Көрөөччүлэри Айталина Адамова аатынан бэстибээл күүтэр

12.04.2019
Бөлөххө киир:

Муус устар 19-23 күннэригэр СӨ норуодунай артыыската Айталина Адамова-Афанасьева аатынан опера ырыаһыттарын аан дойдутааҕы I бэстибээл-куонкуруһа ыытыллыаҕа.

edersaas.ru

Муус устар 11 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ бэстибээли тэрийээччилэр кыттыылаах пресс-кэмпэриэнсийэ буолла. Манна Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын дириэктэрэ Сергей Сюльскай, туруорааччы-дирижер, бочуоттаах ыалдьыт Фахраддин Керимов (Азербайджан), опера солиһа Карлос Д Онофрио (Аргентина), “Трубадур” испэктээги туруорааччы-режиссер Светлана Шадрина, көстүүмнэр уруһуйдьуттара Сардаана Федотова уо.д.а. кытыннылар.

Сергей Сюльскай Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, аан дойдутааҕы куонкурустар лауреаттара Айталина Адамова-Афанасьева курдук, Чайковскай аатынан аан дойдутааҕы куонкурус I бириэмийэтин лауреата буолбут ырыаһыт Уһук Илиҥҥи региоҥҥа суоҕун киэн тутта бэлиэтээтэ. Ол да иһин, Айталина Саввична аатынан маннык үрдүк таһымнаах бэстибээли ыытар санаа уруккуттан баара.
Опера улахан түһүлгэтигэр Японияттан, Кытайтан, Монголияттан, Казахстантан, Москваттан, Санкт Петербургтан, Владивостоктан, Хабаровскайтан — барыта 20-чэ кыттааччы кэлиэҕэ.
Бэстибээл бочуоттаах ыалдьыта Фахраддин Керимов эппитинэн, кини Саха сиригэр уонча сыллааҕыта “Кармен” операны туруорарга көмөлөһө кэлбитэ. Ол кэнниттэн СӨ Опера уонна балет тыйаатырын кэлэктиибин кытары гостуруолларга сылдьыбыта.

-“Трубадурга” солистары икки састаабынан бэлэмнээтибит. Эһиги толорооччуларгыт олус үчүгэйдэр. Бэлэмнэммиппит хас да күн буолла, барыта ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйданна. Операҕа оонньооччулар географиялара да киэҥ. Араас сиртэн кэлбит артыыстардыын бары биир сомоҕо буоллубут, — диэн саҥа опера-испэктээк ситиһиилээхтик туруоруллуоҕар эрэнэрин биллэрдэ.

Бэстибээл-куонкурус үс турунан ыытыллыаҕа. Ол курдук, муус устар 20 күнүгэр хас биирдии толорооччу үс айымньыны: классика буолбут операны, арияны уонна норуот ырыатын толоруоҕа. Сарсыныгар иккис турга кыттааччылар кыайыылаах аатын ыларга тургутууну ааһыахтара. Онтон муус устар 23 күнүгэр түмүктүүр гала-кэнсиэркэ кыайыылаахтар эрэ кыттыахтара.
Биир долгутуулаах түгэнинэн муус устар 19 күнүгэр Джузеппе Де Верди “Трубадур” опера-испэктээгин сүрэхтээһин буолуоҕа. Бэстибээл чэрчитинэн көрдөрүллэр испэктээги Саха тыйаатырын режиссера Сергей Потапов операҕа аан бастакы холонуу быһыытынан туруорда. Ол туһунан Сардаана Федотова:
Саха тыйаатырыгар Сергей Потапов туруорбут “Мин доҕорум Гамлет” испэктээгин көрөн баран, Опера уонна балет тыйаатырыгар хайаан да “Трубадур” баар буолуохтаах, ону Сергей Потапов туруоруохтаах диэн санааҕа кэлбиппит. Аан бастаан С.Потапов, тыйаатыр худуоһунньуга Михаил Егоров уонна мин буолан сүбэлэспиппит уонна бэйэбитигэр олус улахан эппиэтинэһи сүкпүппүт. Онон, биһиги бастатан туран, Сергей операны таптыырыгар уонна опера-испэктээккэ туох эрэ кэрэни, сонуну буларыгар көмөлөһүөхтээхпит. “Трубадур” кини айар үлэтигэр сабыс-саҥа страницанан буолуоҕа, — диэн саҥа опера туһунан санаатын үллэһиннэ.
Сергей Потапов айар үлэтин кэтээн көрөөччүлэр кини  операҕа үлэтэ ураты сүүрээни киллэриэҕин, аныгылыы көрүүлээх, чуҥкук буолуо суоҕун билэллэр.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

Денис Попов түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0