Күүстээх санаалаах Лаптев

Ааптар: 
02.11.2016
Бөлөххө киир:

Афанасий Лаптев олоҕун саамай күөгэйэр кэмигэр, 21 сааһыгар инбэлиит буолбута. Сүүрбэччэ сыллааҕыта соҕотох мин эрэ маннык ыарахан олохтоох курдук сананарым. Онно холоотоххо, билигин инбэлиит буолбут дьон түргэнник бэттэх кэлэллэр. Сибээс араас көрүҥэ муҥутуурдук сайынна. Интернеккэ киирэн, тугу баҕарбыттарын холкутук ыйыталаһа-билсэ олороллор”, — диэн саҕалаата кэпсэтиибитин өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр уопсастыбанньык.

— 2008 с. диэри бэйэбин туохха да туһата суох киһинэн, инбэлииттэри ааттыылларынан, “овощь” курдук сананарым. Онтон 2009 сылтан ыла олоххо интернет, суотабай сибээс өтөн киириэҕиттэн, дьон тэҥинэн сананан барбытым. Ол кэмҥэ киин куоракка инбэлиит дьону реабилитациялыыр техникумҥа үөрэнэ киирбитим. Онно мин курдук араас кыһалҕалаах киһи үгүһүн көрөн, соҕотох буолбатах эбиппин диэн эрэх-турах санаммытым. 2010 сыллаахха Москваттан сэминээр ыыта кэлбиттэрэ. Ол кэнниттэн миэхэ араас үтүө толкуй-санаа киирбитэ. Олох сырдык эрэ өттүн анааран көрөр буолбутум.

— Ол туох сэминээрий?

— Инбэлиит киһини дьон үксэ медицина “хараҕынан” хаһан да үтүөрбэт ыарыһах курдук көрөр уонна ылынар. Тыл, тиэрмин ис хоһоонун, этикэ, култуура, киһи бэйэ-бэйэтигэр сыһыана, инбэлииттэри көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ хайдах сырдатыллыахтааҕа москвичтар бу тиэмэлэри барытын хабан, нэдиэлэ курдук кэпсээбиттэрэ. Ол онно дууһам “уһуктубута”.

— Саха сиригэр итинник ис хоһоонноох лиэксийэлэри билигин ыыталлар дуо?

Мин бэйэм итинник сэминээрдэри ыытабын. Соторутааҕыта «Мэһэйэ суох хамсааһын» (“Движенье без барьеров”) диэн уопсастыбаннай тэрилтэбит бүтэһик лиэксийэбитин «Харысхал» инбэлиит оҕолор пуондаларын кытта ХИФУ-га ааҕан кэлбиппит. Онно психология факультетыгар клиническай психологтар бөлөхтөрүгэр тиийэн сэминээр ыыппыппыт. Ахсынньы саҥатыгар Дьокуускай куорат мэриятыгар уонна социальнай харысхал тэрилтэлэрин исписэлиистэригэр анаан ыытыахтаахпыт.

— Тэрилтэҕитигэр төҕө киһи баарый?

— Ити аата туох диэн ыйыттыҥ? Уопсайынан, үгүс киһи ити эн ыйытарыҥ курдук дьиибэ толкуйдаах дьоҥҥут. «Төһө инбэлиит уопсастыбатын чилиэнэ баарый диэн интэриэһиргигит. Туох да туһата суох тыһыынча чилиэн баар буолуон сөп. «Мэһэйэ суох хамсааһын» диэн уопсастыбаннай тэрилтэбит бэйэтэ бас билэр офиһа суох. Ол иһин «Харысхалы» кытта «дьукаахтаһан» үлэлиибит. Бу тэрилтэни кытта уопсай бырайыактары олоххо киллэрэбит.

— Эн «биһиги» диэн элбэх ахсааҥҥа тутан холубурдууруҥ иһин, «төһө киһи баарый?» диэн ыйытабын ээ.

— Ити кэпсиир уопсастыбаннай тэрилтэ аҥардас «соҕотох Лаптев Афоня» диэн буолбатах. Биһиги 2011 с.»Мэһэйэ суох хамсааһын» диэн уопсастыбаннай тэрилтэ тэриммиппит. Билиҥҥи туругунан ахсааммыт сүүстэн тахса буолла. Соторутааҕыта анкеталары бэрийэн, сэттэ уонча киһи сайабыллыанньа толорбутун аахпытым.

— Уопсастыбаҕа кимнээх киирэллэрий?

— Тэрилтэбитигэр инбэлиит эрэ киһи буолбакка, ким баҕалаах биһигини кытта үлэлэһиэн баҕалаах бары киирэр. Биһиги уопсастыбаннай тэрилтэбит уруккулуу тыыннаах инбэлииттэр уопсастыбаларын курдук, кими тугунан эрэ хааччыйыы, материальнай өҥөнү утары уунуу курдук аһымал тэрилтэ буолбатах. Биһиги, төттөрүтүн, «инбэлиит киһи» кыаммат диэн стереотибы алдьата сатыыбыт. Ол аата инбэлиит киһи сайдыылаах олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах, доруобай дьону кытта тэҥнээҕин курдук, баҕар, чорбойордуу да сылдьыахтаах диэн санааны үөскэтэбит.

— «Мэһэйэ суох хамсааһын» уопсастыбаннай тэрилтэҕитигэр норуот депутаттара, суруналыыстар бааллар дуо?

— Депутат даа? Суох. Дьиҥэр, киириэхтэрин сөп буоллаҕа дии. Ол эрээри баҕалаах киһи бакаа суох. Киирэллэр ини. Суруналыыстартан «Эхо столицы» хаһыат эрэдээктэрэ Александр Прокопьев баар. Кини бэйэтэ инбэлиит буолан, тустаах сырдатар үлэни ыытар. Биһиги уопсастыбаннай тэрилтэбит бырабыытылыстыбаны, мэрияны, гражданскай институттары сайыннарыы уонна социальнай харысхал министиэристибэлэрин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэлиибит. Дьикти дии, киһи үксэ биир сыыһа баҕайы өйдөбүллээх.

— Туох диэн?

— Ити саҥа гражданскай институт уонна социальнай харысхал министиэристибэлэрэ биһиэхэ туох эрэ материальнай өҥөнү ууран бириэхтээхтэрин курдук. Ити биэдимистибэлэр биһиэхэ,инбэлииттэргэ, тус бырааппытын туруулаһарбытыгар правовой өйөбүлү оҥороллор.

— Улуустардааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын кытта төһө үлэлэһэҕитий?

— Ханна эрэ олох ыкса үлэлэлиибит, ханна эрэ сибээспит мөлтөһүөр. Хомойуох иһин, инбэлиит киһи үксэ ким эрэ кинилэргэ материальнай өҥөнү оҥоруохтааҕын курдук саныыр. Холобур, биһиэхэ төлөпүөнүнэн маннык эрийэллэр: «Бу «Мэһэйэ суох хамсааһын» уопсастыбаннай тэрилтэ дуо? Харчы биэрэҕит дуо? Телевизор биэрэҕит дуо? Ноутбук биэрэҕит дуо? Суох даа? Ээ, пахай», — диэн баран, арахсан хаалаллар. Онон кэпсэтии бүтэр. Бу аата тугуй? Ол аата ханан эрэ сыыһа иһитиннэрии барар: «Бу тэрилтэ көмөлөстө», — диэн. Онон маннык стереотибы суох гынар сорук турар. Дьиктитэ баар, сахалыы тылынан сэминээр ыытар наһаа уустук. Инбэлииттэргэ сыһыаннаах тыллар ис хоһоонноро үксүлэрэ «аһымал, харысхал» диэн өйдөбүллээхтэр. Министиэристибэбит да тылбааһын көр: «Социальнай харыстабыл» диэн дии. Нууччаларга «Не ставь слабому свое плечо, тем самым ты его добъешь» диэн инбэлииккэ сөрү-сөп түбэһэр өс хоһооно баар.

— Эн тус бэйэҥ киһиэхэ кытаанах баҕайытык сыһыаннаһар быһыылааххын.

— Ол аата?…

— Кыһалҕалаах киһиэхэ, хайдах баарынан этэн, сороҕор, баҕар, өһүргэтиэх да курдуккун…

— Биллэн турар, миэхэ өйүө диэн эрэнэн кэлбит киһини кытта кытаанахтык кэпсэтэн барбаппын. «Биһиги устааппытынан кимиэхэ да үбүнэн көмөлөспөппүт. Оттон бэйэҥ быраапкын хайдах туһанарга үөрэтиэхпин сөп», — диэн холкутук быһааран биэрэбин. Дьон ону өйдүүр. Хомойуох иһин, «бырааппыт маннык кэһилиннэ, итинник атаҕастанныбыт» диэн хомонооччу үгүс эрээри, дьыалатыгар киирэн, ол киһи туһугар киирсээри гыннахха: «Э, суох хаһан кыайаары. Кэбиис…», — диэн кэннинэн чинэрийээччи үгүс.

Эн интернети хото туһанар эбиккин дии? Холобура, фейсбукка Хатаска тиийэн саҥа тутуллубут дьиэҕэ пандус сыыһа тутуллубутун суруйбуккун.

— Уопсастыбынньыктар санааларын куорат мээрэ Айсен Николаев истэр буолан, кэлиҥҥи элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэри пандустаах тутар буоллулар. Биһиги тэрилтэбит пандустары тутууга анал нуормалары уонна тутуу ирдэбиллэрин тутуһары ирдиир. Холобура, Хатаска тутулла турар дьиэҕэ хамыыһыйаны кытта тиийэн, тута сылдьар пандустарыгар кэккэ итэҕэһи ыйбыппыт. Ол туһунан фейсбукка суруйбутум.

— Афанасий, дойдугуттан Дьааҥыттан тэйбитиҥ төһө өр буолла?

Кыаҕым тиийэринэн чаастатык сылдьа сатыыбын. Быйыл Олоҥхо Ыһыаҕын кэнниттэн тиийэ сырыттым. Бу иннинэ 2014 сыллаахха сылдьыбытым.

— Бырайыаскын дойдугар туһанар эбиккин дии. Төрөөбүт Дьааҥыҥ төһө уларыйар эбитий?

Кыччаабыт, намтаабыт. Хайдах эрэ сороҕор аһыныах курдук сананабын.

— Ол туга кыччаабытый?

— Хайа, мин өйбөр-санаабар килэрийэн-халарыйан, дьоно-сэргэтэ элбэҕинэн, оргуйа турбут сайдыылаах оройуон этэ буоллаҕа дии. Билигин «Аа..» диэн хаһытаатахха, ой дуораана уҥуор биэрэккэ иһиллиэх курдук. Баатаҕай эмиэ кыччаабыт курдук. Дьиэ бөҕөтө көтүллүбүт. Хата араас тутуулаах иккилии мэндиэннээх чааһынай дьиэ элбээбитин сэргии көрдүм. Холобура, Футбольная уулусса урут кураанах, киэҥ баҕайы, аҕыйах дьиэлээх этэ. Билигин саҥа тутуу бөҕө дьэндэйэн, кыараан хаалбыт курдук. Верхоянскай уонна Баатаҕай таас оскуолаларын бэркэ сэргии көрдүм. Кылаастара улахаттара бэрт эбит. Биһиги саҕанааҕы кэмнэри санаан, сонньуйан ыллым ээ. Көрүдүөр устун уһуун-уһун батарыайа турбата ааһар этэ. Онно чыычаахтар курдук олорунан кэбиһэр этибит.

— Тоҥон дуо?

Миэстэ суох буолан. Оҕо бөҕө буолар этэ. Оттон билигин көрүдүөр аайы сымнаҕас кириэһилэ бөҕө. Киһи киирэн баран, тахсыан баҕарбат. Тула сибэкки да сибэкки. Хата сытыаххын, сынньаныаххын эрэ баҕараҕын. Биир тылынан, киһи эрэ үөрэниэх курдук усулуобуйата.

Биир үчүгэйэ баар, Верхоянскай куоракка мин тиийэ сырыттахпына, икки мэндиэмэннээх дьиэлэри көтөҕө сылдьаллара. Бу тугу этэрий? Дьон санаатыгар: «Ээ, ыһыах иннинэ эрэ хамсаан-хамсаан баран сүтэн хааллылар», — диэн сөп. Оннук буолбатаҕын илэ көрдүм. Онон баһылык уолаттар Эҥэҕэ Бииктэр Бурцев, Верхоянскайга Евгений Потапов төрөөбүт дойдуларын сайыннарарга кытаанахтык ылсан үлэлииллэрин хайгыы көрдүм. Сайдыыга Виктор Анатольевич биир дойдулаахтарын бэркэ түмэр. Нэһилиэк дьоно күргүөмүнэн тахсан балыктыыр эбит.

Афанасий, бэйэҥ ис айылгыҥ, төрүт кутуҥ олох уопсастыбанньык буоларга анаан анаммыт курдуккун.

— Испиттэн маннык өйдөөх-санаалаах буолбатаҕым буоллар, мин бүгүҥҥүбүттэн олох атын киһи буолуом этэ. «Миэхэ наадата суох, хайдах да буоллун», — диэнинэн салайтаран, дьиэбэр соҕотоҕун бүгэн, иһийэн баран олоруом этэ. Билигин кэмэ да үчүгэйэ бэрт дии! Ким туох санаалаах киһи көҥүллүк этэр-тыынар. Толкуйдаах өйдөөх-санаалаах киһи бэйэтин кыаҕын толору туһанар. Бу баар бүгүҥҥү олох саамай интэриэһинэй өрүтэ!

Олоҕун оҥкула:

1979 с. тохсунньу 24 күнүгэр Дьааҥы Сайдыытыгар күн сирин көрбүтэ.

1986 с. — Верхоянскай к. орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1999 с. — Аармыйаттан сулууспалаан кэлбитэ.

2001 с. — Баатаҕайдааҕы 32 №-дээх ГПТУ-ну бүтэрбитэ.

2001 с. — Оһолго түбэһэн, инбэлиит буолбута.

2011 с — «Мэһэйэ суох хамсааһын» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ салайар.

Елена ПОТОЦКАЯ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0