Калининградка олорор Данил Колесов биир дойдулаахтарыгар — Нам улууһун Арбын нэһилиэгин олохтоохторугар көмө оҥорбутун туһунан иһитиннэриинэн, “Эдэр саас” саайт үлэһиттэрэ Арбын нэһилиэгин баһылыгыттан чопчуластыбыт.
Арбын нэһилиэгин баһылыга Борис Бугаев: “Бурдугу Нам улууһугар өссө Саҥа дьыл иннинэ тиэрдибиттэрэ. Арбыҥҥа кыһыҥҥы айан суола саҥа аһыллан, бэҕэһээ сылгы, сүөһү иитэр хаһаайыстыбаларга, уопсайа, 72 куул уотурбаны, 27 куул эбиэһи түҥэттибит. Хас төбөлөөхтөрүнэн көрөн, 27 ыалга тиэртибит. Данил Романовичка, төрөппүттэригэр махталбыт улахан”, — диэн санаатын үллэстэр.
Бу иннинэ өссө үөрэппит учууталларыгар махталын биллэрэн, Дьокуускай куорат биир биллэр маҕаһыыныттан табаар ылалларыгар сэртипикээттэри ыыталаабыт. Онон төһө даҕаны ыраах сырыттар, дойдутун дьонун умнубат, кыалларынан көмө оҥорор эбит. Манна даҕатан эттэххэ, Данил Колесов күн бүгүн Калининградка олорор, бэйэтэ тэрилтэлээх, олохтоох уолаттары ыҥыран ситиһиилээхтик үлэлиир.
Чахчы үтүө холобуру оҥорбут диэн, Саха сирин бары олохтоохторо киэн тутталларын биллэрэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru