Биһиги дэриэбинэбитигэр, сэбиэскэй былаас иннинэ, таҥара дьиэтэ баар этэ. Куолакала улахан буолан, икки күүстээх киһи тыаһатара. Онно мин аҕам Мэхээлэ Корякин Кулгаах Ньукулай диэн киһини кытары тыаһаталлара. Онуоха куолакал тыаһа көстөөх сиртэн иһиллэрэ үһү. Дьарааһын Буокката диэн ыаллар, элбэх сүөһүлээх буоланнар, ону кыстатар сыалтан дэриэбинэттэн ыраах соҕус Ыарыкчаан диэн сиргэ олохсуйан олорбуттара. Ити Аҕа дойду сэриитин кэмигэр этэ, оччолорго мин 13 сааспар сылдьарым. Сайын аайы биһиги от кэбиһиитигэр үлэлиирбит. Дьарааһын Буокката эмиэ биһигини кытары от кэбиһэрэ. Биирдэ дьонум киниттэн ол көстүбэт киһи туһунан кэпсииригэр көрдөспүттэригэр, өр ону-маны толкуйдуу барбакка, аа-дьуо саас-сааһынан кэпсээн биэрбитэ.
Кыһын биир түүн хотон сүөһүлэрэ босхо баран, бэйэ-бэйэлэрин кытары кэйсэн, тыас-уус бөҕө буолбуттар. Иккис түүннэригэр эмиэ итинник буолан адьас утуйбатахтар. Онуоха дьиэлээх оҕонньор ыксаан: «Бу туох ааттаах буулаатыҥ, киһи буоллаххына — көһүн, абааһы буоллаххына — сүт», — диэбит. Дьэ, ону эрэ кэтэспит курдук, ол туох эрэ дьиэҕэ киирэн, аатын-суолун билиһиннэрэн: «Никон Романовпын», — диэбит уонна дьиэлэригэр дьукаах олордоллоругар көрдөспүт. «Миигиттэн адьас куттанымаҥ, туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа, бара-кэлэ сылдьыам», — диэбит. Кырдьык, туох көлөнөн барара-кэлэрэ биллибэт, дөрүн-дөрүн ханна эрэ баран кэлэр эбит. Тугу аһаталларын сирбэккэ-талымастаабакка аҥаар кырыытыттан аһаан иһэр эбит. Биирдэ, дьиэлээх оҕонньор Буокка тустан көрүөх диэбитигэр бэрт кэбэҕэстик сөбүлэһэн тустан көрбүттэр. Онуоха ол киһи олус күүстээҕэ үһү, оҕонньору түү мээчик курдук туппут. Кини бу ыалга үс төгүрүк сыл олорбут. Ити курдук үс сыл олорон баран, адьас букатыннаахтык тэскилиир күнэ тирээн кэлбитигэр, Буокка Никонтан быраһаайдаһан тахсан барыан иннинэ бэйэтин тас мөссүөнүн көрдөрөрүгэр көрдөспүт. Ону эмиэ бэрт улгумнук сөбүлэспит уонна сирэйбин көрө сатаама диэн, көхсүнэн туран эрэ бүтүн бэйэтинэн көстүбүт. Онно көрдөҕүнэ хап-хара, сиэркилэ курдук килбэлдьигэс уһун сонноох, эмиэ ити курдук хара саппыкылаах, уһун уҥуохтаах, баттаҕа кугастыҥы киһи үһү. Уонна ол кэнниттэн эргиллибэтэҕэ диэн Буокка кэпсээнин түмүктээбитэ.
Буокка оҕонньор, арааһа, оччотооҕу былаас кытаанаҕыттан куттанан буолуо, биһиэхэ ити туһунан мээнэ быктара сылдьымаарыҥ диэбиттээҕэ. Мин ийэм Корякина Анна Николаевна манныгы кэпсиир буолара. Кини аҕата таҥара дьиэтигэр үлэлиир буолан, Никон Романов кэлэн сэһэргэһэн барар эбит. Өссө ол көстүбэт киһи куолакал ыҥырар тыаһыгар дэриэбинэ олохтоохторо мунньустубуттарын кэннэ үөһээ таҥара дьиэтин куупалыгар тахсан олорон тыл киэнэ маанылааҕын саҥарар эбит. Ыраахтааҕы былааһа суох буолуоҕун, баайдар сүөһүлэрин, сирдэрин дьадаҥы дьоҥҥо түҥэтиэхтэрин туһунан уонна киниттэн куттамматтарын, туох да куһаҕаны оҥорботун туһунан этэрэ үһү.
Ол курдук, ийэм аҕатын кытары үчүгэйдик билсибит уонна сороҕор дьиэтигэр кэлсэн, чэйдээн барар эбит. Кини остуолга олордоҕуна ас бүтэн иһэринэн биллэрэ. Түүнүн тугу эрэ суруйара, бөрүөтүн тыаһа сурулаан иһиллэрэ, кумааҕытын арыйар тыаһыттан иһиттэххэ, халыҥ лаахтаах быһыылааҕа диирэ ийэм. Ол үлэлии олорон, эмискэ аҕабын табахта эрийэн, уматан кулу эрэ диэн көрдөһөр эбит. Аҕам табаҕы биэрээри Никон харытын алҕас туппутугар түүлээх баҕайы үһү. Онуоха Никон илиибин соруйан тутан көрөҕүн диэбит.
Бу үһүйээн саха дьонугар XX үйэ саҕаланыыта көстүбэт киһи баар буола сылдьыбыт диэн өйдөбүлү өр кэмҥэ хаалларыаҕа дии саныыбын. Мин Үөһээ Бүлүү улууһугар, Боотулууга, 1931 сыллаахха төрөөбүтүм. Аҕам, Аҕа дойду сэриитин иннинэ, биһиги кырабытыгар өлбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Билигин кыралара мин эрэ баарбын. Аҕабыт үйэтэ арыый да уһаабыта буоллар, бу дьикти киһи туһунан элбэҕи истиэхпит-билиэхпит хааллаҕа.
Анна Корякина.
Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн.