Кампус – оҕолор иккис дьиэлэрэ

Ааптар: 
06.11.2021
Бөлөххө киир:

Былырыын баччаларга баран репортаж бэлэмнээбит үөрэҕим кыһатыгар – Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолаҕа чугаһаан эрэбит. Бу сырыыга оскуолаҕа таарыйбакка, тута оҕолор иккис дьиэлэригэр —  кампуска ааһабыт.

edersaas.ru

 

Campus

Эрдэттэн кэпсэтиилээх дьон быһыытынан, фотографпын кытта тута кампуска ааһабыт. Төрдүс мэндиэмэн бэл сыттыын-сымардыын ураты, быйыл саҥа өрөмүөннэммит, миэбэлигэр тиийэ саҥардыллыбыт. Сэбиэдиссэйинэн үөрэх салаатыгар баай уопуттаах, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Лариса Михайловна Кириллина үлэлиир. Билигин үһүс мэндиэмэҥҥэ өрөмүөн оҥорторуутун бэлэмнии сылдьар. Биһигини симиэнэ иитээччитэ, идэтинэн немец тылын учуутала, Арассыыйатааҕы бастыҥ учууталлар куонкурустарын кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччыларын куонкуруһун лауреата Оксана Афанасьевна Аммосова көрсөн кампуһу көрдөрөр.

– Кампуска Саха сирин араас муннугуттан барыта 103 оҕо олорор. Үгүстэр хоту, ыраах улуустартан төрүттээхтэр. Уопсайа, 12 иитээччи үлэлиир. Хас биирдии иитээччи аҕыстыы-уоннуу оҕоҕо куратордыыр. Оҕолор бүгүҥҥүттэн күһүҥҥү сынньалаҥнарыгар тарҕаһан эрэллэр. Сүүрбэ оҕо хаалыахтаах, – диэн билиһиннэрэн саҕалыыр. Ол быыһыгар: “Ребята, я вас жду в первом холле”, – диэн ааһар.

Бастыҥ үөрэҕи, киэҥ билиини батыһан анаан-минээн үөрэнэ кэлбит оҕолор диэх курдук. Суруналыыстар кэллилэр диэн толлон, симиттэн турбаттар, бэйэлэринэн кэлэн бастакынан дорооболоһоллор, аһаҕастык кэпсэтэллэр.

Икки холтан биирдэстэрэ үөрэнээччилэри идэҕэ туһаайарга аналлаах хос, иккистэригэр көмпүүтэргэ үлэлииллэр.

Оҕолор хоско иккилии буолан олороллор. Хас биирдиилэригэр ыскаап, туумба, остуол, орон көрүллэр. Хосторун иһин бэйэлэрэ сууйаллар-тарыыллар, таҥастарын бэйэлэрэ сууналлар, хосторун санааларын хоту киэргэтэллэр. Онтон атын эбээһинэс кинилэргэ сүктэриллибэт. Бытовой хоско таҥас сууйар массыынатыгар, өтүүгэр тиийэ барыта баар.

Ахтылҕаннаах уопсай

Холга мустубут оҕолортон бастакынан 11-с “А” кылаас үөрэнээччитэ Эрчимэн Моисеевы кытта кэпсэтэбин:

– Кампуска иккис сылбын олоробун. Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола аһылларын туһунан истибитим. Ол иннинэ Дьокуускайга Саха-корейскай оскуолаҕа үөрэммитим. Арктикатааҕы оскуола букатын саҥалыы ыстандаартынан үөрэтэрин билбитим, учууталларым сүбэлээбиттэрэ. Онон холонон көрөргө санаммытым. Үөрэхпин сөбүлээтим. Күҥҥэ алталыы-сэттэлии уруоктаахпыт. Үөрэх кэнниттэн дьарыктардаахпыт. Кампуска олус сэргэх олохтоохпут. Былырыын Росгвардия байыаннай-спортивнай “Зарница” оонньууну тэрийэн ыыппыта. Сыал ыппыппыт, оҕунан, бэстилиэтинэн ыппыппыт. Мин этэрээт хамандыыра этим, – диэн кэпсиир.

9-с кылаас үөрэнээччилэрэ Күннэй Егорова, Камилла Нахаева, кампуска олорорбутун сөбүлээтибит дэһэллэр. Бастакытынан, кампуһу араас улуус оҕолоро олороллоругар анаан бэлэмнээбиттэрин, тэрийээччилэргэ табыгастааҕын этэллэр. Иккиһинэн, үөрэнэр куорпустарыттан сүүсчэкэ миэтэрэлээх сиргэ турарын, чугаһын, саастыылаахтарын ортотугар сылдьалларын бэлиэтииллэр. Кыргыттар араас куруһуоктарга дьарыктаналлар. Иллэҥ кэмнэригэр уруоктарын ааҕаллар, кампуска ыытыллар тэрээһиннэргэ кытталлар. Күннэй Егорова кампуска олорор 9-с кылаас үөрэнээччилэрин кампус актыыбыгар (бэйэни салайыныы уоргана) бэрэстэбиитэлэ. Актыыбы Оксана Афанасьевна салайан ыытар. Былырыын “Кампус бэрэсидьиэнэ” дьыалабыай оонньууну тэрийбиттэрэ (иитээччи Н.К.Мыреева уонна ТИК).

“Москваҕа 625-с нүөмэрдээх көннөрү гимназияҕа үөрэммитим. Ийэм норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола аһыллан эрэрин кэпсээбитэ. Маҥнай көннөрү холонон көрөргө санаммыппыт. Манна туттарсаары уһун сайыны быһа бэлэмнэммитим, киирбитим. Төрөппүттэрим Саха сириттэн төрүттээхтэр. Миигин сэргэ Красноярскайтан, Москваттан оҕолор бааллар”, – диир дойду тэбэр сүрэҕиттэн кэлбитин букатын кэмсиммэт Камилла.

445-с хос хаһаайкалара – Нарыйаана, Катя

Бастакы холга уолаттары кытта сэһэргэһэ түһээт, аны кыргыттары кытта кэпсэтэбин. “Ким эмэ хоһун көрдөрүө буолаарай”, – диэн ыйытыыбар – биһиги хоспутугар барыахха, диэн саҥаны иһиттим дуу, истибэтим дуу диэт, оскуоланы бүтэрээри сылдьар Нарыйаананы батыспытынан барабыт. Биһиги дьолбутугар, кыргыттар бэрт кэпсээннээх буолан биэрдилэр.

– Анаабыр улууһуттан төрүттээхпин. Манна былырыын киирбитим. Маҥнай утаа үһүс этээскэ олорбуппут, кэлин төрдүскэ көһөрбүттэрэ. Иитээччилэрбит сымнаҕастар эрээри, быраабыланы барытын тутуһаллар. Быйыл саҥа иитээччилэр кэллилэр, уопсай тылы буллубут. Былырыыҥҥы иитээччилэрбитин ахтабыт. Сайыҥҥы сынньалаҥмыт кэмигэр доҕотторбутун, кампуспутун суохтаатыбыт. Бэйэ-бэйэбитигэр ол туһунан элбэхтэ суруйдубут. Дойдубар Сааскылаахха Саҥа дьыл сынньалаҥнарыгар барыахтаахпын, бу күннэргэ куоракка дьоммор хаалабын.

Иккис кылаастан “Анаабыр алмаастара” ансаамбылга үҥкүүлээбитим. Кэриэйэ, Япония курдук дойдуларга баран куонкурустарга кыттан, миэстэлэһэн кэлбиппит. Билигин манна фитнес-аэробиканан, хореографиянан, аныгы үҥкүүнэн дьарыктанабын, муода тыйаатырыгар сылдьабын. Хореографпыт М.М.Егоров салайыытынан өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх ырыаһыта Саинаны кытта “Саха” НКИХ муусука бырайыагар кыттыбыппыт. Быйыл кылааһынан Санкт-Петербург куоракка баран кэллибит, – диэн Нарыйаана Ильина санаатын үллэстэр.

Кыргыттар хосторо диэх курдук, ып-ыраас, сып-сырдык, барыта орун-оннугар турар, ороннорун үрдүнээҕи эркини хаартыскаларынан киэргэппиттэр.

“Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола аһылларын учууталбыттан истибитим. Мин баҕарар гуманитарнай кылааспар саамай элбэх оҕо туттарсыбыта. Манна киириэм иннинэ сүрүннээн научнай хайысхалаах куонкурустарга, тэрээһиннэргэ кыттарым. Покровскайдааҕы муусука оскуолатын (хореография, фортепиано кылааһа) кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим. Бу салааҕа эмиэ үгүстүк кыттан миэстэлэспитим. Уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Олимпиадаларга холонон көрүөм, үрдүк үөрэххэ туттарсарбар көмөлөһүөҕэ дии саныыбын.

Кампус олоҕор үөрэнним, биһирээтим. Үрдүгэр олорорбут табыгастаах, усулуобуйа барыта баар, босхо. Хонор эрэ сирбит буолбатах, бу – иккис дьиэбит кэриэтэ. Иллэҥ бириэмэбитин барытын манна атаарабыт, иитээччилэрбит ыытар илии дьарыгын куруһуоктарыгар дьарыктанабыт. Кампуска олорор олус уустук буолуо дии санаабытым, оннук буолбатах эбит. Маҥнай өйдөспөт быһыылар бааллара, сыыйа уопсай тылы буллубут”, – диэн Катя Миронова кэпсиир.

Компьютернай холга

Көрүдүөрүнэн ааһан иһэн, көмпүүтэргэ бэрт кичэйэн соҕотоҕун тугу эрэ толоро олорор оҕоҕо хараҕым хатанар. Сотору буолаат, бэйэтэ тиийэн кэлэр. “Анаабыр улуустааҕы гимназиятыгар үөрэммитим. Испииһэккэ баарбын көрөн олус үөрбүтүм. Кэлээт кампуска олохсуйбутум, элбэх доҕоттордоннум. Манна олорор интэриэһинэй, сөбүлээтим. Араас тэрээһиннэр буолаллар. Холобур, былырыын биллиилээх режиссер Дмитрий Давыдовы кытта көрсүһүүгэ көхтөөхтүк кыттан, автографтаах постеры туппутум”, – диэн 8-с кылаас үөрэнээччитэ диэтэххэ сааһыгар холооно суох оттомноох, сытыы-хотуу Эрчим Порохонько кэпсиир. Көмпүүтэргэ оонньуу олорор дуу, дии санаабытым, обществознание биридимиэтигэр бириэмэҕэ бэрэбиэркэлиир үлэтин толорбут эбит. Куорат оҕолоро коронавирус дьаҥынан тэйиччиттэн үөрэххэ көспүттэр, кампус оҕолоро эрэ олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэнэллэрин, онон туох баар бэрэбиэркэлиир сорудаҕы куйаар ситимин нөҥүө толороллорун туһунан быһаарар.

Манна даҕатан эттэххэ, холга хас даҕаны ноутбук, көмпүүтэр турар. Биир даҕаны оҕо оонньуу олороро көстүбэт.

Бэс Күөлүттэн

Ол быыһыгар: “Кыргыттар, көрүҥҥүтүүй, наһаа хойуу хаар”, – диир саҥа диэки хайыспытым, эмиэ да сонурҕаабыттыы, эмиэ даҕаны үөрбүттүү биир кыыс түннүк диэки одуулаһан турар. Бу – баһаар турбут Бэрдьигэстээх улууһун Бэс Күөлэ сэлиэнньэтиттэн быйыл кэлбит 8-с кылаас үөрэнээччитэ Айаана Федорова. “Кампуска балаҕан ыйыгар үөрэнэ кэлээт киирбитим. Дириҥэтэн үөрэтэр таһымнаах оскуола буолан, маҥнай үөрэҕим уустук курдуга. Кэлин оннубун булан эрэбин. Кампуска олорору сөбүлээтим. Бииргэ үөрэнэр доҕотторбун кытта тутуспутунан сылдьабыт. Нэдиэлэҕэ үстэ фитнескэ дьарыктанабыт. Иллэҥ кэммитигэр таһырдьа күүлэйдиибит, уруокпутун ааҕабыт, киинэ көрөбүт, кэпсэтэбит. Кампус иһинээҕи дьарыкпыт да элбэх”, – диэн үөрэ-көтө санаатын үллэстэр.

Гитаралаах уолаттар

Сотору кэминэн оскуолаттан 11-с кылаас үөрэнээччитэ, гитаралаах Айсен Степанчук киирэн кэлэр итиэннэ көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, Борис Гребенщиков репертуарыттан оонньоон иһитиннэрэр. Интэриэһинэйэ диэн, бу хос хаһаайыттара Айсеннаах Эрчимэн Моисеев Саха-корейскай оскуолаҕа биир кылааска үөрэммиттэр, бииргэ туттарсыбыттар, бииргэ үөрэнэллэр. “Гитараҕа манна үөрэммит доҕорум оонньуурун көрөн былырыын холонон көрбүтүм. Саҥа дьылга гитара атыыласпытым. Быйыл, дьолго, оскуолабытыгар гитара куруһуога аһылынна, онно дьарыктанан эрэбин”, – диэн кэпсиир. Куорат оҕото эрээри, ыраах олорорун иһин кампуска миэстэ көрбүттэр. Бу иннинэ дьоппуон тылын үөрэппит, олимпиадаларга болҕомтотун уураары тохтоторго быһаарыммыт.

Аттыгар олорор Дима Элляев тустаах оскуолаҕа оҕо сайдарыгар, олоҕор ситиһиилээх киһи буолан тахсарыгар улахан кыах бэриллэр диир. “Үөрэхтэн орпут бириэмэбэр эбии дьарыктанабын, 7-с кылаастан санаа атастаһыытынан (дебатынан) үлүһүйэбин. Манна ити дьарыкпын салгыырга усулуобуйа барыта баар. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ учуутала, координатор И.П.Петрова, Г.Я.Лукин, А.Р.Парфенов, О.Б. Милюков, А.А. Школьников үөрэтэллэр. Судургутук быһаардахха, дебат диэн ханнык эрэ тиэмэҕэ чопчу быраабылалаах санаа атастаһыыта, мөккүөрэ. Былырыын Санкт-Петербург куоракка “Талааннар академиялара” аныгы үөрэх эйгэтигэр баран кэлбиппит. Быйыл ити сырыыбытын салҕыыбыт эрээри, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сибээстээх миэстэлэринэн. Кампус олоҕор көхтөөхтүк кыттабын. Дискотека, караоке конкуруһа буоллаҕына, муусука холбооччунан олоробун”, – диэн доҕорун кэпсээнин салҕыыр.

Көрүдүөр икки эркинигэр

Көрүдүөр икки эркинин кыйа араас тиэмэлээх муннуктар, каарталар ыйаммыттар. Бу иитээччилэр, оҕолор илиилэрин сылааһынан оҥоһуллубут, иккис тыыннаммыт кампус киэргэллэрэ. Манна баар киэргэл, бэл диэтэр, маҕаһыыҥҥа атыыланар искусственнай талахтартан уратыта суох, үөттэн эрийэн өрүллүбүт, мас туораҕынан киэргэтиллибит, кырааскаламмыт түннүккэ турар сүүнэ сибэкки, холу киэргэтэ ууруллубут дьэрэкээн ойуулаах улахан таастар – барыта бэйэ оҥоһуктар.

Арыалдьыппыт салгыы “минньигэс хоһу” көрдөрөр. Остуолга субу айахха киирэн ууллуохча моруоска сытар, атына диэн – сиэммэт. Манна Оксана Афанасьевна салайыытынан оҕолор полимернай туойтан отонноох үүнээйилэри оҥороллор. “Оҕолор хас даҕаны омук тылын үөрэтэллэр. Онон Саха сирин отонноох үүнээйилэрин туһунан омук тылынан билиһиннэриэхтэрэ, иһитиннэриэхтэрэ”, – диэн иитээччи быһаарар.

Түннүк иннигэр остуолга эрбэммит мастар, хаппыт лабаалар сыталлар, түннүк сэҥийэтигэр кырааскаламмыт өрүс тааһын арааһын кэчигирэппиттэр. Бу барыта туһаҕа тахсар матырыйааллар. Оҕолор үөрэхтэрин кэнниттэн өйдөрүн сынньатар, аралдьыйар дьарыктара. Бириэмэни бу курдук туһалаахтык атаараллар.

Төһө даҕаны үөрэх диэн баран муннукка ытаабыт оҕолор муһунналлар, эти-хааны эрчийиини, айар дьоҕуру барытын тэҥҥэ дьүөрэлииллэр. Сүрүн куруһуоктары оскуолаҕа ыыталлар. Кампуска сүрэхтэрин баҕатынан үөрэхтэн сынньанаары илиинэн дьарыгынан умсугуйаллар. Ким эрэ кинигэ ааҕар, ким эрэ уһанар, ким эрэ илиинэн оҥоһугу айар…

Үһүс мэндиэмэҥҥэ

Үһүс мэндиэмэҥҥэ түһэбит. Холга оҕолор оонньуулларыгар анаан бэлэмнэммит остуол, олох мастар тураллар. Ыл да оонньоо! Остуол тула 10-с “В” кылаас үөрэнээччилэрэ мусталлар. Биир чобуолара Александр Аммосов кампуска үөрэ-көтө олороллорун, усулуобуйа барыта баарын кэпсиир: “Кампуска араас оонньуулар, куонкурустар, биллиилээх дьону кытта көрсүһүүлэр, бу соторутааҕыта минньигэс бириистээх куонкурус буолбута. Вайфай баар, интэриниэт тэтимэ үчүгэй. Бэйэбит үксүн бириэмэ көһүннэр эрэ саахыматтыыбыт”, – диэн этэр.

Салгыы 10-с кылаас үөрэнээччитэ, быйыл туттарсан киирбит Баатаҕайтан төрүттээх Михаил Гороховы кытта кэпсэтэбин:

– Кампуска балаҕан ыйын 1 күнүгэр киирбитим. Дойдубар сөбүлүүр дьарыкпын булаары араас куруһуоктарга суруйтарбытым. Манна Си++, харбааһын, аангылыйа тылын куруһуоктарыгар дьарыктанабын. Кампус оҕолоро иллээхпит, тугу эбит билбэтэхпинэ быһааран биэрэллэр, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит. Киэһэтин уно, дженга, соторутааҕыта үөдүйбүт үспүйүөн, араас остуол оонньууларын оонньуубут. Соторутааҕыта М.Ю. Лермонтов төрөөбүтэ 207 сылыгар аналлаах поэзия биэчэрин ыыппытым. Сара Томпсон кампус оҕолоругар аангылыйа тылынан оонньуу, эбии дьарык ыытар. Күһүҥҥү сынньалаҥмар дойдулаабаппын. Иитээччилэрбитин кытта култуура тэрээһиннэринэн барыахтаахпыт. Сынньалаҥмын сэргэхтик, туһалаахтык атаарыам диэн эрэнэбин. Дьиэҕэ үлэбит даҕаны баар, онон дьарыга суох олорбоппут, – диэн кэпсиир.

Сэргэх тэрээһиннэр

Оҕолор үөрэхтэригэр бырагыраамалара элбэх буолан, кампуска сылайан киирэллэр. Ол иһин сүрүннээн сынньатар, аралдьытар тэрээһиннэргэ болҕомто уураллар эбит. “Тыыннаах таастар” куруһуок, экологическай хайысха (сал. Данилова А.В.), волейбол, баскетол, илиинэн уһаныы (Федоров П.А.), илиинэн оҥоһук (полимернай глина, айылҕа матырыйаала, оҕуруонан тиһии, немец тылыгар дьарык (сал. Аммосова О.А.), гражданскай-патриотическай хайысха (сал. Мыреева Н.К.), аныгылыы үҥкүү (Сорокоумов Н.И.), о.д.а. куруһуоктар үлэлииллэр.

Үлэ күнүгэр оҕолор бириэмэлэрин үксүн үөрэххэ ыыталлар. Ол оннугар субуотаҕа, өрөбүллэргэ иккилии иитээччи кампус иһигэр ыраастык туттууга, уопсай быраабылаҕа аналлаах көннөрү бэсиэдэлэртэн саҕалаан, тас дойду учуонайдара кыттыылаах лиэксиэйэлэргэ тиийэ тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыыталлар.

Норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ кампус эмиэ үлэлэһэр. Ол курдук тас дойдуттан онлайн холбонон Хотугу пуорум үлэтин билсибиттэрэ. ФРГ лингвоантропологын, саха тылын уонна култууратын үөрэтэр учуонайы Антон Тевсы кытта көрсүбүттэрэ.

Ону таһынан, бэлиэ бырааһынньыктары көтүппэттэр. Аҕыйах хонуктааҕыта Ийэлэр күннэригэр ийэлэригэр истиҥ тыллары анаабыттар, волонтер Антон Васильевы, о.д.а. биллэр-көстөр, интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүүлэр буолбуттар.

Экология тиэмэтин ыһыктыбаттар, сылга иккитэ экологическай субуотунньугу тэрийэллэр, аахсыйа кэмигэр туһаныллыбыт батарыайаларын илдьэн туттараллар, оскуолаларын тула сибэкки, мас олордоллор, чыычаахтары аһаталлар… Кампус оҕолоро ити курдук кэпсээннээх буоллулар.

Түмүк

Кинилэр соруктара – үөрэх, киэҥ билии, үрдүккэ дьулуһуу, улахан ситиһиилэр. Манна оскуоланы сэргэ кампус ис кута эмиэ улахан оруллаах. Онон сэбиэдиссэй Лариса Михайловна кампус оҕолорго иккис дьиэлэрэ буоларын курдук ситиһэр. Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола кампуһугар олох күөстүү оргуйар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0