Каномата Осаму: “Маннык көрсүһүүлэр үтүө үгэскэ кубулуйдаллар дэлэлээх үчүгэй буолуо этэй!”

Ааптар: 
24.04.2018
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар Дьокуускай итиэннэ Япония Мураяматын доҕордуу сыһыаннарын 25 сылыгар анаммыт бу куораттар дзюдоҕа сүүмэрдэммит хамаандаларын икки ардыларыгар матчевай көрсүһүү буолла.


Күрэхтэһиини үөрүүлээхтик арыйыыга Мураяма куорат Ямагата префектуратын дзюдоҕа ассоцияциятын бэрэссэдээтэлэ Каномата Осамудзюдо өйү-санааны, эти-сиини сайыннарар туспа ускуустуба буоларынан, дьону түмэр күүстээҕин ыйан туран, бүгүҥҥү тэрээһин Дьокуускай, Мураяма доҕордоһуу сыһыаннарын салгыы бөҕөргөтүүгэ биир дьоһун хардыынан буолуоҕар эрэнэрин эттэ.

Тэрээһин кэнниттэн Күн тахсар дойдутуттан сылдьар ыалдьыттарбытын кытта кэпсэттим.

Каномата Осаму, Япония Мураяма куоратын Ямагата префектуратын дзюдоҕа ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ:

—Кырдьыгынан билиннэххэ, маннык улахан тэрээһин буолуо дии санаабатахпыт, хаһаайыттар олус бэркэ бэлэмнэммиттэр. Биэс күн устата ыалдьыттаабыт кэммитигэр Саха сиригэр үйэбитигэр аан бастаан харахтаабыппыт, боруобалаабыппыт үгүс. Олус элбэх интэриэһинэйи биллибит, көрдүбүт. Улуу Өлүөнэ эбэ, төһө да мууһунан бүрүллэн турдар, сүдү көстүүтүнэн, киэҥинэн-дуолунан сөхтөрдө. Эргэ куоракка баар таҥара дьиэтэ олус кыраһыабай! Күрэхтэһии аһыллыытыгар «Айархаан» бөлөх хомуска оонньооһунун өргө диэри умнубаппыт буолуо… Маны барытын сүрэхпитигэр сөҥөрдөн, күндү бэлэх оҥостон дойдубутугар илдьэ барыахпыт, олохпут биир кэрэ түгэнин быһыытынан өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Дьокуускай—Мураяма, Саха сирэ—Япония доҕордуу сыһыаннара сылтан сыл бөҕөргүү турарыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын. Маннык көрсүһүүлэр үтүө үгэскэ кубулуйдаллар дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо — быйыл манна, эһиил Японияҕа ыытыахпытын сөп бөҕө буоллаҕа.

Сасаки Хикару, «Дьокуускай-Ямагата» табаарыстыы көрсүһүү кыттыылааҕа:

—Мин дзюдонан уон бэһис сылбын дьарыктанабын. «Алсок» тэрилтэм аатыттан күрэстэһэбин.

Омук сиригэр бу бастакы сырыым. Олохтоохтор олус эйэҕэстэр эбит. Уонна Саха сиригэр элбэх киһи дьоппуоннуу билэрин соһуйа көрдүм. Бэҕэһээ Хотугулуу-Илиҥҥи университекка сэминээр, маастар-кылаас ыыппыппыт. Онно кырачааннар кытары дзюдонан кыһаллан-мүһэллэн дьарыктаналларын көрөн үөрдүм.

Манна кэлбиппиттэн, күрэхтэһиигэ кыттыбыппыттан олус диэн астынным.

Сасахара Хаяки, «Дьокуускай-Ямагата» табаарыстыы көрсүһүү кыттыылааҕа:

—Тымныы, муус дойдуга кэлэрбит буолуо диэн санаа баара. Үөрүөхпүт иһин, төрүт оннук буолбатах эбит — кыраһыабай Дьокуускай сылааһынан, мичээринэн көрүстэ.

Уруккуттан Саха сирин балыга минньигэһин истэрим, ону бэҕэһээ амсайан итэҕэйдим. Кырдьык, ураты амтаннаах эбит, олус сөбүлээтим. Бэл, Япония балыгыттан минньигэс дии санаатым.

Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0