Үп учуотун уонна салайыытын научнай-чинчийэр института (НИИ ФИНУ) уонна Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы Сибиирдээҕи үөрэтэр киин (СМУЦ) балаҕан ыйын 18 күнүттэн сэтинньи 20 күнүгэр диэри Дьокуускайга каадыр уонна бухгалтерия исписэлиистэрин үөрэтэр бырайыакка ыҥыраллар.
Тэрээһин бырагырааматыгар РФ Үлэ, нолуок, бүддьүөт кодекстарыгар киирбит уларыйыылары учуоттуур үлэ саҥа ньымаларын, каадыр уонна буҕаалтыр сулууспаларын исписэлиистэрин үлэлэрин бэрээдэктиир тустаах докумуоннар туһунан сиһилии кэпсиэхтэрэ.
Үс күннээх көрсүһүү маннык хайысхаларынан ыытыллыаҕа:
— «Изменения в трудовом законодательстве»;
— «Бухгалтерский учет и налогообложение коммерческих организаций»;
— «Бухгалтерский учет и налогообложение государственных (муниципальных) учреждений».
Бырайыак эспиэрдэрэ улахан уопуттаах исписэлиистэр буолаллар. Кинилэр толкуйдаабыт бырагыраамалара 2020-2021 сылларга үлэ сокуонугар киирбит уларыйыылар сүрүннэрин киллэрэр. Маныаха судаарыстыбаннай уонна муниципальнай уорганнар бэрэбиэркэлэрин саҥа бэрээдэгин, РФ Бүддьүөт кодексыгар уларыйыыларын, бүддьүөтү ааҕыы саҥа киэптэрин барытын учуоттаатылар.
Тэрээһин бүтэһик күнүгэр ситэриилээх былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүү буолуоҕа. «Төгүрүк остуол» кэмигэр истээччилэр интэриэһиргиир ыйытыыларыгар тустаах хоруйдары ылыахтара, эспиэрдэр санааларын истиэхтэрэ. Маны таһынан, хас биирдии истээччи сыллата ыытыллар «Лучший специалист направления» аат иһин куонкуруска кыттыан сөп. Буолаары турар тэрээһин туһунан сиһилии 8-800-700-86-69 нүөмэргэ билсиҥ, эбэтэр бу саайтка ааҕыҥ: https://inter-regional.ru/kadry-i-bukhuchet
edersaas.ru