Күөрэлээххэ Петр Аввакумов аата үйэтитилиннэ

25.04.2017
Бөлөххө киир:

Муус устар 22 күнүгэр Горнай улууһун Күөрэлээҕэр саха бөдөҥ прозаига, «Чолбон» сурунаал урукку сүрүн эрэдээктэрэ П.Д. Аввакумовы үйэтитэргэ аналлаах тэрээһиннэр буолан аастылар.

Иван ОСИПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Дьокуускайтан, «Чолбон» сурунаалтан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ А.Варламова—Айысхаана, СӨ бэчээтин уонна култууратын туйгуна Уйбаан Ойуур, П.А.Ойуунускай аатынан мусуой үлэһитэ, Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмэйэтин лауреата Н.Винокуров-Урсун  ыҥырыллан ыалдьыттаатылар.

Күөрэлээх орто оскуолатын дириэктэрэ Гаврил Колодезников суруйааччылары үөрэ-көтө көрүстэ. Үөрэнээччилэр саалаҕа толору мустан, сүрдэрэ көтөҕүллэн Петр Аввакумов хоһооннорун, айымньыларын ааҕан иһитиннэрдилэр. Түмүккэ, суруйааччылар кэпсээннэрин иһиттилэр, ыйытыылары биэрдилэр. Ол кэнниттэн «Ытык ааттар» сквергэ Петр Аввакумовка аналлаах мемориальнай дуоска үөрүүлээх быһыыга-майгыга туруорулунна.

Эбиэттэн киэһэ ыалдьыттар «Кулуһун» айар түмсүү чилиэннэрин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр, ааптардар бэйэлэрин айар үлэлэрин туһунан кылгастык билиһиннэрдилэр, хоһооннорун аахтылар, айымньыларын быыстапкатын көрдөрдүлэр. Суруйааччылар «төгүрүк остуол» кыттыылаахтарыгар анаан сүбэ-ама биэрдилэр. Саха литэрэтиирэтэ сайдарын туһугар, дьаныһан дьарыктаныы ирдэнэрин ыйдылар. Онтон кулуупка олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү буолла. Петр Аввакумов туһунан истиҥ ахтыы киэһэтэ күөрэлээхтэри улаханнык сэргэхситтэ.

Иван ОСИПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0