Көрсүһүү иннинэ (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
08.05.2018
Бөлөххө киир:

Эбиэттээн баран утуйа түһэн ылар үгэһинэн хоһугар киирэн сыттаҕына, аан аһыллан баран сабыллар тыаһа иһилиннэ. Кимнээх эрэ киирэн, симиктик дорооболостулар. Онтон: “Ким баарый? Биһиги оскуолаттан кэллибит”, — диэн оҕо саҥата чаҕаарыйда.

edersaas.ru

— Ээ, баарбын, сыллыыйдар, — Даарыйа Мааркабына туран аан хоско тахсыбытыгар, икки кыыс (алтыс-сэттис кылаас үөрэнээччилэрэ быһыылаах): “ Даарыйа Мааркабына, эйигин, бэтэрээн учууталы, Кыайыы күнүгэр буолар көрсүһүүгэ ыҥырабыт”, — диэн биир тыынынан этээт, аккырыыкка туттардылар.

— Кыайыы күнэ өссө да эрдэ дии. Хайа уонна сэрии бэтэрээнин ыҥырыаххытын доҕоттор?

— Ээ ити… сэрии бэтэрээннэрэ суохтар ээ, ол иһин сэрии сылын оҕолорун ыҥырабыт, — диэт соруктарын толорбут дьон быһыытынан кыргыттар тахсан бардылар. Маладьыастарыҥ, бакаалаһалларын умнубатылар.

Оо, дьэ чахчы даҕаны сэрии бэтэрээннэрэ барахсаттар чордонон бүтээхтээтэхтэрэ. Былырыын Кыайыы 72 сылын көрсүбүт соҕотох бэтэрээммит Сэмэн Уйбаанабыс барахсан быйыл кыһын “бараахтаабыта” дии… Ону билбэт киһи курдук ити айахтатан кэбистэҕин көр. Даарыйа Мааркабына, 1940 сыллаахха күн сирин көрбүт Даайа, сэрии сылларын туһунан тугу улаханы кэпсиэй? Арай өйдүүр аччыктыырын, тоҥорун… Аҕата Кэрэмээһэп Маарк аармыйаҕа саамай улахан хомуурга, 1942 сыл сайыныгар, ыҥырыллан барбыта. Сэриигэ бааһыран госпитальга сытан өлбүтүн туһунан “хара сурук” ол кыһыныгар кэлбитэ. Иэдээннээх сэриини кытары мэҥэстиһэн сут-кураан сатыылаабыта. Ити алдьархайдаах сылларга ыал бэйэтин кэтэх да сүөһүтүн өлөрөн сиир бырааба суоҕа. Хоргуйар соруттан дьон тугу да сииллэрин кэрэйбэт буолбуттара. Эргэ балаҕан аанын тирии бүрүөһүнүн, быраҕыллыбыт этэрбэс уллуҥун кэриэрдэннэр, син ыстыырдаммыкка холоноллоро. Дойдуга от үүммэккэ, холкуос ыаллыы улуустар сирдэригэр, өрүс арыыларыгар оттоон, сорох сүөһүтүн онно киллэрэн кыстатара. Даайа ийэтэ ыанньыксыт буолан, пиэрмэни кытары үгүстүк көһүспүтэ. Онно ким бэлэмэ кэлээхтиэй? Сорох дьыл туора нэһилиэк быраҕыллыбыт өтөҕөр, сорох дьыл арыыга киирэн, турар маһы кэрдэн хотонннох балаҕан туттан кыстыыллара. Аччык аҥардаах, боростуой таҥастаах-саптаах, кыайбат-хоппот эрэйдээхтэр доруобуйалара оннуктарга ордук алларыйдаҕа. Кинилэр итинник сыралаһаннар холкуос сүөһүтүн төрүт энчирэппэтэхтэрэ, ол оннугар ытыстарын соттубуттара кэтэх сүөһүлэриттэн уонна… оҕолоруттан. Даайа ийэтэ соҕотох Даайатын эрэ тутан хаалбыта, улахан оҕото, баар эрэ көмөлөһөр уолчаана уонна саҥа хааман эрэр кырачаан кыыһа хоргуйан өлөөхтөөбүттэрэ. Итини барытын кини ийэтин кэпсээнинэн эрэ билэр. Үксэ сулумах уонна мин курдук тулаайах дьахталлары “от сиэтэ” ыыталлара диирэ ийэтэ.

— Сэрии буолбатаҕа буоллар, аҕабыт бултаан-балыктаан уонна бэһи да сутукалаан, наһаа бырдыбыт быста хоргуйуо суох этибит, убайдаах балтыҥ тыыннаах хаалыа этилэр, — диэн муҥатыйара.

Оонньооботох оҕо саас… Оскуолаҕа киириэн инниттэн ийэтэ Даайаны хотонҥо, ходуһаҕа, бааһынаҕа батыһыннарарара. Кини эрэ буолуо дуо, оччолорго дьахталлар бары даҕаны хаалларар сирдэрэ суоҕуттан уонна тугу эмэ көмөлөһүннэрээри даҕаны оҕолорун илдьэ сылдьаллара. “Баҕа силэ байҕалга эмтээх” дииллэринии, хотоҥҥо ынах этэрэн, ходуһаҕа бугул түгэҕин харбаан, бааһынаҕа тохтубут куолаһы ичигэстээн, уончаларын туола илик оҕолор баһаамы көмөлөһөллөрө, оттон арыый обургулар бэйэлэрэ ыанньыксыты солбуйар дьон буоллахтара. Ол хомуйбут бурдуктарын куолаһын былаакка куурдан-хатаран, киэһэ дьиэҕэ тиийэн кылын арааран, ыраастаан, биир суоруна баарыгар хас да дьукаах уочаратынан тардаллара. Итиэннэ тиэстэ охсон, көмүлүөк оһоххо сырайан лэппиэскэ буһаран сиэн саха тэҥэ суох сананаллара.

Өрөгөйдөөх Кыайыыны кытары даҕаспытынан өҥ дьыллар эргийбиттэрэ, от-бурдук бөҕө үүммүтэ. Боруонтан мэтээллэрин, уордьаннарын кылыгыраппытынан саллааттар эргиллибиттэрэ. Арай, Даайа аҕата суоҕун курдук суоҕа… 1946-1947 сыллаахха буоллаҕа, холкуос үгүс үлэһитигэр, ол иһигэр Даайалаахха, оҕолоох ынаҕы биэрбитэ. Ас-үөл бөҕөтө дэбилийэ түспүтэ! Сарсыарда күөрчэх, күнүс суорат. Эн миэ, мин сиэ… Ол салдьыр саадьаҕай ынахтара ааттыын Мааныкаан мааны да этэ!

Даайа дойдутун начаалынай оскуолатын кэнниттэн, салгыы үс нэһилиэккэ – Үүннээххэ, Арыылаахха уонна оройуон киинигэр үөрэнэн орто оскуоланы бүтэрбитэ. Ийэтэ эрэйдээх көрдөһөн-ааттаһан, айаҕын төлөөн, аймахтарыгар олордоро эбэтэр сэриигэ өлбүт аҕалаах оҕо быһыытынан, интэринээккэ ылыллара. Уһун өрөбүллэргэ дьиэтигэр кэлэн баран, оскуолатыгар төннүөн баҕарбат кыыһы ийэтэ эмиэ да ааттаан, эмиэ да мөҕөн туран ыытара.

— Элбэх аймаҕа-хаана суох, тулаайах киһи үөрэхтэннэххинэ эрэ дьон кэккэтинэн сылдьыаҥ, киһи-хара буолуоҥ, — диэхтиирэ.

Туттарсан үрдүк үөрэххэ киирбитигэр үөрээхтээбитиэн!

— Мөлтөөн-ахсаан иһэр киһи мин хаһан баҕарар охтон хаалыаҕым, оччоҕо төрүт кэлээйэҕин, бостуой дэлби ытаан-соҥоон, кыайан барыаҥ суоҕа, устунан үөрэххиттэн матыаҥ, — диэбитэ.

Оройуоҥҥа атаарарыгар бөһүөлэктэн тахсар аартыкка “аны мантан ордук өйөнөрүм-тайанарым суох” диэбиттии, тайах маһын ыга туппутунунан туран хаалаахтаабыта… Дьиҥинэн баар суох киһитин, ийэтин, соҕотох хаалларыан төрүт баҕарбатаҕа. Холкуоска үлэлии түһэн баран кэлин даҕаны үөрэниэххэ сөп дии саныыра. Оччолорго ыччаттар ыҥырыы таһааран, кылааһынан холкуоска үлэлии хаалар үгэстэрэ саҥа үөдүйэн эрэрэ. Ону үөрэххэ дьоҕурдаах диэтэхтэрэ (Даайа үөрэҕэр чахчы үчүгэй этэ) салгыы үөрэнэ барарга путевка биэрбиттэрэ. Ийэтэ баара суоҕа 47 сааһыгар, Даайа төрдүс кууруска үөрэнэ сырыттаҕына сааскы хаайтарыы саҕана өлбүтэ.

Университеты бүтэрэр дьылыгар Даарыйа Мааркабына тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэр Никонов Ылдьааҕа кэргэн тахсан, төрөөбүт улууһугар эрээри атын нэһилиэккэ, Хатыҥнаахха, сүктэн кэлбитэ. Биэс оҕоломмута. Олохтоох оскуолаҕа сааһын тухары нуучча тылын учууталынан үлэлээбитэ, оттон кэргэнэ Ылдьаа Бөтүрүөбүс холкуоска, сопхуоска салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Икки оҕото уонна үс сиэнэ оскуолаҕа учууталлыыр буоланнар, Даарыйа Мааркабына чороҥ соҕотох туран хаалбыт бэйэтэ удьуор учуутал аймаҕы төрүттээтэ. Дьокуускайга олохсуйбут уола саатар кэлэн кыстаа диэн куоракка ыҥырар даҕаны, төрүт барбат. Иллэрээ сыл өлбүт кэргэниттэн чугас сылдьарын ордорор.

Төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр Кустуурга туруоруллубут Өйдөбүнньүккэ төрөппүттэрин – аҕатын, Ийэ дойду көмүскэлин иһин олоҕун толук уурбут буойун Маарк Сэмэнэбит Кэрэмээһэп уонна ийэтин, сэрии сылларыгар холкуоска үлэлээбит Маарыйа Хабырыллыйабына Кэрэмээһэбэ — ааттарын кыһыл көмүс буукубаларынан суруйтарбыта. “Уоттаах сыллар ахтыылара” кинигэҕэ киллэртэрбитэ. Онон оҕо хаалан ытык иэһин хайа эмит өттүнэн төлөспүт курдук сананар.

— Бээрэ, көрсүһүү диэтилэр дии… Оҕо сааспыт сэрии сылларыгар ааспыт дьон ахсааннаахпыт даҕаны хаалан эрэр эбит буолбаат? Уйбаныаба Таанньа быйыл өлбүтэ, Дьаакыбылаба Морууса салгыҥҥа оҕустаран сытар. Оччотугар сэрии содулуттан аччыктааһыны, өлүүнү-сүтүүнү, тулаайахсыйыыны билэн улааппыт көлүөнэ аатыттан мин эрэ кэнчээри ыччакка ахтыы оҥорор кыахтаах эбиппин дии?! — Даарыйа Мааркабына иһиллэр иһиллибэттик ботугураата.

Аайа, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1