Чечня баһылыга Рамзан Кадыров бэҕэһээ бэйэтин Telegram ханаалыгар дойду субъектара анал дьайыыга кыттар баҕалаах эр хоһууннары бэлэмниэхтэрин сөп диэн этии киллэрдэ.
Бу этиини Крым салайааччыта Сергей Аксенов, Марий Эл өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Юрий Зайцев, Курской уобалас губернатора Роман Старовой өйөөтүлэр. Бу субъектар анал этэрээттэри тэрийбиттэр, 500-1000 кэриҥэ байыаһы бэлэмнээн эйэлээх олоҕу уһанса ыыппыттар.
Санатан эттэххэ, Саха сириттэн икки добровольческай этэрээт хайыы үйэ анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн кытта сылдьар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ шефтэһэр Кировскай куоратыгар эмиэ элбэх көмөнү оҥорор. Соторутааҕыта үөрэх тээбиринин оскуолаларга анаан ыыппыппыт, куорат киинэ тыйаатырыгар бэйэ оҥоһуга проектары туруоран «Дьулуур. Мас-рестлинг» киинэни хаста да көрдөрбүппүт. Куоракка суол-иис, дьиэ-уот өрөмүөннэрэр. Олох-дьаһах сүнньүн булан эрэр.
«Саха сирэ» хаһыат