Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Айталина Никифорова «Көрүнньүк олох көлдьүнэ» диэн бэрт дьикти ааттаах саҥа кинигэтин биир тыынынан аахтым. Хоруона хамсыгынан олохпут-дьаһахпыт оҥкула уларыйбатаҕа буоллар, хайаан да ааҕааччылары кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтиллиэхтээх, дьүүллэһиллиэхтээх кинигэ эбит дии санаатым. Онон, үтүө күннэр өссө да үүнүөхтэригэр эрэнэн туран, аахпыппын, билбиппин ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэ туруум.
edersaas.ru
«Дьол өйдөбүлэ биир курдук даҕаны, хас биирдиибит олоҕун суола араастаан тыргыллар… Санаабытыгар, тус өйбүтүнэн салайынан олорор курдукпут даҕаны, тоҕо эрэ олохпут баҕабыт хоту эриэ-дэхси буолбат”, – диэн ааптар кинигэтигэр бастакынан киирбит “Эйиэхэ тапталым сүүс да олоххо тиийиэ” диэн кэпсээнин саҕаланыытыгар ааҕабыт. Урутаан эттэххэ, кинигэм бүтэһик лииһин сабан баран өйдөөбүтүм, ааптар бу санаатынан кинигэ ис хоһоонун барытын тыктаран биэрбит, ааҕааччыны “төрөппүт оҕотугар” – кинигэтигэр сиэтэн киллэрбит эбит.
Кини хас биирдии кэпсээнигэр киһи очурдаах да, омуннаах да олоҕо уйаннык ойууланар. Орто дойдуга биирдэ бэриллэр олохторугар оруо-маһы ортотунан омуннаахтык эбэтэр ээл-дээл сыһыаннаһан, тус олохторун түөрэ-лаҥкы туппут дьоруойдар аҕыйаҕа суохтар. Ол эрэн, киһи үөрүөх, биһирэмнээх дьоруойдар баһыйаллар.
Суруйааччы бу сэттис кинигэтин биир уратыта — билиҥҥи олохпутун, күннээҕини эрэ эридьиэстээбэт. Кини ааспыт үйэ кэрдииһин, ол эбэтэр бэйэтин оҕо сааһыттан саҕалаан, үөрэммит, олоххо бигэтик үктэммит кэмин итэҕэтиилээхтик ойуулаан, үгүс ааҕааччыны оччотооҕу кэмнэргэ төнүннэрэр. Оттон кинигэни илиитигэр ылан ааҕар эдэр ааҕааччыга төрөппүттэрин, эһээлэрин-эбээлэрин олохторун билсэригэр көмөлөөх буолсу. Ону сэргэ, ааптар төрөөбүт дойдутун, нэһилиэгин дьонун-сэргэтин мэтириэттэрин, оҕо сааһын омоон суолун ыллыктарын, бэл, айылҕатын уратытын киһи эрэ хараҕар көстөн кэлэр курдук ылыннарыылаахтык ойуулуур, сонун уобарастары арыйар.
* * *
“Эйиэхэ тапталым сүүс да олоххо тиийиэ”. Бу кэпсээҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриититтэн тыыннаах эргиллэн кэлбит бэтэрээн Уйбаан Дураайап өр кэмҥэ ыал буолбакка сылдьан баран, бэҕэһээҥҥи оскуола оҕотун кэргэн ылан, биир кыысчааҥҥа күн сырдыгын бэлэхтээн, дэриэбинэтин дьонун улаханнык соһутар, сорохторун кэлэтэр даҕаны. Сэрии толоонугар биир атаҕын хаалларан, икки баттыктаах кэлбит киһи олоххо таптала, дьулуура киһи эрэ уйадыйыах кэпсэнэр. Уйбаан: “Олохпор ылбыт охсуум иһим, арааһа, дьылҕа бу дьолу миэхэ анаатаҕа. Айыыларбар махтанабын”, – диэн кэргэнин күүлэй аҥаардаах олоҕор сөбүлэһэргэ күһэллэр. Ааптар бу олоххо таптыыр киһини күүтүү, эрэнии күүстээҕин, таптал хайа баҕарар сааска кэлэн дьоллуурун көрдөрөргө дьулуһар. Уйбааннаах Нина олохторо эр киһи эрэ тапталын күүһүнэн тутуллан олорорун, хардата суох таптал туохха тириэрдибитин ааҕааччы бэйэтэ да сэрэйэн эрдэҕэ. Бу кэпсээҥҥэ биир күүстээх уонна киһини уйадытар көстүүнэн Уйбаан олоҕун тиһэх суолугар аттанаары сытан эппит көрдөһүүтэ буолар.
“Тоойуом, оҕом барахсан, тиһэх көрдөһүүбүн толоруоҥ дуо? Ийэҕин көрүөхпүн баҕарабын… Нинам кэрэ сэбэрэтин бэйэтин биирдэ хайгыы, таптыы көрөн баран, бу сиртэн чэпчэкитик барыам этэ. Аҕынным даҕаны, сэгэртэйбин… Көрбүт киһи баар ини…” – диэн көрдөһүүтүн тириэрдэр. Оттон кэргэнэ буолуохсут: “Ол оҕонньору умнубутум ыраатта. Эдэр сааһым саамай улахан алҕаһа этэ. Онон ол ааспыты сөргүтэр баҕам төрүкү суох”, – диэн кыыһынан кыһыылаах тылларын тириэрдэр. Дьиҥэр, Уйбаан киниэхэ таптала сүүс да олоххо тиийиэхтээх этэ… Ааҕааччы кэпсээн түмүгүттэн хараастан, биллэн турар, классик суруйааччыбыт Алампа олоҕун тиһэх күнүн, кэргэнин Дуунньатын көрүөн баҕарбыт ыарахан кэмнэрин санаан кэлбит буолуохтаах…
* * *
Үөһээ ахтан ааспытым курдук, Айталина Никифорова чугас дьонун ааспыт олохторун “Улахан олох” диэн кэпсээнигэр үйэтитэн, аймах эрэ буолбакка, суруйааччы быһыытынан, ытык иэһин толорбут.
Кырдьаҕас Бүлүү олохтооҕо, 85-с хаарын санныгар уулларбыт, үйэтин тухары атыы-эргиэн эйгэтигэр чиэһинэйдик үлэлээбит, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Евдокия Андреевна Данилова-Багдасаева төрөппүттэрин, сэрии кэминээҕи оҕо сааһын, оҕолоругар сиэннэригэр анаан халыҥ тэтэрээккэ суруйбутун ааптар уус-уран суруйуу халыыбыгар киллэрбит, билиҥҥи олоҕу кытары ситимнээбит. Евдокия Андреевна 2019 сыллаахха олохтон күрэммит. Айталина күннүк ааптарын кытары күннэтэ кэриэтэ алтыспыт уонна кини ахтыы-суруйууларын билсибит киһи быһыытынан, инникитин “Улахан олох” кэпсээни улаатыннаран, улахан сэһэн оҥорор кыахтааҕар уонна бырааптааҕар ааҕааччы эрэнэ хаалар.
* * *
Айталина Константиновна уонна кини биир саастыылаахтарын, үөлээннээхтэрин ааспыт олохторо кини кэпсээннэригэр хаһан эрэ сюжет буолан киириэхтээхтэрэ саарбаҕа суоҕа. Ону “Тургутуу” уонна “Эһэ алгыһынан” диэн кэпсээннэригэр көрөбүт. Ааптар идэ оҥостубут суруналыыс үлэтэ кинини ханна-ханна тириэрдибэтэҕэй? Суруйар дьонун олохторун бэйэтин нөҥүө аһарарга, баар балаһыанньаны кырдьыктаахтык көрөргө, ону куттаммакка, ааҕааччыга тириэрдэргэ үөрэттэҕэ. Ол да иһин, дьоруойдарын уларыта тутуу саҕаланыаҕыттан олохторо-дьаһахтара хайдах салаллыбыта, тургутууну хайдах ааспыттара, биир дойдулаахтара мэһэйдэртэн кыайыылаах тахсалларын туһугар охсуһуулара хорсуннук ойууланар. Суруйааччы бу кэпсээннэригэр буолбут түгэннэри биир күдьүс кэпсээн кэбиспэт. Дьоруойдарын өйдөрүн-санааларын уонна уйулҕаларын хамсааһынын кинилэр кэпсэтиилэринэн, тыыннаах хартыына курдук ойуулааһынынан тыҥааһынныыр, ааҕааччыны ыгылытар, толкуйга түһэрэр. Онуоха кини айылҕаны ойуулуур, тыыннааҕымсытар дьоҕура эмиэ көмөлөһөр.
Аһыы утаҕынан үлүһүйүү үгүс нэһилиэктэргэ тэнийэ сылдьыбытын, элбэх киһи олоҕун огдолуппутун, дьылҕатын сарбыйбытын билэ-көрө сырыттахпыт. Айталина Никифорова – “Саха сирэ” хаһыат “Саха ыала” сыһыарыытыгар үлэлии сылдьан, арыгылааһын тиэмэтигэр хорутуулаахтык суруйбут, тустаах тэрилтэлэри кытары элбэхтик айаҥҥа сылдьыспыт суруналыыс. Онно билбит билиитэ, көрбүт көрүүтэ, сөптөөх түмүктэри оҥоруута, бэйэтин тус көҕүлээһиннэрэ (аныгылыы эттэххэ, бырайыактара) хайдах да суруллубакка хаалар кыахтара суоҕа. Ити барыта уус-уран айымньыларга кубулуйбутун ааҕааччы ылынар, итэҕэйэр уонна махтанар.
* * *
Кинигэ аата – “Көрүнньүҥ олох көлдьүнэ”. Ааҕааччы, үгэс курдук, итинник ааттаах кэпсээни булан ааҕаары бэлэмнэммит буолуохтаах. Дьэ, оннук ааттаах кэпсээн кинигэҕэ суоҕун курдук суох. Арай, “Ыһыллыы сүрэ” диэн тэттик кэпсээҥҥэ сүүрбэччэ сыл үлэлээбит уопуттаах учуутал үөрэнээччитэ Айыына санааҕа баттаппытын, сүөм түспүтүн бэлиэтии көрөрүттэн саҕаланар. Учуутал “силиэстийэлээн” билбитэ, Айыына ийэтэ харчыны “тэллэй курдук элбэтэр” саарбах тэрилтэҕэ киирэн, олорор дьиэтин атыылаан, кыыһын дьылҕатын быһааран баран сылдьар эбит. Дьэ, бу кэпсээҥҥэ көрүнньүк олох көлдьүнэ илэ-бааччы көстөр. Суруйааччы бу кэпсээнинэн аныгы киһи көнө суолу тутуһарыгар сүбэлиир.
Кини атын да кэпсээннэригэр ааҕааччыны толкуйдатар, өйүн-санаатын сааһылыыр, нууччалыы эттэххэ, афоризмнар элбэхтэрэ кэрэхсэбиллээх.
“… Ыарыы төрүөтэ киһи иһигэр туппут хомолтото, ыарахан санаата ыарыыга кубулуйар эбит”;
“Киһи сааһын кэрэтин таба өйдөөн, онно сөп түбэһэн олоруохтаах”;
“Биһиги саҕана сэмэй буолуу үтүө хаачыстыба буоллаҕына, билигин ол – мөлтөх буолуу…”;
“… Аныгы кэмҥэ саҥата суох үлэлиир буоллаххына, үлэҥ көстүбэт, ол эбэтэр букатын да үлэлээбэтэх курдуккун. Оттон бэйэтин элбэхтик хайҕанар, интернет ситимиттэн түспэт киһи кыахтаах салайааччы, үлэһит аатырар. Киһини тус дьыаланан сыаналыыр кэм ааспыт курдук”;
“Дьоҥҥо сирэй көрбөх буолан, бэрт буола сатыыр дьон тус бэйэлэрин таҥнараллар”;
“Дуоһунас бүгүн баар, сарсын – суох. Киһи туох ханнык иннинэ киһинэн хаалыахтаах”;
“Мөкү майгылаах-сигилилээх дьон бэйэлэрин ытыктаабаттар, ол иһин кими даҕаны сатаан ытыктыыр, сыаналыыр кыахтара суох”
* * *
Эбэн эттэххэ, бу кинигэҕэ Айталина Никифорова “Эргиллиэм мохсоҕол буолан” диэн инники кинигэтэ суруйааччы Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду тылбааһыгар эбии киирэн, саҥа кинигэни байыппыт, икки тыллаах ааҕааччыга анаммыт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru сайт