Күннэй Такасаева: “Сүҥкэн суолталаах тылдьыт”

Ааптар: 
09.04.2021
Бөлөххө киир:

Саха сириттэн сылдьар Варшаватааҕы (Польша) судаарыстыбаннай университет билимҥэ дуоктара — Күннэй Такасаева. Диссертациятын поляк тылынан Саха култууратын (билиҥҥини) уонна Вацлав Серошевскай үлэлэрин (уруккуну) чинчийэн көмүскээбитэ. Онон тылга уонна тылдьыкка быһаччы сыһыаннаах учуонай. Ханна да сырыттар, саха тылын, Саха сирин дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир, сырдатар.

edersaas.ru

Польшаҕа үлэ

— Күннэй Револьевна, билигин тугунан дьарыктанаҕын?

— Варшаватааҕы университекка үлэлиибит. Былырыын Америкаҕа баран төрүт омуктары үөрэтии билим бырайыагынан сыл курдук үлэлээн кэлбитим. Быйыл аат/ааттааһын туһунан аан дойду учуонайдара (Саха сириттэн эмиэ) кыттыылаах бырайыакпын салгыыбын. Инникитин кинигэ оҥорон таһаарар былааннаахпыт. Маны таһынан, култуура, ускуустуба дьоно эмиэ кытталлар. Кэлин виртуальнай быыстапка буолан тахсыахтаах.

Соторутааҕыта Чысхаан туһунан бырайыагы түмүктээтим. Өймөкөөн улууһун оҕолоро “Чысхаан уонна айылҕа туругун уларыйыыта” диэн тиэмэҕэ уруһуйдары оҥорбуттара. Бу уруһуйдарын эрэдээксийэлээн, тылы үөрэтэргэ көмө буоларын туһугар саха уонна аангылыйа тылларынан кинигэ таһаартарбытым.

 

“Түөрт тылынан саҥарабын”

— Хас тылы билэҕин?

— Түөрт тыл диэхпин сөп. Уопсайынан, тылга олус ирдэбиллээхтик сыһыаннаһабын. Ханнык да киһи, тылы таһыччы баһылаатым диэн этэрэ кыаллыбата буолуо. Тылы куруук үөрэтэллэр, чочуйаллар. Итиэннэ тылы үөрэтии хас даҕаны таһымнаах. Мин төрүт (саха), нуучча, поляк, аангылыйа тылларын туттабын, уочаратынан үөрэппитим. Уон сааспар диэри тыа сиригэр улааппыт буолан, саха эйгэтигэр иитиллибитим, оскуолаҕа сахалыы суруйарга, ааҕарга үөрэммитим диэн билигин киэн тутта кэпсиибин. Тоҕо диэтэххэ, куорат, улуус киинигэр саха кылааһа суох сорох оскуолалар үөрэнээччилэрэ (биһиги көлүөнэ) улаханнык сахалыы билбэт, аахпат этилэр. Онтон куоракка кэлбитим кэннэ нуучча тыла хайаан даҕаны ирдэнэрэ. Дьокуускай куорат уопсастыбаннай миэстэлэригэр дьон нууччалыы кэпсэтэрэ. Польшаҕа кэлэн баран поляк тылын үөрэппитим, күн бүгүҥҥэ да диэри үөрэтэбин. Аангылыйа тыла эмиэ биир оннук. Аан дойду таһымыгар чинчийэргэ аангылыйа тыла суох киһи табыллыбат.

Бу тыллары үөрэтэрбэр миэхэ саха тыла улаханнык көмөлөстө дии саныыбын. Хас биирдии тыл ханнык эрэ култуураны кытта ыкса ситимнээх, сыһыаннаах. Чуолаан атыннык толкуйдуурга, араас өтүттэн көрөргө-өйдүүргэ көмөлөһөр. Онтон сиэттэрэн киһи көрүүтэ кэҥиир.

Уонна саха тыла транскрипцияҕа улаханнык туһалыыр. Славян бөлөх дьонун кытта тэҥнээн көрдөххө, сахалар саҥарар саҥабыт аппараатын олоруута атын. Ол иһин аангылыйа, поляк даҕаны тылын үөрэтэрбэр транскрипцияҕа саха тылын суолтата сүҥкэн оруоллаах. “Дь”, “ҕ” дорҕооннорбут бэлэм бааллар. Холобур, атын омуктар саҥаралларыгар акценнара тута биллэр эбит буоллаҕына, сахалар гиэннэрэ ыраас, сөптөөх буолар.

 

Саха тылын сэҥээрэллэр

— Саха тылын үөрэтиэн баҕарар, сэҥээрэр дьон бааллар дуо?

— Чинчийэр үлэм таһынан алта ааптарыскай биридимиэти бэлэмнээбиппиттэн, быйыл Варшаватааҕы судаарыстыбаннай университекка иккитин талбыттара. “Хотугу дойдулар уонна култууралар” биридимиэккэ аан дойдутааҕы хотугу эрэгийиэннэри, аан дойду уонна төрүт омуктар өттүттэн билиини көрдөрүү. “Саха сирэ – цивилизациялар көрсүһэр территориялара” биридимиэккэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин, култуураларын туһунан, кыраныыссалаһыы уонна төрүт омуктар көрүүлэрин түөрүйэтигэр олоҕуран устудьуоннары үөрэтэбин. Манна сүрүннээн бэйэбит Артес Либералес факультеппытыттан — култуураҕа, ускуустубаҕа, устуоруйаҕа, философияҕа, фиолологияҕа сыһыаннаах исписээлинэскэ үөрэнэр уонна да атын факультеттартан бэйэлэрин баҕаларынан талан үөрэнэллэр. Ол курдук, химия, физика, логистика, норуоттар икки ардыларынааҕы быраап устудьуоннара эмиэ бааллар. Олус киэҥ билиилээхтэр. “Тоҕо бу биридимиэти таллыгыт? Тугу билэҕит?” – диэн ыйыттахпына, Саха сирин сэҥээрэллэрин, ордук Сибииринэн сибээстээн суруйтарбыттарын этэллэр. Сороҕор “Саха” НКИХ биэриилэриттэн быһа тардан көрдөрөбүн, сахалыы ааҕабын, ону быһааран биэрэбин, тута тылбаастыыбын. Соторутааҕыта дьарык ыытар кэммэр “биһиэхэ кыратык саха тылын үөрэтиэҥ дуо?” диэн көрдөһөн үөртүлэр.

Гомер эпоһын мин факультеппар араас тылга тылбаастааһын бырайыагын олоххо киллэрбиттэрэ. Онно «Илиада» айымньыттан быһа тардыыны сахалыы тылбаастыырга көрдөһүүлэрин быһа гыммакка толорбутум.

Польшаҕа Саха сирин худуоһунньуктарын быыстапкаларыгар дьон болҕомтотун тардаары “Саха тылын кытта билсиһии” диэн ыҥырыы таһаарбытым. Итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр – муус устар 27 күнүгэр биир чаас иһигэр Аскалон Павлов “Көҥүл” уонна сахалыы “Хоптолор” диэн ырыаны үөрэппиппит. Латыынныы буукубанан ырыа тылын суруйан түҥэтэлээбитим, чаас иһинэн ыллаабыттара.

Ити курдук, сахам тылын омук да сиригэр сырыттарбын, туттабын. Саха тылын, саха олоҥхотун, мифологиятын, литэрэтиирэтин интэриэһиргиир биирдиилээн дьон, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар балачча бааллар. Төһө кыалларынан кэпсиибин, билиһиннэрэбин. Маныаха аан бастаан үөрэхпин бүтэрээт да уһуйааҥҥа саха тылын уһуйааччытынан үлэлээбитим көмөлөһөр быһыылаах. Оччолорго нуучча оҕолоругар саха тылын, култууратын үөрэтиини уларытыы, саҥаттан сайыннарыы үөдүйэн эрэр кэмэ этэ.

Электроннай тылдьыт 

— Аҕыйах кэмтэн бэттэх ХИФУ дассыана Василий Мигалкин оҥорбут саха тылын электроннай тылдьытын «Эдэр саас» саайтка киллэрдилэр. Бу тылдьыты туһанан көрдүҥ дуо?

— Василий Васильевич электроннай тылдьытын онлайн сүрэхтэниитин анаан-минээн көрбүтүм. Омук дьонугар саха тылын, култууратын билиһиннэрэрим быһыытынан, тылдьыттары интэриэһиргиир уонна элбэхтик туттар да буолан сэҥээрэбин. Төһө да тыл үөрэхтээҕэ буолбатаҕым иһин, өрүү тылым баайын сайыннарарга, хаҥатарга дьулуһабын.

Сэһэнньиттэр, олоҥхоһуттар, остуоруйаһыттар бэстибээллэригэр биллэр-көстөр олоҥхоһут Кирилл Никифоров Варшаваҕа кэлэ сылдьыбыта. Онно сахалыы олоҥхону тута поляктыы тылбаастаабытым. Олоҥхо – аан дойду нэһилиэстибэтин муҥутуур чыпчаалынан биллэр. Гомер айымньытыттан да тылбаастыырбар араас тылдьыты туһаммытым. Уруккулартан Эдуард Пекарскай электроннай тылдьытын туттарым. Василий Мигалкин тылдьытын ырытыыта, быһаарыыта элбэҕиттэн үөрдүм. Онон улахан көмөлөөх буолара саарбаҕа суох. Баҕар, омук дьонугар ыарахан буолуо. Тоҕо диэтэххэ, эбэтэр саха тылын, эбэтэр нуучча тылын билэр ирдэнэр. Тус бэйэм, хас даҕаны тылы билэрим миэхэ олус көмөлөөх. Холобура, чопчу тыл өйдөбүлүн хас да омук тылдьытыгар көрөбүн.

Василий Мигалкин улахан, киэҥ хабааннаах үлэни ыыппыт. Хас биирдии тылы хомуйан киллэрии үгүс бириэмэни, сыраны эрэйэр. Билигин куйаар ситимигэр киирбит өссө сайдыа, туттарга табыгастаах, мобильнай буолуо дии саныыбын.

Омук сирдэригэр саха тылын үөрэтэр учуонайдар аҕыйаҕа суохтар. Тылы быыһыыр, өрүһүйэр, тыл сүппэтин туһугар, хас даҕаны тылы билэр дьоҥҥо (полиглот) саха тылын туһунан төһө кыалларынан кэпсии, оннук дьону кытта билсэ сатыыбын. Манна сүтэн эрэр тыллары сайыннарыынан, сөргүтүүнэн дьарыктанар билим бөлөҕө баар. Кинилэри кытта үлэлэһэн “Чысхаан” бырайыак таҕыста. Эппитим курдук, билигин ааттарга үлэлэһэ сылдьабыт.

Электроннай тылдьыт туһунан “Талбан” биэриигэ кэпсэтиини устудьуоннарбар тута көрдөрбүтүм.

Экстремальнай туризмынан сибээстээн, Саха сирин дьон сэргиир. Онон “үтүө күнүнэн”, “махтал”, “олоҥхо”, “ыһыах” курдук саамай туттуллар биллэр тыллары үөрэтэллэригэр куурустарга этии киллэрэбин, онно атын тылдьыттары сэргэ Мигалкин тылдьытын хайаан да билиһиннэриэм дии сылдьабын. Ааптардарга, үлэлэспит дьоҥҥо махталбын тиэрдэбин. Өссө сайыннарыҥ диэн баҕа санаабын этэбин.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0