«Күннээх таба» норуоттары түмүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэттэн “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ бары хайысхаларынан үлэтин уоттаахтык-күөстээхтик саҕалаата.

edersaas.ru


Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр кыһыҥҥы бырааһынньык чэрчитинэн Норуоттар икки ардыларынааҕы «Күннээх таба»  диэн Көһө сылдьар этническэй муода бэстибээлэ үгүс киһи болҕомтотун тардыаҕа.

Быйыл  үһүс сылын ыытыллар тэрээһиҥҥэ Алтайтан, Бурятияттан, Забайкалье кыраайыттан, Монголияттан, Хакасияттан, Казахстантан кыттыахтара.

Муода этническэй бэстибээлэ сэтинньи 30 күнүттэн ахсынньы  1 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Манна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан эмиэ кытталлар. Тэрээһиҥҥэ киирии босхо. Онон ким баҕалаах тиийэн, үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сылдьыан сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0