Көрбүөччүлэр өтө көрүүлэрэ: Эдьиий Дора

Бөлөххө киир:

Тохсунньу – Таҥха ыйа. Бу кэмҥэ сахалар халлаан оройо аһыллар дииллэрэ, онон инникини өтө көрөөрү, олохторун хаамыытын билээри билгэлэнэр, көрүүлэнэр этилэр. Таҥха Хаан — Дьылҕа таҥараларыттан биирдэстэрэ, саха киһитин оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлэ, киһи олоҕун үтүө-мөкү да, түһэр-тахсар да сүрүн түгэннэрин быһаарар.

Оттон көрбүөччүлэр, ойууннар, айылҕалаах дьоммут тугу биттэнэр, билгэлиир эбиттэрий?

Быыһык кэмҥэ олоробут”

Дора Кобякова-Эдьиий Дора, экстрасенс:

Бу кэмтэн дьиҥнээх олох, дьэ, кэллэ. Ити икки өрүттээх. Онон, үчүгэй өттүн тутуһан, саха дьоно иллээхтик-эйэлээхтик, олохтоохтук, бэйэбит холумтаммытыгар бэйэ бодобутун тардынан, өйдүүн-санаалыын сааһыланан, тосту уларыйан, сымнаан, уһуну-киэҥи санаан, биир бигэ санаанан салайтаран, сахалыы тэринэн-дьаһанан олоруохтаахпыт.

Өссө да уһун кэмҥэ үчүгэйдик олоруохпут. Саха киһитэ туохтан да куттаныа суохтаах. Биһиги сэрииттэн уонна сир хамсааһыныттан эрэ долгуйуох тустаахпыт. Миэхэ итинник этиттэрэллэр. Олоҕу түргэнник олорон бүтэргэ ыксаамаҥ. Дьиҥ сирдээҕи олох, дьэ, саҕаланна. Олох интэриэһинэйэ, уйгулааҕа, киһи киһиэхэ наада буолара, дьэ, кэллэ. Холобур, бу киһи билигин миэхэ наадата суох, ол эрээри, сарсын олус наада буолара тирээн кэлиэ. Киһи өйүн-санаатын үлтү ытыйар кэмнэр тирээн кэллилэр. Биһиги быыһык кэмҥэ олоробут. Холобур, эбэбит илинин-арҕаатын да быһаарбат турукка киирэн, кэхтии, эстии суолун тутуһан эрэр эбиппит. Ол тохтуо диэн эрэнэбин. Олоҕу, үлэни уустугурдумаҥ, курдурҕаччы олорон иһиллиэхтээх. Баары харыстаан, сиэри-туому тутуһан олоруоҕуҥ, этиһэн, хойох хостоһон, мөҕүттэн, айдаарсан бүтүөҕүҥ.

Биһиги өбүгэлэрбит үтүөлэригэр олоробут, кинилэр ситэри аһаабатах-таҥныбатах астара-таҥастара биһиэхэ тиксибит эбит. Улууһунан-нэһилиэгинэн, уруунан-аймаҕынан, кырдьаҕастар-эдэрдэр диэн хайдыһымаҥ. Бэйэ-бэйэни өйдөспөт буолууттан, сыыһа, атын хайысхаҕа баран эрэрбититтэн дьиксинэбин. Тоҕо диэтэр, бу быыһык кэмҥэ бэйэбит эрэ ньамалаһан олоробут. Сотору кэминэн, аҕыйах сылынан тастан олус элбэх киһи кэлиэҕэ. Ону көрбүтүм ыраатта. Сибилигин онно бэлэммит суох. Дьиҥэ, ити кэлиэхтээх омуктар, ол эрээри аһара элбэх омук кэлээри гынна.

Атын сиргэ көһөн барымаҥ диэн этиэм этэ. Үөрэнэ, дьаарбайа барыахха сөп. Оттон төрөөбүт дойдуну быраҕан, олох тахсан барары мин аньыыргыыбын. Дойдулаах дьон дойдугутугар эргиллэн кэлээриҥ, быстан-ойдон быралыйан хаалымаҥ диэн илдьиппин тиэрдэбин. Саха дьоно тутуспутунан наһаа көһөн эрэриттэн мин дьиксинэбин.

Оттон биһиэхэ кэлээри омук дьоно үөһээ-аллараа тыыныы бөҕө. Дьиҥ олохтоох саха буоларбытынан, бу кэлээччи дьоҥҥо өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх, туруктаах буолуохтаахпыт. Хас биирдии нэһилиэк, улуус дьоно бүттүүн тутуһан, айылҕаны, сири-уоту киртиппэттэрин курдук көрө-истэ, эйэ-дэмнээхтик үлэлээн, ыччаты, аймаҕы кытары сибээһи тутуһан олоруохтаах. Элбэх киһи дьиэ-уот туттарыгар баҕарабын. Хас биирдии саха ыала холумтанын сөргүттүн, билигин барыта гаас буолла, айылҕабытыттан, эһэкээммититтэн тэйдибит. Куорат да буоллун, төһө кыалларынан камины, оһоҕу туттаргытыгар, сахалыы баай сандалылаах буолуоххутун баҕарабын.

Тымныыбыт биһигини ыраастыыр, эмтиир, чэбдигирдэр, аптаах тыалынан бу бүрүүкээбит дьаҥы-дьаһаҕы, куһаҕан тыыны үтэйэр эбит. Онон бу ыарыы хаптайдаҕа буоллун, хам тутан күдэриккэ тэптэҕим буоллун, киирэр-тахсар халҕанын ыбылы саптаҕым буоллун, этэҥҥэ буолууну хааччыйдаҕым буоллун!

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0