Мин иннибэр «Туруорсуу сурук» диэн бэлиэлээх хараҥа халлаан күөх өҥнөөх халыҥ паапка сытар. Иһигэр Саха сирин бары улуустарыттан дьон бэйэлэрин илиилэринэн ааттарын-суолларын суруйан илии баттаабыт илиистэрэ бэрт кичэллээхтик тиһиллибит.
edersaas.ru
Бу — миигин «норуодунай суруйааччы» аакка түһэриигэ норуот аатыттан туруорсуу докумуона. Мин иннибэр бар дьонум итэҕэлин ытык ирдэбилин туруорар уонна олох ханнык баҕарар түгэнигэр күүспэр күүс эбэр, тирэхпэр тирэх буолар киһи аайы суох сүрдээх-куттаах докумуон. Паапканы улахан бартыбыалыгар уктан кэлэн бу сыл муус устар ыйыгар Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ үлэлиир сирбэр киллэрэн биэрбитэ: «Бэйэҥ уонна кэнники дьон-сэргэ да көрө сылдьарыгар эйиэхэ сырыттын. Анараа куопуйатын биэрдибит», – диэбитэ.
Төһө билэр этибиний, бу мин туспар күнүн-дьылын толук ууран, сыратын-сылбатын кэрэйбэккэ анаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн долгун буолан тарҕаммыт хамсааһыны таһаарбыт Эр Киһини? Бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторун-атастарын, биир дойдулаахтарын курдук мин кини олоҕун-дьаһаҕын чугастык билбэппин, ол эрээри, кинини кытта киһилии майгы ордук уйан иэйиитинэн үйэлэргэ силлистим диир кыахтаахпын.
Аан бастаан көрбөккө сылдьан аатын истээт өйбөр хатаабытым. Онтон быстах көрсөн ааһыыларга ис-хаан сиэрдээх-туомнаах киһи быһыытынан нөрүс гынан илиим көхсүттэн уурааһын, сүгүрүйэрин этэр билинии тыллара баар этилэр, онтон «норуодунай» буолуохтааххын диэн булгуччулаах санааны тиэрдии баар буолбута. «Оннук аата суох итэҕэс дьахтар курдукпун дуо?» диэн күлэн кэбиһэрбэр ис-иһиттэн тэптэн, олус күүстээхтик этэн-тыынан кыбыһыннарара.
2020 сыл сэтинньи 14 күнүгэр онкологияҕа ыарахан эпэрээссийэни барбытын туох эрэ мүччүргэннээх сырыыны этэҥҥэ туораабыт киһи курдук күлүү-оонньуу икки ардынан ахтан аһарбыта. Уонна олунньу ый саҕаланыыта миигинниин туох да сүбэлэһиитэ, сөбүлэһиитэ суох «хомуйан эрэбит» диэн биллэрээт, ити илии баттааһыны тэрийэн барбыта.
Дьон-сэргэ өрө көтөҕүллэн бу хамсааһыҥҥа кыттан барбыт буоллахтарына, айар эйгэм дьонун ортотугар сыһыан эриэн-быраан этэ. Ыксааммын, «Сайа этэн эрэбин» диэн илии баттааһыны тохтоторго ыҥырар аһаҕас сурук суруйбутум. Үгүс дьон этиибин ылыммыт этилэр, арай мин Муттуххай Бороҥ туруорбут соругун тиһэҕэр тиэрдэн тэйэр, ити күлэн-үөрэн чаҕаарбыт дьүһүнүгэр дьүөрэтэ суох туһугар дьиппиэн, эр киһилии өһөс майгылааҕын сэрэйбэтэх эбиппин. «Тохтообоппут. Дугдуруй да оҕус» диэбит тыллара соһуппуттара, оннук кини «көмүөл мууһунуу күрдьэн» тобулбут суолуттан туораабакка соругун толорбутун бары билэҕит.
«Мин махталы эрэйбэппин,
Арбанары ахсарбаппын,
Аакка-суолга да тиксэри
Бу диэн адьас аахайбаппын» — диир бэйэтэ, атын киһи аакка-суолга тиксэрин туһугар, көр, итинник кэннинэн кэхтибэккэ иннин диэки дьулуруйбута эбээт…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕа тахсыбыта ыкса киэһэ тарҕаммытын кэннэ: «Көр, мин үөрэн уонна долгуйан бу түүн утуйбатым ээ, кыра оҕо курдук» — диэн сарсыарда биир бастакынан суруйбута.
Кини кырдьык эрэ өрөгөйдүүрүн туһугар сүрэхтэрэ тэбэн орто дойдуга олорор сэдэх дьонтон биирдэстэрэ эбит. Айымньыларыгар эмиэ үксүн олох очуругар оҕустарбыт, сэмэй майгыларынан кырдьыктарын былдьаппыт дьылҕалар тустарынан суруйар, онно кини айымньытын иһигэр киирэн бу дьонун көмүскүү, хараанныы сатыы сылдьар Ньургун Боотур — Ааптар буолар, «Ньургун майгы ньургуһуна. Өрүү тылыннын эһиэхэ!» диэн дорҕоонноохтук этэр.
Итинник бу сааскыттан эрэ ыкса бодоруһан, оонньуулаах тылын-өһүн кэннигэр сүрдээх ыраас майгы, дириҥ билии-көрүү, сахалыы мындыр толкуй баарын арыйбытым, бээ, бу бэртээхэй сэһэнньити саха көрөөччүтүгэр таһаарыахха диэн «Сэһэн сирэ» биэриибэр ыҥырбытым. Мин бу биэриигэ кинини 10 тыһыынчаттан тахса сахалыы хос ааты муспут-ырыппыт, долгаан тылын үөрэппит, салайааччы түбүктээх үлэтин кытта айар үлэни сатаан дьүөрэлиир дьикти уонна баай ис хоһоонноох олохтоох чинчийээччи, суруйааччы, суруналыыс, баһылык быһыытынан көрдөрө сатаабытым.
Аҕата киниэхэ «хомуньуус эрэ буолаайаҕын» диэбиттээх эбит. Баартыйа ыйыытынан үлэттэн атыны көрбөтөх, дьиэтигэр-уотугар түптээх олоҕу олорботох орто сүһүөх салайааччы киһи уолугар атын олоҕу баҕардаҕа. Ону баара, биһиги киһибит хомсомуол бүтэһик сэкиритээрэ, эстэн эрэр баартыйаҕа сайабылыанньа биэрэн киирбит ол саҕанааҕы бүтэһик хомуньуус буолбут кэмнээх эбит. «Биһиги курдук эдэр дьон киирэн баартыйаны чэбдигирдиэхтээхпит дии санаабытым» диир. Ол курдук кини эдэркээн эрдэҕиттэн үөр дьону батыспакка, бэйэтин туспа толкуйунан сылдьыбыт, суолун-ииһин тэлиммит ураты киһи. «Баһылык эрээри хантан соло булан суруйар дииллэр. Дьиҥэ, дьон бары иллэҥ кэмнэрин толорор сөбүлүүр дьарыктаах, дьаллыктаах: сорох бултуур, балыктыыр, волейболлуур, ким эрэ ыллыыр, хаартылыыр. Оттон миэхэ тыл соноро баар. Иллэҥ кэммэр угуйан ылар умсулҕаным», – диэбитин умнубаппын.
Кини бэйэтин тыл ууһа буолбакка, «Санаа ууһабын» диир эбит. Кырдьык да, санааҕын күөртээн, уһааран таһаарбытыҥ эрэ дьиҥнээх айымньы буолар буоллаҕа. Туох да санааны эппэт, туругурдубат көннөрү оһуор-мандар уус тыл туох суолталаах буолуой. Дьиҥнээх суруйааччы бу туругун Муттуххай Бороҥ хайдах курдук уот харахха этэн таһаарбытый:
«Сөҕүрүйбэт күөх төлөннөөх
Күөртээх санаа ууһа буолан
Сөрүөстүгэс көрүүлэрбин
Сөрүү тардан көннөртүүбүн…»
Кырдьыксыт, «баарынан-суоҕунан» сылдьар киһи сигилитигэр хайдахтаах да кир-хох өтөн киирбэтин, оттон ыраас ис турук дьону бэйэтигэр угуйа тардар, баар эйгэтин ырааһырдан, тылыннаран барар холобурун мин киниэхэ көрөбүн. Үөдүгэй курдук кырата суох нэһилиэк хас биирдии ыалын кэрийэн «миигин баһылыгынан талыҥ» диэн бэйэм бэйэбин этинэн баһылык буолбутум диэн эгилитэ-бугулута суох хайдах баарынан кэпсиирин истэн, киһи бэйэтэ да билбэтинэн мичээрдээн кэлэр. Аттыгар эдэр оҕолору илдьэ сылдьан үөрэтэр, үлэлэтэр эбит этэ. Үөдүгэй инники кэскилин субу ытыһыгар ууран олорор курдук ымпыктаан-чымпыктаан кэпсээбитэ, ол үрдүк уонна сырдык былааннары кини такайбыт эдэр дьоно хайаан да олоххо киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбин. Оттон кэнники, саха норуотун бүттүүнүн дьылҕатын таарыйар этиитин: ыал буолар саастарыгар аҥардас сылдьар эр дьоҥҥо сир учаастагын тыыран биэрэн олохсуталыыр туһунан туруорсуутун Саха сирин үрдүнэн ылыныахха, Муттуххай Бороҥ кэриэс баҕатын толоруохха диэн ыҥырабын.
…Мин имик-самык умайар
Тоҥ чүмэчи тобоҕобун,
Түлэй түүн ыас хараҥаны
Чаҕытар кыым оҕотобун... — диэбиккин «эн чүмэчи буолбатаххын, эн уот төлөҥҥүн» диэбиттээҕим. Ол эрэн, бу айымньы ис хоһоонун дириҥэр бу кэнники икки эрэ күҥҥэ тиийээхтээтим. Кырдьык, эн бэйэҥ «уотуҥ суоһуттан уулла, хара күүскүнэн хатыһа сырдыгы ытыһан ыһар» Чүмэчи эбиккин… Ол курдук олус күүскэ умайаҥҥын, сылааскын, сырдыккын харса суох тарҕатаҥҥын умайан бүтэн хааллыҥ…
«Бу туран, дьэ тугу этиэмий,
Сүбэлиэм этэ эһиэхэ мин:
Чэрдийэ илик сүп-сүүрүҥүй
Сүрэххит эрэ сүһүрбэтин…
Тиһэх чааска тиийэммит
Дьоһуннаахтык туттуоҕуҥ,
Киһи бэрдэ аатыран
Бу дойдуттан барыаҕыҥ…
Эн эппитиҥ саха сүрэҕэр тиийдин, санаалары байыттын, МУТТУХХАЙ БАРАХСАН…»
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Наталья МИХАЛЕВА-САЙА, Норуот суруйааччыта