Кадеттар байыаннай эрэ буолбаттар

Ааптар: 
22.02.2019
Бөлөххө киир:

“Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи кадеттар интэринээт-оскуолаларыттан репортажта суруйан аҕал”, — диэн сорудахтаабыттарын быһа гыммакка, бу Мархаҕа баран иһэбин. Балачча ыраах курдук санаабытым баара, массыынабыт икки мэндиэмэннээх дьиэ иннигэр бу “хорос” гына түстэ.

edersaas.ru


Эрдэттэн төлөпүөнүнэн кэпсэппит буолан, тута дириэктэри научнай-мэтэдиичэскэй үлэҕэ солбуйааччы, майор Юлия Антонова хоһугар ааһабын. Сүбэлэһэ түһэн баран, үөрэнэр куорпуска тахсабыт. Ол баран иһэн Юлия Тихоновна: “Оскуолабыт 140 үөрэнээччилээх. Оҕолору сүрүннээн сэттис кылааска ылабыт. 7-с кылааска 22 үөрэнээччилээхпит. Ахсыстан ыла 15-тии оҕолоох иккилии кылаас баар”, — диэн оскуола туһунан билиһиннэрэр. Уһуннук хаампатыбыт, иһирдьэ киирбиппит, көрүдүөргэ биир даҕаны оҕо көстүбэт. Арай, ааннара аһаҕас турар кылаастартан учууталлар саҥалара иһиллэр.

 

Украина уола Давид

Чочумча буолан баран, мин иннибэр кэтит сарыннаах, толору эттээх-сииннээх уол баар буола түһэр. Кэпсэтэн билбитим, Украина Луганскай  куоратыттан төрөппүттэрин кытта көһөн кэлбит. Мин дьолбор, хата, бэрт кэпсээннээх буолан биэрдэ: “Бойобуой балаһыанньанан сибээстээн, ордук табыгастаах диэн Арассыыйаны талбыппыт. 2014 сыл сайын икки нэдиэлэ курдук Москваҕа олорон баран, аҕам билэр дьонун көмөлөрүнэн (аҕам сүүрбэччэ сыллааҕыта манна үлэлии сылдьыбыта) Саха сиригэр көһөн кэлбиппит. Соҕотох оҕобун. Ханна үөрэнэр туһунан букатын да кыһаммат этим. Төрөппүттэрим Нуучча тыйаатырын аттынан ааһан иһэн, кадеттары көрбүттэр этэ. Ити сыл тута Кадеттар оскуолаларыгар үөрэнэ киирбитим”, — диир. Манна тугун сөбүлээтиҥ диэбиппэр: “Уу, ол туһунан кэпсээтэхпинэ, чаас даҕаны тиийэрэ саарбах”, — диир. Оллоонноон олорон истэр санаалаахпын көрөн, сыыйа иитии үс хайысханан барарын (духуобунай, патриотическай, физическэй), хас биирдии курсант үҥкүүнэн, эт-хаан өттүнэн дьарыкка булгуччу сылдьыахтааҕын, үөрэх бырагырааматыгар байыаннай-прикладной физкултуура, уопсай-воинскай дьиссипилиинэлэр киллэриллибиттэрин, күннээҕи эрэсиимнэрин туһунан билиһиннэрэр. Ону таһынан оҕо бэйэтэ талан боксанан, самбонан, оҕунан, буулдьанан ытыыларынан, уруһуйунан, ырыанан дьарыктаныан сөбүн кэпсиир. Аттыбытыгар маны барытын истэн олорбут Роман Александрович “эдэр быыһааччы”, “баһаарынай-прикладной спорт”, өссө “Кадет – байыаннай кэрэспэдьиэн” диэн саҥа хайысханы Андрей И үлэлэтэн эрэр диэн ситэрэн биэрэр. Үөрэхтэригэр эмиэ улахан болҕомтону уураллар. Холобур, Давид Тимошин физика, математика олимпиадаларыгар өрүү миэстэлэһэр эбит.

“Рота, подъем!”

Курсааннар күннэрэ сарсыарда 6 чаас 30 мүнүүтэҕэ коменданнар: “Рота, подъем!”, — хамаандаларын кытта сырдык уот сандаарыччы тыгыытыттан саҕаланар. Туран ороннорун хомуйа, сэрээккэлии охсоот, суунан-тараанан аһыыллар, плац, хаамар сир хаарын ыраастыыллар, онтон үөрэхтэрэ, эбиэт кэнниттэн консультациялар, дьарыктар. Быһатын, иллэҥ кэм суоҕун кэриэтэ.

Давид, таҥаскытын ким бэрийэрий?”, — диэн ыйытабын. Онуоха хап-сабар: “Манна үөрэнэргэ усулуобуйа барыта баар. Хас рота аайы душтаах, өтүүк, таҥас өтүүктүүр остуол, таҥас сууйар массыына да баар, илиинэн даҕаны суунуохха сөп,  оннооҕор баанньык кытта баар. Саҥа кэлбит оҕолору нэрээккэ эҥин туруорбаттар, байыаннай усулуобуйаҕа үөрэнэллэригэр улахан кылаастар көмөлөһөллөр. Кылаастарынан араарбакка, улахаттар кыралары кытта бары биир ротаҕа олороллор, биир остуолга аһыыллар. Маҥнай эрэ уустук”, — диэн барытын бэйэлэрэ толороллорун туһунан кэпсиир.

Украинец уол санаата

Манна кэлэргитигэр дойдугар балаһыанньа хайдах этэй?” — диэн сэрэнэ былаастаан ыйытабын:

Алтыс кылааһы бүтэрбит сайыным этэ, иннибит-кэннибит быһаарылла илик кэм. Биһиги бөһүөлэкпит пограничниктар зоналарыгар баара. Соччото суох кэмнэр этэ… Биһиги бөһүөлэктэн тахсааппытын кытта сарсыныгар суол сабыллан, поезд сырыыта тохтообута, биһиги, хата, баттаһа тахсыбыппыт. Ийэм эбээбин кытта хаалбыта. Кэлин оптуобуһунан кэлбиттэрэ эрээри, эбээм дойдутуттан тэйэр кыаҕа суох буолан, төннүбүтэ… Биһиги массыынанан Москвалаабыппыт, салгыы манна кэлбиппит. Сэриини илэ харахпынан көрбүтүм диир кыаҕым суох. Ол эрээри, төрөппүттэрим маҥнай хайдах миитиҥҥэ баралларын өйдүүбүн, биирдэ баррикадаҕа сылдьыспытым. Түҥнэстибит массыыналар эҥин сыталларын илэ көрбүтүм. Оччолорго өссө син этэ. Кэлин уустугуран барбыта..”, — диир.

Отут оҕо – отут дорообо

Ол икки ардыгар чуораан тыаһыыр, көрүдүөргэ оҕолор тахсаллар. Аттыбынан отучча оҕо ааста. Биир даҕаны дорооболоспокко ааспыт оҕо суох. Килиэп ыстыы сылдьар оҕону көрөн: “Давид, күҥҥэ хаста аһаталларый?”, — диэн ыйытабын. “Уопсайа, биэстэ”, — диир. Аны оҕолору хайдах, тугунан аһаталларын илэ харахпынан көрүөх санаам батарбат. Остолобуойдарыгар киирэн, харчы төлөөн, мииннэрин, мокоруоннаах тиэптэллэрин, салааттарын, хомпуоттарын барытын боруобалаары, тото-хана аһаан таҕыстым. Ол тухары биир даҕаны оҕо үтүрүһэрин көрбөтүм. Барыта бэрээдэк.

Клон ыттары чинчийбит Максим

Мин иннибэр иккис сэһэргэһээччим, Давид бииргэ үөрэнэр доҕоро, сып-сырдык, чэмэличчи көрбүт сытыы харахтардаах Максим Нутчин олорор. Алдан Хатыыстыырыттан төрүттээҕин истэн, сахалыы олуттаҕастык “сох” диэн хоруйдуурун истээри:  “Максим, сахалыы билэҕин дуо?”, — диэн ыйытааппын кытта, “билэбин” диир. Мин соһуйан өрө көрө түһэбин.

Максим ситиһиитэ үгүс. Аҕыйах хонуктааҕыта өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Пермь куоракка “Эдэр патриоттар” норуоттар икки ардыларынааҕы сүлүөттэригэр баран кэлбит. Уон бастыҥ хамаанда иһигэр киирбиттэр. “Ыттары клоннааһын” диэн сэдэх тиэмэнэн научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбыт. “Бу ыттар УФСИН-ҥа бааллар. Джек уонна Том диэн ааттаахтар. Ыттары Соҕуруу Кэриэйэттэн аҕалбыттара. Миэстэтигэр баран хаста даҕаны көрө сылдьыбытым. Хаартыскаҕа түһэрэр эҥин көҥүллэммэт этэ. Чинчийиим түмүгүнэн үлэбин суруйбутум, манна миэстэлэспитим, үлэбин сэҥээрбиттэрэ уонна Арассыыйаҕа “За оригинальность” анал аакка тиксибитим. Ол эрээри, сабыылаах тиэмэ буолан, салгыы чинчийиибин тохтоторго күһэллибитим”, — диэн этэр.

“17 үҥкүүнү үөрэппитим”

Ыйытыы биэриэм да иннинэ, сытыы-хотуу уолчаан: “Саҥа дьыл иннинэ Кремльгэ кадеттар баалларыгар баран кэлбитим. Уһун кэм устата бэлэмнэммиппит. 17 үҥкүүнү үөрэппиппит”, — диэтин кытта, кистээбэккэ эттэххэ, мин 17 буолуоҕунааҕар, муҥ саатар, сэттэ үҥкүүнү сатаабаппыттан “һы” эрэ диэн хааллым.  Сэһэргэһээччим, онно эрэ кыһаммат, кэпсээбитин курдук кэпсии олорор. Ханнык эмэ ыйытыыга мунаарда да, кэннин хайыһан доҕоруттан Давидтан,  педагогуттан чопчулаһар.

Миигин арыаллыыр, хаартыскаҕа түһэрбит эбии үөрэхтээһин педагога Роман Попов төннөн иһэн: “Кадеттар байыаннай эрэ буолбаттар, былырыын биир иитиллээччибит Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар үөрэнэ киирбитэ”, — диэн соһутар.

Физкултуура уруогар

Физкултуура уруога хайдах ааһарын көрөөрү, салгыы Роман Александровичтыын аны саалаҕа тиийэбит. Свисток тыаһаатын кытта уолаттар тута стройга тураллар. Учууталлара эттэрин-сииннэрин дьарыктыы түһэн баран, волейболлатар. Биһиги учууталтан көҥүллэтэн, Давиды илдьэ олорор куорпустарыгар барабыт. Кэннибититтэн: “Давид, көтүппүт уруоккун кэлин боруостуугун”, — диир саҥа иһиллэр. Ирдэбил кытаанах быһыылаах. “Буолумуна” дии санаат, ааны сабан тахсабын. Ыллык суол устун хааман иһэн, Максимы обществознание учуутала уруок кэнниттэн хаалларан тугу эрэ быһаарарын өйдүү биэрэн: “Давид, учууталларгыт олус ирдэбиллээхтэр быһыылаах дуу...”, — диэн сибигинэйэ былаастаан ыйытабын, үтэн-анньан көрөбүн. Онуоха уолум: “Ирдээбэт учуутал диэн суох, биһиги туспутугар кыһаллан эрдэхтэрэ”, — диэн биир этиинэн ыйытыыбар хоруйдуур.

 

Олорор куорпус

Бу биһиги хаһаарымалыы көрүҥнээх уопсайбыт. Аҕыс уон киһиэхэ суоттаммыт. Ону таһынан, антах уопсайга курсаннар туспа хосторунан олороллор”, — диэн Давид кэпсээн иһэр. Барыта уурбут-туппут курдук. Давид көрүөх бэтэрээ өттүгэр баран атаҕын таҥаһын уларытта охсон кэлбитин көрөн: “Мин бахила кэтэбин дуо?” — диэн ыйыппыппар – хомойуох иһин, бахила биэрбэппит диир. Мин хап-сабар, үөрүйэх киһи быһыытынан суумкам түгэҕэр сылдьар бахилабын (маннык түгэннэргэ өрүү ирдэнэрин билэбин) таһааран кэтэбин. Хас орон аттыгар олоппос, истиэнэни кыйа ыскаап турар. “Комната для самоподготовки” диэн хоһу арыйа баттаабытым, хас даҕаны остуол турар. “Уруокпутун манна үөрэтэбит, кинигэ ааҕабыт”, — диэн билиһиннэрэр. “Тэлэбиисэр диэн көрүллүбэт дуу?”, — диэн ыйытабын – бу чуумпу хос, тэлэбиисэр атын хоско баар, — диэн быһаарар. Онно иһирдьэ киирбиппит, улахан тэлэбиисэр, дьыбааннар, олоппостор, таҥас өтүүктүүр остуол, хос ортотугар теннис остуола тураллар.

“Аптамаат бэлэм”

Бу сылдьан биир идэлээхтэрбин – суруналыыстары кытта ыы муннубунан көрсө түһэбин. Бэйэбэр дылы, бырааһынньыгынан матырыйаал суруйа, хаартыскаҕа түһэрэ кэлбиттэр.

Көрүдүөр уһугар остуолга аптамаат сытарын көрөн эдэр кадеттан ыһан-таҥан көрөрүгэр көрдөспүппэр, көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыста, онтон таҥа охсон кэбистэ. Хаартыскаҕа даҕаны түһэрбэккэ хааллыбыт. Онон аны иккиһин бытааннык хомуйарыгар көрдөстүм.

 

Түмүк санаа

Курсааннар үчүгэйэ диэн, кыралар улахаттар диэн аахса барбакка, бары булкуһа олороллор, биир остуолга аһыыллар эбит. Инньэ гынан, биэс сыл үөрэммит уопуттаахтар саҥа кэлбит оҕолору үөрэтэллэр. Манна буряттар, нууччалар, эбэҥкилэр, киргизтэр, сахалар – бары биир иллээх дьиэ кэргэн курдук олороллор. Кырдьыгын эттэххэ, урут мөлтөх иитиилээх баппат оҕолору судаарыстыба иитиитигэр диэн биэрэр эбит буоллахтарына, билигин чыҥха атын көстүү. Ону дьэ, бу илэ харахпынан көрдүм. Оҕолор эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, наукаҕа, олимпиадаҕа барытыгар ситиһиилээхтик кытталлар.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Роман ПОПОВ хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0