КҮҮСТЭЭХ КУУЧА (ҮҺҮЙЭЭН)

Ааптар: 
20.06.2018
Бөлөххө киир:
Күүстээх Кууча Сэбиэскэй былаас кэмигэр  олорбут киһи. Эмиэ дьикти хос ааттаах. Бу тыл   нууччаттан
киирбит буолуон сөп. Арааһа, тылбаастаатахха, сомоҕо диэн буолара дуу.
Семен Петрович I диэн ааттыыллара. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһугар I Тыыллыма нэһилиэгин төрүт олохтоо- ҕо. Кырдьык даҕаны күүстээх көрүҥнээх, бөдөҥ-садаҥ бэйэтин кыанар киһинэн ааҕаллара. Биллэ-көстө сатаа- батах, үлэ-хамнас киһитэ. Ол эрээри, баардаах баарын кистээбитэ диэн суох быһыылаах. Кинилэр кистэлэҥнэ рэ син-биир арыллара. Ону маннык түбэлтэттэн истэбит.

Биир кыһын өрүс арыытыттан от тиэйэ киирбит. Оҕуһа эрэйдээх, аргыый аҕай хааман сыылларан испит. Сэмэн оҕуһун тиэтэппэккэ аа- дьуо айаннаан арыытыгар кэлбит. Тиэйиэхтээх ото икки саарына буолбут,

барытын тиэйдэххэ олус улахан сыарҕалаах от буолсу, иккитэ тиэйдэххэ кыра сыарҕалар буолсуктар.
Сэмэн мунаара санаан баран:
— Ээ, хайдах иккиһин кырыныахпыный, биирдэ тиэйбит ордук буолуо, — диэн түмүккэ кэлбит.
Оҕуһун от күрүөтүгэр баайбыт уонна от атырдьахтаан оҕуһун аһата туруорбут. Сыарҕатыттан өтүүтүн,
балтарыгын ылан бүтэйгэ уурталаабыт. Сыарҕатын кэҥэтэр наадатыттан уһун мастары тэлгэппит.
Отун ол үрдүгэр хаастыы тэпсэ-тэпсэ тиэйбит, балтарыктаабыт. Ото сыарҕатыгар баппытыгар олус диэн үөрбүт.

Ис үөс сыыры оҕуһум кыайан таһаарыа дуо диэн саарбаҕалыы санаабыт. Оту оҕуһа нэһиилэ хоІнорон, сиһэ бөгдьөйөн, бэрт ыараханнык тардан дьүккүйэн испит. Ис үөс үрдүк туруору сыырыгар тиийэн кэлбит, оҕуһа манна кэлэн отун кыайбакка турунан кэбиспит. Соруйан кымньыылаан көрбүт да оҕуһа баһын булкуйа-булкуйа иннин диэки дьүккүйэ сатаан баран сіһүргэстии түспүт. Оҕус кыайбата чуолкайдык биллибит. Сэмэн оҕуһун сыыр үрдүгэр сиэтэн тахсыбыт уонна талахха баайбыт. Сыыры таҥнары киирэригэр иннин-кэннин көрүммүт. Киирэн оҕуһун оннугар бурҕалдьытын кэппит уонна иннин диэки дьүккүйбүтүнэн барбыт.

Сыарҕалаах оту ынчыктыы-ынчыктыы сыыр үрдүгэр тардан таһаарбыт. Ол кэмІэ Бүөтүр оҕонньор сыыр соҕуруу өттүгэр баар талахтар быыстарыгар отун тиэйэ сылдьан көрбүт. Бу Бүөтүр оҕонньор ол түбэлтэ туһунан куруук кэпсиир буолара. Ыалын Сэмэни улаханнык убаастыыра, сүгүрүйэрэ. Олус сэмэй, көнө
киһинэн билинэрэ.
Биирдэ Сэмэн тохсунньу тостор тымныытыгар, туох эрэ улахан наадаҕа сылдьан баран, дьиэлээн испит. Хо-
йутаан уонна тымныыта бэрт буолан, тыына быстарынан түһүнэн испит. Ол истэҕинэ, иннигэр табалаах
дьон тураллар эбит. Кинилэри аахайбакка сиэлэ турбут. Киһи киһини көрүстэҕинэ хайдаҕын да иһин

кэпсэтээччи диэн табалаахтар муодарҕыы санаабыттар. Оттон бу киһи тохтуу да сорумматах. Табалаахтар чочумча туран баран, айаннарын салҕаабыттар. Били киһини сотору ситиэх пит диэн түргэнник айаннаабыттар да, сиппэтэхтэр. Хонук сирдэригэр тиийбиттэрэ, кэпсэппэккэ ааспыт киһилэрэ аһаан-сиэн бүтэн олорорун көрөн олус диэн сөхпүттэр- махтайбыттар. Кууча ону истэн эрэ кэбиспит.

Кэлин ол түбэлтэ туһунан кэпсээтэхтэринэ:
— Ол ырбыт табалары куотар эмиэ кэпсээн буолуо дуо, ким баҕарар куотар ини, — диэбит.
Г.Д. Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» диэн 2015 с. «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо»
сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэтиттэн
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0