Көтөр фабриката көрдөрүүтүн сыллата тупсарар

Ааптар: 
06.12.2018
Бөлөххө киир:

“Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката” аһаҕас аахсыйалаах уопсастыба кууруссаны чөл тутуу, ыччат көтөрү энчирэппэккэ иитии, былааны толоруу көрдөрүүлэринэн Арассыыйаҕа инники күөҥҥэ сылдьар. Ол курдук,  иллэрээ сыл 59 мөлүйүөн, былырыын 61 мөлүйүөн устуука сымыыты батарбыт буоллаҕына, быйылгы сылга бу көрдөрүүтүн эмиэ тупсарар итиэннэ 2021 сылга 90 мөлүйүөн устуукаҕа тахсарга соруктанар. Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, парламент хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Евгений Перфильев бэҕэһээ бу хаһаайыстыбаҕа сылдьан, үлэни-хамнаһы билистилэр. Генеральнай дириэктэр Наталья Дягилева норуот дьокутааттарыгар тэрилтэ үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ, сыахтары көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн, хаһаайыстыба базатын аныгы технологиянан сайыннарга күүскэ үлэлиирин, кууруссалар сыахтара саҥа тэрилинэн сэбилэнэннэр, балачча үгүс үп кэмчилэммитин, үлэ оҥорон таһаарыыта үрдэтиллибитин туһунан кэпсээтэ.


— Саҥа технологияҕа киирии бородууксйа хаачыстыбатын балачча тупсарар кыаҕы биэрдэ, онон чугастааҕы сылларга тобоҕо суох производствоҕа киирэргэ кыһаллабыт. Киин куорат дьаһалтата фабрика аахсыйалааҕа буолан туран, биһиги үлэбитин-хамнаспытын өйүүр, — диир Наталья Ивановна.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0