Калмык учуутал Роман Оконов

Ааптар: 
06.02.2020
Бөлөххө киир:

Улуу Пушкин хоһуйбут Калмыкиятыттан Суоттуга (Уус Алдан улууһа) кэлэн, устуоруйа учууталынан Роман Оконов үлэлии сылдьар. Роман Николаевич былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала” куонкуруска кыайыаҕыттан, киэҥник биллэн-көстөн барда. Кинини кытта кэпсэтэн матырыйаал бэлэмнээри, Суотту диэки айанныыбыт.

edersaas.ru

Алта дьиэнэн үөрэх

Өр гымматыбыт, бэрт түргэнник тиийдибит. Арай, таксиспыт оскуола ханна баарын бэйэбититтэн ыйытар, ааһа түһээт, төннөн кэлэн “арааһа, бу быһыылаах, оскуолаҕа кэлбиттэр манна түһээччилэр” диэн мас дьиэ иннигэр хоруйа түһэр. Мунаарара оруннаах эбит. Суотту оскуолата сэттэ сыллааҕыта биир үтүө күн, дьолго оҕолор суох кэмнэригэр, үрдэ сууллан, оҕолору үөрэтэргэ эппиэттээбэт диэн түмүк тахсан, көтүрүллүбүт. Онон учууталлар алта сиринэн сүүрэ сылдьан үөрэтэллэр эбит.

Арааһа, оскуолалара бу быһыылаах диэн биир мэндиэмэннээх мас дьиэҕэ ааһабыт. Киирээппитин кытта тута: “Саха сирэ” хаһыаттан дуо?” — диэн ыйыталаһа көрсөллөр. “Дириэктэр Ирина Михайловна сотору кэлиэҕэ, солбуйааччылар хосторугар ааһыҥ”, — дииллэр. Аттынааҕы хоско ааттаан-­суоллаан кэлбит учууталбыт Роман Николаевич улахан кылаастарга уруок ыыта турар. Хас кылаас аана барыта таас түннүктэрдээх. Хайдах үөрэтэрин көрөөрү, аан быыһынан иһиллиибин. Интерактивнай дуоскаҕа сыллар суруллубуттар, учуутал уутугар-хаарыгар киирэн үөрэтэр.

Күммүтүн хайдах аттарарбытын уонна хаартыскаҕа түһэрэр соруктаахпытын истэн: “Бу кэнниттэн 5-с кылаастарга уруоктаах. Онно барыаҕыҥ”, — диэн дириэктэри солбуйааччы этии киллэрэр. Таҥнан Тамара Петровна Васильеваны батыһан, атын оскуолаҕа тахсабыт. Сотору кэминэн Роман Николаевич киирэн, уруогун ыыппытынан барар.

Ол икки ардыгар хайыы үйэ күн ортолуур, дириэктэр “баран итиитэ киллэриниэҕиҥ” диэн этиитин ылынан, таҥнан, сүүһүнэн оҕо ыллык тэппит суолунан остолобуойга ааһабыт. Остолобуойдара хоп курдук сылаас, сырдык, ыраас… Киирээти кытта таҥас ыйыыр көхөлөр, ол утары икки илии суунар турар. Маны көрөн, аҕыйах сөкүүндэ иһигэр оҕо сааспар төннөн ылабын. Соммутун устан, илиибитин суунан, уһук остуолга ааһабыт. Ип-итии миинтэн ордук минньигэс туох кэлиэй. Торуойдара, салааттара, кисиэллэрэ баһаам. Сотору кэминэн Тамара Петровна, Роман Николаевич кэлэн олороллор. Кэпсэтиибит саҕаланнаҕа ити.

“Үлэтигэр бэриниилээх учуутал”

Роман Николаевич өссө да икки уруоктаах эбит. Онон киниэхэ да мэһэйдээмээри, бириэмэбитин даҕаны халтай ыытымаары, эрдэттэн болдьоспуппут курдук, оскуола холобурга сылдьар бастыҥ үөрэнээччилэрин кытта кэпсэтэ турарга быһаарынабыт. Урутаан эттэхпинэ, Суотту чахчы ураты дьоҕурдаах, талааннаах оҕолорун тустарынан “Саха сирэ” хаһыакка билиһиннэриэхпит. Онон эмиэ таҥнан, дириэктэри батыһан, бу сырыыга ыллык суол устун спортивнай саалаҕа тиийэбит. Дириэктэр үлэлиир хоһо манна баар эбит. Туһугар кыһалҕа диэтэҕиҥ, алта сиринэн үөрэниэх, үлэлиэх диэн, эттэххэ эрэ судургу эбээт. Дьолго, оскуола тутуута саҕаламмыт, 2021 сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киирэрин үөрэнээччилэр да, учууталлар даҕаны долгуйа кэтэһэллэр.

“Роман Николаевич үлэтинэн эрэ олорор. Оттон Суоттуга хайдах кэлэн хаалбытын кэпсээтэххэ маннык”, — диэн дириэктэр Ирина Михайловна кэпсээнин саҕалыыр. Ол курдук, Суотту оскуолатыгар миэстэ тахсыбытыгар, учуутал көстүбэккэ, иһитиннэриини саайт нөҥүө Арассыыйаҕа таһаарбыттар. Куонкурус бэрээдэгинэн, хас даҕаны учууталы кытта кэпсэтэн баран, Роман Николаевич кандидатуратыгар тохтообут. Тоҕо диэн ыйытыыга хас даҕаны төрүөтү ыйар. Бастатан туран, университет иннинэ орто анал үөрэҕи бүтэрбит. Иккиһинэн, элбэх усулуобуйаны ирдээбэтэҕин этэр. Оччолорго оруобуна оскуола көтүрүллүбүт кэмэ эбит. Үсүһүнэн, эр киһи, нууччалыы бэркэ саҥарар диэн бэлиэтиир. Тыа сиригэр оҕо аймах санаатын нууччалыы аһаҕастык эппэтэ баар суол. “Роман Николаевич олоҕу көрүүтэ, толкуйа олох атын. Манна кини олоҕор-дьаһаҕар туох даҕаны уустугу көрсүбэт буолан, аҥаардастыы уруогунан, үлэтинэн эрэ олорор. Үлэтигэр бэриниилээх, бэйэтэ көрүүлээх”, — диэн билиһиннэрэр.

Кэллэ-кэлээт сыал-сорук туруорунан, оскуола иһинээҕи тэрээһиннэртэн саҕалаан, маҥнай улууска, салгыы илин эҥээр куонкуруһугар бастыыр, онтон былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала” куонкуруска муҥутуур кыайыылаах аатын ылар.

“Биллиилээх футболист буолар ыралааҕым”

— Калмыкия Өрөспүүбүлүкэтин Кетченеревскай оройуонун Шин-Мер бөһүөлэгин оскуолатын бүтэрбитим. Хас биирдии уол оҕо курдук, таһырдьаттан киирбэтим. Саахыматынан үлүһүйэрим, футбол тэбэрим. Оҕо сылдьан биллиилээх футболист буолар ыра санаалааҕым. Италия “Рома” футболга кулуубун фанатабын. Бэл диэтэр, бинсээкпэр тустаах кулууп значогун иилинэ сылдьабын. Үөрэтэр оҕолорум эмиэ футболу сэҥээрэллэр, күрэхтэһиилэри ырытыһабыт, кинилэри кытта биир интэриэстээхпиттэн үөрэбин. Уһулуччу да буолбатар, саахымакка ситиһиилэрдээҕим, эрэсэрээттээхпин. Манна даҕатан эттэххэ, оҕолору саахымакка дьарыктыыбын.

Кыһыл диплом уонна университет

2007 сыллаахха Калмыкиятааҕы судаарыстыбаннай университет иһинэн, устуоруйа салаатыгар орто анал үөрэххэ киирбитим. Оччолорго бүддьүөт миэстэтэ аҕыйах этэ, оттон төлөбүрдээх балачча ыарахана. Бүддьүөт миэстэтигэр маҥнай тулаайах оҕолору, тус дуогабардаахтары ылаллара, ол эрэ кэнниттэн атыттар хапсаллара. Оттон орто анал үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрбиттэри университекка бүддьүөт миэстэтигэр тута ылаллара. Орто үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрбитим.

Салгыы 2010-2011 сылларга Майкоп куоракка (Адыгея Өрөспүүбүлүкэтэ) ытык иэспин төлөөбүтүм. Аармыйаттан кэлэн баран үөрэхпин салҕаабытым, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Суоттуга айан

Киһи барыта тоҕо чопчу Суотту оскуолатыгар үлэлии кэлбиккиний диэн хал гыммыт быһыылаах. Оҕо сааһын туһунан ахтан баран, тута, ыйытыам да иннинэ, сэрэйбиттии кэпсээн барар:

— Хас биирдии киһи үөрэҕин бүтэрэн баран талан ылбыт идэбинэн үлэлиибин дуу, суох дуу диэн толкуйга түһэр. Миигин эмиэ ити курдук санаа тумнубатаҕа. Талан ылан үөрэммит уонна идэбэр интэриэстээх буолан учууталлаан көрөргө быһаарыммытым. Ону тэҥэ, бэйэм эрэгийиэммэр буолбакка, атын сири-уоту көрөр, айанныыр санааны ылыммытым. Суотту оскуолатыгар миэстэ баарын интэриниэт нөҥүө көрбүтүм. Саха сирин (Суотту) таһынан араас эрэгийиэннэри сыымайдаабытым, үлэ биэрээччилэри кытта кэпсэппитим. Дириэктэр Ирина Михайловнаттан үлэ, олорор усулуобуйа, хамнас туһунан туоһулаһан баран, манна кэлэргэ быһаарыммытым, — диир.

Оҕо сааһа дэриэбинэҕэ ааспытын, төрөппүттэрэ эмиэ тыа сириттэн төрүттээхтэрин, онон Суоттуну атыҥырыы көрбөтөҕүн этэр. “Устудьуоннуур сылларбар куоракка олордоҕум. Ол гынан баран, киһи улааппыт эйгэтигэр — дэриэбинэҕэ, төрүттэригэр талаһар эбит. Куорат олоҕор тэҥнээтэххэ арыый холку соҕус. Суотту оҕолорун сөбүлээтим, аһаҕастар, элэккэйдэр, билиигэ-көрүүгэ талаһаллар. Тус бэйэм санаабар, куорат оскуолатыгар үөрэтэр арыый уустук. Биир үксүн, киһи ханна улааппытынан онно талаһар эбит. Оттон миэхэ — тыа сирэ чугас.

Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, убайдаахпын. Москваҕа полицияҕа үлэлиир. Атын эрэгийиэҥҥэ баран үлэлииргэ санаммыппын соҕотох кини өйөөбүтэ диэххэ сөп.

Биллэн турар, төрөппүттэрим Саха сиригэр кэлэргэ быһаарыммыппын истэн, утарбыттара. Күн бүгүнүгэр диэри, үлэбэр ситиһиибин туоһулуур араас кырааматалары, дипломнары илтэхпинэ даҕаны, бэл диэтэр “Сыл учуутала” куонкуруска бастаабыппын да көрөн син биир уоскуйбаттар. Ол эрээри, кинилэри өйдүүбүн, ханнык баҕарар төрөппүт оҕото ыраах тэлэһийиэн баҕарбат. Төрөппүттэрим Шин-Мер бөһүөлэгэр олороллор, сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлар. Ийэм биэнсийэҕэ тахсыбыта, аҕам сотору кэминэн тахсыахтаах. Олус кырдьаҕастара суох эрээри, саас ылан иһэр.

Кыһыллыбыт балык, «индигирка» салаат

— Төрөппүттэриҥ манна кэлэн оҕолоро хайдах олорорун, үлэлиирин билсэн барыахтарын баҕарбаттар дуо?

— Кэлэр санаалара суох. Сайын аайы уоппускам саҕаланна даҕаны түргэн соҕустук хомунан, дьоммор көтөбүн. Быйыл манна хаалар, ыһыаҕы көрөр былааннаахпын. Биирдэ даҕаны ыһыахтыы иликпин, — диир.

Сөбүлүүр бүлүүдэҥ ханныгый, диэн ыйытыыбар: Төрүт аспын махан-шолтэгэни ордоробун. Бараан этиттэн хортуоскалаан, араас тумалаан буһарыллар, — диэн хоруйдуур. Оттон маннааҕы, олохтоох аһылык туһунан туоһулаһарбын тута өйдөөн: “Аа, кыһыллыбыт тоҥ балыгы, “индигирка” салааты амсайыахпыттан, кыайан туттуммаппын. Биһиэхэ кыһыллар балык суох. Сахалар хааны сөбүлүүгүт, биһиги эмиэ. Ол гынан баран, арыый атыннык, ириистээн кутабыт. Дойдубар тиийдим да, төрөппүттэрим бараан өлөрөллөр. Калмыкия бараанын этэ уратылаах. Үксэ аһаҕас истиэп сир, онно үүнэр сытыган эрбэһини (полынь) сиэн, этэ ураты амтаннанар.

— Оччотугар бултууруҥ, балыктыырыҥ буолуо.

— Тулалыыр айылҕаны сөбүлүүр буолан, бултаабаппын. Балыкка кыралаан сылдьабын. Дойдубар эмиэ балыктааччыбын. Суоттуга бүтэһигин күһүн муус аннынан балыктааһыҥҥа сылдьыбытым, аҕыйаҕы туппуппут.

— Үөрэнээччилэр, учууталлар хайдах көрсүбүттэрэй?

— Нууччалыы араспаанньалаахпын, ааттаахпын истэн, сырдык хааннаах киһи кэлэрин кэтэспиттэрин кэллиэгэлэрим кэлин кэпсээбиттэрэ. Онтулара баара кыараҕас харахтаах киһи киирэн: “Здравствуйте! Я – Роман Николаевич”, — диэн соһуттаҕым (күлэр, аапт).

Оҕолор маҥнай сэрэхэдийэллэрэ, онтон сыыйа-баайа кинилэр иннилэригэр үтүө киһи турарын өйдөөн, уопсай тылы буллубут.

—  Төһө кытаанаххыный?

— Оҕолор этэллэринэн, кэмиттэн, түгэниттэн көрөр үһүбүн, сэминээрдэргэ, хонтуруолунай үлэлэргэ эҥин ирдэбиллээхпин. Ол эрээри, уруокка оҕолору күллэрэн ылабын, оонньуу-элэк уйулҕа өттүнэн сүрүн түгэн дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор уруокка бэйэлэрин холкутук сананалларын, тиэмэни ылыналларын, өйдүүллэрин туһугар “эмоциональнай-психологическай фон” сөп түбэһиэхтээх.

Учуутал – кимий?

Бачча кэлэн баран, үлэлиир эйгэтиттэн сырдаппат хайдах даҕаны табыллыбат курдук. Онон: “Учуутал диэн кимий?”, — диэн ыйытабын.

— Олус дириҥ ыйытыы. Мин санаабар, бүгүҥҥү учуутал үөрэх хаамыытыгар хас даҕаны оруолу толорор. Кини – доҕор, сороҕор төрөппүт, худуоһунньук… Такайааччы быһыытынан үөрэнээччи билиини иҥэринэригэр көмөлөһөр. Доҕор быһыытынан хас биирдии үөрэтэр оҕотун өйдүөхтээх. Араас оҕолор баар буолаллар, ким эрэ үөрэххэ интэриэһэ суох, ким эрэ дьиэ кэргэнигэр кыһалҕалардаах. Итинник түгэҥҥэ араас ньымалар бааллар.

Бэһис-алтыс кылаас оҕолоро олус көхтөөхтөр, аһаҕастар, кинилэри кытта кэпсэтэр судургу. Туох эбит интэриэһинэй түгэни кэпсээтиҥ да, биир чиэппэр устата кинилэр кумирдарыгар кубулуйа түһэҕин. Сэттис-ахсыс кылаас оҕолоро, мин санаабар, өйдөрө-санаалара уларыйар кэмнэрэ, элбэҕи толкуйдууллар. Кинилэри кытта сэрэнэн кэпсэтиллэр. Оттон 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ киһи быһыытынан номнуо өйдөрүн-санааларын туппут дьон.

“Мууһу хайыталларын билбэт этим”

— Саха сиригэр кэлэн баран сонурҕаабыт түгэннэрдээххин дуу?

— Биһиэхэ сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлар. Биллэн турар, маҥнай утаа Суоттуга кэлэн баран дьиктиргии көрөрүм үгүс этэ. Бастаан муус хостооһунугар сылдьан баран, доҕотторбор “манна уу иһээри мууһу көйөллөр эбит” диэн кэпсээбиппэр улаханнык соһуйбуттара. Мин бэйэм даҕаны олус соһуйбутум. Биһиги холуодьастан мотуорунан оборторон ылабыт.

Аны Саха сирин тымныыта бэйэтэ туспа ураты, 55-56 кыраадыс тымныылар түспүттэригэр кыратык “шок” ылбытым диэххэ сөп. Ол эрээри, төһө даҕаны сылаас сиргэ күн сирин көрдөрбүн, бука, оҕо эрдэхпиттэн сайыннааҕар кыһыны ордорорум абыраата быһыылааҕа. Сайынын биһиэхэ 50 кыраадыска тиийэ сылыйар, ортотунан 30-40 кыраадыс турар. Дойдубар бу сылларга кыһынын хаар суоҕун кэриэтэ, 2-10 кыраадыс сылаас буолар.

“Сыл учуутала” куонкуруска айан

Роман Николаевиһы аан маҥнай 2017 сыллаахха Майаҕа (Мэҥэ Хаҥалас) ыытыллыбыт илин эҥээр эдэр учууталларын куонкуруһугар көрбүтүм. Дьоһуннаах, толкуйдаах учуутал харахха тута быраҕыллара. Саҥа үлэлээн эрэр буолан эбитэ дуу, куонкурус кэнниттэн кэпсэтэн көрбүтүм да, улаханнык арыллан кэпсээбэтэҕэ. Оттон билигин мин иннибэр бэйэтигэр эрэллээх, лоп-бааччы саҥалаах, аһаҕас учуутал олороро.

Улууска, илин эҥээргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ ыҥыран экспиэрдэтэллэр, кытыннараллар эбит.

Ирдэбил быһыытынан, тус бэйэтэ саайтаах. Сэҥээрбит дьон, биир идэлээхтэрэ, төрөппүттэр https://romanokonov.wixsite.com/site ыйыллыбыт  аадырыһынан киирэн көрүөххүтүн сөп. Үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ аналлаах туспа салаалардаах.

Төрөөбүт тыл

— Саха тылын үөрэтэн эрэҕин дуо?

— Биир кэмҥэ үөрэтэн испитим. Оскуолаҕа оҕолортон кыралаан билэбин, уруогу ирдэнэрин курдук, нууччалыы ыытабын. “Дорообо”, “кэл”, “бар” диэн курдук судургу тыллары билэбин, ону ааһан “кэл манна”, “бар мантан” диэн тыллар дэгэттэрин өйдүүбүн. Оттон сыыһа-халты саҥардахпына, охсуутун сыыһа туруордахпына дьон күлэр. Онон билиҥҥитэ саха тылын үөрэтиибин онуоха-маныаха диэри тохтоторго быһаарыммытым.

Калмык тыла саха тылыттан ураты, майгыннаһар тыл олох сэдэх. Төрөөбүт тылбын билэбин. Кэлин, ханна баҕарар буоларыныы, нууччатымсыйыы баран эрэр, сорох олохтоох дьон төрөөбүт тылларынан саҥарбаттар. Калмыкияҕа эрэ оннук балаһыанньа буолбатах, Арассыыйаҕа сытыытык турар боппуруос. Калмык-кельн (калмык тыла) туспа биридимиэт быһыытынан оскуолаҕа үөрэтиллэр.

Методическай турнир

Такси кэлиэр диэри өссө да бириэмэ баар эбит. Ол иһин турниры хайдах быһыылаахтык ыыталларын көрөөрү, дириэктэргэ төлөпүөннээн баран, таҥнан, улахан оскуолаҕа барабын. Кылаас иһэ толору учуутал. Бииртэн-биир педагог араас сонун маастар-кылаастары ыытар. Нэһилиэк иһинээҕи оскуола диэтэххэ, бэрт тэрээһин эбит диэн сыана быһабын. Аны биир кэрэхсэнэрэ диэн, маны барытын улахан кылаас оҕолоро киирэн көрөллөр, санааларын этэллэр эбит.

Түмүк

Дьиҥэр, ааҕааччыларга Роман Николаевич Суоттуга олоҕун биир күнүн сырдатыахтаах этим эрээри, алта сиринэн үлэлиир буолан, оскуолаттан оскуолаҕа көһө сылдьан үөрэтэрин аахсыбатахха, күнүн олоччу, чахчы үөрэххэ аныыр эбит. Биллэн турар, Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала” куонкуруска бастыыр ыра санаалаах. Дойду бастыҥтан-бастыҥ учууталларын күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннаах буолара биллэр. Онон Саха сирин аатын бүтүн Арассыыйаҕа көмүскүөхтээх, Калмыкия курдук ыраах өрөспүүбүлүкэттэн кэлэн үлэлии сылдьар эдэр учууталга ситиһиини баҕарабыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0