«Көс олохтоох дьиэ кэргэн-2021» күрэскэ кыттыҥ

Ааптар: 
15.05.2021
Бөлөххө киир:

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ көс олохтоох дьиэ кэргэттэри «Көс олохтоох дьиэ кэргэн — 2021» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэскэ кыттарга ыҥырар.

Күөн күрэскэ ыал буолбуттарын туһунан регистрацияламмыт, биир уонна онтон элбэх оҕолоох, көс олохтоох,  хотугу норуоттар үгэс буолбут дьарыктарын салгыыр дьиэ кэргэттэр кытталлар.

Күөн күрэс кэтэхтэн (заочнай) маннык түһүмэхтэринэн ыытыллар:

∙    I түһүмэх — видеоролик «Бэйэни билиһиннэрии»

∙    II түһүмэх — хаартыскалар «Дьиэ кэргэнинэн хаартыскалар»

∙    III түһүмэх — хаартысканан презентациялар «Наше стойбище», «Наш традиционный промысел», «Традиционная утварь», «Национальная одежда», «Традиционная кухня».

∙    IV түһүмэх — видеонан кэпсээн «Мин көс олоҕум»

Күрэскэ кыттар ыал докумуонун ыраахтан олорон (дистанционнайынан) ыытар уонна күрэс 1 түһүмэҕэр оройуонугар кыттар. Оройуоҥҥа сүүмэрдээһини ааспыт дьиэ кэргэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ II түһүмэххэ кыттар.

Күөн күрэс кыайыылааҕар СӨ Ил Дарханын 300 000 солк. бириэмийэтэ туттарыллар, кыттааччыларга сыаналаах бириистэр, бэлэхтэр туттарыллыахтара.

Ыйытыылаахтар 8(4112)-42-23-52 төл.эрийэҕит,  mintrud.org@mail.ru электр.почтанан киирэн көрөҕүт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0