Көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплекстар ыраах сытар сирдэргэ тиийэллэр
“КАМАЗ” базатыгар көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплекстар Алдан, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы, Ленскэй, Уус Маайа уонна Дьааҥы улуустарын мэдиссиинискэй тэрилтэлэригэр көдьүүстээхтик үлэлииллэр.
Мэдиссиинискэй биригэдээлэр бу анал массыыналарынан ыраах сытар сэлиэнньэлэргэ нэһилиэнньэ доруобуйатын көрө-истэ уонна диспансеризацияны ыыта тиийэллэр, нэһилиэнньэ сыстыганнаах ыарыылартан быһыы ыларыгар кытталлар.
Массыыналарга эмчит үлэлииригэр барыта баар – массыына тонометрдаах, электрокардиографтаах, гемоглобин, глюкоза уонна холестерин анализатордаах, спирометрия уонна пульсоксиметрия аппараттардаах, стетоскоптаах, эмтээх препараттары харайар холодильниктаах уо.д.а. Эмчиттэр ону тэҥэ манна көмпүүтэргэ олорон наадалаах докумуоннары оҥорор уонна чахчылар уопсай базаларыгар ыытар кыахтаахтар.
Көһө сылдьар комплекстар бу сыл 8 ыйыгар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар маннык 245-тэ айаннаатылар, 12 тыһыынчаттан тахса киһини көрдүлэр.
Санатан эттэххэ, “Диагностика” көһө сылдьар мобильнай комплекстар “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн атыылаһыллыбыттара.
Национальнай бырайыактары РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сылтан көҕүлүүр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru