1957 сыллаахха Москваҕа Аан дойду ыччатын уонна устудьуоннарын VI-с бэстибээлигэр сахалар «Оһуор» үҥкүүтүн көрдөрөн, дойду үрдүнэн биһирэбили ылбыттара. Үҥкүүнү норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, үҥкүү туруорааччы, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола туруорбута, салайбыта. Бу историческай бэлиэ түгэн, саха үҥкүүтүн саҥа таһымҥа таһаарбыт, норуот ускуустубатын араас омуктарга көрдөрүү биир чыпчаала этэ.
СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Дьокуускай куоракка Сунтаартан төрүттээх, көмүс илиилээх, талба талааннаах маастардар, иистэнньэҥнэр, куукула оҥорооччулар «Оһуор» үҥкүүтүн кыттыылаахтарын хаартыскаларынан дьүһүйэн, куукуланан композиция оҥорбут үлэлэрин быыстапката «Симэх» арт-галереяҕа турда.
1957 сыллаахха түҥ былыргы саха култууратын, сиэрин-туомун үҥкүүтэ дириҥ ис хоһоонунан, хатыламмат хамсаныыларынан дьону-сэргэни сөхтөрбүтэ. Бүгүн аар-саарга аатырбыт, суон сураҕырбыт, С.А. Зверев үҥкүүлэри айар дьоҕурун чыпчаала буолбут «Оһуор» үҥкүүтүн бастакы кыттыылаахтара куукуланан үйэтитиллэн, «Танцующие куклы Якутии» куонкурус кыайыылаахтара буоллулар.
Бу сүҥкэн үлэни СӨ норуотун маастара, СӨ куукуланы оҥорооччуларын сойууһун чилиэнэ Каролина Парфенова иилээн-саҕалаан ыытта. Кини уруккуттан дьону куукула оҥорорго үөрэтэр. Онон кини үөрэнээччилэрэ хаартысканы көрөн үтүгүннэрэн, кылгас кэм иһигэр сүүрбэччэ куукуланы оҥордулар. Идиэйэтин ураты талааннаах Варвара Егорова-Дыгыйа биэрэн, Сунтаар улууһа төрүттэммитэ (сурукка киирбитэ) 220, Элгээйи нэһилиэгин 250 сылларыгар үйэлээх бэлэх буолла.
«Онлайн көрүҥүнэн үлэлээтибит”
Бу туһунан иистэнньэҥ, хаартыскаҕа түһэрээччи, стилист Варвара Митрофановнаттан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
— “Оһуор” үҥкүүһүттэрин куукула оҥорон үйэтитэр санаа эйиэхэ хайдах кэлбитэй?
— Былырыын Светлана Петрова саха иистэнньэҥнэрин каталогын таһаарбытыгар маастардар миэхэ хаартыскаҕа түспүттэрэ. Биир иистэнньэҥ куукулалары оҥорор эбит этэ, ону олус сэргээбитим. Онтон Сунтаарга баран, Каролина Парфенова куукула оҥорорго маастар-кылаас биэрбитэ. Тэрээһин кэнниттэн, улуус баһылыгар киирэн, кэпсэтэ олордохпутуна, идиэйэ киирэн кэлбитэ. Сонно тута эппиппэр, баһылык Анатолий Григорьев, култуура салаатын салайааччы Мария Кобельянова биһирээбиттэрэ.
Кэлин билбиппинэн, Сергей Зверев уола эмиэ куукула оҥорон, ансаамбыл кыттааччыларын үйэтитэр санаалаах эбит. Биир идиэйэ дьоҥҥо тэҥинэн киирэрэ дьикти, санаалар чараас эйгэҕэ көтө сылдьаллар диэн чахчы эбит.
Идиэйэни сөбүлээн, тута олоххо киллэрэн, Каролина Петровна үөрэппитинэн, сорохтор биир эрэ маастар-кылааска сылдьыбыт, Сунтаартан төрүттээх дьон оҥорон киирэн барбыттара. Ким тугу сатыырынан, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, биир сүбэнэн оҥорбуппут. Мин бастакы учууталым Евдокия Ивановна Трофимовнаны хаартыскатынан көрөн, оҥорон барбытым. Кини 88 саастаах, Күндэйэҕэ олорор. Учууталбын оҥорор буолан, эппиэтинэстээх баҕайы этэ.
Хаартыскаларга: Е.И. Трофимова эдэр эрдэҕинээҕи хаартыската уонна кини мөссүөнүн үйэтиппит куукула.
— Хайдах быһыылаахтык үлэлээтигит?
— Хаартысканан көрөн, үтүгүннэрэн оҥоруу олус уустук. Анал туойунан төбөтүн сыбаабытым, таҥаһын тикпитим, солом суох буолан, илиитин-атаҕын оҥорорго, сирэйин кырааскалыырга көмөлөспүттэрэ. Боробулуоханан каркаас оҥорон, илиилэрэ-атахтара хамсыыллар. Онон үҥкүүлүү сылдьар курдук туруортаан, элбэхтик хаартыскаҕа түһэрэн, хамсыыр мультик курдук оҥорбуттара. 40-ча см үрдүктээх, турар, хамсыыр 18 куукула оҥоһулунна. Кыыл Уолун уонна Екатерина Захарова куукулаларын Каролина Петровна бэйэтэ оҥорбута. Хааччахтааһын эрэсииминэн, барыта онлайн көрүҥүнэн үлэлээтибит. Утарыта көрсөн, күргүөмүнэн олорон оҥорбуппут буоллар, өссө ордук буолуо этэ. Бу иннинэ “Тыгын Дархан” киинэнэн куукулалары оҥорбуттарын көрбүт буолуохтааххыт.
Бу Кыыл Уолун ансаамбылыгар сылдьыбыт, Москваҕа баран үҥкүүлээбит ытык кырдьаҕастарбыт тыыннаах эрдэхтэринэ, кинилэр эдэр мөрсүөннэрин үйэтитэн хаалларарбыт, оҕолорго, ыччакка көрдөрөрбүт туох куһаҕаннаах буолуой? Маннык бэлиэ түгэни ыччаттарбыт билиэх, өйдүөх тустаахтар.
Ансаамбыл кыттыылаахтарыттан 5-6 киһи баар, олус долгуйбуттарын, үөрбүттэрин биллэрбиттэрэ. Композицияны сүрэхтээһиҥҥэ оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн, махтаммыттара. С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын үлэһитэ, хореограба кэлэн астыммыттарын биллэрэн, үрүҥ көмүс бэлиэ бэлэхтээн үөртүлэр.
Ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ кытыннылар
Куукулалалары сүрэхтээһиҥҥэ Кыыл Уолун ансаамбылын кыттыылааҕа Маргарита Николаевна Тимофеева кыттыыны ылла. Кини хат буолан, Москваҕа барбакка хаалбыт эбит. Кэргэнэ Тихон Данилович ыччат бэстибээлигэр кыттыбыт, үҥкүүлээбит, ону таһынан, ансаамбыл кыттыылаахтарын уонна Сергей Зверев көстүүмнэрин эскиһин оҥорсон, бириэмийэ ылбыт. Оттон кыыстара Күннэй Тихоновна ийэлээх аҕаларын мөрсүөннэринэн куукулалары оҥорбут, Ону тэҥэ, Сунтаарга олорор, куукулалары оҥорор маастардары салайбыт.
Маргарита Николаевна сүрэхтээһиҥҥэ сылдьан, сырдык сыдьаайдаах дьону кытта билсибитин, куукулалартан астыммытын, долгуйбутун биллэрдэ.
Бу күннэргэ быыстапка “Симэх” арт-галереяҕа көрдөрүүгэ турар.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: В.М. Егорова.