Көрүүтүн таптахха, өлгөм аһы биэрэллэр

Ааптар: 
26.06.2017
Бөлөххө киир:

Сорох култуура, сүрүннээн, помидор уонна оҕурсу, баччаларга аһын биэрбэккэ эрэн, биир кэм үүнэн сараадыйа турар идэлээх.

Edersaas ru.

Хоннохторуҥ туурдуҥ дуо?

Наһаа сараадыйбыт лабаалаах үүнээйи хос лабааларын сарбыйан биэриллэр. Онуоха, бастатан туран, алларааҥҥы икки-үс сэбирдэҕи ылан кэбиһиллэр. Ити салгын үчүгэйдик хамсыырын итиэннэ буортан араас үөн-көйүүр ыамата тарҕамматын хааччыйар.

Помидор

Буор сахсархайын сөбүлүүр буолан, кэмиттэн кэмигэр тулатын көбүтэн биэрэ сылдьыллар уонна хортуоппуй курдук, төрдүн буорунан томточчу таптайыллар. Оччотугар ууну эрээт икки ардынан халытан кутарга табыгастаах буолар. Иккиһинэн, эбии силистэр үүнэннэр, үүнээйини бөҕөргөтөллөр.

Аһын кэмигэр биэрэрин туһугар помидор төбөтүн сарбыйыллар итиэннэ сэбирдэҕин хонноҕуттан үүнэн тахсар умнаһы (нууччалыы – “пасынок”) түөрт-алта сантиметр уһаата даҕаны тоноон ылыллар. Кылгас угу сарбыйыллыбат, алларааҥҥы эрэ сэбирдэхтэр хоннохторун тууруллар.

Биири өйдөөҥ: адьас төрдүттэн тосту тардан ыллахха, ол сириттэн хоннох үнүгэс иккиһин үүнэр. Ити иһин биир сантиметр төрүтү хаалларыллар.

Оҕурсу

Помидортан уратыта диэн ойоҕос лабаалары үһүс сэбирдэхтэрин кэнниттэн быһыллар. Сүрүн угу (умнаһы) сарбыйыллыбат, быаҕа эрийэн төһө баҕарар үүннэриллэр.

Ордук лабаа ылыллар

Бары күүһү — буортулааччылары утары

Үүнээйи сэбирдэхтэригэр араас толбон үөскээбитин эбэтэр саһаран, иинэн-хатан эрэрин көрдөҕүнэ, киһи ыксыыр. Маннык көстүүнү суох оҥоруох иннинэ ыарыы үөскээбит төрдүн быһаарыллар.

Луук уонна хаппыыста

Сахсырҕа үөнүттэн ордук эмсэҕэлииллэр. Сахсырҕа луук төрдүгэр, хаппыыста моонньугар уурбут сымыытыттан тахсыбыт ыамалар үүнээйини буомурдаллар, сороҕор өлөрөллөр. Бэйэ сиир аһыгар уустук химиялаах эми туттар кутталлаах, хата, сарсыарда аайы биирдии угунан кэрийэн, илиинэн ыраастыыр ордук.

Помидор

“Мозаика” вируһа ол-бу тобоххо кыстаабытын сахсырҕа тарҕатан, помидор сэбирдэҕэр уонна аһыгар араҕастыҥы хара толбоннор үөскүүллэр. Ону «Циркон» препаратынан эмтэниллэр. Туһалаабатаҕына, атын уктарга тарҕамматын туһугар, ыалдьыбыт угу быраҕыллар.

Фитофтора тунуйдаҕына, сэбирдэххэ уонна аска хара-буурай, хара толбоннор тахсаллар. Үүнээйини бу ыарыыттан сэрэтэргэ марганка суурадаһынынан ыстарыллар. Икки нэдиэлэнэн 10 лиитэрэ сылаас ууга 1 — 1,5 ыстакаан эриллибит чочунааҕы, 1 – 1,5 г марганцовканы, 2 остолобуой ньуоска убаҕас мыыланы булкуйан суурадаһын оҥорон ыстарыллар.

«Мозаика»  үөнэ маннык сиир

Оҕурсу

Сымыйа мээккэ бурдуктуҥу сиик (ложная мучнистая роса), антракноз уонна бактериоз диэн ыарыыларга сутуйуллар.

Бастакы ыарыыга сэбирдэх мээккэ бурдук курдугунан бүрүллэр. Антракозка сэбирдэх үөһээ өттө сырдык буурай толбоннонор, аллараа өттө тэтэркэй өҥнөнөр, аһыгар боруонсабай баас үөскүүр. Бу ыарыы үүнээйи мөлтөөн, эттиктэр атастаһыылара кэһилиннэҕинэ эбэтэр күн уотугар бустаҕына көбөр. Бактериоз буулаатаҕына, сэбирдэххэ ньылбаҥнас толбоннор, аһыгар уулаах толбоннор түһэллэр.

Оҕурсу ыалдьыбыта билиннэ да, ууну кутары тохтотуллар, тэпилииссэни салгылатыллар. Буорту буолбут сэбирдэхтэри, аһы уматыллар. Атын сэбирдэхтэргэ, астарга марганкалаах ууну ыстарыллар, буора куурбутун кэннэ күлү эбэтэр миэли кутуллар. Ыарыы аны буулаабатын туһугар тэпилииссэҕэ баар бары уктары, сэбирдэхтэри «Фитоспорин» эбэтэр «Циркон» суурадаһынынан ыстарыллар.

Сымыйа мээккэ бурдуктуҥу сиик түүнүгүн ноһуом бактерията өлөрөр. Биир биэдэрэ ууга 1 киилэ сибиэһэй ноһуому суурайан 3-4 чаас туруоруллар уонна ардахтатан кутуллар.

Ас иһиттэн сытыйыыта

Куйааска наһаа утатар буоллаҕына уонна калий, кальций тиийбэтэҕинэ, помидор, баклажан уонна биэрэс астарыгар кубархай толбоннор тахсаннар, устунан сытыйан киирэн бараллар. Онуоха буору Фитоспоринынан ыстарыллар, үүнээйилэри калийдаах, кальцийдаах убаҕаһынан (10 лиитэрэ ууга биир остолобуой ньуосканы суурайан) эбии аһатыллар. Эбии аһатыах иннинэ ууну кыра соҕустук, аһаппыт кэнниттэн өлгөмнүк кутуллар.

Суруллубатах быраабыла

* Тилээ, моркуоп сахсырҕата уонна кириэстии өҥнөөх былахы күлү абааһы көрөллөр. Онон үүнээйи тула уонна эрээттэр икки ардыларыгар күлү таммалатыллар. Ууну ардахтатан кутуллар.

* Хортуоппуй уонна помидор отторун көөнньөһүктэрэ эбии аһылык быһыытынан көдьүүстээхтэрин таһынан, үөннэри үүрэллэр. Биир биэдэрэ итии ууга 1-2 киилэ хортуоппуй күөх отун кырбаан, 12 чаас устата туруоруллар, сиидэлэнэр. Эмиэ биир биэдэрэ ууга 4 киилэ помидор отун оргутан сиидэлэнэр уонна икки төгүл элбэх уунан убатыллар. Үүнээйигэ ыстарыллар.

* Саһарбыт уонна өлбүт сэбирдэхтэри утарынан тоноон истэххэ, түүнүк ыарыы тарҕаммат.

Тилээ маннык буолар

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0