Мөлүйүөнтэн тахса харчыны «гадалкаҕа» биэрбит дьахтары киһи эрэ аһынар. Оҕотугар көмөлөһөр санааттан оннукка киирэн биэрээхтээбит.
Дьокуускай куорат борокуратуурата РФ Холуобунай кодексатын 159-с ыст. 4-с чааһынан (бөдөҥ кээмэйдээх түөкүннээһин) тэриллибит холуобунай дьыала сокуоннайын-суоҕун бэрэбиэркэлээбит. Уонна бу дьыала тэриллиитэ сокуоннай диэн быһаарбыт.
Силиэстийэ иннинээҕи бэрэбиэркэ көрдөрбүтүнэн, киин куорат олохтооҕо инникини өтө көрөр «гадалкаҕа» биллэриинэн тиийбит. Онуоха «гадалка» дьахтар уолун быһа эппиттэрин («порча»), ону устуохха-ыраастыахха наадатын бэлиэтээбит.
Итиэннэ ыраастааһын сиэрин-туомун оҥорорго харчы наадатын, ол харчытын кэлин киниэхэ төнүннэриэх буолан эрэннэрбит.
Дьахтар оҕотун «порчаттан» ыраастыыр санааттан, «гадалкаҕа» бу сыл от ыйыттан саҕалаан, балаҕан ыйыгар диэри кэмҥэ уопсайа 1 мөл. 120 тыһ. солк. харчыны төлөөбүт.
Кэлин «көрбүөччү» куортамнаабыт дьиэтиттэн көспүт уонна төлөпүөнэ эппиэттээбэт буолбут.
Силиэстийэ барар.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.