Көстүбэт киһи туһунан эһэм кэпсээнэ

30.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Былыр, өрөбүлүүссүйэ буолуон аҕай иннинэ, Үөһээ Бүлүү түҥкэтэх түбэтин буулуу сылдьыбыт Көстүбэт киһи туһунан үһүйээн хойукка диэри уос номоҕор сылдьыбыта. Биһиги оҕо сааспытыгар элбэхтик истибиппит. Ону сорохтор сымыйаргааччылар. Абааһыны-иччини итэҕэйбэт, айыыны-таҥараны билиммэт атеизм үйэтигэр төрөөбүт-үөскээбит дьону киһи баалаабат даҕаны. Оттон мин эһэбин, Тимофей Данилович Боескоровы, хайдах да итэҕэйбэт буолуохпун сатаммат. Идэмэрдээх сэрии уотун-уутун ортотунан ааспыт, өстөөҕү Берлиҥҥэ тиийэн сууһарсыбыт, холкуоска бэрэссэдээтэллээбит Сургуулук нэһилиэгин түс-бас тыллаах, сис-ытык кырдьаҕаһа этэ буоллаҕа. Эһэм оҕо сылдьан «Ньыыкан Арамаанааппын» дэнэр Көстүбэт киһини илэ билбитин сэһэргээбитин, орто дойду олоҕуттан арахсыан эрэ иннинэ, тэтэрээккэ сурунан хаалбытым.

– Оччолорго мин сорукка сылдьар уончалаах уол этим. Ньыыкан Арамаанап биһиги түбэбитин буулууругар аан маҥнай Ыарыкчааҥҥа олорор Дьарааһын Буоккалааҕар биллибитэ. Бу ыал бэйэлэрин кыргыттарын таһынан Балыарда кыыһа диэн дьиэ үлэһитэ көйгө кыыстаахтара.

Оҕонньор биир күн кыргыттарынаан от мунньа барбыттар. Ийэлэрэ дьиэҕэ иистэнэ хаалбыт. Омурҕаҥҥа аҕалара өйүөлээх саппыйатын арыйбыта – кыптыый кэлэн түһэр. Онуоха оҕонньор «ийэҕит туттар кыптыыйын илдьэ кэлбиккит» диэн кыргыттарын сэмэлиир. Киэһэ дьиэлэригэр кэлбиттэрэ – кыптыыйдара манна баар эбит. Дьиктиргээн, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэр. Киэһээ аһылык кэнниттэн дьахталлар ынахтарын ыы титииккэ тахсаллар. Сүөһүлэрэ туохтан эрэ сиргэммиттии, биир сиргэ таба турбакка, сырсыакалаһаллар. Сарсыарда туран көрбүттэрэ – тэлгэһэ ортотугар ким эрэ сүөһү иигин-сааҕын чөмөхтөөбүт.

Дьиэлээхтэр куһаҕан тыын буулаабытыттан дьиксинэн, чугас Көтөрдөөххө олорор Өлөөкөөн ойууну кыырдара ыҥыраллар. Кини биллэр тимир ууһа этэ. Күн киэһэриитэ ойуун кэлэн көрүүлэнэр. Ол сырыттаҕына, хараҥа муннуктан: “Уһанар, кыырар сэпкин-сэбиргэлгин барытын тыыгар тиэнэн баран, бу эбэни туорууруҥ эрэ буоллар, миигин үтэйиэҥ этэ”, — диэн киһи саҥата иһиллэр. Ойуун өмүрэн-саллан: “Бу кимтэн кииннээх киһийдэх дуу, абааһы дуу кэлэн буулаатыҥ? Киһи буоллаххына, икки харахпар илэ көһүн”, — диир. Онуоха: “Ыраахтааҕы былааһын иннигэр ыар буруйум иһин күн сырдыгар көстүбэт ыйаахтаммыт киһибин. Миигин аҕыйах сыл дьукаах олорторгут уонна биир кыыскытын ойох биэрдэргит, эһиэхэ туох даҕаны куһаҕаны оҥоруом суоҕа”, — диэн эмиэ саҥа эрэ иһиллэр. Дьарааһыннаах инньэ диэн быстыахтара дуо, чаҕар кыыстарын Көстүбэт киһиэхэ биэрэллэр.

Ньыыкан Арамаанап кыыһынаан бу эргиннээҕи түбэ ыалларыгар сылдьаллара. Мин дьоммор Ээйдээххэ хаста даҕаны кэлэн барбыта. Кэлэригэр-барарыгар орулуос кус кынатыныы тыас куһуурааччы. Оҕолор от-мас быыһынан уоран көрө сатыырбыт даҕаны, киһи хараҕар хатаныах-быраҕыллыах айылааҕы көрбөт этибит. Сэрэйдэххэ, хотон түннүгүнэн киирэр-тахсар буолуохтаах. Дьиэ хотоннуун силлиһэ турар буолан, кэллэҕинэ, дьону кытта наар хотонтон кэпсэтэрэ. Балаҕан иһигэр киирбэт этэ. Дьонум аһаатахтарына, туспа өлүүлээн хаҥас диэки уураллара, ону кыыһа киллэрэн биэрэрэ.

Биирдэ дьукаах ыалбыт ийэтэ Ахааппыйа анараа киһи табах ууран уматан биэрэригэр көрдөспүтүгэр, хамсатын төттөрү туттарыах курдук буолан иһэн, көрөөрү соруйан хотон халҕанын тэлэйэ баттаат, иһирдьэ көтөн түспүтэ. Арай, өйдөммүтэ – хамсатын бэйэтэ тутан турар үһү. Кини онно кугас түүлээх илиини элэгэс көрөн аһардым диэбитэ. Онон, сэрэйдэххэ, нуучча киһитэ буолуохтаах. Ол эрээри, сайын бу Көстүбэт киһи сахалыы үҥкүү (оһуохай) тылын таһаарааччы.

Биһигиттэн аҕыйах биэрэстэлээх Дьэбдьигийээн диэн күөлгэ элбэх сүөһүлээх Тыаһыт баайдаах олорбуттара. Биирдэ Тыаһыт уолугар миигинэн илдьит ыытта. Мин тиийэн Ыстапааҥҥа илдьитин эппиппэр киһим: “Салларым бэрт ээ. Миигин дьиэтигэр суох, Көтөрдөөххө барбыт үһү диэ”, — диэтэ. Мин Көстүбэт киһиэхэ кэлэн инньэ диэбиппэр Ыстапаан саҥатын үүт-үкчү үтүктэн биэрдэ. Онтон олус куттаммытым, саллыбытым. Кини ыҥыртарбыт киһитэ кэлбэтэҕинэ, моһуоктааччы. Ити Ыстапаан аҕата Тыаһыт Силиптиин кэлин, 30-ус сылларга холкуостааһын саҕаланыытыгар, кулаахтаммыттара, баайдарын былаас былдьаабыта. Аҕата сотору ыалдьан өлбүтэ. Ыстапаан хас да сыл хаайыыга олорон тахсыбыта.

Эһэм кэпсээнигэр эбэн эттэхпинэ, Көстүбэт киһи сөбүлээбэт эбэтэр кинини ыалдьыттаппатах ыалы дьээбэлиир идэлээх эбит: киэһээ күөстэрин этин хоторон, остуолга кытыйаҕа уурбуттара – сылгы тоҥ сааҕа буолан соһутар үһү. Ити курдук Ньыыкан Арамаанаппын дэнэр Көстүбэт киһи бу түбэҕэ үс сыл кэриҥэ буулаан олорбут. Эһэм Т.Д.Боескоров 1904 сыллааҕы төрүөх этэ. Онон сирдэттэххэ, «уончалаах этим» диирэ сөп. Көстүбэт киһи өрөбүлүүссүйэ буолуон эрэ иннинэ дуу, буолаатын дуу кытта сүппүт. Ойох оҥостубут кыыһын бэйэтин кытта илдьэ барбыт үһү. Ону туоһулуур-бигэргэтэр чахчылары кэлин билиһиннэрихпит. Ол букатын туспа кэпсээн.

+1
10
+1
1
+1
0
+1
1
+1
3
+1
7
+1
1