Былырыын НТВ каналга «Поедем, поедим!» биэрии ыытааччыта Джон Уоррен Гейзернай хонууга, Авачинскай вулкаҥҥа сылдьарын көрөн, тутатына Камчаткаҕа баар буолуохпун баҕарбытым. Ол ыра санаам, киһи сөҕүөн курдук, аҕыйах күнүнэн туолбута.
Бу иннинэ Камчатка ураты дьикти айылҕатын, алыптаах көстүүтүн интернеккэ, сурунаалларга эрэ көрөрүм. Ама, Россия илиҥҥи уһугар буруолуу турар вулканнар баар буолуохтара эрэ дии санаабат этим.
Камчатка хайалар, вулканнар, сүүрүктээх үрэхтэр, күрүлгэннэр дойдулара. Биһигиттэн чыҥха атын хартыына. Ол эрээри Өймөөкөөҥҥө тугунан эрэ майгыннаттым. Сииктээх сир буолан, сорох сиринэн ото-маһа төрөлкөй. Арай ыраах вулканнар аттыларынан, Гейзернай хонууларга ото-маһа кэмчи. Халлааҥҥа харбаспыт хайаларга сорохторугар хаар, ууллубат муус сытар. Күн-дьыл туруга уларыйа турар эбит. Күнүс сылыйар, киэһэтин, түүнүн биллэ тымныйар.
Камчаткаҕа ньиэп-гаас суох буолан, балыктааһын уонна туризм сайдыбыт. «Камчатка вулканнара» диэн алта зона: Кроноцкай биосфернай заповедник, Узон вулкан кальдерата, Быстринскайдааҕы, Налычевотааҕы, Соҕуруу-Камчаткатааҕы уонна Ключевскайдааҕы айылҕа пааркалара ЮНЕСКО аан дойдутааҕы нэһилиэлистибэтин испииһэгэр киирэ сылдьаллар.
Бу дойдуга өссө тыынар тыыннаахха кутталлаах миэстэнэн Гейзернэй өрүс үөһээ тардыытыгар баар Кихпиныч вулкан тэллэҕэ буолар. Туох да үүммэт тараҕай сир үрдэ көтөр-сүүрэр өлүктэринэн толору диэн кэпсииллэр. Бу өлбүт хонууга туох да үүммэт, үөскээбэт. Арай кутуйахтарынан туолар эбит. Кутуйах сытын ылбыт атын харамайдар «ымсыыран» кэлэннэр, таах өлөөхтүүллэр үһү.
Учуонайдар быһаарбыттарынан, бу икки километр усталаах, хас да сүүс миэтэрэ кэтиттээх «Өлүү хонуутунан» ааттаммыт сиргэ сероводород уонна углекислай гаас үгүс эбит. Онон туох да харамай уһаабат.
Кихпиныч вулкан соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр аатырбыт Гейзердар хонуулара баар. Бу хонууга алларанан суол суох буолан, анал туристическай хампаанньалар бөртөлүөтүнэн таһаллар. Петропавловскайдааҕы-Камчатка куораттан биир чаас кэриҥэ көтөҕүн. Туристическай фирмалар сыаналара араастаһар. Алта чаастаах маршрут 33 – 37 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Бу хайысханан туристары ыам ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйыгар диэри сырытыннараллар. Ол эрээри барыта күн-дьыл туругуттан тулуктаах.
Биһиги бөлөхпүт Гейзердар хонууларыгар, Кроноцкай биосфернай заповедник «Узон» кордонугар уонна Налычевотааҕы дьүүктэҕэ сырыттыбыт. Камчаткатааҕы Гейзердар хонуулара аан дойдуга саамай улахан, оттон Евразияҕа собус-соҕотох хонуу буолар. Манна кыһыннары-сайыннары сир анныттан өтөн тахсыбыт уу килэйэн сытар. 6 км2 усталаах сиргэ итии уулаах дьүүктэлэр хас эмиэ сиринэн хайыта сүүрэ сыталларын таһынан, күрүлгэннэр, былыык оҥхойдор, күөллэр бааллар.
Анивера АКИМОВА