Сахаҕа дэҥҥэ төрөөбүт үтүөкэннээх киһи, Иннокентий Михайлович Дьяконов – Күүстээх Чолбон туһунан элбэх киһиттэн ыйыталаһан, сураһан, быһата, онтон-мантан отонноон, ичигэстэһэн матырыйаал хомуспутум.
Нэһилиэгэр, улууска да кини сахаҕа уһулуччу күүстээҕин, сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт сытыары-сымнаҕас майгылааҕын үгүс кырдьаҕастар билэллэр. Араас номох буолбут сэһэннэр уостан-уоска бэриллэн, кини туһунан сырдык өйдөбүлү умулларбатахтара, сиртэн сиик гынан симэлиппэтэхтэрэ үөрүүлээх.
Лэгиэнтэйи эдэригэр көрбүт кырдьаҕастар маннык дьүһүннүүллэр. Сахаҕа үрдүк уҥуохтаах, модьу-таҕа, суон көрүҥнээх, сүһүөхтээх муруннаах, кыһыл хааннаах, эттээх уһун сирэйдээх, суон моойдоох, чолбоодуччу көрбүт сытыы харахтаах. Этэ-сиинэ толорута, хайдах эрэ түөрт кырыылааҕа, дьонтон эрэ барытыттан толуу көрүҥнээҕэ, чахчы бухатыырдыы киэптээх киһи этэ. Сыгынньахтаннаҕына модун, суон быччыҥнара өрүтэ түллэҥниир, хамсаннаҕын аайы түөһүн быччыҥнара сүүрэлии сылдьара.
Кини илиитин көрдөххүнэ, киһи дьиктиргээн хараҕын араара охсубат, оннук сөҕүмэр улахан, харылара суона, тарбахтара уһуна, модьута хаһан да көрбөтөххүн көрөҕүн.
Оскуоланы бүтэрбит кыанар уолаттар тарбахтарын тэҥнээн көрөллөрө. Кинилэр икки тарбахтара оҕонньор биир тарбаҕын суонугар тэҥнэһэрэ. Сутуругун остуолга ууран олордоҕуна, бэйэлэрин киэнин икки сутуруктарын үрүт-үөһэ уурдахтарына, үрдүгэ оҕонньор биир сутуругар хапсара.
Үлэһитинэн, кыайарынан-хоторунан тэҥнээҕэ суоҕа. Хаһан да салалта этэрин утары барбатах, наар «тук» хоту сылдьыбыт, кырдьыар, умса-төннө барыар диэри үлэ бөҕөнү үлэлээбит ытык кырдьаҕас этэ. Күүстээх дьон сиэринэн элбэх саҥата суох, ураты көнө сүрүннээх, кими да кытта иирсибэт-этиспэт, дьон ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, үөрэ-көтө кэпсэтэр киһитэ этэ.
Бургунаһы ууттан орооһуна
Бу түбэлтэ муус тоҥмутун кэннэ этэ. 1935-1936 сс.эргин. Үлэ, тыыл бэтэрээнэ Т.Р.Капитоновтаах Орто Сурт хоту өттүгэр Чаалбын Күөлэ диэн сиргэ олороллоро. Дьиэттэн 200 миэтэрэ курдук элгээҥҥэ сүөһүлэрин уулаталлара. Арай биирдэ, кини ийэтэ В.Н.Капитонова ойбоҥҥо ынахтарын уулата киллэрэн баран, хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрбит. Ити кэмҥэ дьиэҕэ Чолбон Лэгиэнтэй баара. Көмө көрдүүр саҥаны истээт, элгээҥҥэ сүүрэр. Тиийбитэ, хаатыйалаһа, анньыалаһа туран, биир бургунас чараас мууһу үлтү үктээн, ууга булумахтана, өрө харбыалаһа ылдьаахтыыр эбит.
Лэгиэнтэй өр-өтөр толкуйдуу барбакка, биир тирэхтээх соҕус сиргэ үктэнэн туран, бургунаһы икки муоһуттан тутаат, ньылбы соһон таһаарбыт.
Тиити соспутун көрбүтэ
И.Г.Дьяконов бэрт эрэйдээхтик иитиллибитэ, аччыктаабыта, тоҥмута-хаппыта. Кинини Солоҕоҥҥо (Горнай) Чараҥҥа Чолбон Лэгиэнтэйдээх биир кыһын бэйэлэригэр олордон үөрэппиттэрэ. Бу үтүө санаалаах дьон ырааҕынан аймахтарын оҕотугар амарах сыһыаннарын, көмөлөрүн, наар үчүгэйи баҕаралларын, үөрэхтээх киһи буоларга сүбэлииллэрин хаһан да умнубат.
Ас-таҥас кэмчи, нэһиилэ кыанан олорор кэм этэ. Ону ол диэбэккэ, буор босхо олордубуттара. «Сахалар уруу туһугар ууга да түһэллэрин, уокка да киирэллэрин кэрэйбэттэр» диэн норуот муудараһа кинилэргэ сыһыаннаах курдук.
Игнатий Григорьеич 1930 с. төрөөбүтэ, хойутаан оскуолаҕа киирбитэ. 1950 с. нэһилиэгиттэн, улууһуттан тэйбитэ. Агрометеоролог идэтин баһылаабыта, уһун кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Метеорологияҕа управлениетыгар үлэлээбитэ.
Саҥа улаатан эрэр оҕо, ону-маны билэ-көрө, өйдүү сатыыр оскуола үөрэнээччитэ аймаҕын Күүстээх Чолбон туһунан, төһө да күн-дьыл ырааттар, икки түгэни өйүттэн олох сүтэрбэт.
Оччотооҕу саха ыала кыһын оттор маһын саһааннаан эрдэ ойуурга бэлэмнээбэт. Кыһын, саас кэрдэн, бысталаан баран сыарҕаҕа тиэйэн киллэрэр.
Дьэ, биирдэ кинилэр үөһү буолан оҕустарын сиэтэн, мас тиэйэ барбыттара. Саас эрдэ оттуохтаах тииттэрин моойдоон кэбиһэллэрэ. Сайын устата турдаҕына хаппыт тиит дииллэрэ. Ол эрээри үксүгэр ортото инчэҕэй буолара.
Тииттэрин кэрдэн, эрбээн охтороллоро. Быһата, саһаан аҥаарын чугаһатар кэриҥнээх. Онтон Лэгиэнтэй өр-өтөр толкуйдуу барбакка, тиитин төрдүттэн кууһан ылар, көтөҕөн өттүгэр сыһыарар итиэннэ мутуктары баҕастары бэйэлэрэ оймоон кэлбит тоҥуу хаардарын устун, соспутунан дьиэтин диэки дьулуруйар. Холоон эттэххэ, 200-кэ хаамыылаах сиргэ сынньаммакка да, дь э аттыгар, мас кыстыырга тиэрдэр.
Мастарын бысталыыллар, эрбииллэр. Санаан көрүҥ, трдүнэн быһыллыбыт чуурканы эр да киһи кыайбат, көтөҕө-көтөҕө ыраҕаттаабат, төкүнүтэлиир эрэ кыахтааҕа. Саатар мутугун солоон баран соһуоххун диэбиттэригэр, дьиэҕэ тиийдэҕинэ мутуга эмиэ оһоххо киирэрин, хатырыга кытта хаалбакка туһалыырын эппит. Тиитэ улахан, сыарҕа алдьаныа диэн оҕустамматаҕын быһаарбыт.
Идэһэни хотон үрдүгэр
Лэгиэнтэй, кэлин сааһыран баран, сопхуоска от бугуллааччынан, уу баһааччынан сылдьыбыта.
Биирдэ Хоту Баска отун бугуллуу сырыттаҕына, ыаллара идэһэ кытарах бургунастарын өлөрбүттэр. Сүүскэ биэрэн, хабарҕатын быһан, иһин хостоон баран, саҥардыы сүлүөх курдук буолан эрдэхтэринэ, бөһүөлэктэн ыалдьыт кэлэн, кэпсэтэ-ипсэтэ түһээри дьиэлэригэр киирбиттэр. Киирээри туран Хабырыыс Лэгиэнтэйтэн: «Оҕонньоор, сүөһүнү көрө сырыт, ыттар сиэхтэрэ, холдьоҕоор», — диэн көрдөспүт.
Балачча буолан баран, оҕонньор отун бугуллаан баран эмиэ сонун-нуомас истээри Хабырыыһалаахха киирэр. Идэһэлээхтэр хап-сабар бөһүөлэк сонунун хабыалыы түһээт, сүөһүлэрин сүлэ, астыы тахсаллар.
Сотору соһуйбут-өмүрбүт дьон киирэн кэлэллэр: «Хайа, оҕонньор, идэһэбитин ханна состуҥ, суох дии», — дэһэллэр.
Онуоха оҕонньордоро: “Ыт сиэбэт сиригэр уурбутум, хаһан тахсар дьону манаан туруомуй. Халлаан да тымныйаары гынна, туран барбатах буоллаҕына хотон үрдүгэр сытара буолуо”.
Ити курдук кини биирдэ ыал идэһэтин хотон үрдүгэр эһэн соһуппуттаах. Соспотох эҥин, илин-кэлин атахтарыттан холбуу тутан баран, истиэнэ хаарын да таарыппакка, үөһээ элиппит.
Василий Алексеев,
Горнай, Бэрдьигэстээх.
«Эдэр саас» хаһыат, 2002 сыл