Көтөрдөөххө диэри оҕунан ыппыт курдук көнө суол

Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата  нэһилиэктэр суолларын оҥоруунан күүскэ дьарыктанан үгүстэригэр сөптөөх өрөмүөнү ыытта.  Ол курдук,  Бүлүү өрүс уҥуор сытар улуус үгүс нэһилиэктэригэр, Маҥаастан уонна Кырыкыйтан уратыларга, билигин намыһах иномаркалар иҥнибэккэ, аҕыйах мүнүүтэнэн тиийэр  буоллулар.  

Быйыл  Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата ыраах сытар кытыы нэһилиэктэр суолларын оҥорууга сөптөөх болҕомтону уурарын өссө төгүл итэҕэттэ. Ол курдук, Боотулууттан 13 км ыраах сытар, 150-ча нэһилиэнньэлээх Көтөрдөөх учаастагар  диэри суол оҥоһуллара ситиһилиннэ.  Суолу «Тоҥуо-ВВК» диэн (дириэктэр Семенов Иннокентий Николаевич) тэрилтэ оҥордо.

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 25 күнүгэр,  улуус баһылыга Владимир Поскачин кыттыылаах суолу аһар үөрүүлээх тэрээһин  үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.  Суол оҥоһуллуон иннинэ Көтөрдөөх учаастагын уонна Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторо сайын үксүн сатыы сылдьаллара уонна үгүс өттүгэр  тайах маска тэптэрэн курданалларыгар диэри ууну кэһэн айанныыллара. Билигин  суол оҥоһуллан, Боотулууттан Көтөрдөөххө диэри тимир көлөлөр 10 мүнүүтэнэн сыыйылыннран тиийэр буоллулар. Көтөрдөөхтөн  Сургуулукка диэри суол салгыы оҥоһуллара күүтүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0