Күүстээх Ылдьаана туһунан П.Харитонов 1986 сыллаахха суруйбута “Эдэр коммунист” хаһыакка тахсыбыт. Кэлин “Көмүөл” кинигэ кыһата “Саха сирин былыргы күүстээхтэрэ” диэн кинигэҕэ киллэрбитин ааҕааччыларбытыгар анаан билиһиннэрэбит.
Ульяна Николаевна Скрыбыкина. Норуот убаастаан ааттыырынан Күүстээх Ылдьаана, уруккута Киров аатынан холкуоска (“Маҕан” сопхуос) үлэлээбитэ. Кини Нам олохтооҕо Семен Скрыбыкин диэн бэйэтин кытта баара саастаах эдэр киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Сотору соҕус буолаат, Маҕан сэлиэнньэтигэр көһөн киирэн олохсуйаллар. “Киров” холкуоска үлэҕэ киирэллэр.
Ульяна эр киһи үлэтин барытын толороро. Сэрии буолуон иннинэ кыайыылаах үлэтин иһин, кыһыҥҥы өттүгэр от тиэйиитигэр, тутуу маһын уонна уокка оттор мас кэрдиитигэр, сайын от оттооһунугар кыттан, бастакы стахановец аатын ылбыта. Сэрии ыар сылларыгар үлэтэ-хамнаһа өссө элбээбитэ. Ол туһунан Маҕан олохтооҕо Д.А.Охлопков кэпсиир:
— Биһиги холкуоспутугар биир улахан боруода оҕус баара. Онно анаан модьу-таҕа оҥоһуулаах сыарҕа оҥорбуттара. Мин сыарҕа үрдүгэр от тиэйиитигэр эрдэттэн туран тэпсэбин. Ылдьаана тордуохтуу-тордуохтуу тиэйэн үллэҥнэтэр. Арай биирдэ сыарҕабыт атаҕын быата быстыбыта, сиргэ иҥнэри сууллубута. Ону Ылдьаана уолуйбакка, тиэтэйбэккэ, икки өттүттэн иҥнэритэ анньан, атырдьаҕынан тэҥнээн баран, кум-хам тардан көннөрбүтүн өйдүүбүн.
Ылдьаана эр киһилии күүһүн-уоҕун, кыанарын, сымсатын туһунан үгүс интэриэһинэй түбэлтэлэри дьон билиҥҥээҥҥэ диэри ахтар.
Ульяна кэргэн тахсан баран былыргы сиэри толорон, биир сыл буолан баран аҕатын аахха “төкүттүү” диэн кэһиилээх-тутуулаах айаннаабыта. Ат көлөнөн Нам сиригэр күһүн хаар түһэн, тымныйбыт кэмигэр барбыт. Кини сүктэригэр ийэтин аахтан энньэтин биир таптыыр тиҥэһэ ынахтааҕын көрдөөбүт, ону ийэтэ атын сүөһүнү биэрбит. Ол көрдөөбүт тиҥэһэ ынаҕа быйыл түөрдэ буолуохтаах эбит, ону көрдүүр санаалаах эбит. Дойдутугар аара хонон эрдэ тиийбит. Арай, сэргэ төрдүгэр кини көрдүөхтээх таптыыр бургунаһын идэһэ оҥостоннор өлөрөн, хаанын сүүрдэн баран дьиэҕэ иттэ киирбит кэмнэригэр түбэспит. Ылдьаана олус хомойбут. Атын олбуор айаҕар хаалларан баран, сулбу хааман киирбит, өлө сытар ынаҕы илин-кэлин атаҕыттан харбаабыт да, балаҕаннарын чаампатын үрдүгэр бырахпыт уонна атыгар олоро түһээт, төттөрү айанната турбут…
…Өссө биир түбэлтэ. Холкуоска түөрдүгэр сылдьар кэйиик, куһаҕан майгылаах атыыр оҕус баар эбит. Сайыҥҥы куйаас күҥҥэ бааһыналар бүтэйдэрин икки ардыларыгар сүөһүлэр сытар идэлээхтэр эбит. Оттон айан суола уулусса курдук сиэрдийэлэр икки ардыларынан ааһар. Биирдэ Ылдьаана дьүөгэтиниин суол устун баран испиттэр. Суолга туора сыппыт сүөһүлэр туруталаабыттар. Оттон олох ыга кэлбиттэрин кэннэ, били кэйиик оҕус муннун тыаһаппытынан, күрдьүөттээбитинэн туран кэлбит. Олох кэйэрдии туттубут, киһи куотан биэрэр сирэ суох буолбут. Доҕоро дьахтар сарылыы түһэн баран киниэхэ сөрүөстүбүт. Онуоха Ылдьаана олус сымсатык оҕуһу икки муоһуттан лап гыннаран ылбыт да, муннунан сиргэ лигийбит уонна кэннинэн анньан кэбиспитэ, оҕус баһын илгистэ-илгистэ чолоччу туттан үөрдэрин быыһынан бара турбут.
…Ульяна Николаевна ыччаттара бары талбыт курдук үтүөкэннээх үлэһит, мааны-бастыҥ ыаллар ахсааннарыгар сылдьаллар.
П.Харитонов, “Эдэр коммунист” хаһыат, 1986 с.
Сиһилии “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Саха сирин былыргы күүстээхтэрэ” кинигэҕэ ааҕыҥ.