Күүстээх Күлүүчүкүн

Ааптар:  И. П. Ушницкай
12.06.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Өнөртөн көс курдук хоту диэки Таастаах диэн кыра соҕус алааска Күүстээх Күлүүчүкүн уҥуоҕа уратытык оҥоһуллубута билигин да суруга көстөрүн истэн, 1991 сыл сайыныгар Владимир Петрович Иванову сирдьиттэнэн, бара сылдьыбытым.

Хата, хайа кэмҥэ олорон ааспытын чуолкайдыахпыт дии санаабытым. Күүстээх Күлүүчүкүн уҥуоҕун үрдүгэр бэрэбинэлэри буруустуу түөрт кырыылаан суоран уурталаан былыргы пирамидаҕа майгынныыры оҥорбуттара ыраахтан харааран көстөр. Түөртүү бэрэбинэлэр муннуктарынан дьиэ тутардыы сыһыарыллыбыттар. Алларааттан үөһээҥҥилэр арыый кылгатыллыбыттар. Үөһээтигэр тааска хайдах суруллубутунан үтүктэн бэлиэтэммитим (сорох буукубалара, сыыппаралара сүтэ быһыытыйбыттар): «Под камням Алексей Степанович Куличкин Онерского наслега Старшина скончался он май 1926 до 60 лет» диэн быһыылаах. 1926 оннугар 1906, 60 оннугар 66 курдук эмиэ көстөрө. Дьэ бу төрөөбүт-үөскээбит төрүт буоругар Күүстээх Күлүүчүкүнү улаханнык ытыктаан көмүс уҥуоҕун кыһаллан көтөхпүттэр. Бу мантан хоту диэки аһаҕас сир, аҕыйах хардыынан сыыр. Ол аллараатыгар аттынааҕы Таастаах алаас нэлэһийэ сытар. Икки алаас холбоһон турар курдук. Кэрэ айылҕа. Үрдүк сиргэ турар буолан ол уҥуоргу тайҕаны үрдүнэн ыраас күҥҥэ Дьааҥы очуостара көстөллөр эбит.

Мин сэттис эҥин кылааска үөрэнэ сылдьан суруммут тэтэрээппэр маннык баар. (Оччолорго кимтэн истибиппин бэлиэтэнээхтээбэтэхпин): «Дүпсүн улууһугар I Өспөх нэһилиэгэр Былыр Куличкин Алексей Андреевич (Аҕатын аатын итинник сыыһа бэлиэтэммиппин) диэн аҥаар күүстээх киһи олоро сылдьыбыта. Бу киһи 50 бууту тобугар диэри көтөҕөрө үһү. Ол иһин аҥаар күүстээх киһи диэбиттэр. Кини уҥуоҕунан улахан эбит, даба баркыта алта арсыынтан тахса таҥаһынан тигиллэрэ үһү. Өлөксөй орто баай ахсааныгар киирэрэ. 70‑ча сүөһүлээх, бөдөҥ уһаайбалаах эбит. Өлөксөй дьиэ тутарыгар биир оҕуһа таһаҕаһын кыайбатаҕар соруйаары тоҥолоҕунан ойоҕоско аспыта, оҕуһа охтон түспүт. Оҕус икки ойоҕоһун уҥуоҕа тостон түөрт аҥыы баран хаалбыт. Онтон ыла маһын көлөлөммөккө бэйэтэ сүгэн таһынар буолбут.

Биирдэ Өлөксөй Биппэнэбис атыыһыкка 300 көстөөх сиргэ (кэлэ-бара эбитэ дуу? 3000 км элбэҕэ бэрт! — И. У.) айаннаабыт. Айаҥҥа таас үрэх уута киирэн, өтөхтөөх сиргэ аттар хаспах иһигэр хаайтарбыттар. Эмискэ хаспахха куобах киирбит. Аттар үргэн кытыыга тахсыбыттар. Аттарын өйдөөн кутуруктарыттан туппакка хаалбыт. Дьэ, ол кэнниттэн бэйэтэ нэһииччэ тахсыбыт. Тахсан баран быара ыалдьан өлө сыспыт. Мантан чугас ыал баарыгар онно тахсыбыт. Ол ыал кинини куобах суорҕаҥҥа суулаан бараннар хайах сиэппиттэр. Үтүөрдүбүттэр.

Дьааҥынан, Халыманан элбэхтэ айаҥҥа сылдьыбыт киһи. Сайын эмиэ айаҥҥа турбут. Айаннаан иһэн көлүнэр көлөлөрө, 12 ат ындыылыын, бадарааҥҥа батыллан хаалбыттар. Ындыыларын өрөөн кытыыга таһаарбыттар. Аттарын эмиэ. Икки ындыыны санныгар быраҕан, иккини тутан таһаарбыт. Төрдүөннэрин ыйааһыннара 12 буут эбит. Аргыстаһан иһэр дьонунуун мунан хаалбыттар. Ыаллара көспүт өтөххө тиийэн кэлбиттэр. Манна икки хоммуттар. Аһылыга тоҥ хайах эбит.

Өлөксөйгө биирдэ сэттэлээх хаҥыл атыыры туттаран кэбиспиттэр. Онуоха тусаһаҕа илин-кэлин атаҕыттан баайан баран, туруоран бөтөлөөн, хаҥхалаан кэбиспит, ол атыгар алта буут ындыыны ындыылаабыт. Атыыра кыайан мөҕөн түһэрбэтэх. Биирдэ кини айаныттан уурайан баран биир ампаары барытын болуокка тиэйэн улахан күөл уҥуор алааска туоратан көһөрбүт.

Күлүүчүкүн дьиэтэ үстэ умайа сылдьыбыт. Маҥнайгы оннук иэдээҥҥэ түбэһиитигэр: «Уот сиэн кэриэтин», — дии-дии, хотон маһыттан аҕыйах маһы сыыйан ылан, сүөһүлэрин соһон таһаартаабыт. Ол сүөһүлэрэ син биир сүөһү буолбатахтар, таһаарарыгар ойоҕосторун тостурута, атахтарын силгэлэрин ууннарыта тардыбытыттан өлбүттэр. Иккис умайыытыгар күһүн Миитэрэйэп саҕана дьиэлэрин үрдүн уот сиэн эрдэҕинэ уһуктубуттар. Куттанан бары үрүө-тараа сырсыбыттар. Өлөксөй тахсан хотонун, дьиэтин түннүктэрин аһыталаабыт. Дьиэ иһигэр салгын киирэрин кытта уот күүһүрбүт. Кыра кыыстара дьиэҕэ хаалбытын өйдөөн, төттөрү киирэн, кыыһа таҥара анныгар турарын тутан ылбыт. Оҕотун көтөҕөн, мунньахха кэтэр мааны сонун, бэргэһэтин, үтүлүгүн ылбыт. Атыыр оҕус тириитин тэбэн таһаарбыт. Хотонугар 70‑ча сүөһү, олортон 30‑та умайан, онтон атына тумнастан өлбүттэр. Бу хотон алта саһаан усталаах эбит. Таһырдьаттан хотон иһин өҥөйөн туран түннүк икки холуодатын көтүрү тардан, үс үтүрүм сүөһүнү соһон таһаарбыт. Икки хонон баран икки ойоҕоһо тостубутун, уон тарбаҕын тириитэ сулланан түспүтүн билиммит.

Өлөксөй Күүстээх Куонаанныын тахсан бултууллар эбит. Ол сылдьан күүстэрин холоһоллоро үһү. Быаны тииккэ тиэрбэстээн баран холоһон көрөллөрө дииллэр. Кини бүтүн тиитинэн бүтэй тутар эбит. Нэһилиэгин кинээһэ Хаппыырын итирэн баран кырбыыра үһү да, тойонун утары аахсыбат эбит.

Күүстээх Күлүүчүкүн баһаарга уонна Халымаҕа сырыытын туһунан 1991 сыллааҕы сырыыбар Атласов Хонооһой Өндөрүөйэбис (71 саастааҕар) уонна Черноградская Маарыйа Мэхээйэлэбинэ (Кыыс араспаанньата Күлүүчүкүнэ. 82 саастаахпын диэбитэ) ити үөһэ суруллубукка маарынныырдык кэпсээбиттэрэ. «Мин кинилэргэ хонор этим, — диэбитэ Маарыйа Мэхээйэлэбинэ. — Оҕонньор халыҥ киппэ нүксүгүр быһыылааҕа. Сымнаҕас, күлбүт-оонньообут, киһи күүстээх диэбэт киһитэ этэ. Дьиэтэ умайыытыгар отучча сүөһүтүттэн алтатын соһон таһаарбыта биэһэ сүөһү буолбуттара. Дьиэтин өһүөтүн оҕус кыайбатах. Былыргы оҕус күүс бөҕө. Ону бэйэтэ соһон таһаарбыт.

Мэхээлэ Сергеев кэпсээнэ:

«Куоракка баһаарга уонча киһини батыһыннара сылдьан наар дьону халыыр киһи баар эбит. Ону Күлүүчүкүҥҥэ үҥсүбүттэр. Күлүүчүкүн баран көрбүт уонна дьонугар эппит «ити киһи бэйэтэ да, дьоно да быһах-тайма бөҕө буолуохтара. Охсубутум кэннэ туттахтарына, сиэхтэрэ. Онон мин бу аан таһыгар кэлиитигэр охсуом уонна аттар быыстарынан сүүрүөм. Онуоха аттары үргүппүтэ буолан анараа дьон эккирэтиилэрин бүөлэтэн кэбиһээриҥ». Күлүүчүкүн били киһини сырбаппыат! Киһитэ тиэрэ таһылларын кытта сүүрбүт. Аттар быыстарынан түһэн куоппут эккирэтээччилэри, били киксибиттэрин курдук, иннилэригэр аттарынан бүөлэтэн киһилэрин куоттарбыттар. Ол охсуллубут киһи онтон ыла баһаарга кэлбэтэҕэ үһү. Арааһа, сыҥааҕын үлтү саайтардаҕа буолуо. Сэттэ атынан айаннаан иһэн биир ата тарыҥҥа мундуйдаабытыгар тарбаҕын төбөтүнэн чэчэгэйгэ охсубута өлөн хаалбыт. Онтон ыла «киһини охсуо суохпун» диэбитэ үһү.

«Өй уонна күүс. Тулуур уонна дьулуур» кинигэттэн.

«Бичик», 2015.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1