Күһүҥҥү түбүктэр — бэртээхэй түмүктэр

26.09.2019
Бөлөххө киир:
Күһүҥҥү түбүктэр-садьыктар үксээтилэр. Дьон-сэргэ күнү-дьылы баттаһан, тиэргэниттэн киирбэт, оҕуруотуттан ордубат, ойууртан тахсыбат буолла. 

Сорох түргэн-тарҕан туттунуулаах оҕуруотчуттар эһиилги үүнээйилэрин туһунан толкуйдара номнуо ыраатта. Быйыл хара буордарын хайдах бэлэмнииллэрин, сибэккилэрин хайдах олордоллорун, туох үүнээйини.

БУОРУ БЭЛЭМНИИБИТ

• Оҕуруокка, бастатан туран, эргэ уктары силистэри туура тардаҕын. Ол кэнниттэн сыыс оту “торнадо” диэн буору көбүтэр тэрилинэн силистэри түөрэҕин. Маннык түөрэн
ыраастаатаххына, эһиил сыыс от үүнүө суоҕа.
• Улахан хара салапаан бакыаттарга (куулларга) буор кутан баран, ууга суураллыбыт компостины кутаҕын, ыга баайаҕын. Сүрдээх үчүгэй хара буор буолан тахсар. Буоргун тэпилииссэҕэ кутаҕын уонна торнадонан булкуйаҕын. Тэпилииссэҥ эһиилгигэ бэлэм буолар.
• Бу буорга марганкалаах уу кутан, бактерияларын өлөрөн баран, арассаадаҕа эмиэ туттаҕын. Тоҕо диэтэххэ, маҕаһыыҥҥа атыыланар бэлэм буору кытта араас ыарыылар кэлсэллэр. Оттон бэйэ бэлэмнээбит буора ыраас, ыарыыта суох
буолар.

ХАППЫЫСТА БУОРУН ЭРДЭТТЭН

Хаппыыстаны олордор сиргэр күһүн “компост» диэн ааттанар органическай уоҕурдууну булкуйаҕын. Суперфосфаты, калийы кутаҕын. Оттон саас мас күлүн эбэҕин, булкуйаҕын уонна лууҥкалары оҥороҕун. Хаппыыстаҥ бэркэ үүнүөҕэ. Күһүн ыспыт моркуобуҥ, сүбүөкүлэҥ, эрэдиискэҥ сиэмэлэрэ үлүйбэттэр. Күһүн олордуллубут сиэмэ саас  уулларыы саҕана тыллар, кыра үөҥҥэ бэриммэт буолар.

МООННЬОҔОН, МАЛИНА ЭЛБЭХ АСТАННЫН

Ханнык баҕарар үүнээйини көрүү-харайыы наада. Үүнээйини хайдах биэбэйдиигин да, аһын оннук бэрсэр дииллэр.
• От-мас саһарбытын кэнниттэн моонньоҕон, малина эргэ уктарын анал кыптыыйынан кырыйан ылаҕын. Төбөлөрүттэн эмиэ кыратык сарбыйталыыгын. Кыраабылынан харбаан ыраастыыгын уонна элбэх соҕус ууну кутаҕын. Уута иҥэ түспүтүн кэннэ, уктарын тулатыгар күл, хортуоппуй хаҕын кутаҕын. Эбэтэр тула “суперфосфат двойной” эбэтэр “азотно-фосфорно-калийное” диэн уоҕурдууну кутаҕын. Саас ону барытын кыраабылынан харбаан ылаҕын. Кулун тутарга моонньоҕон угугар итии ууну кутаҕын. Оччоҕо сайын ыарыыга ылларбат, үөн ыамата өлөр.

МОРКУОБУ КҮҺҮН ЫС

Сирин күһүҥҥүттэн бэлэмниигин. Квадратнай миэтэрэ сиргэ 2-3 киилэ мас көөбүлүн, 1 биэдэрэ кумаҕы, 50-60 г суперфосфаты, 20-30 г мочевинаны кутаҕын.
Балаҕан ыйын бүтүүтүгэр 4-5 см дириҥҥэ моркуоп сиэмэтин хойуутук ыһаҕын. Маннык олордорго үксүн “Нантская”, “Витаминная,” “НИИОХ 33” диэни талаллар.

СИЭДЭРЭЙ СИБЭККИЛЭР. КЫРЫЙАН БИЭРДЭХХИНЭ, СИБЭККИТЭ ХОЙДОР

Ромашкалары уонна дельфиниумнары силиһиттэн туура тардыбакка эрэ, төбөлөрүттэн кырыйаталаан биэрэҕин. Эһиилигэр хойдор, тупсар.
Георгиннары маннык хаһаан
• Георгин сир анныгар баар бөкүнүк умнаһын (луковицатын) хаһыҥ түспүтүн кэнниттэн ылаҕын. Буорун суокканан ыраастаан, тэбээн баран сууйаҕын, куурдаҕын. Ол
кэнниттэн сөрүүн сиргэ (оҥкучах саппанньатыгар, холодильник сиэбигэр) саас олордуохха диэри ууран кэбиһэҕин. Сорохтор муоҕунан бүрүйэллэр.
• Интэриниэккэ суруйалларынан, хаһыҥ кэнниттэн хостоон баран, ууга илитэҕин, бөдөҥ бөлчүөктэрин (луковицаларын) араартыыгын.
Мас кураанах көөбүлүн сылыта түһэн баран, хордуон хоруопка түгэҕэр кутаҕын, онно үүнээйиҥ силиһин (луковицаларын) уурталыыгын. Тугунан да бүрүйбэккин. Сөрүүн сиргэ
ууран баран, кыһын устатыгар кэмиттэн кэмигэр туругун көрөҕүн.

СҮБҮӨКҮЛЭҤ УЛААТЫА

Буорун эмиэ моркуопка курдук бэлэмниигин. Сиэмэтин ыһыах 3-4 хонук иннинэ сииктээх салпыаккаҕа, муохха сытыараҕын. Ордук “Бордо”, “Детройт” уонна “Цилиндра”
диэни сөбүлээн олордоллор.

КҮН-ДЬЫЛ БИЛГЭТЭ

• Хотуттан тыал аргыйара — курас, тымныы күһүҥҥэ.
• Кус-хаас үөһэнэн ааһар буоллаҕына, уһун кураан күһүҥҥэ.
• Күн саҕахха чаҕылыйан киирдэҕинэ, тымныы хаһыҥнаах түүн буолар.
• Мас сэбирдэхтэрэ, мутукчалара хойут түстэхтэринэ – күһүнэ уһуур.
• Сайыҥҥы сибэккилэр үүнэр, ооҕуй илимэ көтөр буоллаҕына – сылаас күннэргэ, уһун күһүҥҥэ.

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0