Баҕа санаа байҕала уолан барбыта

Бөлөххө киир:
Хаартысканы Камила Михайлова тиксэрдэ.

Бу олоххо киһи саамай улахан дьоло уонна табыллыыта — дууһа кыланыытын, сүрэх сипсийэрин истэн бэйэни булуу. Таптыыр дьыалатынан дьарыктанар киһи өрүү хараҕа уоттаах, сүрэҕэ төлөннөөх буолар. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу — Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын «Литературное творчество» хайысхатыгар туттарсан киирдэ — Камила Михайлова. Кини Уһук Илиҥҥи федеральнай университеттан кэлбит…

Билсиһии

— Былыта суох оҕо сааһым Үөһээ Бүлүү Далыр нэһилиэгэр ааспыта. Дойдум мүөттээх салгыныгар угуттанан борбуйбун көтөхпүтүм. Биһикпин ыйаабыт сирим миэхэ элбэҕи да биэрбитэ, сырдык санаалары ииппитэ.

Билигин санаатахха, оҕо эрдэхпиттэн суруйууга холонон көрөр эбиппин. Ол курдук, бастакы хоһооммун маҥнайгы учууталбар анаан суруйбутум.

Онтон кэлиҥҥи кэмнэргэ, чэрэниилэбинэн маҥан илииһи даҕайыам эрэ, «Ньургуһун» диэн ааттан суруйабын. Сүрэх сипсиэрин, дууһа мөккүөрүн хоһооҥҥо табан түһэрдэхпинэ, чахчы олус астынабын.

Хаартысканы Камила Михайлова тиксэрдэ.

«Баҕа санаа байҕала уолан киирэн барбыта…»

 — Бэйэм кэммэр М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтэҕи лиссиэй — интэринээт физика уонна математика кылааһын бүтэрбитим. Үөлээннээхтэрбиттэн ураты курдук көстүмээри эбитэ дуу, эбэтэр атын дьон баҕа санаатын баҕа гынан, оскуолабын бүтэрээт, математика уонна информатика институтугар кыһалҕата суох туттарсан киирбитим. Ол аартыкка үктэнээппин кытта Шекспир Гамлетын курдук «to be or not to be” (быть или не быть) диэн сүрэх уонна өй мөккүөрүгэр умсубутум. Ити аартыгым эйгэтэ суруйар дьоҕурум кута тахсарын бүөлүүр курдуга, сүрэҕи астыннарбат, баҕа санаа байҕалын уолларан киирэн барбыта.

Чэрэниилэтэ, кумааҕыта суох сүрэҕим сипсиэрин кытта ситиммин сүтэрэбин 

 — Балтараа сыл устата дириҥ толкуйдары толкуйдаан, элбэҕи ыраҥалаан көрөн бараммын, суруйар эйгэҕэ сыстыахпын олус баҕарар эбиппин диэн өйдөөтүм. Онон туораттан көрдөххө, олус дьикти суолга туруна сылдьабын.

«Литературное творчество» диэн үөрэххэ устудьуона буолаары хараҕым уоттана, сүрэҕим өрө мөхсө сылдьар. Мин санаабар, киһи «для корочки» эрэ буолбакка, чахчы баҕаран туран үөрэннэҕинэ, биирдэ чыпчааллары дабайар. Хардыыларым халтайга хаалыа суохтара диэн эркин курдук бэйэбэр эрэллээхпин.

Хаартысканы Камила Михайлова тиксэрдэ.

Маска ыттыбыт балыкчаан

 — Ааҕааччыларга санаабын өссө үчүгэйдик тиэрдэр туһуттан «Маска ыттыбыт балыкчаан» диэн хоһооммун бэлэх уунабын.

Маска ыттыбыт балыкчаан

Син биир үөһээ аччыктаан,

Көҥүл көччүйэр уутугар

Төннө сатыыр иккистээн.

Тугу гына таҕыстыҥ?

Киэҥ тумулу батыстыҥ?

Кураанахха талаһан,

Көтөр буолан кубулуннуҥ?

Ууттан тахсыбыт балыкчаан

Тииҥи сырсан ситээри

Тыыҥҥын быһа сыһаҕын,

Онтон умсар өттүгэр

Бастыҥ буоларгын умнаҕын…

Ньургуһун 2021

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0