, бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.
- Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. 2013 сыллаахха Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун бүтэрбитим. Идэбинэн дизайнербын.
- Хаһааҥҥыттан маһынан дьарыктанан саҕалаабыккыный? Туох оҥоһуктары оҥороҕунуй?
- Оҕо эрдэхпиттэн ону-маны айарбын-тутарбын, уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Мас бабочкалары, ытарҕалары былырыыҥҥыттан оҥоробун. Ону таһынан дьон хамсыыр мас куукулалары сөбүлээн сакаастыыр. Хаартыскаттан көрөн үтүгүннэрэбин. Үксүгэр бэлэх-туһах гынарга оҥоттороллор. Анаан-минээн бириэмэбин аттаран, дууһабын ууран туран айан-тутан дуоһуйабын, уоскуйабын.
- Туох санааттан маннык дьарыктанарга холоннуҥ?
- Аан бастаан Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр чугас дьоммор бэлэх ууммутум. Ол кэнниттэн дьон сэҥээрэн, кыра-кыралаан сакаастыыр буолбуттара. Онтон сиэттэрэн, «КАНТА» диэн Интернет-маҕаһыын арыммытым.
- Канта диэн тыл туох суолталааҕый?
- Бастаан «NN» диэн этэ. Күннэй диэн аатым икки ортоку буукубатынан. Онтон олохпор суолталаах уларыйыы тахсан, «Канта» диэҥҥэ көннөрбүтүм. Бу тыл суолтатын улаханнык тарҕатыахпын баҕарбаппын.
- Ханнык табаары ордук ылалларый?
- Эр дьоҥҥо олус табыгастаах уонна сонун, ураты бэлэх буолан, мас бабочка-хаалтыһы сэҥээрэллэр. Кыргыттар мас ытарҕа сакаастааччылар. Маннык ытарҕаны, үрүҥ көмүһү курдук, күн аайы даҕаны, бырааһынньык даҕаны күн кэтиэххэ сөп. Сахабыт сиригэр саҥа сүүрэни киллэрбиппиттэн үөрэбин. Көстүүмү эбэтэр аҥардас ырбаахыны кытта мас бабочка муодунайдык көстөр. Уолаттар уруу биэчэригэр анаан сакаастааччылар. Доҕордуу хампаанньалар, бырааттыылар, уопсастыбаннай түмсүүлэр хамаандалара, бөлөхтөрө кууһунан сакаастыыллар. Дьон хараҕын далыгар сылдьар уолаттар – ырыаһыттар, телевидение ыытааччылара, суруналыыстар, КВН оонньооччулара ордук сэҥээрэллэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ маһынан ону-маны оҥорор дьон элбээтэ. Сакааска альбомнары, дьиэ киэргэлин, магнитиктары, хаартыска араамаларын, бэл, ыҥырыы суруктары кытта оҥороллор.
- Холобур, биир ытарҕаны төһө өр оҥороҕунуй?
- Биир оҥоһукпар ортотунан 3-4 күн барар.
- Туох маһын уонна кырааскатын туттаҕыный?
- Маһа – хатыҥ. Америка уонна Германия кырааскатынан уруһуйдуубун. Өр сылдьар, эбиитин маһы бөҕөргөтөр.
- Оҥоһуктарыҥ оһуорун суолтатын көрөҕүн, тутуһаҕын дуо?
- Хас биирдии оһуор улахан суолталааҕын өбүгэлэрбит өйдүүллэрэ. Киэргэлгэ-симэххэ ону булгуччу тутуһуохха наада. Мин оһуор кистэлэҥнэрин туһунан элбэх кинигэни, альбому көрөбүн. Мээнэ оһуору туһаммаппын.
- Күннэй, айар үлэ эйгэтигэр туох ситиһиилээххиний?
- Былырыын Дьокуускайга бастакы улахан быыстапкабын тэрийбитим. «КЭМ» диэн сүрэхтээбитим. Католическай таҥара дьиэтин ыччатын киинигэр турбута. Графика уонна сюрреализм хайысхалаах уруһуйдарбын дьон дьүүлүгэр таһаарбытым. Сүүрбэччэ уруһуйбун быыстапкалаабытым. Итиэннэ «КАНТА» оҥоһуктара бэлэх буолан, дьону үөрдэрэ, атыылаһааччыларбын кинилэр бэлиэ түгэннэригэр киэргэтэрэ – улахан ситиһиим.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1