Бугаевтар ийэ уустара Хорообукка, Төхтүргэ тарҕанан олороллор. Бу Бугаевтартан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит Миитээски буолар. Кини эдэр сылдьан күүһүн-күдэҕин бар дьонугар биллэртээбит. Ону маннык түгэннэр туоһулууллар:
Маҥнайгы түбэлтэ
Чээл күөх сайын буолбут. Түгэҕэ көстүбэт күөх халлаантан күн барахсан уотун харыстаабакка күлүмнэппит. Көтөр-сүүрэр, от-мас өрөгөйдөөн, үүнэ-сэргэхсийэ турар кэмэ. Алаастарга, толооннорго араас өҥнөөх чэчир ситэри сиппит. Олус диэн үтүө күннэр үүммүттэр…
Дьэ бу бириэмэҕэ бар дьон эмиэ мунньустан, көрү-нары көҕүлүттэн тутар бэлиэ күнэ — ыһыах буолбут. Онно турар-турбат барыта кыттыбыт, сылдьыбыт. Миитээски дьиэ кэргэнин кытта тэлиэгэлээх акка олорон, ыһыах буолар сиригэр кэлбиттэр, билэр ыалларыгар, ырааҕынан урууларыгар түспүттэр.
Аһаан-сиэн баран ыһыах буолар түһүлгэтигэр тиийбиттэр. Дьон бөҕө чугастааҕы нэһилиэк-
тэртэн, холкуостартан кэлитэлээбиттэр… Дьон сэргэхсийбитэ сүрдээх, бары баар-суох таҥастарын кэтэн киэргэммиттэр. Миитин оҥорбуттар, бастыҥ үлэлээх-хамнастаах холкуостарга бириэмийэ биэрбиттэр, уруй-айхал тылларын эппиттэр. Ол кэнниттэн түһүлгэни тула олорон, эмис эти кытта арыылаах кымыһы испиттэр. Дьон астына-дуоһуйа сэһэргэспит.
Аһааһын кэнниттэн дьэ күүтүүлээх илии-атах оонньуута саҕаламмыт. Эдэр уолаттар бу оонньууга кыттыбыттар: ким быһыйа, күүстээҕэ арыллан тахсыбыт. Миитээски үөлээннээхтэрин кытта сэһэргэһэ олордоҕуна, хол куоһун бэрэссэдээтэлэ тиийэн кэлбит уонна:
— Доҕоччуок, эйигин доҕотторуҥ олус күүстээх, кыанар киһинэн ааҕаллар, онон бар дьоҥҥор оонньоон көрдөр, — дии-дии аттыларыгар кэлэн, олорунан кэбиспит. Холкуостаахтар, ол иһигэр Миитээски, бэрэссэдээтэллэрин олус ытыктыыллара, тылын быһа гымматтара үһү. Миитээски сир диэки көрөн олорон:
— Суох, олус мөлтөх киһибин, ити күлэн этэллэрэ буолуо, — диэн баран, уҥа-хаҥас диэки көрүтэлээбит.
Онуоха доҕотторо, аймахтара бары хаайан барбыттар. Миитээскини уҥа-хаҥас хамсаппат дьон буолан биэрбиттэр.
— Чэ, сөп. Оччотугар мин түһүлгэҕэ тиэрэ түһэн сытыам. Илиибиттэн өрө тардан таһаарбыт киһи кыайыылаах буолар, — диэбит.
Дьиибэ күрэхтэһии буолаары гыммытыттан бэрэссэдээтэл олус үөрбүт-көппүт. Түһүлгэ ортотугар киирэн туран, өссө биир саҥа күрэхтэһии ыытылларын туһунан ыһыах дьонугар быһаарбыт. Алта-сэттэ саамай кыанар дьон кытталларыгар эппит. Бар дьон суугунаһа түспүттэр. «Ол кими өрө тардан туруорабыт?» — диэн ыйыппыттар.
— Бугаев Дмитрий сытыаҕа, — диэн буолбут. Миитээскини көрбөтөх, билбэтэх киһи диэн суоҕа. Миитээски уҥуоҕунан кыра, ол эрээри толору эттээх-сииннээх олус сэмэй киһинэн биллэрэ. Онон кинини, бука, өрө тардыахпытын сөп диэччилэр үгүс эбиттэр. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлигэр (ыһыаҕы салайан ыытар киһиэхэ) тылланааччы олус элбэх буолбут. Онон сүбэлэһэн баран, үс саамай күүстээх дьону талбыттар.
Остуол ньуурун курдук көнө кырдалга Миитээски киирэн тиэрэ сытынан кэбиспит уонна икки илиитин өрө уунан, тардар киһиэхэ бэрт модьу, улахан лаппаакытын туттаран кэбиспит. Илии тутуһааччылар илиилэрин ытарча курдук күүскэ тутуспуттар. Бу киһи тимир курдук тутуулааҕын билэн, маҥнай санаммытын курдук дьыала буолбатын сэрэйбит. Икки-үс төгүл төхтүрүйэн көрбүт да, киһитэ хамсаан да көрбөтөх. Икки-хас киһи холонон көрбүт да, Миитээскини өрө көтөхпөтөхтөр. Дьэ онтон ыла Миитээскигэ Иккис Күүстээх диэн ааты иҥэрбиттэр. Күн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри оҕонньору «Күүстээх Миитээски» диэн аатынан ахталлар-саныыллар.
Иккис түбэлтэ
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар, ол кэнниттэн даҕаны, Күүстээх Миитээски күһүн, кыһын мас кэрдэр эбит. Уола улаатан аҕатыгар көмөлөһөр буолбут. 1953 сыллаахха уола Ньукулай оройуоҥҥа спорт сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Ол сылдьан гиирэни көтөҕүүнэн, анньыынан уонна штанганан дьарыктана сылдьыбыт, оройуон чиэһин көмүскэһэр буолбут. Күүстээҕинэн биллибит. Кырдьык, Ньукулай тоҕус уонтан тахса киилэ ыйааһыннаах, эдэр-сэнэх дьон толлор, киһи көрөн астынар киһитэ эбит.
Биир күһүн уола өрөбүлүгэр аҕатын аахха тахсыбыт. Оҕонньор киэһэ уолуттан оройуон сонунун истибит. Уола куоракка киирэн күрэхтэспитин, ол күрэхтэһиигэ мэҥэлэр бастаабыттарын туһунан күө-бааччы кэпсээбит. Оҕонньор саҥата суох уолун кэпсээнин истэн олорбут, утуйаары сытан оҕонньор эппит:
— Тукаам, Ньукулай, сарсын өрүүр инигин?
— Ээ, өрөөн, өйүүн бэлисипиэтинэн эрдэ туран бардахпына, үлэ чааһын баттаһа тиийэр инибин, — диэбит.
Сарсыарда сөпкө эрдэ турбуттар. Ньукулай ийэтэ уола балачча элбэҕи аһыырын билэр буолан, улахан миискэҕэ хоп-хойуу күөрчэх ытыйбыт, киэһэ сиэбиттэриттэн ордубут куобах сиһин, буутун уолун иннигэр тэриэлкэҕэ биэрбит. Ньукулай бырдырҕаччы аһаан-сиэн барбыт. Ол аһыы олордоҕуна, аҕата уолун диэки амарах хараҕынан көрөн баран:
— Ньукулаай, бүгүн мас кэрдиһэ тахсыаҥ. Били сүгэҕин сытыылаан бэлэмнээбитим, эрбиини да аалбыта буолбутум…
Ийэлэрэ итини истээт, сөбүлээбэтэх куолаһынан:
— Бу хам-хаадьаа кэлэр уолгун сүгүн да сынньаппаккын, эн үлэҥ-хамнаһыҥ айдаана.
— Оо, ийээ, тугу гыныахпыный, аҕабар тахсан көмөлөһөбүн, — диэбит Ньукулай. Дьэ ити кэпсэтии итинник ааспыт. Өйүөлэрин, чаанньыктарын, туттар сэптэрин ылан мас кэрдэ тахсыбыттар. Дьиэлэриттэн балачча
тэйиччи, биэс-алта көс холобурдаах куруҥҥа тиийбиттэр. Өйүөлэрин биир суон тиит аттыгар уурбуттар уонна дьэ мас кэрдэн баһырҕаппыттар. Сотору-сотору мас охтор тыаһа иһиллибит, үлэлэригэр үлүһүйэн барбыттар. Ньукулай туох баар кыаҕынан түргэнник туттан, элбэх маһы охторор санаалааҕа үһү. Ол үлэлии сырыттаҕына, аҕата өлөр саҥатын саҥарбыт.
— Нохоо, тииккэ баттаттым, кэлэн өрүһүйэ оҕус…
Ньукулай сүгэтин турар сиригэр тииккэ батары охсоот, аҕатыгар ыстаммыт. Тиийэн көрбүтэ, биир суон тиит аҕатын атаҕын баттаан сытар үһү. Көтөҕө сатаабыт — тиитэ хамсаан да көрбөтөх, ону оҕонньор:
— Нохоо, ыл, үөһэ тур, — диэбит. Ньукулай тэйэн биэрбит. Оҕонньор олорбут уонна суон тиити атаҕын үрдүттэн халбарыччы анньаат, туох да буолбатаҕын курдук туран кэлбит. Уолун диэки сөбүлээбэтэх хараҕынан бурулуччу көрөн баран:
— Нохоо, күүһэ суох эрээри күүһүмсүйэҕин, хайдах маннык мөлтөх буолан төрөөбүккүнүй? Бу дьүһүннээх титириги кыайбат эрээри дьоҥҥо тахсан күүһүмсүйэҕин?
Оҕонньор онтон киэһэ тугу да кэпсэппэккэ эрэ буугунуу-буугунуу мас кэрдэн бачырҕаппыт.
Ньукулай күнүскү чэйин иһэ олорон аҕатын кытта кэпсэтэ сатаабыт. Аҕата аат эрэ харата биир-икки тылынан тамнаабыта буолбут. Уолун диэки көрө-көрө киэр хайыһа олорбут. Оҕонньор уолугар оннук сыһыаннаспытын, кэлэйбитин туһунан элбэхтик кэпсииллэрэ.
Кэнники бу ахтыылары хомуйа сылдьан, Ньукулайтан бэйэтиттэн ыйыталаспытым. Ону Николай Дмитриевич күһүгүрэччи күлэн баран:
— Ити кэпсиир түбэлтэлэрэ кырдьык буолбута, — диэн бигэргэппитэ.
Үһүс түбэлтэ
Кэлин, сааһыран баран, Хорообут бөһүөлэгэр атынан ыалларга уу таһар эбит. Хорообут олохтоохторугар ууну соҕотох кини таһара үһү. Атын тэлиэгэҕэ көлүйэн баран, икки буочуканы суксуһуннары ууран, Суола үрэхтэн уу баһан ыалларга кутар эбит. Бу үлэтигэр балачча уһуннук үлэлээбит. Сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлиир. Киһи суоҕун биллэҕинэ, буочукалаах уутун үрэхтэн толорон, тэлиэгэтин үрдүгэр таһааран аа-дьуо ууран кэбиһэр. Онон ууну өр баспата үһү. Кинини дьон көрөн кэпсээн оҥостоллорун олох сөбүлээбэт эбит.
— Ии, баҕайылар, ону-маны дайҕатаннар, саатар киһини сүгүн үлэлэппэттэр, — диэн саҥа аллайара үһү.
Арай биирдэ куолутунан Суола үрэххэ уу баһа киирбит. Бу сырыыга илдьэ сылдьар Элэмээскититтэн атын сылгыны биэрбиттэр. Оҕонньор төһө да сөбүлээбэтэр, биригэдьиирин тылын ылынан, ол аты туппут. От охсуутугар ырыаран кэбиспит аттара эбит. Дьэ, быһатын эттэххэ, аҕыс ойоҕоһо ааҕыллар буолбут сылгы. Атын имэрийэн-томоруйан баран, уу баһар элгээнигэр тиийэн, били икки буочукатын өр-өтөр гымматах, уунан толорбут. Тахсар оспуоһа сытыары эрээри, кумаҕа көбдүргэн буолан, тэлиэгэ көлөһөтө батары түһэр эбит, ата кыайан үөһэ таһаарбатах. Ата сэниэтэ да суоҕа бэрт, онон көрөн турар да, соруйар да сатаммат курдук буолбут.
Оҕонньор инники буочуканы ылбыт да оспуос үрдүгэр көтөҕөн тахсыбыт уонна сыыр үрдүгэр олордубут, иккис уһаатын эмиэ сыыр үрдүгэр көтөҕөн таһааран бастакы уһаатын таһыгар кэккэлэһиннэри туруорбут. Ол турдаҕына, үөлээннээҕэ Ефрем оҕонньор оҕуһун хаарчахтан тутан, уулата киллэрэн испит. Кини Миитээски көтөҕөн тахсыбытын илэ хараҕынан көрөн:
— Хайа бу, Миитээски, күүскүн холоно сылдьаҕын дуу?! — диэбит.
Онуоха оҕонньор сөбүлээбэтэх куолаһынан:
— Кыһалҕа буолан көтөҕөлөөтүм ини. Ыл, күлэ туруоҥ дуо, бу буочукалары тэлиэгэ үрдүгэр уурус, — диэн эппит.
Ефрем оҕонньор онуоха:
— Оо, этээхтээтэҕиҥ үчүгэйин баҕаһын, ити мин кыайыах буочукаларым дуо, өлөрөбүн да диэбитиҥ иһин өндөтөр биллибэт, — дии-дии буочукалары эргийэ хаампыт.
— Ыы, бэрт да өлүү буолар эбит, — диэт, оҕонньор толору уулаах уһааттарын тэлиэгэ үрдүгэр уурталаабыт.
— Оо, үөлээннээҕим, кырдьык, ситэри да сындааһыннаах буолар эбиккин, урут дьон кэпсээнин итэҕэйбэт этим. Киһи киһиттэн уратылаах, ордуктаах да буолар эбит! — дии-дии оҕуһун сиэтэн, дьиэтин диэки хааман саллырҕайдыы турбут…
Густав Сосин,
«Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» кинигэтиттэн быһа тардыы.
«Бичик» кинигэ кыһатыгар 2015 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта.