Дьэ, күһүммүт баарын биллэрдэ. Балаҕан ыйыгар сайын курдук сылаас этэ. Бэрт да бэрт! Хата, биһиги эмээхсиннээх оҕонньор даачабыт быйаҥын толору хомуйдубут.
Хатыҥнар ыыс-араҕас буола саһаран, барбах тэлээрэн түһэр кэмнэригэр, тиэргэҥҥэ сылабаары оргутан, ханна да ыксаабакка, наҕыллык чэйдии олорор саҕа үчүгэй баар үһү дуо! Көр, сааһырдахха, ити курдук судургу да үөрүүлэр киһи дууһатын манньыталлар эбит ээ. Эдэр эрдэххэ, оннук олоро түһүөҥ баара дуо, наар ыксал, сүүрүү-көтүү…
Дьэ, онтон эмискэ тымныйда эбээт! Тыал да тыал! Куруук ичигэс, куруук сайын буолуо диэбит бэйэккэбит дуу, кутуйах түүлэннэҕинэ “чыып” дииринии, тоҥон сүүрэкэлэстибит ээ (киһи да күлэр)… Ордук ити эдэр оҕолору аһынабын: чап-чараас куурка дуомнаах, киэргэннэҕэ буолан чулкулаах, үрдүк хобулуктаах кыргыттар тоҥон чуочарыҥнаһаллар ээ. Эмээхсиним этэринэн, кэлин интилэрэ ыарыы буолуо ньии!.
Дьэ, ол да буоллар, оннооҕор мин тоҥон, күһүҥҥү күнү-дьылы эппинэн-хааммынан биллим ээ. Сиэним үөрэнэр оскуолата бука бары биир куорманы сакаастаабыттар. Ким диэн этэй, арба да “Тасыы” диэн дуу, туох дуу тэрилтэҕэ (аат баранан, дьэ аат дуома).
Онтуларбыт саас минньигэс тылларынан эрэннэрии бөҕө үһү. Харчытын эрдэ туура тутан ылбыттар. Маҕаһыыннаҕар сыаната ыарахан үһү. Күһүн кэлэн, сиэммэр чыппаччы тута сылдьар быыкаа куорманы биэрэхтээбиттэр. Эмиэ да эрдэ кэлэн кэмнээн, мээрэйдээн муҥнаммыттар үһү ээ. Кылар муҥнаах кэмнээбитэ дуу, хайа үөдэн… Дьэ, уонна размерын уларытарга “сакаас кэлэ илик, биэс күнүнэн кэлээр, өйүүн кэлээр” дии-дии кыыспын ыйы быһа сордообуттар. Ол үлэтиттэн көҥүллэтэ-көҥүллэтэ, кинилэри сырсарыгар “сээн” диэбэттэрэ чахчы.
Онон оҕонньор биир күн оҥостон, бэйэм бардым. Сэбиэскэй саҕанааҕы үөрүйэҕим тардан, сарсыарда тоҕус аҥарга тиийдим. Туох эрэ гараж үрдүгэр тимир кирилиэстэнэн олороохтууллар. Миигинньик киһи ол кирилиэстэрин сатаан да дабайыа суох. Пахай, уонтан үлэлииллэр эбит. Хайыахпыный, бачча кэлэн баран, кэтэһэргэ тиийдэҕим. Чаас аҥара турдум. Тыала тымныыта диэн сүр. Хата, киһитэ мин буолан, халыҥнык таҥнан, тулустум ээ. Өсөһөммүн, уон биир чааска диэри турдум. Онуоха диэри бу сордоох үлэһиттэрбит кэлбэтилэр! Саарбах тэрилтэ буолан биэрдэ! Дьэ, буолар да эбит!. Ырдьаччы тоҥон, атаҕым дэлби ыалдьан, хайыахпыный, оптуобус тохтобулун диэки бакаалаатаҕым дии…
Ол иһэн өссө биир “киһини үөрдэр” түгэни көрдүм. Куорат тохтобулларын барыларын чап-чараас, салаппаан курдук (күтүөтүм поликарбонат диэн эрэрэ, бадаҕа) бүрүөһүнүнэн уларытан оҥорбуттар. Онтуларбыт күүстээх тыалы уйбакка, кумаланан сыталларын көрөр, дьэ, сүрдээх сүөргү көстүү… Хайалара улуу “өйдөөх” маннык дьаһаммыта буолла?
Биэтэс Билээхэп