Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарыыга Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киинин дириэктэрэ, педагогическай наука хандьыдаата Пантелеймон Романович Егоров Германияҕа анал ыҥырыынан тиийэн үлэлии, уопут атастаһа сылдьар.
edersaas.ru
Пантелеймон Романович Саха сиригэр үөрэнээччилэргэ уонна устудьуоннарга инклюзивнай үөрэхтээһини киллэрэргэ тиһиктээхтик үлэлиир. Тирээн турар ыйытыылары, баар кыһалҕалары былаас үрдүкү уорганнарыгар туруорсар салайааччы. Кини Германияҕа үөрэхтээһин тиһигин, чуолаан инклюзивнай үөрэхтээһин уратыларын, биһиэхэ кэпсээтэ:
– Германияҕа инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыыта судаарыстыба тиһиктээх болҕомтотугар олоҕурар. Ол иһин, доруобуйаларынан хааччахтаах төрөппүттэр оҕолоро оҕо уһуйааныгар эбэтэр оскуолаҕа киирэллэригэр ханнык да харгыһы көрсүбэттэр. Кинилэр олорор сирдэринэн уопсай үөрэхтээһини эбэтэр анал оскуолаларга инклюзивнай үөрэхтээһини талар кыахтаахтар.
Инклюзивнай үөрэхтээһин сэбиэттэрэ Германияҕа судаарыстыбаннай былаас, муниципалитет бары таһымнарыгар, ону сэргэ, федеральнай сирдэргэ уонна федеральнай бырабыыталыстыбаҕа бааллар. Бу сэбиэккэ бэлиитиктэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна гражданскай уопсастыба атын да чилиэннэрэ киирэллэр.
Инклюзивнай үөрэхтээһин Германия сорох федеральнай сирдэригэр булгуччулаах. Кинилэр чэгиэн туруктаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах үөрэнээччилэргэ инклюзивнай үөрэхтээһини бэрээдэктиир оскуола сокуоннарын ылыналлар.
Холобур, Хотугулуу Рейне-Вестфалияҕа инклюзивнай үөрэхтээһин туһунан сокуон киллэриллэр. Чуолаан, оҕолорго барыларыгар уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар миэстэ бэриллиэхтээх. Инклюзивнай ньыманан үөрэниэн баҕарбат үөрэнээччилэр анал оскуолаларга сылдьыахтарын эмиэ сөп.
Оҕолор үгүстэрэ оскуолаларыгар күн аайы оптуобуһунан эбэтэр таксинан айанныыллар. Аҕыйах эрэ оҕо интэринээт-оскуолаҕа олорор. Тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа олус уһуннук айаннаан тиийэҕин эбэтэр оҕолор атын төрүөттээхтэр. Анал оскуолаларга үксүлэригэр кэриэтэ интэринээттэрэ суох.
Уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар инклюзивнай ньыманан үөрэнэр, мөлтөхтүк көрөр оҕолор нэдиэлэҕэ хас да чаас тифлопедагогтар уонна психологтар өйөбүллэринэн туһаналлар. Ону таһынан, кинилэргэ үөрэхтэригэр көмөлөһөр уонна үөрэх матырыйаалларын, ол иһигэр Брайл шрибин, табыгастаах оҥорор тьютордар диэннэр бааллар.
Брайл систиэмэтин учуобунньуктара. Ресурснай кииннэргэ судаарыстыбаннай оскуолаларга үөрэнэр оҕолорго бэриллэллэр.
Олох мөлтөхтүк көрөр оҕолор уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар Брайл систиэмэтинэн үөрэнэллэр. Кинилэр үөрэхтэригэр бэлэмнэнэллэригэр булгуччу көмпүүтэр адаптивнай технологияларын туһаналлар. Тиэкис үксэ Брайл строкатын, экрантан ааҕыы эбэтэр ойууну улаатыннарар бырагыраамалар көмөлөрүнэн көмпүүтэргэ сыыппара көрүҥүнэн чочуллар.
Судаарыстыбаннай оскуолаларга инклюзивнай ньыманан үөрэнэр харахтара мөлтөхтүк көрөр оҕолор үчүгэйдик үлэлииллэрин наадатыгар анал бырагыраамалаах ноутбугу босхо ылаллар.
Оскуолалар уонна кэллиэстэр Брайл шрибигэр уларытар тылбаас анал бырагыраамаларын туһаналлар. Ону наадыйдахха, хаһан баҕарар бэчээттээн таһаарыахха сөп.
Ити курдук, Германияҕа уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар инклюзивнай үөрэхтээһин судаарыстыба өттүттэн болҕомто баар буолан сайдар диэн этиэххэ сөп. Холобур, Шлезвиг-Гольштейнҥа мөлтөхтүк көрөр оҕолорго анал оскуолалар суохтар, кинилэр бары уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар инклюзивнай ньыманан үөрэнэллэр.
Үөрэххэ ураты ирдэбили эрэйэр устудьуоннары өйүүр сулууспалар Германия бары университеттарыгар баар буолбатахтар. Кинилэр, атын устудьуоннар курдук, уопсай үөрэхтээһин бырагырааматынан үөрэнэллэр уонна кинилэргэ үөрэх адаптированнай бырагырамаалара оҥоһуллубаттар. Үөрэххэ ураты ирдэбили эрэйэр устудьуоннар факультеттарга барыларыгар үөрэнэллэр.
Немец устудьуоннарын сойууһа оҥорбут социальнай ыйытыга мөлтөхтүк көрөр устудьуоннар ахсааннарын туһунан маннык иһитиннэриини оҥордо: устудьуоннар 7 бырыһыаннара көрөллөрүгэр кэһиллиилээхтэр, бу, биллэн турар, кинилэр үөрэнэллэрин уустугурдар.
Ол иһин, Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин (ХНТ) генеральнай ассамблеята оҥорбут инбэлииттэр бырааптарын туһунан Конвенцияларын толорон, оскуолаларга уонна университеттарга үөрэххэ ураты ирдэбиллээх дьоҥҥо анал усулуобуйалар тэриллэллэр.
ЫСПЫРААПКА:
Инклюзивнай үөрэхтээһин – хас биирдии киһиэхэ, эт-сиин, өй-санаа, социальнай уо.д.а. уратыларыттан тутулуга суох, уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэнэр кыах бэриллиитэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru