Ньургун сарсыарда төлөпүөнэ тырылаабытыттан уһугунна. Ылан көрбүтэ, Светаттан “Мин бүгүн иллэҥмин. Көрсүөххэ” диэн ис хоһоонноох СМС кэлбит. “Сөп, эбиэттэн киэһэ” диэн хардары эппиэттээтэ. Оронуттан оргууй туран остуолга турар гырапыынтан чааскыга уу куттан истэ. Хайдах эрэ уку-сакы сылдьар.
Сибэкки ИОНОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Дьиҥэр, кини кэргэннээх, икки оҕолоох эбээт. Бэҕэһээ эрэ хоту улуустан үлэтинэн “командировкаҕа” диэн ааттаан Дьокуускайга көтөн кэлбитэ. Аэропортан сонно гостиницаҕа тиийэн биир хоһу куортамнаабыта. Ис дьиҥэ, көссүүтэ Света ыҥырыытынан Дьокуускайы булбута. Кэргэннээҕин, оҕолооҕун Света билбэт.
Дьыала иһэ өссө халыҥыы илигинэ, Светаҕа бүгүн хайаан даҕаны кэргэннээхпин, оҕолоохпун диэн этиэм дии санаабыта сыл аҥаара ааста. Күн аайы сарсыҥҥыга көһөрөн иһэр. Буолумуна, мааны самыылаах, мөтөгөр түөстээх куорат дьахтарын көрдө да тылыттан матар, имэҥ ымсыытыгар-оботугар баһыйтаран тугун барытын умнан кэбиһэр.
Тымныы уулаах чааскытын туппутунан остуолга олорон элбэҕи эргитэ санаата. Санаата сыыйа ыраах, урукку олоҕор эргилиннэ. Харахтарыгар киинэ лиэнтэтин курдук олоҕун түгэннэрэ элэҥнээн аастылар.
Кэргэнин кытары хайдах билистэ этэй. Арба, устудьуоннуу сылдьан уопсай дьиэтин көрүдүөрүнэн хоһун диэки баран истэҕинэ орто уҥуохтаах, уһун суһуохтаах, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт сырдык дьүһүннээх кыыһы көрсө түспүтэ. Ньургун хаһан даҕаны харахтаабатах дьиҥ саха кыыһын көрдө көрөөт сөбүлээбитэ. Таптаабыта да диэххэ сөп. Кыыс кип-киэҥ харахтарынан утары көрөн туран: “Ааным күлүүһэ уйатын иһигэр тостон хаалла. Баһаалыста алдьатан арыйан биэриэҥ дуо?” диэн киһи кыайан аккаастаныа суоҕун курдук синньигэс куолаһынан унаарытан көрдөспүтэ. “Ыллаан саҥарарыттан иһиттэххэ, хоту улуус оҕото быһыылаах” диэн санаа уол төбөтүгэр охсуллан ааспыта. Ньургун бачча түгэн тосхойбутун мүччү тутумуохха наада диэн үөрүүнү кытары сөбүлэһэн, кыыс ыйбыт хоһун аанын саннынан анньан көрдө да халыҥ халтаһыҥҥа хам сааллыбыт хатыыр дэбигистик туллан кэлбэтэ. Араастаан түһүнэн көрдө да туһа тахсыбата. Кыыс аан даҕаны хатыырын сатаан алдьаппат уол дии санаабыта буолуо диэн иһигэр кыбыһынна. Ол санаатыттан сирэйэ биллэрдик кытарбытын кыыска көрдөрүмээри кистии соҕус умса көрө сырытта. Син балайда онон-манан олуйан, анньыалаан абаккалаах хатыыра дьэ төлө барда. Кыыс олус үөрэн махтанаат, хоһугар киирэн аанын саптан кэбистэ.
Оттон Ньургун үөрүүтүттэн, күүркэтэн дьолуттан диэххэ дуу, хоһугар тиийбитин даҕаны билбэккэ хаалла. Сонно оронугар тиийэн кэтэх тардыстан, хоһун үрдүн кыҥастаһа сытта. Хараҕыттан кыыс кэрэ дьүһүнэ ааспат. Куолаһа кулгааҕыттан сүппэт. “Аатын ыйытан хаалбатаҕым хомолтолоох. Миэнин курдук сахалыы ааттаах буолуохтаах. Атын барсыбат. Арай Ньургуйаана диэн буоллун? Адьас анаабыт курдук дьылҕам сылдьар быһыылаах…” ити курдук саҥа көрбүт кыыһын саныы-саныы манньыйа сыттаҕына, бииргэ олорор уола Роберт кэлэн аралдьытан кэбистэ.
— Туох ааттаах дьүлэй буоллуҥ? Баарыан паараҕа суруммут тэтэрээтиҥ ханна баарый диэн үһүстээн ыйытабын ди.
Ньургун суумкатын кыыс хоһун таһыгар хаалларбытын онно биирдэ эрэ өйдөөбүтэ. Кыыһы өссө биирдэ көрөр сылтах көстүбүтүттэн иһигэр олус астынна. Оронуттан бэрт чэпчэкитик ойон туран, уолугар “билигин” диэт, сүүрэн хаалла. Роберт туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө да хаалла.
Билигин кыыс аатын хайаан даҕаны ыйытыам, табылыннаҕына, кафеҕа ыҥырыам диэн эрэх турах санаалаах кыыс хоһугар тиийдэ. Суумката аан таһыгар көстүбэт. Ол аата, кыыс булан хоһугар киллэрэн уурдаҕа. Оргууй ааны тоҥсуйда. Ааны Ньургуннааҕар киппэ көрүҥнээх, биир төбө улахан уол арыйда. Оччону көрөөт тылыттан матан турдаҕына, хата, кыыс Ньургуну көрөөт: “Оо, привет! Суумкаҕын хаалларбыт эбиккин дии. Ону ыла кэллиҥ дуо?” диэтэ. Ньургун бэрт куһаҕаннык “ээх” эрэ диэн ыган таһаарда. Суумкатын тутаат, хоһун диэки сүүрдэ. Киирээт да эмиэ оронугар умса түстэ. “Уоллаах. Ол да иһин, итиччэ үчүгэй кыыһы таах хаамтарыахтара дуо? Өссө бииргэ олороллор. Ол аата оҕолоох буолуохтарын эмиэ сөп” диэн иһигэр абаккара сытта.
Ый кэриҥэ эрэ ааспытын кэнниттэн били кыыһын кытары дьэ айах атан кэпсэппиттэрэ. Ол иннинэ, кураанах дорооболоһуунан эрэ муҥурданаллара. Ол маннык этэ. Айта (кыыспыт аата) аанын арыйан биэрбит уолга сүгүн махтамматым даҕаны диэн кыбыста санаабыт. Хата, оруобуна уол суумката хаалбытын көрөн, ыла кэллэҕинэ, тоҥ балык биэриэм диэбит. Онтон “өрүү аччык” быраата кэлбитэ. Быраата көрөн турдаҕына уолга тоҥ балык биэрдэхпинэ күлүү гыныа диэн эмиэ биэрбэккэ хаалбыт. Кэмниэ кэнэҕэс хоһугар бииргэ олорор дьүөгэтин кытары сүбэлэһэн баран, билсэ таарыйа уолаттары аһата ыҥырбыттара. Ньургун Айта уола суоҕун билэн төһөлөөх үөрбүтэй.
Итинник сыл курдук билсэн баран, Ньургун аймахтара өрөбүллэригэр дэриэбинэҕэ тахсыбыттарынан туһанан Айтаны дьонун дьиэтигэр ыҥырбыта. Ас бөҕөтө астанан аһаан-сиэн, тэлэбиисэргэ киинэ көрбүттэрэ. Дьыбааҥҥа олорон маҥнай оргууй, онтон уохтаахтык уураһан киирэн барбыттара. Хаһан даҕаны имэҥ минньигэһин билбэтэх оҕолор ол түүнү быһа дьыбааҥҥа күөлэһийэн хоммуттара. Сарсыарда бэйэ-бэйэлэриттэн хайдах эрэ кыбыстар курдуктара. Утары кыайан көрсүбэттэр этэ. Онтон, үчүгэйдик билсибит дьон быһыытынан түгэн көһүннэр эрэ таптал кутаа уотугар умайаллара.
Сотору кэминэн холбоспуттара, маҥнайгы оҕолоро күн сирин көрбүтэ. Иккис оҕо эмиэ кэтэһиннэрбэккэ үөскээбитэ. Ол тухары оҕолуу тапталлара уостубатаҕа. Оннук дьоллоохтук олоруохтарын биир түгэн туора соппута диэххэ сөп.
Ньургун үлэтинэн сылдьан биир дьахтардыын билсибитэ. Света быһыыта-таһаата олус мааныта, эчи атаҕа уһуна, көнөтө. Өрүү хара чулкулаах, ыга тута сылдьар былаачыйалаах буолааччы. Кини эрэ суох. Хаһан эрэ биир киһи ойох ылыах аатыран баран сүтэн хаалбыт. Албыннаппыт абаккатыттан эр дьоҥҥо төрүт эрэммэт буолбут. Оттон Ньургун атыттарга холоотоххо, төрүт ураты. Маҥнай билсээт да дууһатынан курдаттыы таласпыта. Ол да иһин буолуо, Ньургун Светаҕа билсиһиибитин бэлиэтиэх диэн эрэстэрээҥҥэ ыҥырбытыгар, аккаастамматаҕа. Бачча үчүгэй уол тоҕо холостуой сылдьарый, хоту дойдуга саһан сытарый диэн токкоолоспутугар, бэрт холкутук “Ээ, ыксаабаппын. Сотору манна да көһүөм” эрэ диэбитэ. Ол киэһэ гостиницаҕа уҥа-таала таптаспыттара. Эр киһи кытаанах илиитин билбэтэҕэ ырааппыт эдэр дьахтар налыйыаҕынан-налыйан, өрүтэ уһуутаан, бу түүнтэн дьолу эрэ ылан хоммута. Үс хоноот, Ньургун дойдулаабыта. Эрийэн кэпсэтиэҕин, саатар төлөпүөнэ суоҕа. Дойдутугар суотабай хаппат, сибээстэрэ суох. Онтон ылата, уол Дьокуускайга кэллэ даҕаны, гостиницаҕа тиийэн уҥа таала таптаһаллар, ахтылҕаннарын (Ньургуҥҥа дьиҥэр таҕыл ханнарыы эрэ буоллаҕа) таһаараллар.
Имэҥ абылаҥар ылларан кэргэнин албынныы сырыттаҕа. Айтатын, оҕолорун сатаан утары көрбөт. Арай биллэҕинэ төһө эрэ кэлэйэр, хомойор. Кини эригэр олус эрэнэр, үлэлиир, дэлби сылайар дии саныыр. Оттон кини кэргэнин уонна күҥҥэ көрбүт чыычаахтарын ыраас тапталларын сиргэ-буорга тэпсэн манна кэлэн турдаҕа. Итини санаан сүрэҕэ хам тутарга дылы буолла. “Суох, сатаммат, бүгүн этэбин!” диэн бигэ санааны ылынан остуолтан ойон туран түннүккэ тиийдэ. Бу иннэ-кэннэ биллибэт буолуор диэри иилистибит ситим биир төрдүн туппут курдук сананна. Хайаан даҕаны иккиттэн биирин талыан наада. Кини кэргэммин аны маннык албыннаамыахпын наада дии санаата.
Ааны оргууй тоҥсуйбуттарыгар тиийэн арыйбыта Света куудара баттаҕын санныгар түһэрэн, үрдүк хобулук үрдүгэр бэрт чэпчэкитик үктэнэн, ыга тута сылдьар былаачыйлаах киирэн кэлэн Ньургуну кууһан ылла. Минньигэс сыттаах духуунан ыстарыммыта кыараҕас хос иһин ылан кэбистэ. Света бу көрсүһүүнү өр кэтэспит буолан, сонно уураан киирэн барда. Ньургун өсөһөн утары уураспата. Дьахтар дьиктиргээн утары көрбүтүгэр, эр киһи буруйдаах курдук туттан умса көрдө. Иккиэн саҥата суох турбахтыы түһэн баран, эмискэ эр киһи дьахтары бэрт чэпчэкитик, үөрүйэхтик көтөҕөн ылан, ороҥҥо илдьэн уурда. Бэрт уохтаах уураһыы, имэрийсии-томоруйсуу саҕаланна. Сотору ийэттэн төрүү сыгынньах хаалан ороҥҥо эргичийэ, өрө уһуутуу сыттылар.
Түүн устата таптал алыптаах киэһэтигэр умустулар. Сарсын эмиэ күн үүнүө турдаҕа. Сарсын эмиэ саҥа олох салҕаныа. Баҕар барыта хатыланан барыа…
Сибэкки ИОНОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru