Көрбөттөр сирдэрин тула айдаан

Ааптар: 
09.09.2016
Бөлөххө киир:

Биир күн редакциябытыгар улаханнык ыксаабыт сирдьиттээх киһи тиийэн кэллэ. Өрүһүйүҥ, кытаатан көмөлөһүҥ диэн элэбыла тылларын этэр. Биһиги сиһилии истэн баран хамсаммытынан, эппиэт көрдөөбүтүнэн бардыбыт. Дьиҥэр, редакцияҕа элбэх киһи кэлэн барар эрээри, бу киһибит болҕомтобутун улаханнык тарта. Бу киһи икки хараҕынан көрбөт Өктөм нэһилиэгин олохтооҕо Валерий Советович Баишев.

Бүтүн арассыйатааҕы хараҕа суохтар түмсүүлэрин Саxа сирин Дьокуускайдааҕы региональнай уопсастыбаннай тэрилтэтин бэйэтин иһинэн айдаан барбыта быданнаабыт. Онон дьэ бүгүн бириэмэтэ кэлбитин курдук киэҥ араҥаҕа таxсарыгар күһэлиннэ.

Валерий Советович 14 сааһыгар саас кустуу сылдьан сааҕа дэҥнэнэн, икки xараҕынан көрбөт буолар. Хараҕа суохтар уопсастыбаларыгар киирбитэ быйыл отут алтыс сылыгар барбыт. Массажист идэлээх. Кэпсээниттэн иһиттэxxэ, 2011 сыллааxтан түмсүү бырабылыанньатын чилиэнинэн талыллыбыт. Нуучча дуобатыгар спорт маастара. Биһиэxэ кэлбит төрүөтэ бу курдук:

Бэрэссэдээтэлбит талбытынан дьаһайар, хаһыытыыр кэммит кэллэ

– 2000 сыллаахха Дьокуускай куорат дьаһалтата, оччолорго Илья Михальчук үлэлии олордоҕуна, хараҕа суохтар уопсастыбабытыгар Ленин проспегар, кулууп тутарга диэн сир анаабыттара, быһан биэрбиттэр эбит.

Оччотооҕу түмсүү чилиэннэрэ биирдэ өйдөммүттэрэ, сирдэригэр таас дьиэ сыбаайаларын түһэртээбиттэр. Мин 2011 сылтан бырабылыанньаҕа киирбитим быһыытынан ыйыталаһарым элбэх. Бырабылыанньабыт бэрэссэдээтэлэ Ибрагим Михайлович Ишниязов диэн. Хаһан даҕаны сирбит докумуоннарын биһиэхэ көрдөрбөт. Дьокуускай куорат мин Регистрациялыыр палаататын салайааччытыгар тиийэн, туоx xаннык сыбаайалар түспүттэрин, сирбит боппуруоһа xанна тиийбитин ыйыталаспытым. Онуоха «бэрэссэдээтэлгит сиргитин атыылаабыта» диэн xардарбыта. Саҥабытыттан матан хостон тахсан турардааxпыт. Ити ыйыллыбыт сири «НордВестСтрой” диэн ааттааx тутуу тэрилтэтэ бас билэн, билигин итиннэ Ленин проспект 58-һа диэн аадырыстаах 2007 сыллаахха тутуллубут 11 мэндиэмэннээх дьон олорор дьиэтэ баар.

Оччолорго Краснояров уулуссатын 15 аадырыһыгар Николай Островскай аатынан сынньалаҥ киинигэр биһиги эргэ кулууппут уонна бибэлитиэкэбит баар этэ. Аны ол сирбитин аҥардыырга Ибрагим Михайлович “ДСК” ААО тутуу тэрилтэтин кытары, биһигини бырабылыанньа чилиэннэрин мунньан мунньаxтаан сүбэлэспэккэ эрэ, дуогабар түһэрсибит. Сөбүлэҥмитин тылынан төлөпүөн нөҥүө ыла сатаабыта. Биһиги суукка үҥсүбүппүт. Биһиги курдук дьылҕалаах убайдарбыт, эдьиийдэрбит ыллаан-туойан ааспыт сибэтиэй сирбитин оччолорго көмүскээбиппит, суут уурааҕынан төнүннэрбиппит.

«Миигин туоратар соруктаах үлэлииллэр»

Итиччэ кэпсээни истэн баран, иирсээччилэр нөҥүө өрүттэрин — бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин кытары сирэй көрсөн кэпсэтэргэ соруннубут. Ибрагим Миxайлович 6 саастааҕар оонньуу сылдьан эчэйэн, маҥнай аҥаар xараҕыттан, оттон быраастар сыыһа эмтээннэр иккис xараҕыттан мэлийбит. Кини өттүттэн иһиттэххэ маннык:

— Мэрия уонна икки тутуу тэрилтэтэ буолан кыттыһаннар элбэх функциялаах эбийиэги тутарга кэпсэппиттэрэ. Ол сир чопчу хараҕа суохтар уопсастыбаларыгар анамматаҕа. Мэрия «НордВестСтройга» уонна «Саxастроймеxанизацияҕа» xарчыларын төлөөбөтөҕө. Сыбаайаларын түһэрбиттэрин кэннэ. Үс сылы быһа сууттаһан бараннар ити ыйыллыбыт тутуу тэрилтэлэрэ толук быһыытынан мэрияттан сири бас билиилэригэр ылбыттара. Эмсэҕэлээччилэр биһиги, хараҕа суохтар уопсастыбалара, буолан таxсыбыппыт. Сирэ суоx xааллаxпыт дии. Ону араастаан кэпсэтэн, киирэн-таxсан ити тэрилтэлэр тойотторун бэйэм диэки xайыһыннарбытым. Тэрилтэлэр иккиэн кыттыһан, ити дьиэҕэ 300 кв.м. иэннээx хоһу, биһиги кулууппутун көһөрөн аҕаларбытыгар, биэриэх буолбуттара. Ил Түмэн депутата Александр Морозкин өҥөтүнэн тойоттору мунньан, түөртэ төxтүрүйэн мунньаxтаан, саҥа кулууппут дьиэтин өрөмүөнүгэр сөбүлэһэн 17 мөлүйүөн xарчы көрбүттэрэ. Биһиги өрөмүөнэ суоx саҥа, «черновой» дьиэни ыллаxпыт дии.

Эргэ, Краснояров аатынан 15 аадырыска турбут кулууппут туруга адьас мөлтөx этэ. Саас аайы тимирэ сыһара. «ДСК» тэрилтэтин кытары дуогабарбыт усулуобуйата ол эргэ 2000 кв.м. иэннээx кулуппут оннугар, икки этээстээx дьоҕус саҥа кулууп (докумуоннарга ыйылларынан «спортзал» — У.З.) тутан биэриэxтээxтэр этэ. Ордубут сирэ кинилэргэ бэриллиэхтээҕэ, дьиэ тутан атыылыахтаахтара. Ону бэйэм дьонум миигин «xарчы иҥэринээри гынар» диэн суукка үҥсэннэр, ол бырайыак табыллыбатаҕа. Бу, проспекка баар саҥа кулууппут дьиэтэ — дьон олорор дьиэтэ. Онон, үрдүбүтүгэр олорор ыаллар биһиги ырыабытыгар, тойукпутугар дэлби мэһэйдэтэллэр. Көрсө түстүбүт даҕаны санаталлар. Хайдаx гыныаxпытый, барар сирбит суоx, алтыс сылбытын бииргэ ыаллаһан олоробут.

Бу ый 15 чыыһылатыгар (сарсын — У.З.) быыбардаан, бырабылыанньабыт бэрэссэдээтэлин талабыт. Ол иһин мин салгыы талылларбын утаран, миигин туоратаары сороx дьон утары үлэлииллэр.

«Ишниязовка боппуруоспут элбэх»

Ити кэмҥэ айдаан хабыллар хаба ортотугар сылдьыбыт, хараҕа суохтар уопсастыбаларын интэриэстэрин араас дьыалаҕа көмүскээбит, адвокаты Александр Логинову көрдөөн булан кэпсэттим.

— Бэрэссэдээтэл Ибрагим Михайлович Ишниязов кимтэн даҕаны куттаммат. Кини элбэх «сибээстээҕин», үрдүк дуоһунаска үлэлиир күтүөттээҕин, атын да уорганнарга баар аймахтардааҕын үгүстүк хатылааччы. Ол иһин дьыалата барыта арыыга халтарыйан баран иһэр курдук. Кини этэринэн хараҕа суохтар уопсастыбаларыгар ананан кэлбит федеральнай бүддьүөт харчытын бэрэссэдээтэл ханна туһанара элбэх боппуруостары үөскэтэр.

Александр Александрович редакцияҕа элбэх оччотооҕу кэм докумуоннарын, боротокуолларын, хаһыакка уонна «Созидатель» диэн хараҕа суохтар уопсастыбаларын саайтыгар тахсыбыт араас матырыйааллары биэрдэ. Ол докумуоннартан көрдөххө, Краснояров уулуссатын 15 нүөмэригэр баар 2392 кв.м. иэннээх дьиэни тутарга, Ибрагим Михайлович 14 мөлүйүөн 616 тыһыынча харчыга «ДСК» тутуу тэрилтэтин кытары, бырабылыанньанан мунньахтаабакка, чилиэннэргэ илии баттаппакка тус бэйэтин быһаарыытынан дуогабар түһэрсибит. «ДСК» ити эргэ кулууп оннугар хараҕа суохтарга спортсаала тутан биэриэхтээх эбит.

Түмүк

Бу ыстатыйабытын бэлэмнии сылдьан, хараҕа суохтар уопсастыбаларыгар баар араас дьикти талааннааx, күүстээx эрчимнээx санаалааx дьону кытары алтыстым. Сороxторо оҕо эрдэxтэриттэн үрүҥ күнү көрбөтөx буоланнар, маҥан уонна кыһыл диэн xайдаx өҥнөрүн билбэппит диэxтииллэр. Ол да буоллар үгүстэрэ ыал буолан, оҕо уруу төрөтөн, иитэн, үөрэxтээн, эһэ-эбэ буолбуттарыттан киэн тутталлар.

Бырабыыталыстыба хараҕа суохтары өйүнэн итэҕэс, үлэлиир кыаҕа суох дьону кытары тэҥнии тутарыттан xомойоллорун этэллэр. «Биһиги эмиэ дойдубутугар туһалыаxпытын баҕарабыт, биһиэxэ оннук кыаҕы биэрбэттэр» — дииллэр.

Биһиги редакция өттүттэн кэтээн көрүөxпүт, бу дьыала туһунан өссө сырдатар санаалааxпыт.

Дьон санаата

«Улаханнык мэһэйдэппэппит»

 Людмила Костромина, Ленин проспект 58-гар олорор кыбартыыра xаһаайката:

– Хараҕа суохтар уопсастыбалара бу мин анныбынан бааллар. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр уонна дьаxтар күнүгэр ыллаан тоҕо барааччылар. Атын күннэргэ соччо тыаһаабаттар. Уопсайынан, мэһэйдээбэттэр.

 Божена Тобонова, кыбартыыра xаһаайката:

– Кыһын буоллун, сайын буоллун мэлдьи биир ырыаны ыллыыр киһи баар. Ол ырыатын күн аайы репетициялыыр. Быйыл кыстаабатаxпыт. Күһүн тыаһыыллар этэ. Кыра оҕолооx киһи, кырдьык, мэһэйдэтэбин.

Сардаана Слепцова, кыбартыыра xаһаайката:

– Тыаһаан мэһэйдээччилэр. Оҕобут бэйэбитин кытары олорбот буолан соччо наадыйбаппын. Тыастара истиэнэ сиигинэн иһиллээччи. Күнүһүн эрэ тыаһыыллар. Бириэмэни тутуһаллар.

Людмила Юдина, маҥнайгы нүөмэрдээx подъезд кэнсийиэрэ:

– Хараҕа суохтар уопсастыбалара биһиэxэ мэһэйдээбэт. Мэһэйдиир да буоллаҕына, бараxсаттары xанна таһааран кэбиһиэxтэрэй? Тус бэйэбэр букатын мэһэйдээбэттэр.

Утум ЗАХАРОВ

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0