Күрэс түмүгүнэн саҥа хомуурунньук таҕыста

28.05.2020
Бөлөххө киир:

Хатастааҕы «Тускул» култуура киинин »Ааптардары кытта үлэ» бырайыагын чэрчитинэн, »Айар тыл абылаҥа» диэн күрэс кэтэхтэн ыытылынна. Күрэскэ эппиэтинэстээҕинэн Колымана Ларионова анаммыта. Колымана Васильевна бастаан балаһыанньатын оҥорон, сиһилии быһааран киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта уонна күрэс бүтэн кинигэ буолуор диэри сүрүн көҕүлээччинэн буолла, ааптардары кытары чугастык алтыһан үлэлээтэ. 

edersaas.ru

Күрэс бүтээтин кытта, Колымана Ларионова, Наталья Руфова уоннак Валентин Чепалов «Айар тыл абылаҥа» диэн кинигэни күн сиригэр көрдөрө охсон, кыттааччыларга икки бүк үөрүүнү бэлэхтээтилэр. Хомуурунньукка кыттааччылар биирдии айымньылара  киирдэ. Маныаха, ааптардары сэргэ, үөрэнээччилэр уонна кэрэспэдьиэннэр постарын оҕолоро кыттыбыттара саха тыла кэхтибэккэ, симэлийбэккэ өссө сайда туруоҕун кэрэһилиир. Күрэскэ Горнай, Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас, Томпо, Муома, Орто Халыма уо.д.а. улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, Хатас сэлиэнньэтиттэн кыттыбыттара тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбытын, киэҥ хабааннаммытын көрдөрдө.

Түмүккэ кыайыылаахтар быһаарылыннылар.

Оскуола оҕолоругар:

Прозаҕа Алена Васильева (Хатас) 1 истиэпэннээх лауреат;

Хоһооҥҥо Сергей Степанов (Томпо) – 1 истиэпэннээх лауреат, Айастаан Громов (Муома) – 2 истиэпэннээх лауреат, Айаал Старков (Муома) – 3 истиэпэннээх лауреат буоллулар, “Сындыыс” пост (Томпо) – “Биһирэбил” анал ааты ылла.

Улахан дьоҥҥо:

Прозаҕа Наталья Руфова (Хатас) – 1 истиэпэннээх лауреат, Анна Колосова (Уус Алдан) – 2 истиэпэннээх лауреат, Ирина Харайданова (Томпо) – 3 истиэпэннээх лауреат, Альбина Аммосова (Ньурба) – дипломант буоллулар.

Хоһооҥҥо Валентина Комиссарова (Дьокуускай к) – 1 истиэпэннээх лауреат, Мария Андреева (Горнай) – 1 истиэпэннээх лауреат, Лидия Андросова (Мэҥэ Хаҥалас) – 2 истиэпэннээх лауреат, Андрей Константинов (Дьокуускай к.) – 2 истиэпэннээх лауреат, Николай Иванов (Хатас) – 2 истиэпэннээх лауреат, Вера Иванова (Хатас) – 3 истиэпэннээх лауреат, Людмила Сазонова (Дьокуускай) – 3 истиэпэннээх лауреат, Наталья Никифорова, Горнай – 3 истиэпэннээх лауреат, Евдокия Батюшкина (Орто Халыма) – дипломант, Любомир Санников (Хатас) дипломант ааттарын сүктүлэр.

Эрэллээх киһи элбэҕи айар

Күөн күрэс  дьүүллүүр сүбэтигэр  кыттыспыт  киһи быһыытынан (ону сэргэ, Афанасий Гуринов-Арчылан, Елизавета Попова-Бааттаах Кырата үлэлээтилэр), тус санааларбын үллэстэн көрөргө быһаарынным. Тоһоҕолоон эттэххэ, мин ханнык да литература кириитигэ да, анал үлэһитэ да буолбатахпын, онон, ааҕааччы быһыытынан кэккэ са­­нааларым эрэ буолаллар.

ПРОЗА

Наталья Ивановна Руфова “Сэрии кэмиттэн биэс лоскуй” диэн циклыгар, ахсааныгар  этиллэрин курдук, биэс тэттик кэпсээн киирбит. Ааптар бу кэпсээннэригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин  иннинээҕи  эйэлээх олоҕу, суостаах-суодал­лаах сэриини, кырыктаах кыргыһыыны, тыылга хаалбыттар ыарахан олохторун  баай-талым тылынан уустаан-ураннаан суруйбут. Хас кэпсээнин аайы олох уларыйыытын көрдөрөр саҥа дьоруойдардаах.  Төһө да сэрии тиэмэтэ сүрүн сюжет буолбутун иһин, ааптар кэпсээннэригэр айылҕа абылаҥ­наах көстүүтэ, киһи уйулҕата, килбик  таптал, саха саллаатын мындыр өйө уо.д.а. сэһэргээһиннэр киирэн биэрбиттэрэ ааҕааччыны тардаллар, сэҥээрдэллэр. Ханнык баҕарар айымньыга айылҕаны ойуулааһын биир сүрүн миэстэни ылар. Наталья Руфова айылҕаны ойуулааһына биһиги омук быһыытынан уонна олорор сирбит уратытын  итэҕэтэр. Кини айылҕаны ойуулааһынынан дьоруойдар ис туруктарын сатабыллаахтык биэрэрин тэҥэ, айылҕа хас биирдии көстүүтүн тыын­нааҕымсытар. Бу ньыманы, чуолаан,  “Тирэх буолбут тиитим” кэпсээнигэр кыайа-хото туппут. Ааптар ону сэргэ, “хайыста да хайҕалга, эргийдэ да эйэргээһиҥҥэ”, “буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн,” “уолугунан тыынар уол оҕо сааһа”, “ыҥыырдаах аттарга ындыыланан, сыарҕалаах аттарга кыттыһан”, “көхсүнэн да турдар көхсүн хараҕынан көрбүтэ, кэннинэн да буоллар иэнинэн билбитэ”, “ыксаласпыт ыччаттары, кэккэлэспит эдэрдэри” курдук маарыннаһар эбэтэр тэҥниир этиилэри туттара кини суруйар дьоҕурдааҕын туоһулуур.

Наталья Ивановна инникитин бу кэрчик кэпсээннэрин биир-биир ситэрэн, тус-туспа сэһэн да гынан бэчээттэттэҕинэ, ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕар эрэл баар.

Анна Борисовна Колосова “Оҕо сүрэҕэ” уонна “Ураты күн” диэн икки тэттик кэпсээнинэн кыттыбыт.  Бастакы кэпсээнэ   “Оҕо сүрэҕэ” диэн ааттаах. Саха өс хоһооннорун, бэргэн этиилэрин   билэр киһи, арааһа, бу икки тылтан турар ­этиини тута ситэрэн өйдөөбүтэ буолуо. Ол гынан баран  “Чэ, баҕар, мин алҕас санаабытым буолуо” диэн кэпсээни ааҕарыгар интэриэһэ күүһүрдэҕэ.  Ол эрээри,  ааптар бэйэтэ: “Ийэ сүрэҕэ — оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ – тааска” диэн өс хо­­һооно баарын истибиккит дуо?” диэн, ааҕааччыга кэпсээн ис хо­­һоонун  арыйан кэбиһэр. Салгыы ааптар, кыыс ийэтигэр таптала улаатан истэҕин аайы  сойон иһэрин уонна ийэлээх кыыс уустук сыһыаннарын киһи эрэ уйадыйыах кэпсиир. Түмүгэр Намыына эдэркээн олоҕор оҥорбут алҕаһын, күндү киһитин хомоппутун билинэн, ийэтин уҥуоҕар кэлэн бырастыы гыннарар. Кэпсээн бүтүүтүгэр:  “Түннүккэ лыах хаайтарбыт… Бэҕэһээ бу лыахха кини наадыйбатаҕа, ха­­йаатын даҕаны дии са­­наабыта. Оттон бүгүн лыаҕы аһынна уонна  аргыый  кынатыттан ылан таһырдьа көҥүлгэ ыытан кэбистэ. Лыаҕы кытта кини ыар баттыга көтөн барсан хаалбыт курдуга. Ийэтэ мин эйигин бы­­растыы гынабын диирэ иһиллэргэ дылыта...” диэн түмүктээн, ийэтин уобараһын өссө күүһүрдэн биэрбит. Уус-уран айымньыга лыаҕынан ардыгар чэпчэки майгыны, көҥүлгэ көччүйэр  дьону тыктаран көрдөрөр буоллахтарына, бу сырыыга  Намыына ыар баттыга  лыаҕы кытта эмиэ көттө, симэлийдэ… Ол эрээри, кини  ийэтин хомоппута мэлдьи да ыар баттык буола сылдьара буолуо диэн сэрэйэҕин. Бу кэпсээнинэн ааптар эдэр дьон чугас дьоннорун хомотон, көннөрүллүбэт алҕаһы оҥорботторугар сүбэлиир, кэпсээнин сүрүн санаатын (идеятын) тириэрдэр.

Оттон “Ураты күн” диэн иккис кэпсээнигэр ааптар аҥаардаас биир күнүнэн арыгыһыт төрөппүттэрдээх Миисиккэ уолчаан ыарахан олоҕун сабардаан көрдөрөр. Көннөрү да күн буолбатах – уолчаан төрөөбүт күнэ. Миисиккэ барахсан: “Бэйэбин өйдүөхпүттэн биирдэ даҕаны доҕотторбун ыҥыран төрөөбүт күннээбэтэх эбиппин. Уол ити санаатыттан ордук харааһынна. Бырааһынньыктар, көннөрү да күннэргэ бэлиэ түгэннэр төрөппүттэрэ арыгылыылларыгар мэлдьи сылтах эрэ буолаллар. Ол иһин буолуо, тоҕо эрэ, улаатан истэҕин аайы бырааһынньыктары абааһы көрөрө элбээтэ”, —— диэн арыгыһыт төрөппүттэрдээх уол ис мучумаанын сэгэтэн, ааҕааччы уолчааны олус аһынар. Уол дьолугар, ыаллыы олорор, оҕолоро улаатан барбыт Дьэкиим оҕонньор кинини төрөөбүт күнүгэр илимнии илдьэ барар. Илимниир кэмнэригэр Дьэкиим кыра сылдьан аҕатын кытта бастакы куһун хайдах өлөрбүтүн туһунан умсулҕаннаах кэпсээнэ иитэр-үөрэтэр суолталаах, уол оҕо олоҕун тухары булчут аналлааҕын өссө төгүл өйдөтөр. Ааптар бу кылгас кэпсээнигэр Дьэкиим уобараһын киллэрэн, бу орто дойдуга уолчааны аһынар, көмөлөһөр үтүө дьон баалларын өйдөтөргө дьулуһар, итинэн уол үтүө олоххо эрэлин күүһүрдэн биэрэр. Миисиккэ кырдьаҕаһы кытары илимнээн, үөрэн-көтөн кэлбитигэр кинини өссө биир соһуччу үөрүү күүтэр. Ийэтэ, төһө да өйө-төйө суох арыгылаатар, уолун төрөөбүт күнүгэр бырааһынньык остуолун тардан көрсөр. Миисиккэ бу ураты күнү, төрөөбүт күнүн, аны хаһан да умнуо суоҕа…

Ирина Ивановна Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй «Ырыа кустуга» кэпсээнин уонна хоһооннорун билистибит. Бу кэпсээн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сылыгар анаан суруллубут диэтэххэ, сыыспаппыт буолуо. Сэрии тиэмэтэ, ордук быйыл, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ, уус-уран айымньыларга даҕаны элбэхтик сырдатылынна. Ол эрэн, Сэгэлдьийэ “Ырыатын кустуга” сэрии кэминээҕи оҕолор дьылҕаларыгар анаммытынан уратылаах. 14 саастаах Иинэ балта Изалыын эрэйдэрин-муҥнарын ааҕааччыны кытары үллэстэр, дууһа кылын таарыйар, уйадытар. Иинэ атын сиргэ үөрэнэ сырыттаҕына, гыраамынан бэриллэр нуорма килиэбэ кэлбэт буолан хаалан, үөрэҕиттэн уһуллар уонна дьиэтигэр төттөрү бараахтыыр. Ааптар кыыс бу сатыы айанын тухары аҕам хайдах эрэ буоллаҕа диэн санаан тахсар. Хомойуох иһин, кыыс сыыстарбатах, аҕата өлөн, кинилэр тулаайах хаалар дьылҕаланаллар…

Биллэрин курдук, мөккүөрэ (конфлига) суох айымньылар уус-уран таһымнара мөлтүүллэр. Оттон Сэгэлдьийэ кэпсээнин сүрүн мөккүөрүнэн Иинэ уонна киирии ийэ сыһыаннара буолаллар. Кэпсээн былаһын тухары кинилэр сыһыаннара хайдах буолуон билэ охсуоххун баҕараҕын, омсолоох дьоруой биһирэмнээх дьоруой иннин ылыан баҕарбаккын. Ол да курдук, биһирэмнээх дьоруой Иинэ, төһө да иитиэх ийэттэн үүрүлүннэр, кини ырыа алыбар куустаран, олох кэрэтин таба көрөргө дьулуһар, инникигэ эрэлин сүтэрбэт.

Сэгэлдьийэ Чээлэй  эмиэ айылҕаны хоһуйуута, ойуулуур-дьүһүннүүр нымалара кини маастарыстыбатын көрдөрөллөрүн биһирээтим.

ХОҺООННОР

Валентина Иннокентьевна Комиссарова-Күлүмүрэ хоһоонноро, тылбаастара  социальнай ситимнэргэ тарҕанан, «Олох көрүгэр кыттыһан»  кинигэтэ күн сирин көрөн,   кини суруйар буочарын   үгүс киһи эндэппэккэ билэр уонна сэргиир.  Үөрүүлээх күннэргэ, бэлиэ түгэннэргэ киниэхэ анаан-минээн хо­­һоон тылбаастаталлара Күлүмүрэ талааныгар сүгүрүйээччилэр баалларын кэрэһилиир.

“Дьол иэйиитэ” хоһоонугар баар:

«Тымныйбыт дойдуну хаалларан, (а)

Тыыннааҕы долгута айманан, (а)

Туруйа көтөрдөр үөрүнэн (б)

Турууктуу ааһаллар үөһэнэн” (б)

бу строкаларын курдук, сытыары аллитерациялаах хоһооннор киниэхэ элбэхтэр. Cтрокалар саҕаланыыларыгар “тымныйбыт”, “тыыннааҕы” “туруйа”, “турууктуу” тыллар рифманы үөскэтэллэр. Оттон строкалар кэлин сүһүөхтэрэ дьүөрэлэһэн, пааралыы рифманы үөскэппиттэр. Ол да иһин, ааҕан ылынарга уонна дорҕоонноохтук саҥарарга биир тэтими биэрэллэр. Онон, ааҕааччыга өйдөнүмтүө уонна өйтөн да үөрэтэргэ судургу.

Айар куттаах дьон үксүгэр сардаананы, ньургуһуну уо.д.а. сибэккини туойар буоллахтарына, Күлүмүрэ “Күн уола – алтан от” хоһоонугар ньээм оту соһуччутук  хоһуйар: ньээм оту сыыс ото диэн, күн курдук мичээрин тэп­сэллэрин, сэнииллэрин, салҕыахча мээнэнэн көрөллөрүттэн санньы­йар. Ол иһин:

«Үргэнэн да баран, үөрдүөҕэ

Түөрүллэн, силиһэ эмтиэҕэ,

Ньээм оппут тэнийэ үүнүүтэ —

Дьол, таптал уостубат

мэктиэтэ!» 

— диэн  ньээм от   эмиэ таптал уостубат мэктиэтэ  буоларын ааҕааччыга уйаннык тириэрдэр.

Мария Романовна Андреева хоһооннорун санаа сарбынньахтара уонна дьүһүйүү диэн түһүмэхтэргэ араарбыт. Лириичэскэй хоһооннорун сэргэ, ардыгар кини хоһоонноро, бэйэтэ хоһуйарыныы, ”харса суох дьүккүйэллэр”, ааҕааччыны айылҕа уонна киһи тыыннаах охсуһуутугар киллэрэллэр эбэтэр олус хараастаан, кини “сүрэҕэ ыарыылаахтык кэйиэлиир”.

Сир үрдүгэр сүдү тыыннаахтар –хайалар!

Оо , хайалар! Халлаанныын силбэһэр хайалар!

Ханна тиийэн саллар сааскыт ситиилэрин өрөҕүт?

Ханан тиийэн муҥур үйэҕит үктэллэрин дабайаҕыт?

(”Хайалар”)

Андрей Константинов  “Туруйалар”, “Саллаат суруктара” уонна “Саха ньургун уолаттара” диэн хоһооннорун, ааптарын көрбөккө да  аахтахха, эр киһи суруйбутун сэрэйэҕин.

«Үөһэттэн ыраахха туруктаан

Уоскулаҥ көрдүүрдүү ыҥырсан

Уйадыйбыт куоластара

Уйгуурдаллар туланы”.

(“Туруйалар”)

Кини хоһооннорун тыллара-өстөрө эр киһилии чопчулар, сытыы кылынан таарыйаллар, киһи хараҕар оҥорон көрөрүн күүһүр­дэллэр. Ааптар бу хоһооннорун ааспыт сэрииттэн дойдуларыгар эргиллибэтэх, ытык иэстэрин ­чиэстээхтик толорбут, сырдык олохторун толук уурбут саха буо­йуттарыгар анаабыт.

Николай Иванов-Хоро Холлой сахалыы уонна нууччалыы тылынан хоһооннорун  тиэмэтэ  киэҥ –  күн сирин бэлэхтиир күндү Ийэтиттэн саҕалаан,  сэрии ыар сылларыгар тиийэ. Ааптар биир хоһоонун  билиҥҥи устуоруктар “быстарыыга анаммыт хаан тохтуулаах охсуһуунан” сыаналыыр Ржев кыргыһыытыгар анаабыт. Хоро Холлойу сэргэ, Вера Ильинична Иванова-Сайаана хоһоонноро төрөөбүт дойдутугар, чуолаан Хатаһыгар, анаммыттара төрөөбүт дойдуга таптал хаһан да, ханна да тиийдэххэ уостубатын көрдөрөллөр. Сайаана:

«Ньургуһун сибэкки барахсан

Сахалар сахалыы

таптыыллар…»

— диэн  эттэҕэ баҕас эриэккэһин, кэрэтин!

Уопсайынан, куонкуруска киирбит хас биирдии ааптар айымньытыгар  күннээҕи олохпутугар туттар даҕаны, истэр даҕаны тылларбытын көрөбүт. Ол гынан баран, ити тыллары араастаан күүһүрдэн, оһуордаан-бичиктээн, сахалыы тыыннаан, сатабыллаахтык таҥан туттууттан кинилэр  уларыйаллар, уратытык иһиллэллэр, араас ­иэйиини үөскэтэллэр. Хас биирдии суруйар киһи  дьоҕура, арааһа, итиннэ сыттаҕа.

Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин: “Киһи элбэҕи биллэҕин-көрдөҕүн ахсын, сааскы үрүйэ уутунуу өссө эрчимирэн, күүһүрэн, киэҥҥэ-­куоҥҥа тардыһар дьикти идэлээх” – диэн эппитинии, маннык күрэхтэр инникитин да ыытылла турдуннар, саҥаттан саҥа ааптардар киэҥ араҥаҕа тахсан истиннэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0