Күп олохтоохторун эвакуациялаан эрэллэр

Бөлөххө киир:

Улуусмедиа сайт суруйарынан, Уус Маайа оройуонун Күп  нэһилиэгиттэн дьону эвакуациялаан эрэллэр.

Ол курдук, 26 киһини улуус киинигэр эвакуациялаатылар. Дьокуускай куораттан суһал бөлөх сөмөлүөтүнэн тиийдэ. Күп олохтооҕо Александра Оконешникова Улуусмедиа сайтка кэпсээбитинэн, уу олус түргэнник кэлбит буолан докумуоннарын уонна оҕолорун таҥастарын ыла охсоот, тута оҕо саадыгар барбыттар.

Билигин Уус Маайа  оройуонугар 649 тиэргэн ууга олоччу олорор. Ол иһигэр 280 олорор дьиэ (636 киһи, ол иһигэр 180 оҕо олорор).

Хаартыска: Улуусмедиа

Биһ. корр., edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0