КӨСТҮБЭТ КИҺИ ТУҺУНАН (ҮҺҮЙЭЭННЭР)

Ааптар: 
26.06.2018
Бөлөххө киир:
Маҥнайгы түбэлтэ
II Мөҥүрүөн нэһилиэгэр, Быдай аҕатын ууһугар, Ытык Биэ диэн алааска алын оскуола баара. Оройуоммут кырдьаҕас оскуолата буолар. Бу оскуоланы Скрыбыкин Иван төрүттээбит.
Кини Халаачык Атах диэн хос аатынан биллибит саха маҥнайгы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ. Бу оскуолаттан ырааҕа суох Арыылаах диэн алааска Капитонов Петр диэн
ааттаах оҕонньор олоро сылдьыбыт.
Бу ыал бэрт элбэх оҕоломмут да, оҕо кыайан турбат үһү. Ол элбэх оҕоттон уоллаах кыыс эрэ ордубуттар. Бу оҕолор ол оскуолаҕа үөрэммиттэр. Уола Дьокуускайга учуутал семинариятыгар үөрэнэн учуутал идэтин ылбыт. Дойдутугар анатан үөрэммит оскуолатыгар учууталлаабыт. 1936 сыллаахха учууталлыы сылдьан, сэллик ыарыыга ылларан, ыалдьан өлбүт. Кыыһа Варвара, эмиэ бэрт үчүгэйдик үөрэнэн, сибээс техникумун бүтэрбит. Билигин Чурапчы оройуонугар олорор, элбэх оҕолоох-уруулаах,  сиэннээх кырдьаҕас ытык ыал ийэтэ.
Бу оҕонньордоох, Арыылаахха олорор кэмнэригэр, 1932—1933 сылларга биир кыһын устата «көстүбэт киһи» кыстаан олоро сылдьыбытын туһунан араастаан кэпсииллэр. Онтон биирдэстэрэ маннык:
Бүөтүр оҕонньордоох оччотооҕуга уонча сүөһүлээх эбиттэр. Хотонноро дьиэлэрин кытта силлиһэ турар эбит. Ол кыһын «көстүбэт киһи» буулаан эрэй бөҕөлөрүн көрдөрбүт. Аһыыр астарын, таҥнар таҥастарын, туттар сэптэрин таба туттарбакка моһуоктаабыт. Муокаһа олус элбэх буолар эбит: хатыылаах ампаардарыттан аһыыр астарын, эттэрин таһырдьа таһааран
бөхтөрүгэр быраҕаттыыр, дьиэ иһинээҕи астарын сүөһү сааҕыгар булкуйар уо.д.а. Оҕонньор ыксаан нэһилиэк сэбиэтигэр кытта тыллаабыт. Оҕонньору итэҕэйбэтэхтэр. Онон сэбиэт
үлэһиттэрэ кинилэргэ сылдьар, ыалдьыттыыр буолбуттар. Ыалдьыттар таҥастарын көхөҕө ыйаабыттар. Дьиэлээхтэр ас тардан ыалдьыттарын аһаппыттар. Бу халбаҥнаабат үгэс
буоларын биһиги бары билэбит. Онуоха «көстүбэт киһи» хотон иһиттэн сааҕынан, эбэтэр сиппииринэн, мас сыыһынан тамнааттыыр, сүгүн олордубат эбит. Дьиэлэригэр бараары кір-
бµттэрэ — таҥастара суох буолар, эбэтэр уһааттаах ууга, тарга угуллубутун булаллар эбит. Бу сурах сүрдээх түргэнник тарҕаммыт.
Дьон куттанан сылдьыбат буолбут. Оҕонньордоох эмээхсин киэһэ утуйалларыгар, оһох кэннигэр үс атахтаах төгүрүк остуолларыгар элбэх аһы-үөлү тардан сыттахтарына эрэ сүгүн хоннортуур эбит. Сарсыарда туран көрдөхтөрүнэ, туох да ас ордубатах буолар. Кыһын устата итинник сор бөҕөнµ көрдөрөн кыстаппыт. Сайын буолан, сайылыктарыгар көспүттэр. Ол киһилэрэ сайылыктарыгар барсыбакка абыраабыт.
Күһүн оҕонньор өтөҕөр көһөрүгэр улаханнык куттана-куттана тахсыбыт. Хата били көстүбэттэрэ биллибэтэх.
Иккис түбэлтэ
Орджоникидзевскай оройуоІІа, Покровскай таһыгар биир сайылыкка «көстүбэт киһи» баар буолбут. Бу киһи сайылык ыанньыксыттарын куттаан ыамҥа таһаарбат, үүттэрин буорунан-сыыһынан толорор, түүн сүгүн утуппат буолбут. Холкуоска, кэнники оройуоҥҥа улахан айдаан буолар. Оройуон кииниттэн милииссийэ үлэһиттэрэ, хомуньуустар «көстүбэт киһини» тута тахсыбыттар.
Сайылыкка кэлбиттэрэ уу чуумпу, тыынар тыыннаах баара-суоҕа биллибэт. Сотору буолаат, титиик диэкиттэн уонча ыанньыксыт, оҕолорун кыбыммытынан, тиийэн кэлбиттэр. Кэлбит дьоІІо кыһалҕаларын, туохтан куттаммыттарын саас сааһынан кэпсээбиттэр. Кэлбит дьон биир ампаарга утуйарга быһаарыммыттар. Ампаарга кинилэри кытта Дьаакып диэн сылгыһыт оҕонньор уонна уон биэс-уон алта саастаах уол хонсубуттар. Киэһэ аһаан-сиэн, ампаарга киирэн, орон оҥос- тон утуйбуттар. Саҥардыы утуйан эрдэхтэринэ, истиэнэ диэкиттэн буор-сыыс, мас сыыһа түс да түс буолбут. Ким даҕаны турбатах, бары суорҕаннарын анныгар сыппыттар.

«Били дьукаах ыалдьыттаан эрэр» диэн буолбут. Буор-сыыс элбэҕиттэн ыксаан чүмэчи умаппыттар, били киһилэрэ бырахпат буолбут. Уоттарын умуруордулар да, быраҕаттаан утуппатах. Биир да киһи таһырдьа тахсыбатах, арай сөп буола-буола Дьаакып оҕонньор тахсан киирэр эбит.
Иккис түүннэрэ буолбут. Син биир маҥнайгы түүннэрин курдук сµгµннээбэтэх. Ол түүн тахсыбыт дьонтон биирдэстэрэ уолу кытта хоонньоһон утуйбут. Ол киһи сотору-сотору: «Нохоо, тоҕо мөхсөҕүн?» — диэн уолу буойа сыппыт. Онтон киһилэрэ: «Уоту умата охсуҥ!» — диэбит.
Чүмэчини умаппыттара — били киһилэрэ уол буордаах илиитин ыга тутан
олорор эбит. Уолларын доппуруостаабыттар:
— Тоҕо үөрэммэккэ сылдьаҕыный?
— Билигин тугунан дьарыктанаҕыный?
— Хайаларын оҕото буолаҕыный?
— Сааһыҥ хаһыҥ буолла?
— Ким маннык дьарыктанарга күһэйбитэй? уо.д.а.
Уоллара муннунан да, айаҕынан да тыыммат үһү. Кэнникинэн кыһарыйан, куттаан барбыттар. Уол ыксаан, куттанан кистэлэҥин бүтүннүүтүн арыйан биэрбит. Дьаакып «өлөрүөм» диэн кыһарыйан, тылын ылан, дьону куттатар идэлээх эбит. Хайдах, тугу оҥорон куттуурун Дьаакып эрдэ кигэн бэлэмниир эбит. Оронун анныгар эрдэ саас бөҕү-сыыһы мунньар, онон быраҕаттаан дьону куттуур буолбут.
«Дьукаах», «көстүбэт киһи» дьарыга Орджоникидзевскай оройуонугар итинник арыллан турар. Дьаакып курдук куһаҕан дьээбэлээх дьон бу хойуккааҥҥа диэри бааллара. Кинилэр ыччаттары, үөрэҕэ суох кэнэн, хараҥа дьону куттууллара, абааһы баар диэн дьону итэҕэтэ сатыыллара.
Үһүс түбэлтэ
(итэҕэлтэн төрүттээх)
Иванова Варвара Тихоновна кэпсээнэ. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Быдай аҕатын ууһугар биир ыалы абааһы буулаабыт. Дьиэ олохтоохторун дьээ- бэлиир идэлэммит, ийэлэрэ буһарбыт лэппиэскэтин, аһын уоран сиир. Кэлбит ыалдьыттары сүгүн сырытын- нарбат буолбут: таҥастарын-саптарын ынах сааҕынан биһэр, аһыы олордохторуна
буорунан-сыыһынан там- нааттыыр.
Хотоннорун иһигэр биир оннук: ынахтарын быатын сүөрэн кэбиһэр эбэтэр олох ыйыллары баайар. Кэнники наар дьиэлэрин мала сүтэр буолбут, ол иһигэр аҕаларын кыыннаах быһаҕа сүппµт. Былыр быһах сүтэрэ дуу, көстөрө дуу улахан аньыынан ааҕыллара. Абааһы олох илэ барбытыттан куттанан, ыаллара атын сиргэ көспµттэр. Бу ыал ыксаан ойуун

булан дьалбыйтарбыттар.
Онуоха ойууннара көрүүлэнэн баран, дьиэлээхтэргэ маннык диэн эппит:
— Эһигини буулаабыт абааһыны кыайан үүрэр кыаҕым суох, абааһы эһиэхэ сүөһү тириитин кытта кэлсибит уонна кыыскыт оронун анныгар ордууламмыт.
Ыксаан атын сиргэ көһөн барбыттар, дьолго, абааһылара барсыбатах, ол дьиэҕэ хаалбыт. Онно өр олор- бута диэн кэпсииллэр. Ааһан иһэр дьону, айанньыттары сүөһү сааҕынан, буорунан быраҕаттыыра үһү. Билигин даҕаны кырдьаҕас дьон  ол абааһыны баар дии саныыллар. Сорох кырдьаҕастар бу ыалтан чугас олорбут гипнозтаах киһи, учуутал Скрыбыкин
муокастыыра буолуо дииллэр.
Г.Д. Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» диэн 2015 с. «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо»
сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэтиттэн.
Хаартыска: интэриниэттэн
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0