Күтүөт (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
16.04.2017
Бөлөххө киир:

Сарыал уол сааһын ситэн, армияттан кэлээт даҕаны, сөбүлүүр кыыһын көрсөн ыал буолбуттара. Кэргэнэ Нарыйа үөрэнэ сырыттаҕына билсибиттэрэ. Сыл курдук билсибиттэрин кэннэ, кыыс хат буолбутун билбитэ. Академ ылан дойдулууругар тиийбитэ. Сарыал кинини кытта барсыбыта. Кыыстара үөрэҕин быраҕан, эбиитин оҕо дьиэтигэр иитиллибит уолу батыһыннаран киирбитигэр, ийэлэрэ сөбүлээбэтэҕэ охсурҕаланан, иһитин тыастаахтык сууйарыттан, быраҕаттанарыттан биллибитэ.

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Сарыал оннук буолуохтааҕын билэр этэ. Сааһын тухары дьарыллан, мөҕүллэн иитиллибит уол олоҕо итинтэн ордук буолбатын өйдүүр. Хата, аһаҕас халлааҥҥа үүрэн таһаарбатахтарыгар махтал.
Аҕыйах ыйынан уол оҕо төрөөн, күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсара. Бу дойдуга соҕотох туран хаалбыт чороҥ соҕотох уолга көмүс чыычааҕыттан ураты туох баар үһүө.
Сарыал туга да суох, турар бэйэтэ эрэ кэлбит буолан, кэргэнин дьонун мааһын табаары, сүүрэ сылдьан үлэлиир. Нарыйа дьоно — чааһынай хаһаайыстыба тэриммит, сүөһү, сылгы, сибиинньэ, куурусса ииттинэр сэниэ ыал. Бу бүгүрү үлэһит уол, күтүөттэммититтэн, арай, аҕалара үөрэр. Күтүөт кэлиэҕиттэн аҕаларын үлэтэ биллэ чэпчээтэ. Сарыал тиэхиньикэҕэ сыстаҕас. Ону таһынан дьиэ-уот тэрилэ алдьаннаҕына оҥорон биэрэр. Сүөһү үлэтигэр сыстаҕаһа да суох буоллар, хара күүһүнэн үлэлээн үөрэннэ.
Арай ийэ кынна кинини сөбүлээбэт. Кыыһа үрдүк үөрэҕи бүтэриэхтээҕин, бу уол атахтаата диэн иһэ буһар. Кыыһын ойох биэрэр да буоллаҕына, баай дьон күтүөттэниэн баҕарара. Аҕалара «оҕолорго сыбааҋбата тэрийиэххэ» диэбитин, кыккыраччы аккаастаммыта.
— Туох аанньа дьонноох, күтүөттээх курдук. Ийэтэ, аҕата кимин да билбэт. Бу сааты.
— Саат диэн кыыс эрэ суох оҕолонноҕуна. Күтүөт бүгүрү үлэһит, майгыта да үчүгэй. Ыарахан олоҕу биллэҕэ дии.
— Суох, суох. Уруу туһунан сананыма даҕаны. Кини кыыбаҕатын кыаммакка кыыспыт үөрэҕэ суох хаалла.
— Сиэн оҕо кэлбитэ үчүгэй буолбатах дуо? Бааһынай уол дии. Боруода уларыйар «һэ, һэ», – аҕалара үөрэр.
— Хоччоххой тэллэҕэ да суох кэлбит күтүөт туохха наадалааҕый?! Сыбаайба тэрийдэххинэ да, дьоҥҥо ким диэн билиһиннэрэҕин? — ийэлэрэ букатын саҥардыбатаҕа.
Сайын Куонаанаптар оттоон хаһааҥҥытааҕар да элбэх кэбиһиини туруордулар. Сарыал тыраахтырынан от охсор, онтон кэбиһиигэ кэлэн от мустарар. Сөп буоларын мустараат, аны кыдамалыыр.
От сииктээх кэмигэр ыалга от охсон «холтууралаталлар». Төлөөбүт харчыларын ийэ кынныгар аҕалан биэрэр.
Арай, биирдэ икки тыһыынчаны итэҕэс аҕалбытын, ийэ кынна дэлби саҥарда:
— Иитиллэн олороҥҥун аны апчарыйар идэлэнээри гыммыккын!
— Төһөнү биэрбиттэрин аҕалбытым.
Ийэлэрэ кэнники от оҕустарбыт ыалга төлөпүөннээн биллэ. Оттуур сирдэрин 3 га диэн баран иккитин эрэ оҕустарбыттар. Сороҕо уу ыла сылдьыбыт буолан, сииктээх эбит. Ону эппэтэхтэр. Сарыал хайдах кэпсэппиттэрин да билбэт. Көрдөрөн биэрбиттэрин оҕустардаҕа дии. Эбиитин «апчарыйбыт аатырда».
Ийэлэрэ күтүөтүн туох эмит үлэни син-биир булан үлэлэтэр. Оттоон кэллилэр да үргүлдьү үүт туттара ыытар, эбэтэр ынахтара кэлбэтэх буолан ону сылгылата атаарар. Сарыал ону утарбат, барытын «тук» курдук толорон иһэр. Кини олоҕо, айылгыта оннук курдук ылынан, утары саҥарбат. Баҕа санаата диэн — туспа дьиэ-уот туттан, таптыыр кэргэнин оҕотун кытта олоруу. Манна кини хоноһо курдук сананар, ойоҕун, оҕотун да бас билбэт курдук. Оҕотун көтөҕөн сыллаан-уураан таптыыра да бобуллар курдук. Оннооҕор аһыырыгар тымныы харахтар кэтииллэриттэн ас киирбэт курдук буолар.
Арай, оттуу сылдьан ойоҕун кытта бииргэ сылдьан кэпсэтэрэ көҥүл. Ходуһаҕа балаакканан хоно хааллахтарына киниэхэ бырааһынньык тэҥэ. Арай, оҕотун ахтыбычча эрэ бу дьиэ боруогун атыллыыр. Туспа олороллоро дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?
— Нарыйа, биһиги эһээҥ аах дьиэлэрин оҥостон, сөргүтэн, туспа олордохпутуна?
— Онно ким да олорботоҕо ыраатта. Уонна тугу сиэн-аһаан олоруохпутуй?
— Мин быыспар дьоҥҥо кэпсэтэн үлэлиэм. Онтон көстөн иһиэ буоллаҕа дии.
— Билбэтим. Маамам туох диирэ буолла.
Ити курдук. Бу ыалга ийэлэрэ муҥур хотун. Аҕалара сөбү кытта сылдьар, мас көнө киһи.
Нарыйа ийэтиниин кэпсэтэрин Сарыал күөлтэн уу оботторор шланганы холбуу сылдьан истибитэ. «Тулаайах,кумалаан сордоох» диэн киниэхэ туһаайыллыбыт тыллар иһиллибиттэригэр, уол саҥа хоту хайыспыта. Ийэ кынна тугу салгыы этэрин, тыыммакка да иһиллээбитэ.
— Подкидыш! Ол турар бэйэтэ тугунан иитээри туспа көһө сатыыр? Оннук баҕалаах буоллаҕына бэйэтэ бардын – уол хатыылаах тыллартан атыны истибэтэҕэ. Бэйэтин ийэтин өйдүү сатыыр. Эмиэ да ытыыр, эмиэ даҕаны күлэр мөссүөн, түүл-бит курдук көстөн ааһар. Онтон атын тугу да өйдөөбөт. Тулаайах оҕолор дьиэлэригэр ааспыт олоҕун саныан да баҕарбат.
Биирдэ ийэ кынна ханна эрэ дьүөгэлэригэр, бырааһынньыктыы бара сылдьан арыгы сыттаах кэлбитэ. Итирбит диэҕи, аматыгар да холуочук курдук саҥалаах дьахтар. Уол сайыҥҥы киэһэҕэ ампаар күүлэтигэр табахтыы олордоҕуна:
Бу туох үлүгэрдээх табаҕы соппойоҕунуй?Харчыны халлаантан түһэр курдук саныыгыт! Кыыспын үөрэҕэ суох хааллардыҥ. Манна кыахтаах дьон уолун кытта билсэрэ. Эн киниэхэ тэҥиҥ суох. Онон бэйэҥ суолгун тутуоҥ этэ, – диир тыллар уол кулгааҕын быһыта курбуулаабыттара.
Бу ыал ийэтэ күтүөтэ кини саҥарарыгар саатар өһүргэнэн абыраабат. Туох да диэн хоруйдаабатыттан эбии тырыттар. Ол иһин итинник хатыылаах тыллары этэн көрөргө сананна. Онтон күтүөтэ ымыттыбат курдук олороруттан эбии кыынньан дьиэтигэр киирдэ.
Сарсыарда турбуттара — күтүөттэрэ суох. Күнүскү ыамҥа диэри күүттүлэр.
Ийэлэрэ:
— Аны көссүү булунара итэҕэс дуо? Иһэ сипсийдэҕинэ кэлиэҕэ, ханна барыай?!» – диэн үгэһинэн эҕэлээхтик эттэ.
Бу сырыыга кыыһа тулуйбата. Ийэтигэр этэн-тыынан умайыктанна:
— Маама, эн кинини мэлдьи саҥараҕын! Итинтэн ордук хайдах үлэлэтээри гынаҕын?! Онто да суох мөхсө сатыыр дии. Илиитэ хабыллан тахсыбытын маастаабытым. Тулаайах буолла да, хайаан даҕаны сэниэхтээххин дуо?! Онто да суох эрэйдээх олоҕу ааспыта. Билигин атах балай ханна барар? Маска моҥнор дуо!.. — Нарыйа оронугар баран умса түстэ. Дьиэ иһигэр чуумпу бүрүүкээтэ, арай, оҕолоро кэлээскэҕэ сытан илиитигэр бааллыбыт быаны даллаахтаан тардыалыыр, оччоҕуна оонньуура тыаһыыр. Күлэн мытырыйан иһэн ытаары мэрбэҥнээтэ. Ытаары ыҥыранан эрдэҕинэ, эбээтэ баран көтөхтө. Кыыһын тыла кырдьыктаах буолан өһүргэммэтэ. Бүтэһик этиллибит «маска моҥнор дуо?» диэн тыллары ыарыылаахтык ылынна. «Кырдьык даҕаны үүрүллүбүт курдук санаатаҕа. Аны кырдьык эҥин—дьүһүн…»
2 чааһа.
Сарыал барытын тулуйбута, маны эрэ күүппэтэҕэ. «Подкидыш», «Умнаһыт уол», «Тулаайах сордоох» диэн тыллары эрдэ да иитээччилэртэн элбэхтик истибитэ.
«Эн киниэхэ тэҥиҥ суох, кыахтаах ыаллар уолларын кытта билсэрэ. Бэйэҥ суолгун тутуоҥ этэ» диэн тыллар кулгааҕар хаста даҕаны хатыланан, ааһан-арахсан биэрбэтэхтэрэ. Онно эбиитин үнүр Нарыйаҕа ханнык эрэ уолтан СМС кэлбитин элэс көрөн аһарбыта. Улаханнык аахайбатаҕа.
Сарыал тэлгэһэттэн туох эрэ соруктаах курдук, хааман-сиимэн уулуссаҕа таҕыста. Ходуһа диэки барар суолунан сүүрдэ. Ханна, тоҕо сүүрэрин бэйэтэ да билбэт. Хараҕа уунан туоларыттан симириҥниир.»Туох аньыылаах-харалаах буоламмын олоҕум сатамматый?.. Кини били оттуур сирдэригэр тиийэр санаалаах. Өйө-санаата «онно быа баар буолуохтаах» диэн. Сибилигин барыта бүтүөҕэ. Ходуһа ыраах буолан, хааман истэҕинэ араас санаа ытыллар. Сайыҥҥы үрүҥ түүн сатыылаата. Сарыал отууга тиийэн кини дьолугар дуу, соругар дуу быаны булбата. Отуу тоһоҕото бааллыбыт быата кылгас буолан биэрдэ. Хараҕар оҕото көһүннэ. Отууга киирэн сытта.
Отууга хонон баран, трасса манан баар буолуохтаах диэн тыанан быһалыы тахсаары ыллык устун хаамта.
Үрэҕи туораан баран, биир алааска таҕыста. Үөр сылгылар аһыы сылдьаллар. Олор аттыларыгар тиийэн дүлүҥҥэ олоро түстэ. Үөр атыыра хаһыҥыраан, саба түспүт хойуу сиэлин быыһынан көрөр. Кулгааҕын чөрөҥнөтөр, саалын токурутан баһын илгистэн үөрүн тула сэкэйдэ. Биир биэҕэ чугаһаабытын кулгааҕын ньылатан сиирэ-халты ытырда. Биир кырачаан кулунчук Сарыал аттыгар кэлэн, көрөн-истэн чэрэҥэлиир, будьурҕай кутуругун эйэҥэлэтэр. Өрүтэ ойуоккалаамахтаат, ийэтигэр тиийдэ. Эмиийин эмэн чомурҕатар.
Сарыал муҥ саатар ити кулун саҕа дьоло суох. Кини кэм ийэлээх. Сарыал барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан сылдьар. Ханна барыахтааҕын быһаарына да илик. Манна тыаҕа мунан, хоргуйан өллөҕүнэ даҕаны кинини ким да аһыйыа суоҕа. Кыыл сэмнэҕэ, үөн-көйүүр аһылыга буолуоҕа.
Тоҕо миигин төрөппүттэрэй? Ким, тоҕо? Эрэйи көрдүн диэн дуо?
Уол умса туттан олорон, ытыһын тилэҕинэн төбөтүн охсунар. Киһи туох эмит соруктаах барара буолуо. Оннооҕор, ол олорор куобах хантан эрэ, тугу эмит үссэннэрбин, бөрө тугу эмит бултаатарбын диэн санаалаахтара буолуо. Оттон Сарыал көмө көрдүү барыан аймаҕа да суох. Арай, куоракка киирэн, оҕо дьиэтигэр бииргэ үөрэммит доҕорун көрдүөҕэ. Кини да хайдах дьылҕаламмыта биллибэт.
Нарыйа, Сарыала син биир ханнык да билэр дьоно манна суох буолан ыалга көрдүү барбата. Чугастааҕы тыа саҕатын иилии хаамта. Киһитин үөгүлээн ыҥырар. Умса-төннө түһэн, сирэйин мутукка дьүккүрүттэ. Төннөн кэлэн дьоно, аймахтара буолан бары көрдүү сатаатылар.
Нарыйа Сарыалы кытта куоракка үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Киэһэлик үөрэҕиттэн бүтэн, оптуобус тохтобулугар турбута. Эмискэ биир холуочук киһи ааһан иһэр курдук этэ да, кыыс суумкатын харбаан ылаат сүүрэ турбута. Нарыйа соһуйан хайыан да булбакка сарылаабыта уонна эккирии эрэ турбута. Суумканы былдьаан куоппут киһи кэнниттэн биир курбалдьыйбыт уһун уол сүүрбүтэ. Кыыс ыксаабыта, суумкатыгар дьоно ыыппыт харчыта, докумуоннара уонна туох баар бэлэмнэммит үөрэҕин тэрилэ баара. Нарыйа уһун уолу куомуннааҕа сүүрдэ дии санаабыта атын буолла. Халыахсыты ситэн тиийэн атаҕынан хатыйда. Киһи суумката туспа, бэйэтэ туспа төкүнүйдэ.
Уол суумканы кыыска аҕалан биэрдэ.
Кини Сарыалын кытта ол курдук билсибитэ. Бу санаатаҕына ийэтигэр Сарыал ити быһыытын кэпсээбэтэх эбит. Баҕар, ийэтэ күтүөтүн туһунан истиэн да баҕарбатыттан буолуо. Ол күн Нарыйа банкоматтан дьоно ыыппыт харчытын устан, кредиттэрин төлүөхтээх этэ. Ол иһин даҕаны кыыһы ким эрэ кэтиир курдуга. Бука, онтон тахсан кэнниттэн батыһан истэҕэ. Сарыал былдьаан биэрбэтэҕэ буоллар, мэлийэллэр.
Сарыал кинилэр уопсайдарыгар күн аайы кэлэрэ. Ис киирбэх, санаарҕаабыттыы киэҥ хараҕынан унаарыччы көрбүт уолу тута сөбүлээбитэ. Сарыал, омос көрдөххө, кыыс кэрэ сэбэрэлээх, онтон сыгынньахтаннаҕына тииҥи сүлбүт курдук иҥиир ситии уол. Кыргыттара хантан «Брэд Пити буллуҥ?» диэн дьээбэлииллэр этэ. Уонна Сарыалы хоһугар киллэрдэҕинэ, кыргыттар уоран кыҥастаһалларын иһин, күнүүлээн киллэрбэт буолбута. Үксүн подъезка туран кэпсэтэллэрэ. Ханна олорорун, тугу үлэлиирин кыыс ыйыттаҕына уол кэпсиэн баҕарбат этэ.
Нарыйа ийэтэ наадыйбат бэйэтэ, сүппүт уолу кыһаллан көрдүүрүн, айманарын көрөн сэрэйдэ. Уонна онтон эр ылан ыйытта:
— Мама, Сарыалы туох диэн саҥарбыккыный?
Ийэтэ барытын кэпсээтэ. Уһуннук көрдөөн баран, булбакка төнүннүлэр. Саатар төлөпүөнүн дьиэҕэ хаалларбыт.
Сарыал сүппүтэ уонча хонно. Нарыйа биллэ дьүдьэйдэ. Аанньа да аһаабат. Ийэтэ киһи эрэ буоллар, кыыһын ааттыы сатыыр.
— Нарыйа, аһара айманыма. Сарыал көстүөҕэ. Аҕаҕынаан быһаарынныбыт. Эһиэхэ дьиэ тутуохпут. Туспа олороргут ордук буолууһу…. – ийэтэ уоскута сатыыр.
Нарыйа саҥарбат. Кини бөөлүүн түһээтэҕинэ тыаҕа тапталлаах кэргэнин көрдүү сылдьар. Ол кэмҥэ кинини ким эрэ ыҥырбыта, систэри уҥуордаан ой дуораана буолан эҥсиллэр. Нарыйа ыҥырык хоту тиийбитэ Сарыал турар. Үрдүгэр суор-тураах бөҕө элиэтиир. Кыыс чугаһаатаҕын аайы Сарыал кэннинэн тэйэн биэрэн иһэр курдук.

3 чааһа
Сарыал таптыыр кэргэнэ хайдах кистээн атын уоллуун суруйсуоҕун сатаан санаабат. Ол аата ийэтин этиитинэн бардаҕа. Бэйэтэ да тоҕо даҕаны кэлэ турбута буолла. Аҥаардас киһини биллэн турар туораталлара биллэр. «Таптаа да тайахтаахха бар» диэни ханна эрэ истибитэ. Ол тайахтаах да дьиэлээх-уоттаах ини. Кини ол тайахтаахха аҥар да атаҕар тиийбэт.
Сарыал биир алааска киирэн кэллэ. Күөрэгэй чыычаах көй салгынынан көччүйэ көтөн иһэн, биир сиргэ тырыбыныы, дьиэрэйэр.
Моҕотой «чыс» диэт, уолтан үргэн маһы эрийэ-буруйа сүүрэн хатааһынна. Уонна салгыы куотарын дуу, олорорун дуу уолтан ыйыппыттыы, көрөн чэрэҥэлии олорор.
Сарыал алааһы ааһан, ханнык эрэ былыргы, киһи уҥуохтаах сиргэ кэллэ бадахтаах. Киһи уҥуоҕун таастара сыталлар. «Здесь покоится инородец..» эҥин диэн суруктаахтар. Уол бука таайарынан, өрөбөлүүссүйэ да иннинээҕи дьон уҥуохтара. Ону көрөн иһэн ойуур быыһыгар, ойуун араҥаһын көрдө. Эмэҕирэн эҥэлэйэ сиҥнибит. Сарыал бэйэтиттэн сөхтө. Урут өлбүт киһиттэн куттанар эбит буоллаҕына, билигин соҕотоҕун хара тыаҕа сылдьан, тугу да дьаалыйбат буолбут. Ол аата кэрээниттэн тахсыбыта буолуо дуо? Бу олохтон туох да үтүөнү күүппэт буолан, хайата да биир курдук.
Киһи уҥуохтарынан сабаҕалаатаҕына, манна ханнык эрэ бөһүөлэк баар. Уол дьэ, айан суолун булла. Аны трассаҕа тахсан куораттыыр суола, хайа өттүгэр баар буолуон сөбүн мунаахсыйа турда. Биир кубалаҥ маҥан намыһах омук массыыната көтөн иһэр. Тыаһа иһиллибэт көлүөһэтэ эрэ сырылыыр. Уол тохтоторун биллэрэн илиитин көтөхтө. Массыына кэлбитэ уоҕа бэрт буолан, ааһыах курдук буолан иһэн, суолтан туора салайан туормастаан кычыгыратта. Кээннинээҕи кыһыл уота сандаарыйда.
— Үтүө күнүнэн! Куорат хайа диэки баарый?
— Хайа да бу халлаантан түстүҥ дуо, илини-арҕааны араарбат буоллуҥ? Киир, чэ олор – суоппар өрө халаахтаан саҥалаах киһи эбит. Сарыал киирэн кэннигэр олордо.
— Ааны сэрэнэн сабыый доо! Эйиэхэ хотон аана буолбатах ээ. Төһөнү төлүүгүн? – суоппар араҕан иһэн ыйытар.
— Тохтуугун дуо? Харчым суох ээ, түһүөҕүм — Сарыал эппитигэр суоппар тохтоото.
— Барыстыныый, муна сылдьар уол быһыылаах дии —аттыгар олорор киһи аһыммыттыы эттэ. Суоппар уолу түһэрбэтэ. Салгыы айанныы турдулар.
Дьокуускай куоракка дьон Өлүөнэ өрүс балхааныныы долгулдьуйа устар. Дьон үксэ туох эрэ соруктаах аҕайдык хаамсаллар. Ким эрэ маҕаһыынтан ас-таҥас бөҕөнү атыылаһан тахсар. Ким эрэ айаҕын ииттинээри ону-маны атыылаан, ааһар дьону тохтотон биэрэ сатаан үҥүлүтэр. Бары тус кыһалҕалаах сылдьар курдуктар. Арай, Сарыал эрэ тулаайах кулуну үөргэ укпуттарын курдук сананар.
— Доо! Эн ханна түһэҕин? – хаҕыс саҥа санаатын ситимин быста. Сарыал мух-мах буолан баран хоруйдаан эрдэҕинэ суоппар быһа түстэ:
— Арба, эн эмэһэҕин босхо таһар санаа суох. Таһаҕастаах массыына кэлиэхтээх, ону сүөкэһиэҥ дуо?
— Сүөкэһэн буоллаҕа дии — Сарыал өһүргэниэхтээҕэр үөрэ иһиттэ. «Сүгэ түһүөр дылы дүлүҥ сынньанар». Син онуоха-маныаха дылы, тыынын уһатыаҕа. Ол да буоллар аччыктаабыт буолан, сэниэтэ суох.
Кэпсэтии быһыытынан үргүлдьү суоппар дьиэтигэр аҕалла. Хаһаайын аата Аркаадьый диэн эбит. Икки этээстээх чааһынай дьиэлээхтэр.
Дьиэлээх дьахтар ас бэлэмнээн аһатта. Сарыал төһө да аччыктаабыта бэрт, аһаан кимиритиэн баҕардар даҕаны дьиэлээхтэртэн кыбыстан, сыыйа тардына аһаата.
Эбиэт кэннэ массыынаҕа олорон аҋаннаатылар. Аркадьый өссө икки киһини ылан ааста. Уоптабай маҕаһыыҥҥа массыынаттан таһаҕас сүөкээтилэр. Олорон күүппэхтии түһээт, массыына кэллэҕин аайы сүөкүүллэр.
Киэһэлик Архаадьый Сарыалтан ураты, түөрт киһиэхэ харчы үллэрэн биэрдэ.
Үлэһиттэр тарҕастылар.
— Сарыал, ханна бараҕын? — Аркаадьый ыйытта
— Билбэтим.
— Манна билэр дьонуҥ суохтар дуо?
— Суох.
— Чэ оччоҕуна биһиэхэ баран хоноор. Онтон быһаарыахпыт.
— Сөп. Бу эһиги тэрилтэҕитигэр өссө итинник үлэ көстүө дуо?
— Үлэ эрэ элбэх. Манна атын наадаҥ суох буоллаҕына үлэлиэххин сөп — Аркаадьый атыттар курдук нэһиилэ хамсанан үлэлиир уолаттардааҕар, сыыдамнык сылдьар үлэһити хайгыы көрбүтэ.
Дьэ итинник, биһиги уолбут олоҕо «ууга түһэн эрэр киһи оттон тутуһарыныы» өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан мүччү харбатан өрүһүммүтэ. Оттуур сирдэригэр быаны сүөрэн, моонньугар тутан көрбүтүн санаан, этэ тымныйталаан ылар. «Быа уһуна эбитэ буоллар…» диэн санаа киирдэҕинэ билигин саллан киэр үтэйэ сатыыр.
4 чааһа
Аркаадьый саҥа үлэһитин дьиэтигэр төттөрү аҕалла. Уол таҥаһа бурдук буолбутун көрөн, атын таҥас биэрдэ уонна Сарыал тыаҕа хоно сылдьыбыт буолан, таҥаһа тырыттыбыт. Киэһээҥҥилэрин аһаан баран уол тэлэбиисэр көрө олордоҕуна икки кини бараллаата кыргыттар күлэ-сала кэпсэтэн киирэн иһэн саалаҕа билбэт уоллара олорорун көрөн ах бардылар. Уонна бэйэлэрин истэригэр тугу эрэ кэпсэтэн күлэн бычыгыраһаллар.
Ыаллар икки этээстээх дьиэлэрэ туспа хочуолунай дьиэлээх эбит. Онтулара бэйэтэ кыра дьиэ курдук. Аныгылыы тупсаҕай, сырдык оҥоһуулаах.
Сарыал бу ыалга олорон Аркаадьыйдыын ый курдук үлэлээтэ. Син харчыланан таҥас, төлөпүөн эҥин ылынна. Үлэлэриттэн арыый эрдэ кэллэҕинэ ыалга көмөлөһөн хортуоска тээпкэлэһэр. Хостуур кэмнэрэ буолбутугар, оросто. Биир кыыстара уолга иҥээҥниир. Аттынан үчүгэмсиҋэ туттан хаамар. Бука сэрэйдэххэ, билсиэн баҕарар бадахтаах да, биһиги киһибит дьаарханар. Кэлин, баҕар, Аркаадьый биллэҕинэ, атыннык саныан сөп диэн улаханнык ахсарбат. Кэлэ-бара күннээҕилэрин син кэпсэтэллэр.
Дьиэлээх хотун «хаарыаны маннык этиттэрбэккэ санаатыттан үлэлиир күтүөттэммит киһи» дии саныыр. Кинилэр күтүөттэригэр холоотоххо, таһы-быһа атын. «Дьыбаан киэргэлэ» диэн күтүөттэрин этиэххэ сөп. Кирэдьит киирэн баран, хайдах гынан төлүөххэ диэн өй киирбэт эристиинэ.
Аркаадьый бүгүрү үлэһит уолу туһанан, өрүүр кэмнэригэр икки этээстээх дьиэтин эпсиэйдээтилэр. Биллэн турар, эдэр киһи киэһэ өттүгэр соҕотоҕун тэһийбэт. Билэрэ эрэ, төлөпүөнүн талкыйар. Аркаадьый кыыһа кыраантан уу ылбыта буолан киирэр. Онтон биирдэ ноутбугун программата ыһыллыбытын көрдөрө диэн киирдэ. Уол вируһун ыраастаан, саҥардан эҥин биэрдэ. Кыыс хаартыскаларын көрдөрбүтэ буолан, уолга үрдүк түөһүнэн сыһынна. Сарыал аны аҕата киирэн көрүө диэн сэрэхэдийэр. Киһи ис санаатын киһи билбэт. «Баҕар кыыспын иирдэҕин» диэн сөп. Хата, ороҥҥо сытар төлөпүөнэ тыаһаабытыгар, уол улгумнук ойон турда. Нарыйата эрийэр эбит. Аркаадьый кыыһа тахсан барда. Ноутбугу уолга хаалларда.

Үнүр Сарыал төлөпүөн атыылаһан баран Нарыйа төлөпүөнүн нүөмэрин билэр буолан эрийбитэ. Биирэ киһитэ өлүөр сылдьарын билэн үөрбүтэ, аймаммыта аҕай.
Көрдүү сатаабыттарын, ийэтэ алҕас саҥарбытын кэмсинэрин эппитэ. Уонна кини төлөпүөнүнэн балтыта «минуска» баран, уолу кытта кэпсэппит эбит. Сарыал син биир онно барбатын, манна үчүгэй үлэ көрдөнүөн эппитэ. Төлөпүөнүгэр уолун хаартыскатын ыыттарбыта. Нарыйа аҕата, күтүөтэ баран, үлэҕэ көмүллүбүтүн этэн, ийэтин буруйдуурун эппитэ. Сарыал оҕотун, кэргэнин төһө да аҕыннар, онно барартан тардыммыта. «Баҕар, кыһын тииҋэ сылдьыам» диэбитэ. Ол да буоллар кыралаан, чорботон дьонугар харчы ыытар.
Аркаадьый кыыһа Ааныска араас муодунай таҥастары тигэр тэрилтэҕэ үлэлиир. Арай, биирдэ Сарыалы Ааныска дэлби хаайан, «эр дьон муода көрдөрөллөр» диэн онно кытыннараары сөбүлэҥин ылла. Сарыал «таҥаһым суох»диэн куотуммутун. «Онно бэйэбит тикпит таҥаспытын көрдөрөбүт» – диир.
Уҥуоҕа уһунун, дьүһүнүн, атаҕа көнөтүгэр тиийэ көрөллөр эбит.
— Билбэтим, аҕаҥ туох диирэ эбитэ буолла? – Сарыал барытыттан дьаархана үөрэммит буолан, аны ити албаһы этэн көрдө. Сөҕүөн иһин:
— Аҕам сөбүлэһэр, киниэхэ эппитим — диэтэ. Дьэ онон субуота күн Аанчык массыынатынан онно бардылар. Тиийэн Аанчык Сарыалы стилистэргэ киллэрдэ. Уолу баттаҕар тиийэ оҥорон, муодунай көстүүм кэтэртилэр.
Тахсыбытыгар Аанчык бэйэтэ сөҕөн, саҥа аллайбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Кини көрдөҕүнэ Сарыал сурунаалтан түспүт уол курдук. Оннооҕор нуучча кыргыттара уолу көрөн хаартыскаҕа түһэрэллэр. Аанчык ону көрөн, килбигийэн кулгааҕа кытаран турар уолу ханнык эрэ хос диэки дэллэриттэ.
Сарыал оҕо эрдэҕиттэн дьон этиитинэн, «ээҕи» кытта сылдьыбыт буолан, утары тугу да ыйыппакка этэллэрин толорор. Ханнык эрэ кыргыттар уолу хайдах туттан хаамарга үөрэттилэр. Ол быыһыгар Аанчыга хантан эрэ кэлэн уолу көҥөммүттүү сиэтэн илдьэр.
— Һуу, кэл манна, олоро түһүөх. Сотору саҕаланар ини — Аанчык уолу олорто.
Сотору саҕаланан, атын уолаттар кэннилэриттэн Сарыал хайдах үөрэппиттэринэн подиум устун хаамта.
Көннөрү муода буолбакка күрэс курдук эбит. Көрөн олорооччулар үксүн Сарыал хаамарыгар күүскэ таһыннылар, үөгүлэстилэр. Устунан уол бастакы миэстэни ылар чиэскэ тиксибитин бэйэтэ сөхтө.
Сарыал бу ыалга кэлиэҕиттэн кыыстарын кытта билсибититтэн уонна ити муодаҕа кыттан бастаабытыттан үөрбүтэ көстүбэт. Кини үөрбүтэ диэн — суоппар киэнигэр үөрэнэн иһэн, тулаайах оҕо сиэринэн ирдэниллэр үбүн кыайан төлөөбөккө ситэ бүтэрбэккэ бырахпыта. Хата, ону киэҥ билсиилээх киһи Аркаадьый кэпсэтэн, уол «вождениетын» туттаран баран массыына бырабаатын ылбыта. Уол массыына ыытыан олус баҕарар. Аанчык ыҥырдаҕына аҥардас массыына ыытыан баҕаран сөбүлэһэр. Кыыс барахсан онуоха туҥуй сүрэҕэ, тапталы эрэйэн үөһэ тыынар. Сэмээр уолтан тугу эрэ күүтэр курдук.

Массыынанан уоллаах кыыс тахсан иһэллэрин көрөн ийэлэрэ сэмээр истиҥник батыһа көрөн хаалар. «Көрсүө үчүгэй да оҕо, кыыспын дьоллуура эбитэ буоллар» диэн ыра санаа ымыылаах алҕыы хаалар. Сарыал кэргэннээҕин, оҕолооҕун кыыска эппитэ даҕаны, ону истибэтэх курдук туттар.
Аанчык үлэтигэр сырыттаҕына «били үнүргү крассавчиккын аҕала сылдьыбаккын дуо. Бу арааһа киниэхэ сөп буолуо» – тикпит таҥастарынан көөчүктээн сылтанан этэн көрбүттэрэ.
— Кини суох! Аҕабыныын «рейскэ» барбыта — Аанчык «кубарытан» кэбиспитэ.
— Ты чё, за него замуж выйдешь?
— Может быть – диэн баран Сарыаллыын массыынаҕа селфилаан түһэрбит хаартыскаларын көрдөрбүтэ.

5 чааһа
Киһи олоҕо баҕарбытын курдук мэлдьи барыта үчүгэй буолан испэт. Үгүс дьон олоҕо этэргэ дылы «үчүгэй куһаҕаннаах, куһаҕан үчүгэйдээх» диэн этиллибитин курдук баран иһэр. Дьол уонна сор хайалара да хаалсыбакка, ситтэрбэккэ өрүүтүн аргыстаһа сылдьаллар. Ким да уһулуччу буолбат. Көстүбэт күүс көмөтүнэн мэлдьи ортотук сылдьар курдук. Үөһээҥҥи үрдүк айыылар барытын кэтээн олорон, тэҥҥэ үллэрэн биэрэ олорор курдуктар. Холобура, уһулуччу байбыт киһи син биир туох эмит итэҕэстээх буолар. Эбэтэр дьон мөкү тыына хоммотоҕуна, оҕото суох эбэтэр тус олоҕор сатаммат буолар. Дьадаҥы буоллаҕына таҥара саатар дьиэ кэргэнигэр дьолу биэрэр. Ким эрэ олоҕо көнө суолга үктэнэн тупсан эрдэҕинэ эмиэ аппа, холлороон түбэһэн, умса хойуостанан ылар. Онтон эмиэ өрүһүнэн, тарбачыһан тахсар. Дьэ оннук кэтээн олорон кими да уһулуччу чорбоппокко биэрэллэр. Дэлэҕэ нуучча муударай дьоно «золотая середина» диэн этиэхтэрэ дуо. Ол иһин үгүстэр уһулуччу чорбойбокко ортоһуор сылдьыбыт ордук дии саныыллар.
Сарыаллаах Нарыйа олохторо эмиэ син оннук бүдүрүйэн ылар. Былыттаах халлаан курдук буолан иһэн, күн тыган ырааһыран ылар.
Нарыйа таптыыр киһитин тыаҕа сүтэрэн, көрө маппытыттан хараастан, айманан да биэрдэ. Участковайга этэн, дьону хомуйан, эмиэ көрдүү сатаабыттара. Сарыал ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ. Окко иннэни көрдүүр кэриэтэ буолбута. Нарыйа кэрэх маска тиийэн салама ыйаан, төһөлөөх көрдөспүтэ буолуой?.. Ытаан дарбайбыт сирэйдээх төттөрү кэлэрэ. Кини кыһыйара баар, дьон бастаан көрдөөбүтэ буолан баран, кэлин ким да аахайбат курдук буолбута. Тулаайах буолла даҕаны, ким да ирдэһиэ суоҕун курдук. Атын киһи эбитэ буоллар, бөртөлүөт эҥин ыҥырыа этилэр. Нарыйа аҕатыныын иккиэйэҕин хас да күн көрдөөбүттэрэ. Хара тыа мэлдьэспиттии иһийбитэ.
Биир күн Нарыйаҕа ханнык эрэ нүөмэр эрийбитин, билбэт буолан ылбатаҕа. Онтон сотору СМС кэлбитэ. «Нарыйа ылыый, Сарыалбын» диэни ааҕаат, өрүһүспүттүү хабан ылбыта. Салҕалаан мүччү тута сыспыта. Эмиэ да атын күтүр буолуо диэн куттаммыта. Онтон билэр куолаһын истэн, дьиэтигэр дьон баарын да умнан туран аймаммыта. Оҕото уһуктан ытаабытын, илиитинэн ийэтигэр имнэнэн көрдөрбүтэ. Таһырдьа тахсан кэпсэппитэ. Нарыйа ийэтэ алҕаһын билиммитин, кэмсинэрин эппитэ. Санаатыгар кини Сарыала кэлэ охсуон баҕарара. Уол хамнастаах үлэ көрдөнөрүн эппитэ. Кэнники дьиэ-уот туттан, оҕотунаан иккиэннэрин итиннэ көһөрүөхтээх ыра санаатын кэпсээбитэ.
Билигин Нарыйа Сарыалынаан күн аайы кэпсэтэр. Сыыйа киһитин сүтэрэ сылдьыбыт кутурҕана ааһан, аны күнүүлүөх санаата кэлбитэ.
— Ити ханнык кыыс саҥата иһиллэрий?
—Ити маннааҕы ыаллар кыыстара киирэ-тахса сылдьар – диэн суруйсубуттара.
— Нарыйа, мин үчүгэй сонуннаахпын. Көтүөхпүн кынатым эрэ суох. Таай эрэ.
— Муодаҕа кыайаҥҥын, кыргыттарга «звездалыы» сылдьаҥҥын үөрбэккэҕин! — Нарыйа мэрбэстибит смайликтаах итинник ис хоһоонноох суругу ыыппыта.
— Таайбатыҥ. Правабын туттаран ыллым — Сарыал үөрбүт уонна эрбэх чоройбут смайл аргыстаах суругу ыыппыта. Аркаадьый камаһын өрөмүөннээтибит. Өрүс суола аһылыннаҕына, баҕар, ыраах айаҥҥа таһаҕас аҕала барыахпыт.
— Пыа, ончу даҕаны манна кэлэр санааҥ суох эбит. Оҕоҥ биһиккини ахтыбаккын быһылаах.
— Тоҕо ахтыам суоҕай. Күн ахсын өйбүттэн тахсыбыккыт. Иннибэр-кэннибэр эһиги эрэ бааргыт. Өйдөөрүүй, Нарыйа, Аркаадьый биир тыллаах киһи. Мин бардахпына атын киһини булуо дии. Эргитиилээх-урбатыылаах киһини тутуһуохпун наада. Харчы оҥордохпуна дьиэ куортамнаһыахпыт. Эн саатар кэтэхтэн үөрэниэҥ дии.
— Ээ, дьэ оччоҕуна сырыт! — Нарыйа өчөспүтэ буолан, итинник харда ыыппытын кэмсиммитин иһин хайыаҕай. Хомойбут смайлик кэнниттэн кэпсэтэ иликтэр.
Куонаанаптарга ыаллара дьахтар киирбитэ.
— Дьиэлээхтэр туох сонун? Били күтүөккүт көстүбүт эбит дуу?
— Көстүбүтэ – Нарыйа ийэтэ Дьэбдьиэ олоппос аҕалан биэрдэ. Күтүөттэрэ көстүбүтүгэр үөрбүттэрэ ааһан, аны дьону түрүлүөн түһэрэн, көрдөтө сылдьыбыттарыгар кыбыстар курдук буоллулар.
— Күтүөккүт ханнааҕы оҕонуй? Туох дьоннооҕуй? — дьүөгэлэрэ ыйыттахтарына Дьэбдьиэ куоттарынан иһэрэ.
—Куорат уола. Бу диэн билсэ иликпит — диэн күтүөтүттэн кыбыстыбыттыы иҥиэттэн, кэпсэтиини атыҥҥа аралдьытара. Аны бу билигин киирдэ киирээт эмиэ ыаһыйаластаҕа үһү.
— Хантан күөрэйбит, ханна түгэнэн сылдьыбыт? – ыала дьахтар өссө лаппыйан ыйытта.
— Билэр дьонугар сылдьыбыт. Хайа, биэнсийэ туһунан тугу биллиҥ? – дьиэлээх дьахтар атыҥҥа аралдьыта сатыыр да, биирдэһэ күтүөтү эрэ ыйыта киирбиттии туттар.
— Ол хайдах халлааннаан көппүттүү, сирдээн тимирбиттии сүтэрий? Саатар субуоннаан биллэриэ эбит дии. Уолум аах отторун да тиэйбэккэ көрдүү сырыттахтара үһү. Онтулара баара «тэлэбиисэр сирэйин марайдыы» сылдьар.
— Тугу эттиҥ? Ханнык тэлэбиисэргэ?

— — Онтон баарыан көрбөтөххүт дуо? Муодаҕа кыттыбыта көстөн ааспыта дии.
— Суох, көрбөтөхпүт. Ити оҕолор тэриэлкэҕэ холбоон олорбуттара. Нарыйа кытынна диэн кэпсээбитэ. ТВ көрдөрөллөрүн эппэтэҕэ.
— Киэһэ хатылааһыҥҥа көрөөрүҥ. Күтүөккүт эчи мааныта. Отой ити киинэҕэ көстөр актер уол курдук. Барахсан, кырдьык бастыан бастаата.
— Тыый, бэрт эбит ди — Дьэбдьиэ күтүөтүн хайҕаабытын истэн сэҥээрдэ. Сирэйэ сырдаата – бэйи, хата, киэһэ көрүллүө.
— Мин маҥнай билбэтим ээ. Кыргыттарым эппиттэригэр көрөн нэһиилэ биллим. Киһи уларыйар, тупсар да буолар эбит — ыала дьахтар кырдьык астыммыттыы эттэ.

6 чааһа
Нарыйа итинник өчөһөрүн Сарыал билэр. Мэлдьи итинник ааттата үөрэммит. Уонна уол этиитэ мэлдьи оруна суох буолан иһэр. Тулаайах уол тыла ыйааһына, суолтата суох. Куруук кыыс санаатынан буолуохтааҕын курдук саныыр. Ийэтэ оннук такайбыт. Уол туох эмит наадалааҕы эттэҕинэ «ол оннук кыллыа суоҕа», «ону хантан булуоххунуй?», «туоҕа да суох сылдьан» диэн буолар.
Сарыал баччааҥҥа диэри дьонтон сэнэнэн кэллэ. Билигин үлэлээн бэйэтин көрдөрүөн наада. Бу бүгүн эмиэ Нарыйата үгэһинэн: «Ээ дьэ оччоҕуна сырыт!» – диэтэ.
Аркаадьый ИП тэринэн дьону үлэлэтэр. Биир улахан абыйыактаах дьиэни туттулар. Биригээдэҕэ Сарыал үлэлиир.
Ол быыһыгар улахан массыынанан маҕаһыыннарга таһаҕас аҕалаллар. Аркаадьый «эстэр айа» үлэһит уолу, Сарыалы мэлдьи илдьэ сылдьар. Хамнаһын ботуччу төлүүр.
Биирдэ Сарыал киэһэ үлэлээн кэлэн дьиэтигэр киирэн эрдэҕинэ Ааныска звоннаан ыҥырда. Массыынатын көлүөһэтэ тэстэн турар үһү. Сарыал ыҥырбыт аадырыһыгар тиийдэ. Арай, биир холуочук уол турар. Ааныска үүрэ сатыыр. Тугу эрэ этиһэллэр.
— Ээ бу кэллэ дуо, били, красавчик? Мин кыыспар тоҕо иҥээҥниигин доо? Мантан сүтэн хаал!» – диир. Сарыал саҥарбакка домкраты хостоон көтөхтөрөн барда. Аанчык холуочук уолу үүрэ сатыыр. Арааһа, билсэллэр быһыылаах. Сарыал көлүөһэ туура сатыы турдаҕына, холуочук уол ойоҕоско тэптэ. Иккиһин тэппитин атаҕыттан хабан ылаат, өрө тардан баран иккис атахха тэптэ, киһитэ атаҕа өрө күөрэйээт, таас суолга кэтэҕэ титирии түстэ. Онтон туран баран ханна эрэ эрийэр.
— Алло! На, ханна сылдьаҕытый? Тоҕо күүппэккэ бардыгыт? Кэлиҥ манна, миигин кырбаан эрэллэр – диэн баран ханна баар аадырыһын эттэ.
Сарыал тэстибит көлүөһэни өһүлэн, саппааһы олордон эрийбитин кэннэ, үс уол сүүрэн иһэллэрэ көһүннэ.
Өрө мэҥийэн кэлээт:
— Кэлиҥ, уолаттар, бу турар. Кыыспын былдьыы сатыыр — диэтин кытта Сарыалга түһүнэн кэбистилэр.
Биир уһун уол охсубутун, хаҥаһынан садьыйаат, уҥатынан охсон олордон кэбистэ. Иккис кыра уҥуохтаах уол кэнниттэн үрдүгэр ыстанна. Ону сүнньүттэн харбаат, умса нөрүйэн баран сиргэ ньиччи бырахта. Онтон үһүс уоллара хаһыат иһигэр турбаны эрийэн сылдьар эбит. Сарыал өндөйөн эрдэҕинэ кэнниттэн кэтэххэ сырбатта.
Умса баран түспүтүгэр төрдүөн куота турдулар. Ааныска хаһыытаан араартыы-буойталыы сатыы сылдьан Сарыал охтубутун көрдө. Өндөтөн көрбүтэ өйө суох сытар. Кэтэҕиттэн хаан оҕуолаан, чанчыгынан сынньылыйан түһэр. Ааныска ытыы-ытыы массыынаҕа соһо сатаата.
— Ээй, помогиитее, пожалуйстаа…» — диэн уулусса банаарын сырдыгар ааһан иһээччи киһини ыҥырда. Кэлбитигэр иккиэн массыынаҕа киллэрдилэр. Ааныска массыынатын собуоттуу охсон балыыһаҕа илтэ.
Нарыйа ардыгар бэйэтиттэн бэйэтэ кыйыттар. Сарыалын мэлдьи хомоторуттан кэмсинэр. Эмиэ да уол кинилэр тустарыгар үлэлии сатыырын өйдөөтөр даҕаны, ахтыбычча араас санаа киирэр. Бэйэтин уоскутунан санаатаҕына аны, күнүү диэн дьикти абалаах иэйии саба бүрүүкүүр. Хараҕар арааһы бары ойуулаан көрөр. «Оччоҕуна ваще биллимэ миэхэ!» — диэн кэбиһэр. Онтон кэнники син-биир эрийээри төлөпүөнүн ылаат төттөрү уурар.
Аҕата Сарыалы ыйыталаһар. Ийэтэ кыыһа эрэйдэнэрин сэрэйэн, үөһэ тыынар. Сарыал Нарыйа суругар хоруйдаабатаҕа уонна төлөпүөнүн ылбатаҕа икки күн буолла.
Арай киэһэлик Нарыйаҕа кэргэнин нүөмэриттэн “Сарыал балыыһаҕа киирдэ» диэн СМС кэллэ. Нарыйа тута эрийбитигэр билбэт кыыһа ылла.
Балыыһаҕа хайдах киирбитин кэпсээтэ.
— Эн кимҥиний? — Нарыйа кыйахаммыттыы, аймаммытыы часкыйа былаан ыйытта.
— Мин Анябын. Сарыал биһиэхэ үлэлиир. Аркадий кыыһабын, эппитэ дуо? Бырастыы гын, мин буруйдаахпын. Массыынам көлүөһэтэ тэстибитигэр Сарыалы ыҥырбытым…
Нарыйа төлөпүөнүн арааран кэбистэ. Хараҕын уута төлөпүөнүн экраныгар таммалаата.
Умса нөрүйэн олорбохтуу түһээт, эмискэ ойон турда.
Оронугар өйөнөн турар кыра уолчаан «ии-һиих» диэн ийэтигэр көтөхтөрөөрү сараҥнаата. Ийэтэ аттынан ааһа турбутун өйдөөбөтөхтүү батыһа көрдө. «Ылбакка барда» диэн мэрбэҥнээтэ, ытаары ыҥыранан эрдэҕинэ, Нарыйа балта кэлэн көтөхтө. Уолчаан аҕатын курдук хараҕынан чоҕулуччу көрүтэлиир. Ыскаапка баар маллар, иһиттэр диэки уунаҥныыр.
— Ийээ, оҕону көрөөрүҥ. Мин сарсын куораттыам.
— Тоҕо тукаам, туохха бардыҥ? – ийэ сүрэҕэ туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйдэр да, ыйытта.
— Сарыал балыыһаҕа киирбит. Өйө суох сытар үһү – хоһугар киирэн сытынан кэбистэ.
Ааныска өйө-санаата барыта кинилэргэ олорор ис-киирбэх номоҕон дьүһүннээх уолга. Ааттыын даҕаны кинини сарыалынан сыдьаайар курдук. Тугу эрэ ырааҕы анааран эрэрдии, толкуйдаабыттыы туттар. Атыттар курдук сыстаҥнаабат уолу олус сөбүлээтэ. Мэлдьи кини аттыгар баар буолуон баҕарар. Үлэтиттэн кэлэн уол, кинилэр кыра дьиэлэригэр, доширак оҥостон сии олордоҕуна:
— Оо, дьэ, ити кытай аһылыга үлэһит уолга туох сэниэни биэрэр үһүө. Мэ, саха аһын амсай – Ааныска алаадьы, ыһаарыламмыт собо о.д.а тугу эмит буһарбыт буоллаҕына киллэрээччи. Уол кыбыстыбыттыы көхсүн этитээт, ылан сиэн баран ордугун уурунааччы.
Аанысканы Буруоха диэн уол эккирэтэр. Биирдэ дискотекаҕа билсибиттэрэ да, Ааныска иһээччи уолтан дьалты буола сатыыр. Онтон ити массыынатын көлүөһэтэ тэстибитин тахсан көрө турдаҕына уулуссанан түөрт уолаттар ааһан испиттэриттэн биирдэһэ кыыһы көрөн кэлбитэ. Ол Буруоха этэ. Онтон ити быһылаан таҕыста.
Ааныска бүгүн балыыһаҕа Сарыалы көрсөн кэлэн иһэн массыынатынан Буруоха диэтин аттыгар кэлэн тохтоото уонна субуоннаата.
— Таҕыс эрэ. Эн дьиэҥ аттыгар кэллим – кыыс эрийбитин кэннэ өр-өтөр буолбата, Буруоха ыйааччы көрөн таҕыста. Кыыс тарбаҕынан кабинаҕа киирэригэр ыйда.
— Пирибиэт! Хайа диэки гаастаатыҥ? — диэн Буруоха эппитин даҕатан, сирэйин тыаһа хабылла түстэ. — Айаккуоо, бу кыыс хайдах буолла?! – сирэйин харбанна.
— Крутой уолаттар эбиккит. Биир киһини түөрт буолан көмөлөөтүгүт дуу?
— Чэ бырастыы гын. Холуочуйан хаалбыппын ээ, өйдөөбөппүн.
— Сымыйалаама! Хаайыыга баран дьэ өҥнөнөөр.
— Арба, ол киһиҥ хайдаҕый?
— Балыыһаҕа өйө суох сытар. Кус сүрэхтэр, бэйэ-бэйэҕитин эрэ сиэһэҕит. Атын омуктарга куттанан түһүөххүт суоҕа. Кэлиилэр ити дьаабыланаргытын, көрө сылдьаллар. Арыгылаан биэриҥ!
— Аанчык, кырдьык, кэпсэтэн көрүүй биһиги төлөһүөхпүт, сайабылыанньа суруйбаттарын курдук…
— Бэйэҕит баран кэпсэтиҥ! Түс бар! Киэр буол! – Ааныска сок бытыылкатынан төбөтүн сиигинэн түһэриэхтии көтөхтө.
Буруоха ньыкыччы тутунна. Хараҕын симириҥнэттэ. Илиитин таһынан ааны арыйаат, кэннинэн чинэрийэн таҕыста.

7 чааһа
Сарыал үс уолтан биирин охтороот, иккиһин бырахпытын кэннэ, кулгааҕа куугунуу түспүтэ, им балай хараҥа далайга тимирэн эрэр курдуга. Ханна эрэ ыраах, дьон айманар саҥата иһиллэрэ. Эмиэ да соҕотоҕун ханна эрэ тыаҕа олороро. Оҕото ытыыр, Нарыйата хантан эрэ кинини ыҥырар саҥата иһиллэрэ. Биирдэ өйдөөммүтэ балыыһаҕа сытар эбит. Маҥан халааттаах аанньаллар көстөллөр. Аттыгар Ааныска олорор. Уол өйдөммүтүгэр үөрэн айманар.
Сарыалы мэйиитигэр хаан турбутун, ыраастаан эмтээн атаҕар туруордулар. Хата, аһара улахан эчэйии суох эбит. Быраастар полицияларга эппит буолан, силиэдэбэтэл кэлэ сырытта. Ааныскаттан кимнээҕин билэннэр, тутан хаайталаабыттар эбит.
Сарыал үтүөрэн баран аны тахсаары ыксыыр. Үлэтин эрэ саныыр. Үп-харчы оҥостон, дьиэ куортамнаан оҕотун кэргэнин аҕалыа. Нарыйатын үөрэҕин төлөөн киллэриэ этэ.
Киһи барахсан өлөр өлүү дириҥ дьуоҕатыгар тимирэн ыла да сырыттар, син-биир олоххо тардыһыыта күүстээх. Сарыал билигин орто дойдуттан быстахха былдьанан ыһыктыныан баҕарбат. Киниэхэ түүлүгэр ханнык эрэ биллибэт күүс «Туругур! Төбөҕүн өрө көтөх! Самныма! Өлөн-охтон биэримэ!» —диэн сипсийэр курдук гыммыта. Бэйэтэ да билбэтинэн, иһигэр модьу санаа үөскээбитэ.
Сарыалы Нарыйата көрсө кэлэн олорор. Таптаһар ахтыспыт сүрэхтэр, истиҥ харахтарынан көрсөн илиилэрин ыга тутуһан, көрүдүөргэ олороллор.
Ол олордохторуна били Сарыалы кырбаабыт уолаттар кэллилэр. Сарыалы бырастыы гынарыгар көрдөстүлэр. Үҥсүү суругу биэрбэтигэр алы гыннылар. Сарыал уолаттар бэйэлэринэн кэлэн, көрдөспүттэригэр, дьону өскө туппат үгэһинэн, дьыаланы хаалларарын эттэ.
Арай, ити кэпсэтиини саҥата суох истэ олорбут Нарыйа тымтан турда. Кини кэргэнэ буоларын, кыра оҕолоохторун этэн туран, аҕаларын эчэппиттэригэр эппиэттээн, көннөрү тылынан эрэ эппиттэринэн дьыаланы хаалларалларынан эрэ муҥурдаммакка, бары ыстараап төлүүллэрин эттэ. Уолаттар сорохторо усулуобунайдаахтар эбит. Ол иһин биир тылы утары саҥарбакка сөбүлэстилэр.
Уолаттар төлөһүөх буолан, эйэ дэмнээхтик илии тутуһан таҕыстылар. Сарыал Нарыйатыныын кэпсэтэ олордохторуна, арай, көрүдүөр устун Ааныска хааман тоһугурайан кэлэн иһэр. Сарыаллааҕы көрөн биллэ. Чугурус гынна. Сарыал хайыан да билбэккэ олордоҕуна, Аанчык кэлэн дорооболосто:
— Сарыал, мэ бу эйиэхэ аҕам аах ыыттылар» — титирэстээбит куолаһынан этээт, астаах суумканы туттарда уонна салгыы хааман тоһугурайа турда.
Сарыал, Аанчык киниэхэ истиҥник сыһыаннаһарын иһин махтанар эрэ. Кыыс аҥардастыы уолу таптаабытын сэрэйдэр даҕаны, кини санаата – кэргэнигэр. Сарыал иһигэр иитиэхтээн, сүрэҕэр сөҥүрдэн илдьэ сылдьыбыт тапталын ылбычча атын кыыска аныыр, үллэрэр санаата суох.
Кини баҕа санаата — дьиэ кэргэнин атаҕар туруоруу. Дьон кинини сэнээбэтин туһугар ханнык баҕар үлэттэн чаҕыйбакка, толлон турбакка үлэлиэҕэ, кыаҕырыаҕа. Оччоҕо кинини ийэ кынна «кыыһым тулаайах киһиэхэ эргэ тахсан эрэйи көрүөҕэ» диэн санаатын киэр кыйдыаҕа.
Сарыал уон күн эмтэнэн, арыый чөлүгэр түстэ. Сороҕун таһыттан эмтэниэм диэн тылланна. Быраас кыыс кэрэ дьүһүннээх уолу «өссө сытан эмтэн» диэн көрбүтүн уол көрдөһөн туран таҕыста.
Эмиэ Аркаадьыйынаан үлэ үөһүгэр түстүлэр. Улахан массыынанан ыраах рейскэ айаннаан таһаҕас аҕалаллар. Сороҕор урбаанньыт киһи бэйэтин массыынатын уларыстаҕына, Аркаадьыйдыын иккиэн бараллар. Маҕаһыыннаахтар, таһаҕастарын аҕаллахтарына син ботуччу төлүүллэр.
Сарыал массыынанан бөһүөлэккэ дьонугар тахсан киирэр. Ийэ кынныта Сарыалга сыһыана арыый сымнаабыт. Ол да буоллар сүөһү эбии ылалларыгар кирэдьииттэрин кыайан төлөөмөөрү гыммыттарын эрийэн ыксата туралларын ийэ кынна көмө эрэйбиттии эппитин сэрэйдэ. Харчы биэрдэ. Сороҕун аныгыскыга Благовещенскайга өссө баран кэллэҕинэ биэриэн эттэ. Ийэ кынна үөрэн махтанарын эттэ. Ол оннугар Нарыйатын быйыл үөрэппэт буолла. Үп-харчы тиийбэт, сыана ыарыы турар буолан, өлөрбүт үбэ тарбаҕын быыһынан ааһар, кумахха ууну куппуттуу симэлийэр. Онон уол үксүн дьиэтигэр көстүбэт, сылдьар ыалдьыт курдук буолла. Ыраах айаҥҥа барбакка өрүүр эбэтэр өрөмүөннэммэт кэмнэригэр Сарыал быар куустан олорбот. Баран таһаҕас сүөкүүр эбэтэр уу таһар, үлэ булан үлэлиир.

8 чааһа
Сарыаллаах Нарыйа — билигин нэһилиэккэ биллэ кыаҕырбыт сис ыаллар. Нарыйа үөрэҕин бүтэрэн, оскуолаҕа нуучча тылын учуутала. Сарыал, дьиҥэр, куоракка үлэлиири ордорбута даҕаны, кэргэнигэр учуутал миэстэтэ көстүбүтэ. Ол иһин тыа сиригэр олохсуйан, дьиэ-уот тутуннулар. Сарыал дьонун бааһынай хаһаайыстыбатын өрө тутан кыаҕырта. Судаарыстыба хата өйөөн тиэхиньикэ уонна эбии ынах сүөһү атыыласпыта. Онно дьону наймылаһан үлэлэтэр. Эт, үүт туттаран, устунан кыаҕыран, чааһынай маҕаһыын арыммыттара. Нэчимиэн, эбиэс бурдук үүнэрэн атыылаан, сибиинньэ, куурусса тутан, дьону үлэлэтэн, хамнастаан Сарыал дьон истиҥ сыһыанын, махталын ылыан ылла. «Сарыал Михайлович быһаарыаҕа», «кини диэтэх киһи булбута баар буолуо» — дьон кэпсэтэрин билигин урут аанньа ахтыбат ийэ кынна күтүөтүнэн киэн туттар. Сарыал, омос көрдөххө, саҥаран-иҥэрэн хааллыгыраабатар даҕаны, дьыаланы булан кэпсэппитэ баар буолар. Билигин үрүҥ ас бородууксуйатын оҥорор сыахтары, тэриллэри ылаары сылдьар.
Сарыал кэтэхтэн үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Кини тулаайах үөскээбит буолан, быстара дьадайбыт дьоҥҥо көмөлөһө сатыыра. «Бу дьон иэстэрин төлөөбөтөхтөрө ыраатта дии. Туохтарынан төлүөхтэрэй, үлэлээбэккэ олорон? Бырадабыаскар этэҥҥин бэрдэриэҥ суох этэ» — ийэ кынна төлөөбөт дьоҥҥо туораттан кыйыттар.
— Харчыланнахтарына төлүүллэр ини.
— Ол кинилэр хаһан харчыланыахтарын баран.
— Иннэ диэн кыра оҕолордоох дьону хайыахпытый, сайын саатар окко көмөлөһөллөр ини.
— Дьэ ким билэр. От саҕана бэйэлэригэр үлэлиир аатырыахтара.
Дьэ итинник, кэмигэр ийэлэрэ кэлэн «мэйиилэрин сайҕаан» барар. Сарыал ийэтэ суох үөскээбит буолан, төһө да мөҕүлүннэр, ийэтин курдук ылынар. Атын күтүөттэр ийэ кынныларын сахалыы «ийээ» дииргэ үөрүйэҕэ суох буолан «маама»диэн ыҥыралларыныы кини эмиэ «дорообо, маама» диир. Онтукайа хаһан даҕаны, кими да итинник ыҥырбатах буолан, дьикти уратытык иһиллэр. Ону бэйэтэ да сөҕөн үөрэн, мүчүк гынар.
Биирдэ сааһыары биир ыал аҕалара ото бүтэн ыксаан от көрдүү кэбит. Өлүү болдьохтоох ол кэмҥэ ийэ кынныбыт дьиэтиттэн соруктаах аҕайдык киирэн кэллэ. «Дьэ туох кэпсэтии тахсар эбит» диэбиттии эр дьон икки ардыларыгар быар куустан олорунан кэбистэ. Көрдөһө кэлбит киһи онтон дьаарханан, наадатын эппэккэ арааһы кэпсэппитэ буола олордо. Онтон төһө өр оннук олоруоҕай, этэригэр тиийдэ.
— Сарыал Михээлис, дьэ биир көрдөһүүлээх кэллим. Биир икки туонна от иэһиэҥ буолаарай? Оппут бүттэ. Ынахтарым…
— Оппут бүттэ… сайын оттообокко тоҕо арыгылыы сылдьыбыккыный? – ийэ кынна ситэ да этиттэрбэккэ, быһа түстэ, эбиитин эҕэлээхтик үтүгүннэ. Киирбит киһи сирэйэ кытарда. Мускуйа олорбут баайыы бэргэһэтин кэттэ да тахсан барда.
Кэнниттэн Сарыал батыһан таҕыста.
— Үс туонналаах кэбиһиини биэриэм. Ол оннугар сайын миэхэ оттоһорго көмөлөһөөр — Сарыал тэлгэһэ аанын арыйан тахсан эрэр киһиэхэ эттэ.
— Дьэ бэрт эбит быраат. Абыраатыҥ. Оттоһон бөҕө буоллаҕа дии. Сынтай тыраахтырым, кыраабылым баар. Мустарыыга баҕас сылдьыһабын — кыпчыттарбыт кыһалҕатыттан тахсар буолбутуттан үөрэн, эҕэ-дьаҕа буола түстэ.
— Ээ, бэрт сөп — Сарыал «быраат» диэн эттэхтэринэ эмиэ уйадыйар. Кинини бачча буолуор диэри ким да итинник ыҥыра, ааттыы илик.
Сарыал Мэхээлис нэһилиэк уопсастыбаннай үлэтигэр, бэйэтин тиэхиньикэтинэн үлэлиир. Бары тэрээһиҥҥэ барытыгар кыттар.
Олохтоохтор көрдөһүүлэринэн нэһилиэк баһылыгын быыбарыгар хандьыдаатынан туруордулар. Сарыал сөҕүөн иһин, элбэх куолас киирэн, кыайыылааҕынан таҕыста. Онон устунан баһылык буолла.
Сарыал үлэлиэҕиттэн нэһилиэккэ уларыйыы бөҕө таҕыста. Ол курдук, көрүллүбүт харчыны уҥа-хаҥас матайдаабакка, норуот туһатыгар таһаарда. Сууллаары самналлан дьон сынньанара бобуллубут кулууп дьиэ оннугар, сүүрэн-көтөн судаарыстыбаттан үп-харчы көрдөөн саҥа кулууп туттарда. Саҥа таас оскуола дьиэтэ эмиэ дьэндэйдэ. Саас уулуссаҕа массыына батыллан, тыраахтыр эрэ көмөтүнэн тахсар эбит буоллаҕына, билигин таас суолунан сыыйылыннаран ааһаллар. Уулуссаҕа итирик дьон тэйбэҥниирэ биллэ аҕыйаата. Оннооҕор участковай форматын мэлдьи кэтэ сылдьарыттан, баһылык уларыйбыта биллэрин, дьон бэлиэтии көрдүлэр. Үөһэттэн көрүллүбүт үп-харчы дьаһалталарыгар түһээт даҕаны кумахха ууну куппут кэриэтэ симэлийбэккэ, нэһилиэк туһатыгар барара харахха быраҕылынна. Эрдэ олохтоох дьаһалтаҕа кэлэн, ону-маны үҥсүбүтэ-харсыбыта буолан айдаарар эбит буоллахтарына, манна истиҥ кэпсэтии тахсар. Урукку буҕаалтырдар, исписэлиистэр уларытыллыбыттар. Барыта саҥалыы буолбут.
Сарыалга ийэ кынна бэйэтэ солбуйааччы курдук. Бииринэн эмиэ саастаах киһи сүбэлиирэ наада курдук.
Ийэ кынна күтүөтүттэн хомойбута диэн, кинини уонна уолун дьаһалтаҕа буҕаалтырынан уонна атын исписэлииһинэн үлэҕэ ылбатаҕа.
— Ийээ, бырастыы гын. Бэйэм аймахтарбыттан кими да үлэҕэ ылбаппын. Дьон туох дии саныаҕай? Кириискэҕэ атын үлэ көстүөҕэ – диэн хаһан да өрө саҥарбат күтүөтэ, мас-таас курдук эппитэ. Ийэ кынна үгэһинэн өрө халахайданаары гыммыта. Кини иннигэр билигин урут сэниирин курдук буолбакка, дьиппиэн көрүҥнээх, эппитин энчирэппэттии көрбүт чахчы тойон хаан турара. Ийэ кынна саҥаран иһэн төттөрү эҕирийбитэ.
Сарыаллаах дьиэлэригэр аара суолга быстарбыт эбэтэр кэнсиэртии кэлбиттэр үгүстэрэ мэлдьи кинилэргэ түһэллэрэ, хоноллоро. Онон үксүн кинилэр ыалдьыттаах буолаллара. Ийэ кынна төһө да туспа олордор, кыыһын аахха мэлдьи баар. Дьон мустарын сөбүлээбэтэр да, таһыгар таһаарбат.
Арай, биир үтүө күн кыыһын ааҕар тиийбитэ, икки оҕо баар буолбут. Биирэ балтараалаах кыыс, иккиһэ Сарыаллаах уолларын курдук биэс саастаах уол.
Дьэбдьиэ бастаан эмиэ ааһан иһэр дьон тохтоон быстах хаалларан эрдилэр ини дии санаабыта. Сарыаллаах уолларын кэнниттэн өссө оҕолонуохтарын баҕарбыттара да, билиҥҥитэ сатана илик.
— Хайа, бу кимнээх оҕолорой? – Дьэбдьиэ кыыһыттан ыйыппытыгар, Сарыал хостон тахсан эттэ:
— Ити мин бэҕэһээ куораттан аҕалтаабытым – Сарыал куоракка киирдэҕинэ хам-түм дьонуттан кистээн, оҕо дьиэтигэр харчы биэрэр эбит. Онно түбэһэн бу көрүүтэ-истиитэ суох оҕолору биэрэн ыыппыттара — ити тулаайах оҕолор.
— Ону тоҕо манна аҕалтаатыгыт?
— Ити кыра кыыһы иитэ ылыахпыт. Ханнык эрэ дьон дьиэ аанын аттыгар быраҕан барбыттар. Ити уолу ханнык эрэ аймаҕа кэлэн ылыахтаах үһү.
— Эдэр дьон бэйэҕит да өссө оҕолонуоххут турдаҕа дии. Хайдах дьон оҕолоро биллибэт буоллаҕа.
— Ийээ, ити кыра кыысчааны иитэ ылыахпыт. Наһаа үтүкэй дии — кыыһа оҕону көтөҕөн таптыыр. Биирдэһэ хаһааҥыттан эрэ билэр киһитинии үөрэр — дьон оҕо турбат кэмигэр иитэ ылаллар эбит.
— Чэ, бэйэҕит билиҥ — эдэрдэр ийэлэрэ сөбүлэстэ. Биэстээх уолчааны кытта кэпсэттэ, аатын ыйытта. Уолчаан чобуотук хоруйдуур.
Сарыаллаах Нарыйа нэһилиэккэ биир бастыҥ, үтүө холобурдаах дьиэ кэргэн. Сарыал араас тэрээһиннэргэ бэйэтинэн кыттан туран сылдьаллар. Үксүн бастакы миэстэни ылар чиэскэ тиксэллэр. Сарыал Мэхээлис бэйэтин үптээх, баайдаах өттүнэн буолбакка, дьон ытыктабылын ылан көрдөрдө. Хас биирдии киһи олох ыараханын, оҕо эрдэҕиттэн тус бэйэтинэн биллэҕинэ кэнэҕэски бэйэтигэр туһалаах. Ол иһин Сарыал Мэхээлис оҕолорун мээнэ атаахтаппакка, кыралаан бэйэлэринэн оҥотторо, үлэлэтэ сатыыр. Кини оҕолорун сыыйа үтүө дьон буола улааталларыгар уһуйуо, такайыа.

***
Сарыал диэн уолчааны урут биллибэт дьон оҕо дьиэтин иннигэр, салааскаҕа олордон барбыттар. Ону хойут уолга иитээччитэ кэпсээбитэ. Уолчаан салааскаҕа киһи буоларын дуу, кии буоларын дуу билбэккэ олорон, үөрэн мытырыйар үһү. Соторутааҕыта хаалларбыттарын сэрэйэн, чугас көрдүү сатаабыттар да мэлийбиттэр. «Эн олоҕуҥ урукку миэнин курдук буолуо суоҕа, барыта этэҥҥэ буолуоҕа» — Сарыал кыысчааны сыллаан баран өрүтэ көтөхпөхтөөтө. Кыысчаан иһэ кычыкаланан, үөрэн чаҕаарыйда.

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0